Остуоруйа Тайах муччургэннээх сырыылара


Остуоруйаны суруйда эдьиийим СахайаанаОстуоруйаны киэргэттэ ийэм Любовь ГеннадиевнаОстуоруйаны таhааттардым мин Ариан Петров Сардана, 2014 сыл Тайах муччургэннээх сырыылара Халыӊ тыа5а аар тай5а маанылаах кыыла тайах олорбут. Кини улахан адаар муостаах, сулус курдук кулумнуу сылдьар харахтаах, уп-уhун, кэтит атахтардаах эбит. Арай биир утуе кун тайах күөх хонууга аhыы, дьаарбайа сыльдьыбыт. Ол сылдьан, кэннигэр куттас куобах ытыы олорорун көрө биэрбит. «Хайа куобах, бу туохтан хоргутан чөӊөчөххө саhан ытыы олоро5ун?»-диэн ыйыппыт. Онуоха куоба5а: «Ытыырым кэмнээх буолуо дуо, бөрө обургу кэлэн дьиэбин дэлби ыhан, о5олорбун, ойохпун уоран барда. Кыайан өрөлөһөр кыа5ым суох буолан, куттанан ытыы олороохтуубун»-диэбит. «Хайа куобах, бу туохтан хоргутан, чөӊөчөххө саhан ытыы олоро5ун?»«Ытыырым кэмнээх буолуо дуо, бөрө обургу кэлэн дьиэбин дэлби ыhан, о5олорбун, ойохпун уоран барда. Кыайан ерелеьер кыа5ым суох буолан, куттанан ытыы олороохтуубун» «Ол хайа диэки барда? Баран көрдүөххэ, мин көмөлөһүөм!»-диэн тайах күүстээхтик эттэ. Куобах үөрүүтүттэн ойуоккалыы түстэ, бөрө хайа диэки барбытын ыйан биэрдэ. «Ол хайа диэки барда? Баран көрдүөххэ, мин көмөлөһүөм!» Кэлбиттэрэ бөрө куобахтары сиэтэлии илик эбит. Куобах ону көрөн үөрүүтүттэн тайах үрүдүгэр ойуоккалаабыт. Тайах бөрө5ө хааман тиийэн: «Кыраны ата5астыыргын тохтот! Эн үрдүгэр мин үӊкүүлээтэхпинэ соччото суох буолаарай?! Өссө бу курдук быhыыланнаххына, атыннык кэпсэтиэ5им!» -диэн күүстээхтик саӊарбыт. Бөрө кутталыттан: «Мин куобахтары сиэри гыммата5ым, куобах бырастыы гын!»- диэн көрдөспүт. Онтон ыла тайах хаhаайыннаан олорор тыатыгар, кыралары ата5астаабат, сэнээбэт буолбуттар. Бу ойуурга ил, эйэ, үөрүү-көтүү эрэ баар буолбут.