Интеллектуальнай оонньуу. Т?р??б?т айыл5а5ын т??? билэ5иний?


План-конспект воспитательного мероприятия с использованием ИКТ.
Тиэмэтэ: HYPERLINK "http://abuysch.narod.ru/Teachers/TTA/Uroki/Urok_viktorina.doc"«Төрөөбүт айылђађын төһө билэђин ?» Интеллектуальнай оонньуу.

Сыала: Ођолор төрөөбүт айылђаларын туһунан билиилэрин хаңатыы, билиини чиңэтии. Айылђаны өйдүүргэ , харыстыырга ыңырыы. Онуоха тус бэйэ кыттыытын өйдөтүү. Сахабыт сирин айылђатын таптыырга угуйуу. Бэйэ-бэйэђэ көмөлөһүү туһатын өйдөтүү.
Тэрилэ: «Төрөөбүт дойдугун төһө билэђин?»-мультимедийнай презентация, чыычаах саңалардаах компакт-диска « Голоса птиц средней полосы России»
( кэ5э-35, хопто-28,суор-98,улар-14,хаас-6, сылгы чыычаа5а-46, куорэгэй-44, хараначчы-42, тонсо5ой-39, туруйа-17, угуруо-26) бастакы кыттааччы бырађарыгар аналлаах сорудахтаах кубик.
Оонньуу усулуобуйата: Оонньуур ођолор икки хамаандађа арахсаллар. Хамаандаларыгар айылђаны көрдөрөр ааты талыналлар. Экранна хонуу костор. Хонуу чаас-чааска арахсар. Хас чааһын аайы тус туһунан сорудахтардаах. Хамаандалар хаамааччы ођону туруораллар ( хаамыы ахсын атынтан атын ођо турара көңүллэнэр). Ханнык хамаанда маңнай хаамарын таабырын таайыыта быһаарар: « Ачарбааһа, устурууһа суох , кыһата, кыстыга суох күн анныгар көстүбэт, күннэри-түүннэри уһанар, уустан ордук уус баар үһү».( Айылђа).
-5143543815Сорудахтаах кубигы бырађар, оонньуу сађаланар. Оонньооччу ођо хардыы ахсаанынан , сорудађы толоро-толоро, иннин хоту барар. Ол курдук хонуу бүтүөр диэри айанныыр. Хайалара урут бүппүт оонньууга кыайыылаађынан тахсар. Хаамыы сорудах хайдах толорулларынан наарданан маннык барар:

3 хардыы иннин диэки – сорудађы , кимтэн да көмөтө суох , бэйэтэ толордођуна 2 хардыы - хамаанда көмөлөстөђүнэ.
1хардыы - ыалдьааччылар көмөлөстөхтөрүнэ.
Сорудађы толорон эрэ баран хардыылары оңорор. Оонньуу атын хамаандађа кэлэр.

Сорудах бэлиэлэрэ:
53340133985
--Айылђађа сыһыаннаах хоһоон этэ.
-619125125730
--Атын хамаанда таабырынын таай.
205740156210
--Көтөргө- сүүрэргэ аналлаах ыйытыылар.
-542925167005
--Үүнээйилэр.

262890-2540 --Айылђа дьиктититтэн сорудахтар.
10096539370
-- Айылђађа сылдьыы быраабылалара.

1771653175 -- Музыкальнай сынньалаң.

-685800118745
–Икки хардыы иннин диэки бар.
291465-32385 – Икки хардыы төнүн.

32956545085 - Чыычаа5ы саңатынан таай.

Ыйытыылар:
1. Көтөр – сүүрэр туһунан.
1. Абый улууһун символ хамсыыр- харамайа? ( Туллук).
2. Кыстыы хаалар көтөрдөр ? ( Хабдьы, улар, суор, барабыай уо. д. а.)
3. Кэнники бириэмэђэ, хаалан кыстыы үөрэммит кыракый көтөр ? (Барабыай)
4. Миигин Саха сиригэр Айыы көтөрө дииллэр? ( Кыталык).
5. Сайын – туундарађа, кыһын- Хотугу Муустаах муора кытылыгар олорор ханнык көтөрүй? ( Кытархайдыңы хопто).
6. Тођо тулук сайын манна суох буоларый?. ( Хотугу муустаах муорађа көтөр).
7. Мас көтөрдөрүттэн саамай бөдөңнөрө? ( Улар).
8. Кэллэрбин эрэ кэпсиэм, төннөрбөр төрүт саңарыам суођа диир баар үһү. (Кэђэ).
9. 5 кыыл аатын эт.
10. Сођуруу дойдуттан кырбас эт кыырайан кэлэр үһү. ( Кус).
11. Дьирики эһэђэ тугунан майгынныырый? ( Кыһын утуйарынан).
12. Саха сирин саамай улахан кыыла? ( Үрүң эһэ).
13. Америкаттан төрүттээх кэрбээччи кыыл. ( Андаатар).
14. Уопсай ођолоох уонна уопсай ийэлээх ханнык кыылый? (Куобах).
15. Бөрөнү тођо түөрт атађа аһатар дииллэрий? ( Бултаан аһыыр).
16. Түүңңү светофор диэн ханнык хамсыыр- харамайы ааттыылларый? ( Мэкчиргэ).
17. Абыйга « Кыһыл кинигэђэ» киирбит 3 көтөрү ааттаа. ( Куођас, кыталык, кытархайдыңы хопто, хаас, туундара кубата).

2. Үүнээйилэр.
1. Мииччик талађын сахалыы научнай аата. ( Ыарђа).
2. Былыр ођо тэллэђэр туттуллар үүнээйи? ( Көппөх).
3. Абый улууһун символ үүнээйитэ?. ( Чокуура от. Бекмания). 4. Абый улууһугар үүнэр куруук күөх үүнээйи. ( Болбукта).
5. Тиит мас нууччалыы аата? ( Лиственница).
6. Бөллөхүнэ диэн ханнык отонуй? ( Морошко).
7. Саха сирин винограда? ( Уохта).
8. Саха сиригэр саас маңнай тыллар сибэкки? ( Ньургуһун).
9. Мин кимминий? Мин ааппынан кыргыттары ааттыыллар. ( Сардаана).
10. Тыала суохха тыаһыы-хамсыы турар мас? (Тэтиң).
11. Манна үүнэр отннортон 5 арааһын эт.
12. Таас отон дьиңнээх аата. ( Уулаах отон).
13. Туундарађа тођо үрдүк мас үүммэтий? ( Буурђалаах)

3. Айылђа дьиктитэ.
1. Абый нэһилиэгин саамай улахан күөлэ?. ( Талахтаах)
2. Саас итийиитэ маңнай үөн-көйүүр тиллэр дуу, көтөр кэлэр дуу? ( Үөн).
3. Ханнык бэрээдэгинэн этиң этэрий? ( тыас, чађылђан, ардах.)
4. Саха сирин саамай улахан өрүһэ? (Лена).
5. Тииң мас төбөтүгэр уйаланар буоллађына ханнык кыһын буоларый? ( Тииң).
6. Кустук хас өңнөөђүй? (7).
7. Саамай кылгас ый хас хонуктаађый? ( Олунньу).
8. Маннык этэллэр дуо? Кырыа саас … Көмүс күһүн… Сандал сайын… Самаан күһүн…
9 «Кыһыл кинигэ» туохха аналлаађый?
Кыайыылаа5ынан хонууну маннайгынан тумуктээбит хамаанда тахсар.