Презентаци по якутской литературе на тему Т?лк? ромнын ырытыы (11 класс)


«Төлкө» романын ырытыыЫйытыыларынан 1 ыйытыы. Роман героинята Маайа уобараһа сайдыытын кэтээн көрүҥ. Кини характерыгар иитиллибит эйгэтэ хайдах сабыдыаллыырый. Ханнык түгэннэринэн дакаастыахха сөбүй?Маайа кыыс оҕо (баай ыал оҕото)Маайа эргэ тахсар сааһын сиппит кыыс (баай ыал оҕото)Маайа эдэр дьахтар (дьадаҥы уолга ойох тахсыы)Маайа ийэ аатын сүкпүт дьахтар (хамначчыт буолан олоруу), (дьадаҥы дьон олоҕун билии) Маайа кыыс оҕо, эргэ тахсар сааһын сиппит кыыс (баай ыал оҕото)Бастаан айымньыны саца аахтахха Маайаны атаах, кытаанах майгылаах эбит диэххэ сөп. Кини дьонугар иннин биэрбэккэ, аҕатын тылын истибэккэ өр да кэмҥэ ойох тахсыбакка барыларын сирэр. Ол да буоллар кыыс майгыта сүрдээх боростуойа утуу-субу арыллан иһэр. Ол көстөр кини хамначчыт кыргыттарыгар сыһыаныттан. Бэйэлэтигэр тэҥнээхтэрин курдук сыһыаннаһара, доҕордоһоро тута биллэр. Оригиналыгар кинини сүрдээх үчүгэй учуутал үөрэтэр Аркадий романович Эхов (бу учуутала Маайа олоҕор эмиэ син биллэр оруолу оонньуур) Маайа эдэр дьахтар (дьадаҥы уолга ойох тахсыыта)Биир өттүнэн Маайа Сүөдэри дьадаҥытын билэн туран барсара Маайаны хорсун киһи быһыытынан көрдөрөр диэххэ сөп, иккис өттүнэн кинини олоҕу билбэт киһи диэххэ сөп. Сүрдээх кэнэн (наивный), тапталы өрө тутар диэн сыаналыахха сөп. Ол эрэн Маайаны акаары диир сыыһа буолуо. Кини оҕо эрдэҕиттэн учууталын көмөтүнэн олох араас өттүн билэр. Сымыйа, баттал, албын диэни син баарын өйдүүр буолбут эбит. Маайа ийэ аатын сүкпүт (хамначчыт буолан олорбут кэмэ)Маайа сиппит хоппут, олоҕу билбит. Дьадаҥы дьон олоҕунан олорон, дьадаҥылары уруккутунааҕар өссө үчүгэйдик өйдүүр буолар. Бу кэмин ыллахха дьэ кини дьиҥнээх майгыта тахсар. Кэргэнин, оҕотун, дьолун, тапталын туһугар төһө кыалларынан охсуһар, хорсун. Чахчы кини өйдөөҕө, үчүгэй майгылааҕа бу сааһыгар биллэр. Роман суруллубут кэмин сабыдыала.Роман бэйэтэ сэбиэскэй кэмҥэ суруллубут. Биллэн турар бу кэмҥэ дьадаҥы, баай диэн арахсыылара тохтуур. Баайдары утары барыы, кинилэр ааттарын киртитии үлэтэ барар. Бу кэмҥэ суруллубут айымньы буолан манна баайдар үчүгэй өрүттэрэ улаханнык арыллыбат эрээри. Маайа дьонун куһаҕан диир эмиэ табыллыбат курдук. Эһиги туох дии саныыгыт?Онтон ромаҥҥа ойууланар кэм - баайдар, дьадаҥылар олохторун кэмэ. Гражданскай сэрии иннинээҕи кэм. Ромаҥҥа ийэлэр уобарастараСүөдэркэ ийэтэбаай киһи ойоҕоОҕотун туһугар кыһалларОҕотун хайа да түгэҥҥэ өйүүр-өйдүүрКиһи быһыытынан үчүгэй холобур буолар дуо? Маайа ийэтэ баай киһи ойоОҕотун туһугар кыһалларОҕотун хайа да түгэҥҥэ өйүүр-өйдүүрКиһи, дьахтар быһыытынан кыыһыгапр хайдах холобур буоларый? Төлкө, дьылҕа, оҥоһууСудьбаТөлкө – киһи дьылҕата, инники анала, кэскилэ.Онтон дьыл5а диэн тугуй?Эьиги санаа5ытыгардьыл5а туохтан тутулуктаа5ый? Дьыл5ац бэйэц илиигэр диэн толкуй сурукта суруйуц. Дьиэҕэ үлэБаал Хабырыыс –Гавриил Григорьевич Вешников туһунан талан оҥор:Презентация Иһитиннэрии