Рабочая программа по родному языку (якутский язык) 1 класс


МР «Верхневилюйский улус (район)»
МКУ «Управление образования»
МБОУ «Дюллюкинская СОШ»
«РАССМОТРЕНО» на заседании МО
Протокол № ___
« ___ » _____________ 2015г.
«СОГЛАСОВАНО»
зам. директора по УР:
_____________ /Санникова С.П./
« ___ » _____________ 2015г.
«УТВЕРЖДАЮ»
Директор ОУ:
____________ /Кардашевский С.Н./
« ___ » _____________ 2015г.





Рабочая программа
по предмету «Родной язык» (ОС «Саха оскуолата»)
для 1 Б класса
на 2015 - 2016 учебный год
Учитель:
Софронова Мария Иосифовна
2015 г.
с. Дюллюкю

Ӏ. Быһаарыы сурук
Программа ФГҮөС-ыгар, «Россия гражданинын личноһын сиэрин-майгытын сайыннарыыга уонна иитиигэ концепциятыгар», үөрэх предметин үөрэтии түмүктэригэр олоҕуран уонна “Саха оскуолата” үөрэх тиһигэ” программатынан сирдэтиллэн оҥоһулунна.
Алын сүһүөх оскуола таһымыгар төрөөбүт тылы үөрэх предметин быһыытынан үөрэтиигэ түмүк ирдэбили ФГОС сүрүннүүр. Ити ааттаммыт докумуон быһыытынан, начаалынай үөрэхтээһин таһымыгар нуучча уонна төрөөбүт тылы үөрэтиигэ тэҥ таһымнаах түмүк ирдэнэр. Төрөөбүт тыл атын үөрэх предметтэрин кытта бииргэ оҕо личность быһыытынан сайдыытын хааччыйыахтааҕа этиллэр, ону сэргэ урукку өттүгэр ирдэммэт саҥа булгуччулаах ирдэбили - үөрэнээччигэ үөрэх дэгиттэр дьайыыларын иҥэриини киллэрэр.
Төрөөбүт тылы уопсай үөрэхтээһин алын сүһүөх таһымыгар үөрэтии сыалын үс хайысхаҕа араарыахха сөп:
1) үөрэнээччигэ төрөөбүт тыл туһунан билиини аан дойду туһунан научнай билии быстыспат сорҕотун быһыытынан иҥэрии, тыл үөрэҕин сүрүн балаһыанньаларын билиһиннэрии, онно олоҕуран, оҕо билэр-көрөр, толкуйдуур кыаҕын сайыннарыы;
2) үөрэнээччи дьону-сэргэни кытта төрөөбүт тылынан бодоруһар үөрүйэҕин, саҥа (тыл) культурата киһи уопсай культуратын быстыспат сорҕото буоларын туһунан өйдөбүлгэ тирэҕирэн, саҥа (тыл) араас көрүҥэр (кэпсэтии, суруйуу, ааҕыы, өйтөн айыы о.д.а.) үөрэтэн, салгыы сайыннарыы;
3) үөрэнээччигэ төрөөбүт тыл норуот ытык өйдөбүллэриттэн биирдэстэрэ буоларын быһыытынан ураты харыстабыллаах сыһыаны иҥэрии, хас биирдии киһи ийэ тылын сайыннарар иэстээҕин өйдөтүү.
Т өрөөбүт тылы начаалынай оскуолаҕа үөрэтии сыала маннык сүрүн соруктары быһаардахха ситиһиллэр:
дьону-сэргэни кытта бодоруһар саҥа (тыл) сүрүн көрүҥнэрин үөрэнээччигэ үөрэх дэгиттэр дьайыыларын иҥэриини кытта бииргэ алтыһыннаран үөрэтии;
тыл (саҥа) - бодоруһуу сүрүн ньымата диэн тутаах өйдөбүлгэ тирэ±ирэн, үөрэнээччи кэпсэтэр уонна санаатын толору этэр (тыл этэр), суруйар үөрүйэҕин сааһыгар сөп түбэһиннэрэн сайыннарыы;
тыл үөрэҕин билиитигэр, сурук-бичик культуратын төрүт өйдөбүллэригэр олоҕуран, үөрэнээччи төрөөбүт тылын литературнай нуорматын тутуһарын, алҕаһа суох саҥарарын уонна суруйарын ситиһии;
тыл үөрэҕин сүрүн салааларын (лексика, фонетика, морфология, синтаксис, тиэкис) туһунан уопсай өйдөбүлү иҥэриигэ тирэҕирэн, үөрэнээччи толкуйдуур дьоҕурун сайыннарыы, сааһыгар сөп түбэһиннэрэн, өй үлэтин дьайыыларыгар үөрэтии;
төрөөбүт тылы билии, харыстааһын, сайыннарыы сүрүн ньымаларыгар үөрэтии.
Маңнайгы кылааска төрөөбүт тылы үөрэтии сыала: үөрэнээччини өйдөөн, сөп тэтимнээхтик таба ааҕарга, онтун ырытарга, дьиң чахчыны кытта тэңнээн көрөргө, санаатын сааһылаан этэргэ, кэпсииргэ, түмүктүүргэ үөрэтии.
Саха оскуолатыгар нуучча тылын үөрэнээччи төрөөбүт тылга ылбыт билиитигэр, иҥэриммит үөрүйэҕэр уонна сатабылыгар тирэҕирэн үөрэтии – билигин олохсуйбут өйдөбүл, бастыҥ учууталлар үгэскэ кубулуйбут үөрэтэр ньымалара. Онно тирэҕирэн, ФГҮөС үөрэнэргэ үөрэтэр сүрүн балаһыанньатыгар уонна ирдэбилигэр олоҕуран, төрөөбүт тылга тирэҕирэн нуучча тылын үөрэтиини саҥа таһымҥа таһаарар кэм кэллэ. Төрөөбүт тылы начаалынай оскуолаҕа үөрэтии үөрэнээччи нуучча тылын кэбэҕэстик ылынарын хааччыйар, нуучча тылыгар тыл үөрэҕин үгүс уопсай балаһыанньаларын хос эбэтэр уруттаан үөрэтэри лаппа аҕыйатан, учуутал үөрэх чааһын оҕо нууччалыы саҥатын сайыннарыыга аныыр усулуобуйатын үөскэтиэхтээх. Онон саха оскуолатыгар нуучча тылын үөрэтии хаачыстыбатын тупсарыыга усулуобуйа үөскэтии – төрөөбүт тылы үөрэтии хос сыала-соруга.
Программа үгэс буолбут үөрэхтээһин тупсарыллыбыт систематыгар олоҕурар. Билии, сатабыл уонна үөрүйэх кээмэйэ үөрэх стандартын ирдэбилигэр сөп түбэһэр. Бастакынан грамотаҕа үөрэтии үөрүйэхтэрэ, онтон грамматика бастакы өйдөбүллэрэ уонна уус-уран айымньыны, кинигэни кытта билсиһии саҕаланар. Бодоруһууга үлэ уруок темаларынан көрөн киирэр, ол саҥаны сайыннарыы, саҥарар культураны үрдэтиигэ туһаайыллар.
Нэдиэлэҕэ саха тылыгар 5 чаас көрүллэр, сылга барыта 167 чаас тахсар. Грамотаҕа үөрэтии – 91 чаас, төрөөбүт тыл – 46 чаас (нэдиэлэҕэ 3 чаас), литература ааҕыыта - 30 чаас (нэдиэлэҕэ 2 чаас).
ӀӀ. Тиэмэлэринэн былааннааһын
Грамотаҕа үөрэтии - 89 чаас
№ Ситим кэрдиистэр Чааһа Үөрэнээччи үлэтэ
Букубаар иннинээҕи кэм 13 Тыл суолтатын билсиһии (предмети ааттааһын). Тыл уонна предмет суолталарын туһунан маҥнайгы билсиhии, араара үөрэнии. Предмети ааттыыр тыллары таба этии. Предмети ааттыыр тыллар араастарын билии, бөлөхтөөһүн. Хайааhыны ааттыыр тыллары араарыы, таба этии. Предмет бэлиэтин көрдөрөр тыллары араарыы, таба этии. Тылы ситимнээн саҥарыы. Этиини таба туттуу. Этии схематын оҥоруу. Этиигэ тыллары араарыы. Көмө тыллар суолталарын билии, таба туһаныы. Тылы сүhүөххэ араарыы. Тылы дорҕоонунан ырытыы. Дорҕоон өйдөбүлэ. Тыл дорҕоонун араарар ньыма. Дорҕоон арааhын кытта билсиhии. Уhун, кылгас аhаҕас дорҕооннору араара үөрэнии. Дифтонг. Аhаҕас дорҕоон араастара. Тыл схематын оҥоруу. Бүтэй дорҕооннор өйдөбүллэрэ. Хоhуласпыт бүтэй дорҕоон. Ньиргиэрдээх, ньиргиэрэ суох бүтэй дорҕоон.
Букубаар кэмэ 71 Суруйарга, ааҕарга үөрэнии. Аhаҕас дорҕоон буукубаларын билии. Кылгас, уhун аhаҕас дорҕоон буукубалары билии. Аhаҕас дорҕоон буукубаларын суруйарга, ааҕарга эрчиллии. Дифтоннары билии, таба саҥарыы. Дифтонг сурукка хайдах бэлиэтэнэрин таба суруйуу. Хоhуласпыт, хоhуласпатах бутэй дорҕоон буукубаларын билии. Истэн суруйуу алгоритмын табатык туһаныы. Тылы көhөрүүнү билии. Этиини истэн суруйуу алгоритмын туһаныы. Бүтэй дорҕоон сымнаҕаhын бэлиэтээhинин билии. Буукубалары дорҕооннор араастарынан наардааhын. Бэйэ суруйбутун хонтуруолланыы. Саха алфавитын кытта билсии. Бодоруһуу. Кэпсэтии, хоруй. Санааны толкуйдаан этии. Тулуйан истэ үөрэнии. Суругунан саныыр санааны этиигэ холонуу.
Букубаар кэннинээҕи кэм 7 Тылдьыты кытта билсии. Долоҕойу сайыннарыы. Кэпсээни доргуччу ааҕар үөрүйэҕи сайыннарыы, хоһулаһыыны сөпкө ааҕыы, сөпкө сүһүөххэ араарыы. Өйгө хатыыр үүруйэ5и сайыннары, тылы сөпкө чуолкайдык саҥарыы, болҕойон истии.
Барыта 91
Төрөөбүт тыл (46 чаас)
№ Сүрүн тиэмэлэр Чааһа Үөрэнээччи үлэтэ
Аhаҕас дорҕооннор араастара 7 Кинигэ анал болдьох бэлиэлэринэн сатаан туһаныы. Аhаҕас дорҕооннор араастарын хатылааhын: дифтоннар, кылгас, уhун аhаҕас дорҕооннор. Дифтонг сурукка хайдах бэлиэтэнэрин таба суруйуу. Устуу быраабылатын билсиhии. Бэйэ суруйбутун хонтуруолланыы. Өс хоһоонун ырытарга холонуу, санаа атастаһыы.
Бүтэй дорҕооннор араастара 26 Бүтэй дорҕооннор араастарын хатылааhын: хоhуласпыт бүтэй дорҕооннор. Таба суруйуу быраабылаларын билсиһии. Хоһулаһар, хоһуласпат бүтэй дорҕооннору таба суруйуу. Тыл ситимин таба оҥоруу. Тыл сүһүөҕүнэн көһөрүн таба туттуу. Соҕотох буукуба строкаҕа хаалбатын уонна көспөтүн өйдөөһүн. Нууччалыы суруллар тыллары таба суруйуу. Дорҕоонноро майгыннаһар тыллары таба суруйуу.
Предмет аата 3 Предмети көрдөрөр тыллары таба туһаныы. Тыынар, тыыммат предметтэри араарыы. Ким? Туох? ыйытыылары сөпкө туруоруу.
Предмет бэлиэтэ 2 Предмет бэлиэтин көрдөрөр тыллары таба туһаныы. Ханнык? Хайдах? ыйытыылары сөпкө туруоруу.
Предмет тугу гынара 2 Предмет тугу гынарын көрдөрөр тыллары таба туһаныы. Тугу гынар? Хайыыр? ыйытыылары сөпкө туруоруу.
Тыл. Этии. 6 Билиини сааһыланыы. Кинигэттэн сатаан, өйдөөн устарга үөрэнии.
Барыта 46 Ааҕыы (30 чаас)
№ Сүрүн тиэмэлэр Чааһа Үөрэнээччи үлэтэ
Төрөөбүт ийэ дойдум 2 Улахан дьону, доҕору кытта сиэрдээхтик кэпсэтии. Тылдьыты кытта сөпкө үлэлээһин.
Кинигэ – мин доҕорум 4 Библиотекаттан кинигэни сатаан талан ылыы. Доҕор кэпсиирин болҕойон истии, сыаналааһын. Оруолларынан сөпкө ааҕыы, интонацияны уларыта үөрэнии. Анал кинигэттэн таабырын, өс хоһоонун булуу. Киһи мөкү уонна үчүгэй өрүттэрин араара үөрэнии. Ыйытыыларга толору эппиэти биэрэргэ үөрэнии. Бэйэ уонна доҕор эппиэтин сыаналыы үөрэнии.
Норуот тылынан уус-уран айымньыта 3 Анал кинигэттэн таабырын, өс хоһоонун булуу. Киһи мөкү уонна үчүгэй өрүттэрин араара үөрэнии. Бэйэ уонна доҕор эппиэтин сыаналыы үөрэнии
Остуоруйалаһыаҕыҥ эрэ 8 Тыл саппааһын байытыы, эргэ тыллары тылдьыттан булан быһаарыы. Остуоруйа ис хоһоонун туһунан бэйэ санаатын этинии. Группанан үлэлии үөрэнии, доҕор кэпсиирин болҕойон истии. Араас омук остуоруйаларын тэҥнээн көрүү. Бэйэ-бэйэҕэ кэпсэтиһии. Истэ үөрэнии. Бэйэ уонна доҕор эппиэтин сыаналыы үөрэнии
Мин дойдум – олонхо дойдута 2 Олоҥхо атын тылынан ойуулааһын, харандааһынан уруһуйдааһын. Остуоруйаны, олоҥхону тэҥнээн көрүү, уратыларын, биир өрүттэрин быһаарыы.
Айылҕа – барыбыт дьиэбит 5 Хоһоону өйгө үөрэтии. Бөлөххө үлэлиир сатабылы салгыы сайыннарыы. Тииҥи, куосканы хоһоон тылыттан өйдөөн уруһуйдааһын. Саха сылгытын туһунан кэпсэтиһии. Хоһоон айарга холонуу. Дьиэ кыылларын туһунан сэһэргэһии. Бөлөҕүнэн үлэлии үөрэнии.
Үчүгэй майгыҥ – көтөр кынатыҥ 5 Үчүгэйи, куһаҕаны араарыы, айымньы геройун майгытын быһаарыы. Айымньы ис хоһоонун ырытыһыы, дьүүллэһии. Сорудаҕы сөпкө толоруу, бэйэни сыаналаныы.
Резервнэй уроук (учуутал көрүүтүнэн) 1 Барыта 30 ӀӀӀ. Үөрэх предметин ис хоhооно
Төрөөбүт тылы үөрэтии ис хоhоонугар маннык сүрүн научнай хайысхалар киирэллэр:
бодоруhуу культурата;
саҥа көрүҥэ: истии, саҥарыы, ааҕыы, суруйуу;
тыл үөрэҕин тутах салааларын туhунан өйдөбүлэ: фонетика, лексика, морфология, синтаксис;
сурук-бичик культурата: таба суруйуу уонна сурук бэлиэтэ;
ситимнээх саҥаны сайыннарыы.
Бодоруhуу культурата. Дьону кытта бодоруhуу араас көрүҥэ: кэпсэтии, сэhэргэhии, сүбэлэhии, сөпсөhүү. Тылы бодоруhуу сүрүн ньыматын быhыытынан арыйыы: бодоруhууга саҥа уонна туттуу-хаптыы суолтата. Саҥарыы уонна истии культуратын, кэпсэтии сиэрин тутуhуу.
Саҥа көрүҥэ: истии, саҥарыы, ааҕыы, суруйуу. Истии. Кэпсэтии сыалын-соругун, дьон этэр саҥатын, кэпсэтии ис хоhоонун өйдөөhүн. Сахалыы араас тиэкиhи истии, сүрүн ис хоhоонун, болҕойуллуохтаах түгэннэрин истэн сиhилии ылыныы, истибиккэ олоҕуран тус санааныүөскэтии. Истибиттэн туhааннааҕы, суолталааҕы сурунуу, былаан оҥоруу, анал бэлиэлэри туhанан, ис хоhоонун, тутулун исхиэмэнэн көрдөрүү. Ааҕыы. Сахалыы араас тиэкиhи саҥа интонациятын, төрүт дорҕоон этиллиитин тутуhан, тэтимнээхтик ааҕыы. Ааҕыы араас көрүҥүн сатаан туhаныы. Ааҕыы кэмигэр тиэкис сүрүн санаатын өйдөөhүн, наадалаах, туhалаах информацияны араарыы. Аахпыт тиэкис ис хоhоонугар тус сыанабылы сатаан этии. Ааҕыллар тиэкистэн билбэт, өйдөөбөт саҥа тыллары тылдьыттан булуу. Саҥарыы (дорҕоонноох саҥа). Дьону кытта табан, саҥа культуратын тутуhан кэпсэтии. Кэпсэтиини тоҕоостоохтук көҕүлээhин, саҕалааhын, салҕааhын, түмүктээhин. Саныыр санааны толору, сиhилии тириэрдэр инниттэн кэпсэтии сыалыгар-соругар, ис хоhоонугар сөп түбэhэр сахалыы тылы-өhү, ойуулуур-дьүhүннүүр ньымалары таба туhаныы. Кэпсэтии, тыл этии түгэниттэн дорҕоону күүhүрдэн-сымнатан, үрдэтэн-намтатан, уhатан, куолас толбонун, эгэлгэтин туhанан истээччигэ тус сыhыаны, иэйиини тириэрдии. Түгэниттэн көрөн, саҥарыы тэтимин сөпкө талыы. Суруйуу (суругунан саҥа). Сурук-бичик культуратын тутуhуу. Тупсаҕай буочарынан ыраастык суруйуу. Тиэкиhи устуу, истэн суруйуу, аахпыттан суруйуу. Саныыр санааны суругунан сиhилии тириэрдии. Дьиэ кэргэн, чугас доҕор, таптыыр дьарык, айылҕа, кыыллар тустарынан, ону таhынан айымньы, хартыына, киинэ ис хоhоонун, экскурсияҕа, быыстапкаҕа сырыы туhунан тэттик тиэкистэри суруйуу. Суругунан үлэҕэ синоним тыллары, сомоҕо домоҕу, онтон да атын сахалыы ойуулуур-дьүhүннүүр ньымалары туттуу.
Тыл үөрэҕэ. Төрөөбүт тылбыт – саха тыла. Саха омук үөскээбит, сайдыбыт историята. Саха тыла – түүр тыла. Саха тылын уруулуу тыллара. Төрөөбүт тыл киhи олоҕор суолтата. Дорҕоон уонна таба саҥарыы. Саҥа дорҕоонун өйдөбүлүн, сахалыы дорҕоон арааhын билии.Тылы дорҕоонун састаабынан ырытыы. Графика. Дорҕоон буукубаларын билии, таба ааттааhын. Сурукка туттуллар атын бэлиэлэри, өйдөбүллэри (абзац, тылы көhөрүү, пробел) сөпкө туттуу. Сахалыы алпаабыт бэрээдэгин билии.
Сурук культурата. Таба суруйуу. Уhун аhаҕас дорҕооннору, дифтону, хоhуласпыт, сэргэстэспит, маарыннаhар бүтэй дорҕооннору, саха тылыгар киирии дорҕооннору таба суруйуу. Тылбаастанар эбэтэр саха тылынан бэриллэр кыахтаах нуучча тылларын сахалыы солбугунан биэрии. Олохторо нууччалыы суруллар киирии тыллар сыhыарыыларын таба суруйуу. Сурук бэлиэтэ. Сурук бэлиэтин сатабыллаахтык туттуу.
Ситимнээх саҥаны сайыннарыы. Туох сыаллаах-соруктаах саҥарарын-суруйарын чуолкай өйдөөн, дьон өйүгэр-санаатыгар тиийимтиэтик санаатын сааhылаан, араас тиэкистэри холкутук саҥарыы-суруйуу. Тиэкис сүрүн санаатыгар олоҕуран, тиэкиhи таба ааттааhын. Тиэкис тиибиттэн көрөн, тиэкис тутулун тутуhар, былаанын оҥорор. Тыл туттуллар уратытын, дэгэтин учуоттаан, сахалыы тутуллаах этиилэри, ойуулуур-дьүhүннүүр ньымалары, тыл баайын сөпкө туттар.
Ааҕыы (31 чаас)
“Литература ааҕыыта” предмет ис хоһоонун салаалара:
Саҥа үлэтин көрүҥнэрэ. Бодоруһуу культурата.
Тиэкиһи кытта үлэ көрүҥнэрэ. Саҥа-иҥэ үлэтэ.
Уус-уран айымньыны кытта үлэ. Кэрэ эйгэтэ уонна сиэр-майгы өттүгэр үлэ.
Оҕо ааҕар эйгэтэ. Ааҕыы культурата.
Саҥа үлэтин көрүҥнэрэ. Бодоруһуу культурата. Оҕо ааҕар уонна суруйар, истэр уонна саҥарар дьоҕурун сайыннарыы. Таска сүһүөхтээн ааҕыыттан сыыйа бүтүн тылынан, онтон интонацияҕа, ааҕыы тэтимигэр, ис хоһоонноохтук ааҕыыга, сыыйа искэ ааҕыыга болҕомто ууруллар. Истии оҕо тылга, дьон саҥатыгар болҕомтолоох буоларын, тиэкис сүрүн санаатын араарарын, өйдүүрүн, ыйыталаһарын ирдиир. Аахпыт тиэкиһигэр олоҕуран бэриллэр тиэмэҕэ бэйэ санаатын, аахпыттан, өйтөн (ойуулаан, ырытан, кэпсээн) суруйа үөрэнэр.
Тиэкиһи кытта үлэ көрүҥнэрэ. Саҥа-иҥэ үлэтэ. Тиэкиһи чаастарга үллэрэ, чаастарга аат биэрэ, былаан оҥоро, аахпытын кылгатан уонна сиһилии кэпсии, сүрүн санаатын араара уонна ону бэйэ тылынан этэргэ үөрэнэр. Тиэкис араас көрүҥүн (ойуулуур, ырытар, кэпсиир) өйдүүр, аатын кытта ис хоһоонун ситимниир.
Уус-уран айымньыны кытта үлэ. Кэрэ эйгэтэ уонна сиэр-майгы өттүгэр үлэ. Оҕо уус-уран айымньы нөҥүө сиэр-майгы туһунан өйдөбүлэ кэҥиир, эстетическэй уонна айар дьоҕура сайдар. Уус-уран айымньыны научнай-биллэрэр ис хоһоонноох тиэкистэн араара үөрэнэр. Айымньынын судургу ырытыы: бастаан тиэкиһи сабаҕалаан, истэн, онтон ааҕан, ырытан, хат-хат төннөн, ис хоһоонун кытта тэҥнээн көрүү ыытыллар. Ырытыы араас таһымнаах: сюжет таһымыгар (геройдары кытта билсиһии, кэпсэнэр түгэни ырытыы); герой таһымыгар (тугу эрэ гынар сүрүн ис хоһооно, киниэхэ ааҕааччы сыһыана); ааптар таһымыгар (ааптар геройугар сыһыана, этэр санаата уонна айымньы уопсай ис хоһооно). Оҕо айар дьоҕура сайдарыгар айымньыны оонньоон көрдөрөрө наада.
Оҕо ааҕар эйгэтэ. Ааҕыы культурата. Ис хоһоонун уонна ааҕыллыан сөптөөх айымньы аатын ыйар. Ааҕар культурата төһөнөн баай да, соччонон үтүө майгылаах уонна кэрэни өйдүүр сайдыылаах киһи буола улаатар.
Саҥарыы уонна ааҕыы үлэтин көрүҥнэрэ: Истии. Таска ааҕыы. Искэ ааҕыы. Араас көрүҥнээх тиэкиһинэн үлэ. Библиографическай культура. Уус-уран айымньы тиэкиһинэн үлэ. Үөрэх, научнай-популярнай уонна уус-уран тиэкиһи кытта үлэ. Кэпсэтэр үөрүйэх, бодоруһуу сиэрэ. Сурук, суругунан саҥа сиэрэ.
Ааҕыллар айымньылар: М. Тимофеев Ийэ дойду хантан саҕаланар. Таабырыннар, чабырҕах азбука. П.Тулааһынап Кымыс ырыата. Улуро Адо Туундарам буобура уорҕатынан. Б.Тобуруокап Кинигэ. С.Омоллоон Кинигэ. С.Омоллоон Бөрө куйуурдаабыта. Нуучча остуоруйата Куоска, бөтүүк уонна саһыл. С.Маршак Үүтээн. Б.Тобуруокап Буукубалар мунньахтара. Саха остуоруйата Куоҕас суор икки. Саха остуоруйата Чыычаах уонна күтэр. Нуучча остуоруйата Куттал хараҕа улахан. Дьүкээгир остуоруйата Кутуйах тоҕо кыраный? Чукча остуоруйата Киит уонна таба Л.Толстой Саһыл уонна куртуйах. Бухатыыр ата. Модун Эр соҕотох. К.Туйаарыскай Сааскы саҥалар А.Николаев Чыычаах С.Васильев Тииҥ Ө.Өлөксөй Куоска Е.Макаров Ийэ биэ В.Осеева Ким ытай? П.Ламутскай Мунрукан. А.Аччыгыйа Бастакы тоҕо? Н.Якутскай Аҕа уонна ийэ. Л.Толстой Барыларыттан ордук. И.Горнай Мэник оҕо. П.Одорусов Эбээ. П.Григорьев Маҥнайгы кинигэ.
ӀV. Үөрэх дьылын устата үөрэнээччигэ ирдэбил
Маңнайгы кылааhы бүтэрэр үөрэнээччи билиэхтээх:
Төрөөбүт тыл бары дорҕооннорун, киирии бүтэй дорҕооннору;
Сахалыы сурукка туттуллар бары буукубалары уонна кинилэр ханнык дорҕооннору бэлиэтииллэрин;
Тыл сүhүөххэ хайда харахсарын;
Кыра кээмэйдээх 5 – 6 хоhоону (нойосуус);
2-3 саха суруйааччытын аатын.
Маңнайгы кылааhы бүтэрэр үөрэнээччи сатыахтаах:
Кыра текси үргүлдьү сүhүөхтээн уонна бүтүн тылларынан, сөп түргэннээхтик өйдөөн ааҕары (ортотунан мүнүүтэҕэ 20 – 25 тылы);
Буукубалары уонна кинилэр ситимнэрин сыыhата суох суруйары, уhун аhа5ас, хоhуласпыт бүтэй дорҕооннору, дифтоннары табатык бэлиэтиири;
Илиинэн уонна бэчээтинэй буукубаларынан суруллубут тыллары, тыллар ситимнэрин, этиилэри алҕаhа суох устары;
Тыллары, тыллар ситимнэрин уонна 3 – 4 тыллаах этиилэри истэн суруйары;
Тылы сүhүөххэ араарары уонна 1 – 2 сүhүөхтээх тыл дорҕооннорун араастарын ыйа-ыйа, схема көмөтүнэн ырытары;
Этиини улахан буукубаттан саҕалыыры, этии бүтүүтүн точканан бэлиэтиири;
Текст ис хоhоонунан ыйытыыга толору эппиэттиири;
Хартыынанан уонна бэйэ уруhуйунан кыра 4 – 5 этиилээх кэпсээни оңорору;
Кэпсээни, остуоруйаны, хоhоону өйдөөн истэри уонна ыйытыы көмөтүнэн эбэтэр иллюстрациянан сирдэтэн кэпсиири;
Урут аахпыт уонна сана кинигэни тас көрүңүнэн арааран билэри уонна ааҕыллыбыт айымньы геройдарын ааттыыры.
V. Үөрэх предметин үөрэтии түмүгэ
Төрөөбүт тыл
Ытык өйдөбүллэри иҥэрии түмүгэ (личностные результаты):
- Төрөөбүт тыл омугу сомоҕолуур тыл буоларын өйдүүр;
- төрөөбүт тыл төрүт айылгыта, үйэлээх үгэhэ, этигэн кэрэтэ норуот тылынан уус-уран айымньытыгар уонна уус-уран литератураҕа сөҥмүтүн билэр.
- төрөөбүт тылын сайыннарар, кэлэр көлүөнэҕэ тириэрдэр ытык иэстээҕин, ийэ тыл үйэлэргэ чөл туруктаах буоларыгар тус оруоллааҕын өйдүүр;
- төрөөбүт тыл иитиллэр, үөрэнэр, айар-сайдар тыл буоларын итэ5эйэр;
- төрөөбүт тыл элбэх омук алтыhан бииргэ олорор кэмигэр, икки (элбэх) тылланыы усулуобуйатыгар хас биирдии киhиттэн харыстабыллаах сыhыаны эрэйэрин өйдүүр.
Үөрэх сатабылларын сайыннарыы түмүгэ (метапредметные результаты):
Бэйэни салайынар-дьаhайар сатабыл:
- Тылын сайыннарар сыалы-соругу туруорунар, сатаан былаанныыр, туох ханнык түмүккэ кэлиэхтээ5ин быhа холоон билэр.
- «Тылы сэрэйэр» дьоҕуру (языковое чутьё, чувство языка) сайыннарыы.
- Тылын сайыннарар баҕаны үөскэтии (потребность в совершенствовании собственной речи).
- Хонтуруолланыы.
Билиини-көрүүнү ылар сатабыл. Сүрүн үөрэнэр сатабыл:
- үлэ сыалын-соругун таба туруоруу;
- билиини-көрүүнү кэҥэтэр араас матырыйаалы туhаныы;
- билиини сааhылааhын;
- тобулук өйү сайыннарар үөрүйэхтэр;
- рефлексия;
- бэлиэни-символы туhанар үөрүйэхтэр.
Бодоруhар сатабыл.
- бииргэ үлэлииргэ үөрүйэх;
- кэпсэтэр үөрүйэх;
- кэпсэтии сиэрин тутуhар үөрүйэх;
Тустаах үөрэх предметин үөрэтии түмүгэ (предметные результаты):
- Саха тылын литератунай нуорматын (орфоэпическэй, лексическэй, грамматическай) тутуhар;
- сахалыы таба суруйуу, сурук бэлиэтин быраабылаларын тутуhар;
- тиэкис өйдөбүлүн, бэлиэтин билэр (тиэмэтэ, сүрүн санаата, аата, эпиграф, тутула, этиилэрин ситимэ);
- саныыр санаатын сааhылаан, дьоҥҥо өйдөнүмтүөтүк, тиийимтиэтик этэр, тиэкис тутулун тутуhан суруйары сатыыр;
- тиэкис тииптэрин сэhэргээhин, ойуулааhын, тойоннооhун диэн араарар;
- монолог (сэhэргиир, ойуулуур, тойоннуур) уонна диалог (кэпсэтии, сана үллэстии, ыйыталаhыы, о.д.а.) арааhын сатаан туhанар;
- бэйэ санаатын (тылынан, суругунан) сатаан хонтуруолланар, тиэкиhин ис хоhоонун, тылын-өhүн сыаналыыр, ал5астарын булар, чочуйар, тупсарар.
Литература ааҕыыта
Ытык өйдөбүллэри иҥэрии түмүгэ:
- Төрөөбүт дойдутунан, дойду историятынан уонна норуоттарынан киэн туттуу санаатын олохсутар.
- Атын омук историятыгар уонна культуратыгар убаастабыллаахтык сыһыаннаһар.
- Үөрэнэр баҕаны, бэйэни сайыннарар.
- Бодоруһууга майгы-сигили нуорматын, бэйэ эппиэтинэһин сайыннарар, салайынар.
- Эстетическэй сыһыаны олохсутар.
- Сиэрдээх быһыыны, атын дьоҥҥо амарах сыһыаны сайыннарар.
- Бииргэ үлэлиир сатабылы сайыннарар.
- Үтүө сыһыаннаах бодоруһууну иҥэрэр.
- Мөккүүрдээх түгэнтэн сатаан тахсар үөрүйэҕи үөскэтэр.
- Айымньылаах үлэҕэ баҕаны үөскэтэр, сэрэхтээх, чөл олох туһунан өйдөбүлү, сыһыаны олохсутар.
Үөрэх сатабылларын сайыннарыы түмүгэ:
- Араас тиэкиһи ис хоһооннохтук ааҕар, үчүгэйдик толкуйдаан саҥарар, тылынан уонна суругунан тиэкиһи оҥорор.
- Сорудаҕы толорорго саҥ араас көрүҥнэрин, ньымаларын баһылыыр.
- Сэһэргэһэр киһитин болҕойон истэр, кэпсэтэргэ бэлэм, кэпсэтиигэ араас сана үөскүүрүн өйдүүр, бэйэ санаатын тиэрдэргэ кыһаллар, дакаастыы сатыыр.
- Тэҥниир, ырытар, түмэр, түмүктүүр, наардыыр, маарынныыры, хардарыта сибээһи, төрүөтү булар, хайа баҕарар тиэмэҕэ кэпсэтиһиигэ кыттар.
- Атын предметтэри үөрэтэргэ «Литература ааҕыыта» төрүт буоларын уонна предметтэр алтыһыыларын (бодоруһуу, культура, айымньылаах үлэ; кинигэ, ааптар, айымньы ис хоһооно; уус-уран тиэкис уо.д.а.); гуманитарнай-эстетическэй хайысхалаах предметтэр икки ардыларынааҕы сибээстэри өйдүүр.
- Үөрэх дьарыгын сыалын уонна соругун өйдүүр, сөптөөх ньымалары булан туттар, туһанар.
- Үөрэх дьарыгын туруоруллубут соруктарга олоҕуран былаанныыр, хонтуруолланар уонна сыаналанар, ситиһиигэ тиэрдэр ордук көдьүүстээх ньымалары быһаарар.
Тустаах үөрэх предметин үөрэтии түмүгэ:
-Уус-уран айымньы омук уонна аан дойду култуурата, сиэр-майгы сыаннастара буоларын уонна баар үгэстэр харыстаныахтаахтарын, кэлэр көлүөнэҕэ тиэрдиллиэхтээхтэрин өйдүүр.
-Кинигэ – киһи-аймах култууратын ураты сыаннаһа буоларын өйдөөн, сиэрдээх сыһыаны олохсутар.
-Уус-уран айымньы тыл искусствота диэн өйдүүр, харыстабыллаахтык сыһыаннаһар.
-Саха сирин уонна Россия элбэх ахсааннаах норуоттарын уус-уран литератураларын духовнай уонна сиэргэ-майгыга сыаннастарын өйдүүр.
-Сайдыылаах, үөрэх бары предметтэригэр ситиһиилээх буоларга тиһиктээх ааҕыы суолтатын Өйдүр; аан дойду, Россия историятын уонна культуратын, үтүө уонна мөкү сыһыан, сиэр-майгы туһунан бастакы өйдөбүллээх.
-Ааҕыы суолтатын, араас көрүҥнээх тиэкис (билиһиннэр, үөрэтэр, талар, көрдүүр, чинчийэр) уратытын уонна ис хоһоонун өйдүүр, дьүүллэһиитигэр кыттар, дьоруой араас быһыытын-майгытын сиэр-майгы өттүнэн ырытар, сыаналыыр.
-Таска уонна искэ ааҕыы техникатын баһылааһын, аахпыты араастаан уларытыы, уус-уран, научнай-популярнай уонна үөрэтэр тиэкистэри ырытарга судургу литературоведческай өйдөбүллэри туһаныы салгыы ааҕааччы тылын-өһүн сайдыытыгар суолталааҕын өйдүүр.

VӀ. Үөрэх предметин үөрэтии түмүгүн хонтуруоллааһын
Маҥнайгы кылааска сыана турбатынан сибээстээн үөрэнээччи билиитин хонтуруоллааһын араас көрүҥнэрэ туттуллаллар:
«Бэйэни бэрэбиэркэлэнэр тэтэрээт»;
«Билиибитин бэрэбиэркэлэнэбит» тургутук-сорудахтар;
хас уруок аайы ыытыллар күннээҕи хонтуруол;
айар үлэ тэтэрээтэ уо.д.а.
Хонтуруоллааһыҥҥа араас ньымалар туттуллаллар:
«Волшебная линеечка» - шкалаҕа бэлиэ туруоран оҕо бэйэтин үлэтин сыаналаныыта;
учуутал тылынан сыанабыла: «үчүгэй», «маладьыас», «бэркэ суруйбуккун», «сөпкө хоруйдаатыҥ» уо.д.а.
VӀӀ. Календарнай-тематическай былаан
Грамотаҕа үөрэтии – 91 чаас
№ Уруок тиэмэтэ, разделлара Чааһа Үөрэнээччи билиитэ Үөрэнээччи үөрүйэҕэ, сатабыла Күнэ
Былаан факт
1 чиэппэр Букубаар иннинээҕи кэм – 13 ч. Үөрэх баар – бараммат баай.
1
Азбуканы кытта билсиһии. Учебник автора И.И.Каратаев туһунан билии.
Үөрэх кинигэтинэн сирдэтинэр. Сорудаҕы толорууга болдьох бэлиэри таба туһанар. Кинигэттэн наадалаах салааны булар. Салааларын аатыгар олоҕуран, ханнык тиэмэлэр үөрэтиллэллэрин сабаҕалыыр. 01.09. Азбуканы кытта билсиһии
Тыл, сүhүөх 1 Тыл, сүһүөх өйдөбүллэрин билии Графическай бэлиэни сөпкө туруоруу. Тылы сөпкө сүһүөххэ араарыы 2.09 Икки, үс сүһүөхтээх тыллар 2 Икки, үс сүһүөхтээх тыллары сөпкө сүһүөххэ араарыы Икки сүһүөхтээх тыллары толкуйдааһын. Графическэй схеманан тыллары булуу 3.09 4.09 Этии 1 Этии өйдөбүлэ. Саҥарар саҥаттан этиини арааран истии Этии графическай бэлиэтин сөпкө туруоруу. 2, 3 тыллаах этиилэри толкуйдааһын. Хартыыналарынан этии толкуйдааһын. Хас тыллаах этии буоларын билии 7.09 Аhаҕас, бутэй дорҕооннор 1 Аhаҕас, бүтэй дорҕооннор өйдөбүллэрэ Аhа5ас, бүтэй дорҕоонору истэн араарыы, фишка өйдөбүлэ, фишканан кылгас тыллары таһаарыы 8.09 Дифтонг 2 Дифтонг өйдөбүлэ. Тылтан дифтону арааран истэ үөрэнии Дифтоннары сөпкө саҥарыы, арааран истии, фишканан таба суруйуу 9.09 10.09 Уһун, кылгас аhаҕас дорҕооннор 2 Уhун, кылгас аhаҕас дорҕоон өйдөбүлэ, дорҕооннору араара үөрэнии Уһун, кылгас аhаҕас дорҕооннору сөпкө саҥарыы, арааран истии, фишканан тыллары таһаарыы 11.09 14.09 Дорҕоон арааһын хатылааһын 2 Бүтэй, уһун, кылгас аһаҕас дорҕооннору тылтан сөпкө арааран булуу Уһун, кылгас аhаҕас дорҕооннору сөпкө саҥарыы, арааран истии, фишканан тыллары таһаарыы. Графическэй схеманан тыллары булуу. 15.09 16.09 Р/у 1 17.09 Букубаар кэмэ – 71 ч «А», «ы», «аа», «ыы», «с», «т» дорҕооннор, буукубалар 4 А, ы, с, т дорҕооннору арааран истии, буукубаларын сөпкө суруйуу А, ы, с, т дорҕооннордоох тыллары толкуйдааһын, буукубаларын суруйуу, фишканан тыллары суруйуу 18.09 21.09 22.09 23.09 «Ыа» дорҕоон, дифторг 3 Ыа дифтону арааран истии, буукубаларын сөпкө суруйуу Ыа дифтоннаах сүһүөхтэри, тыллары ааҕыы, буукубаларын сөпкө суруйуу, фишканан тыллары суруйуу 24.09 25.09 28.09 «У», «о», «уу», «оо», «л», «м» дорҕооннор, буукубалар 4 У,о,л,м дорҕооннору арааран истии, буукубаларын сөпкө суруйуу У, о, л, м дорҕоонноох сүһүөхтэри, тыллары ааҕыы, буукубаларын сөпкө суруйуу 29.09 30.09 1.10 2.10 «Уо» дифтонг 2 Уо дифтону арааран истии, буукубаларын таба суруйуу Дорҕооннору таба истии уонна ааҕыы, буукубалары сөпкө суруйуу 5.10 6.10 «Б» дорҕоон, буукуба 2 Б дорҕоону арааран истии, буукубатын сөпкө суруйуу Б дорҕоонноох тыллары толкуйдааһын, ааҕыы, суруйуу. Фишканан үлэ. Кэрчик кэпсээни ааҕыы 7.10 8.10 «Р» дорҕоон, буукуба 4 Р дорҕоону арааран истии, буукубатын сөпкө суруйуу Р дорҕоонноох тыллары толкуйдааһын, ааҕыы, суруйуу. Фишканан улэ. Кэрчик кэпсээни ааҕыы 9.10 12.10 13.10 14.10 Дифтоннары хатылааhын 1 Дифтоннары арааран истии, тылга арааран истии, буукубатын сөпкө суруйуу Дифтоннаах тыллары толкуйдааһын уонна ааҕыы, буукубалары сөпкө суруйуу 15.10 Барбыт бүтэй дорҕооннору хатылааһын 1 Бүтэй дорҕооннору арааран истии, тылга арааран истии, буукубатын сөпкө суруйуу Көппүт дорҕооннору таба таайыы, сөптөөх дорҕооннору сөпкө туруоруу 16.10 «И», «э», «ии», «ээ» дорҕооннор, буукубалар 3 И, э дорҕооннору арааран истии, буукубаларын сөпкө суруйуу И, э дорҕоонтон саҕаланар тыллары толкуйдааһын, сөпкө саҥарыы, арааран истии 19.10 20.10 21.10 «Иэ» дифтонг 2 Иэ дифтону сөпкө саҥарыы, тылга арааран истии, сөпкө суруйуу Иэ дифтоннаах тыллары толкуйдааһын, ааҕыы, таба суруйуу. Кэрчик кэпсээни ааҕыы 22.10 23.10 «Н» дорҕоон, буукуба 2 Н дорҕоону арааран истии, тылга арааран истии, буукубатын сөпкө суруйуу Н дорҕоонтон саҕаланар тыллары толкуйдааһын, ааҕыы, сепке суруйуу. Кэрчик кэпсээни ааҕыы. 27.10. 26.10. «К» дорҕоон, буукуба 2 К дорҕоону арааран истии, тылга арааран истии, буукубатын сөпкө суруйуу К дорҕоонтон саҕаланар тыллары толкуйдааһын, ааҕыы, сөпкө суруйуу. Кэрчик кэпсээни ааҕыы. 28.10 29.10 Р/у 30.10 2 чиэппэр «Y», «ө», «үү», «өө» дорҕооннор, буукубалар 2 Ү, ө дорҕооннору арааран истии, буукубаларын сөпкө суруйуу Ү, ө дорҕоонтон саҕаланар тыллары толкуйдааһын, ааҕыы, сөпкө суруйуу. Кэрчик кэпсээни ааҕыы. 9.11 10.11 «Yө» дифтонг 2 Үө дифтону арааран истии, тылга арааран истии, буукубатын сөпкө суруйуу Үө дифтонтан саҕаланар тыллары толкуйдааһын, ааҕыы, сөпкө суруйуу. Кэрчик кэпсээни ааҕыы. 11.11 12.11 Барбыт дорҕооннору хатылааhын 1 Барбыт дорҕооннору хатылааһын Барбыт дорҕоонноох тыллары хатылаан ааҕыы, суруйуу 13.11 Дифтоннары, кылгас, уhун аhаҕас дорҕооннору хатылааһын 1 Дифтоннаах, аһаҕас дорҕоонноох, бүтэй дорҕоонноох тыллары сөпкө ааҕыы, суруйуу Дифтоннаах, аһаҕас-бүтэй дорҕоонноох тыллары толкуйдааһын, сөпкө ааҕыы, суруйуу 16.11 «Х» дорҕоон, буукуба 1 Х дорҕоону сөпкө саҥарыы, тылга арааран истии, таба суруйуу Х дорҕоонтон саҕаланар тыллары толкуйдааһын, ааҕыы, таба суруйуу. Кэрчик кэпсээни ааҕыы. 17.11 Сэргэстэhэр уонна хоhулаhар бүтэй дорҕооннор. 1 Бүтэй дорҕооннор сэргэстэһиилэрин уонна хоһулаһыыларын билии Тыллартан сэргэстэспит уонна хоһуласпыт б/д-ру арааран булуу, сөпкө сүһүөххэ араарыы 18.11 Хоhуласпыт «тт» 1 Хоһуласпыт тт дорҕоону сөпкө саҥарыы, тылга арааран истии, таба суруйуу Хоһуласпыт тт дорҕоонноох тыллары толкуйдааһын, ааҕыы, таба суруйуу. Кэрчик кэпсээни ааҕыы. 19.11 Хоhуласпыт «лл».
1 Хоһуласпыт лл дорҕоону сөпкө саҥарыы, тылга арааран истии, таба суруйуу Хоһуласпыт лл дорҕоонноох тыллары толкуйдааһын, ааҕыы, таба суруйуу. Кэрчик кэпсээни ааҕыы. 20.11 «й» дорҕоон, буукуба 1 Й дорҕоону сөпкө саҥарыы, тылга арааран истии, таба суруйуу Й дорҕоонноох тыллары толкуйдааһын, ааҕыы, таба суруйуу. Кэрчик кэпсээни аа5ыы. 23.11 Хоhуласпыт «нн» 1 Хоһуласпыт нн дорҕоону сөпкө саҥарыы, тылга арааран истии, таба суруйуу Хоһуласпыт нн дорҕоонноох тыллары ааҕыы, таба суруйуу, сөпкө сүьүөххэ араарыы. 24.11 Хоhуласпыт «кк» 1 Хоһуласпыт кк дорҕоону сөпкө саҥарыы, тылга арааран истии, таба суруйуу Хоһуласпыт кк дорҕоонноох тыллары ааҕыы, таба суруйуу, сөпкө сүһүөххэ араарыы. 25.11 Хоhуласпыт «хх» 1 Хоһуласпыт хх дорҕоону сөпкө саҥарыы, тылга арааран истии, таба суруйуу Хоһуласпыт хх дорҕоонноох тыллары ааҕыы, таба суруйуу, сөпкө сүһүөххэ араарыы. 26.11 «Д» дорҕоон, буукуба 1 Д дорҕоону сөпкө саҥарыы, тылга арааран истии, таба суруйуу Д дорҕоонтон саҕаланар тыллары толкуйдааһын, ааҕыы, таба суруйуу. Кэрчик кэпсээни ааҕыы. 27.11 «Ч» дорҕоон, буукуба.
Хоhуласпыт «чч» 1 Ч дорҕоону сөпкө саҥарыы, тылга арааран истии, таба суруйуу Ч дорҕоонтон саҕаланар тыллары толкуйдааһын, ааҕыы, таба суруйуу. Кэрчик кэпсээни ааҕыы. 30.11 «П» дорҕоон, буукуба.
Хоhуласпыт «пп» 1 П дорҕоону сөпкө саҥарыы, тылга арааран истии, таба суруйуу П дорҕоонтон саҕаланар тыллары толкуйдааһын, ааҕыы, таба суруйуу. Кэрчик кэпсээни ааҕыы. 1.12 Паараласпыт бутэй «т» - «д», «п» - «б» дор5ооннор 1 Паараласпыт бутэй дорҕоонору өйдөтүү, арааран истии, сөпкө суруйуу Паараласпыт бутэй дорҕоонноох тыллары толкуйдааһын, ааҕыы, диктант суруйуу 2.12 Хоhуласпыт «мм» Хоhуласпыт «сс» 1 Хоһуласпыт мм, сс дорҕооннору сөпкө саҥарыы, тылга арааран истии, таба суруйуу Хоһуласпыт мм, сс дорҕоонноох тыллары ааҕыы, таба суруйуу, сөпкө сүһүөххэ араарыы. 3.12 «h» дорҕоон, буукуба 1 һ дорҕоону сөпкө саҥарыы, тылга арааран истии, таба суруйуу һ дорҕоонтон саҕаланар тыллары толкуйдааһын, ааҕыы, таба суруйуу. Кэрчик кэпсээни ааҕыы. 4.12 Паараласпыт бутэй «с» - «h» дорҕооннор 1 Паараласпыт с – һ дорҕооннору арааран истии, сөпкө суруйуу Паараласпыт бүтэй дорҕоонноох тыллары толкуйдааһын, ааҕыы, диктант суруйуу 7.12 «Г» дорҕоон, буукуба.
Паараласпыт бутэй «к» - «г» дорҕооннор 1 Г дорҕоону сөпкө саҥарыы, тылга арааран истии, таба суруйуу. Паараласпыт к - г дорҕооннору арааран истии, сөпкө суруйуу Г дорҕоонтон саҕаланар тыллары толкуйдааһын, ааҕыы, таба суруйуу. Кэрчик кэпсээни аа5ыы. Паараласпыт бүтэй дорҕоонноох тыллары толкуйдааһын, ааҕыы, истэн суруйуу 8.12 «ҕ» дорҕоон, буукуба
Бүтэй «х», «ҕ», «г» дорҕооннор 1 ҕ дорҕоону сөпкө саҥарыы, тылга арааран истии, таба суруйуу. Г, Х, ҕ дорҕооннору арааран истии, сөпкө суруйуу 5 дор5оонтон са5аланар тыллары толкуйдааһын, ааҕыы, таба суруйуу. Кэрчик кэпсээни ааҕыы. Г, Х, 5 дорҕоонноох тыллары толкуйдааһын, ааҕыы, истэн суруйуу 9.12 «ҥ» дорҕоон, буукуба
Хоһуласпыт «ҥҥ»
1 ҥ дорҕоону сөпкө саҥарыы, тылга арааран истии, таба суруйуу ҥ дорҕоонтон саҕаланар тыллары толкуйдааһын, ааҕыы, таба суруйуу. Кэрчик кэпсээни ааҕыы. 10.12 Истэн суруйуу. 1 Тыллары таба суруйууларын бэрэбиэркэлээһин Бэйэни хонтуруолланыы 11.12 «м, н, ҥ» дорҕооннору хатылааhын 1 М, Н, ҥ дорҕоонноох тыллары ааҕыы, таба суруйуу М, Н, ҥ дорҕоонноох тыллары ааҕыы, таба суруйуу 14.12 «Дь» дор5оон, буукуба.
Бүтэй «ч» - «дь» дорҕооннор 2 Дь дорҕоону сөпкө саҥарыы, тылга арааран истии, таба суруйуу. Ч - Дь дорҕооннору арааран истии, сөпкө суруйуу Дь дорҕоонтон саҕаланар тыллары толкуйдааһын, ааҕыы, таба суруйуу. Кэрчик кэпсээни ааҕыы. Ч – Дь бутэй дорҕоонноох тыллары толкуйдааһын, ааҕыы, диктант 15.12 16.12 «Нь» дорҕоон, буукуба.
Хоhуласпыт «ннь» 1 Нь дорҕоону сөпкө саҥарыы, тылга арааран истии, таба суруйуу Нь дорҕоонтон саҕаланар тыллары толкуйдааһын, ааҕыы, таба суруйуу. Кэрчик кэпсээни ааҕыы. 17.12 Хатылааһын. Билэр дорҕооннорум, буукубаларым.
1 Дорҕооннор, буукубалар бэрээдэктэрин билии Барбыты чиҥэтии 18.12 Киирии тыллар, дорҕооннор.
«Ш» «З» дорҕоон, буукуба 1 Нууччалыыттан киирбит тыллары билии. Ш, З дорҕооннору сөпкө саҥарыы, ааҕыы, суруйуу Дьон аатын сөпкө суруйуу. Нууччалыыттан киирбит тыллары сөпкө саҥарыы, суруйуу 21.12 «Я» - «Е» дорҕоон, буукуба
1 Йа, йо дорҕооннору сөпкө саҥарыы, буукубаларын билии Я, Ю, Е, Ё буукубалардаах тыллары таба суруйуу 22.12 «Ю» - «Ё» дорҕоон, буукуба 1 Йу, йэ дорҕооннору сөпкө саҥарыы, буукубаларын билии 23.12 Хатылааһын. Киирии дорҕооннор. 1 24.12 Р/у 1 25.12 3 чиэппэр «В», «Ф» дорҕоон, буукуба. 1 В, Ф дорҕооннору таба саҥарыы, арааран истии, сөпкө суруйуу В, Ф дорҕоонноох тыллары толкуйдааһын, тылга таба суруйуу. Текси ааҕыы 11.01 «В», «ф», «б» дорҕооннор уратылара 1 В, Ф дорҕооннору сөпкө саҥарыы, арааран истии, таба суруйуу В, Ф дорҕоонноох тыллары толкуйдааһын, тылга таба суруйуу. Тиэкиһи ааҕыы 12.01 «Ж», «Ц», «Щ» дорҕооннор, буукубалар
2 Ж. Ц, Щ дорҕооннору сөпкө саҥарыы, арааран истии, таба суруйуу Ж, Ц, Щ дорҕоонноох тыллары толкуйдааһын, тылга таба суруйуу. Тиэкиһи ааҕыы 13.01 14.01 «ь», «ъ» бэлиэлэр 1 «ь», «ъ» бэлиэлэр суруллууларын били «ь», «ъ» бэлиэлэри сөпкө суруйуу 15.01 Букубаар кэннинээҕи кэм – 7 ч Тыллар араастара. Тыллар дьиктилэрэ. Алфавит, тылдьыт 1 Барбыты хатылааhын. Алфавит, тылдьыт өйдөбүллэрин билии Үөрэппит үөрүйэхтэри чиҥэтии. Тылдьыты сөпкө туhаныы 18.01 Тылы дорҕооннор ситимнэhэн үөскэтэллэр. Дифтоннар. 1 Дорҕооннору, буукубалары билии Дорҕооннору, буукубалары сөпкө суруйуу, таба ааҕыы Хоһуласпыт бүтэй дорҕоонноох тыллары таба суруйуу 19.01 Ийэ барахсан. Кус о5олоро. Кыысчааным. Киһиргэс. 1 Хоһоону, кэпсээннэри дорҕоонноохтук ааҕыы. Хоту дойду туһунан билиһиннэрии
Ленин туһунан сэһэргэһии. Кэпсииргэ бэлэмнэнии. Хоһоону өйгө үөрэтии. Дорҕооннору таба истии уонна ааҕыы, буукубалары сөпкө суруйуу. Хоһоону доргуччу ааҕыы. Хоһуласпыт бүтэй дорҕоонноох тыллары таба суруйуу
Хоһоонноохтук ааҕыы. Кэпсээни сиһилии кэпсээһин. 20.01 Туллуктар. Олоҥхо дойдута. Кыһын. Дьүкээбил. 1 21.01 «Пипи-пиип». «Тыҥырах». «Чыычаах оҕото». 1 22.01 «Улуу Ленин эһэбит». «Элбэх доҕордоох үчүгэй». 1 25.01 Букубаар тыл этэр. Букубаары түмүктүүр уруок. 1 Билиини хонтуруолланыы. Үөрэппит үөрүйэхтэри чиҥэтии. 26.01 Төрөөбүт тыл – 46 чаас
№ Уруок тиэмэтэ, разделлара Чааһа Үөрэнээччи билиитэ Үөрэнээччи үөрүйэҕэ, сатабыла Күнэ
Былаан факт
Аһаҕас дорҕоон, дифтонг – 5 ч Аһаҕас дорҕоон арааһа 1 Кылгас, уһун аһаҕас дорҕооннору араара үөрэнии Кылгас, уһун аһаҕас дорҕооннору тэҥнээн көрүү, тыл дорҕоонун, буукубатын ааҕыы 27.01 Дифтонг диэн тугуй? 1 Дифтонг тугун быһаара үөрэнии. Аһаҕас дорҕоон уратытын быһаарыы Уһун аһаҕас дорҕооннору дифтонунан солбуйуу. Дорҕоонун, буукубатын ахсаанын тэннээн көрүү. 29.01 Көрдөрүүлээх диктант.
Сыыһаҕа үлэ 1 Тыллары таба суруйа үөрэнии. Бэйэ сыыһатын була үөрэнии Көрбүт тыллары суруйуу. Бэйэни хонтуруолланыы 1.02 Аһаҕас дорҕоон кылгыырыттан уонна уһууруттан тыл суолтата уларыйара 1 Аһаҕас дорҕоон кылгастык эбэтэр уһуннук этиллэриттэн тыл суолтата уларыйарын быһаарыы Тыллары тэҥнээн көрүү, уларытыы. Маарыннаһар дорҕоонноох тыллар уратыларын быһаарыы 3.02 Хатылааһын 1 Үөрэппити чиҥэтии Истэн суруйарга бэйэни хонтуруолланыы. 5.02 Бүтэй дорҕоон туһунан тугу билэҕиний? – 4 ч Ньиргиэрдээх уонна ньиргиэрэ суох бүтэй дорҕооннор 2 Пааралаһар бүтэй дорҕооннору арааран истии уонна суруйуу Пааралаһар дорҕонноох тыллары таба суруйуу. Хоһоону өйтөн ааҕыы 8.02 10.02 Хоһулаьар бутэй дор5ооннор 2 Хоһуласпыт бүтэй дорҕоонноох тыллары таба суруйуу Паара буолбут тыллары дорҕоон састаабынан ырытыы. Этиилэринэн кэпсээн оҥоруу 12.02 22.02 Таба суруйуу туһунан тугу билэҕин? – 3 ч Улахан буукубаттан суруллар тыллар 1 Улахан буукубаны ханнык тылларга туттары билии Улахан буукубаны сөпкө туттан тыллары таба суруйуу 24.02 Сурук бэлиэтэ 1 Этии бүтүүтэ сурук бэлиэтин сөпкө туруоруу Тыллары сааһылаан этии оҥоруу, сурук бэлиэтин туруоруу 25.02 Истэн суруйарга эрчиллии.
Сыыһаҕа үлэ 1 Тыллары таба суруйа үөрэнии. Бэйэ сыыһатын була үөрэнии Истэн тыллары суруйуу, сорудаҕы толоруу, бэйэни хонтуруолланыы 29.02 Аһаҕас дорҕоон тоҕо наарданан туттулларый? – 4 ч Илин, кэлин аһаҕас дорҕооннор 2 Аһаҕас дорҕоон дьүөрэлэһиитин сокуонун кытта билсиһии Аһаҕас дорҕооннору саҥаран көрөн илин, кэлин аһаҕас дорҕоон буолалларын быһаарыы 2.03 4.03 Уос, айах аһаҕас дорҕоонноро 1 Аһаҕас дорҕоон дьүөрэлэһиитин сокуонун кытта билсиһии Аһаҕас дорҕооннору саҥаран көрөн уос, айах аһаҕас дорҕоон буолалларын быһаарыы
7.03 Истэн суруйуу. Сыыһаҕа үлэ 1 Барбыт быраабылаларын төһө билбиттэрин, ону сурукка төһө сөпкө туһаналларын бэрэбиэркэлээһин Истэн суруйуу. Бэйэни хонтуруолланыы. 9.03 Тыл уларыйдаҕына, аһаҕас дорҕоон хайдах туттулларый? – 7 ч Предмет ахсаана. Тыл олоҕо уонна сыһыарыыта 2 Предмет ахсаанын, олоҕун, сыһыарыытын быһаара үөрэнии. Элбэх ахсаан сыһыарыытын билии Тыл олоҕун, сыһыарыытын бэлиэтээһин, Тылы ахсаанынан уларытыы. 11.03 14.03 Тыл олоҕун уонна сыһыарыытын аһаҕас дорҕооннорун дьүөрэлэһиилэрэ 1 -лар сыһыарыы аһаҕас дорҕооно уларыйыытын кэтээн көрүү Көппүт тыллары туруоруу, тыл олохторун, сыһыарыыларын бэлиэтээһин 16.03 Тыл түһүгүнэн (падеһынан) уларыйыыта 1 Тыл падеһынан уларыйыытын туһунан кылгас өйдөбүлү биэрии Тыл уларыйыытыгар аһаҕас дорҕоон хайдах уларыйарын кэтээн көрүү, түмүк оҥоруу 18.03 Тыл олоҕун уонна сыһыарыы аһаҕас дорҕоонноро дьүөрэлэһиитэ 1 Тыл уларыйдаҕына сыһыарыы аһаҕас дорҕооно тыл олоҕун аһаҕас дорҕоонугар дьүөрэлэһэн уларыйыытын билии Уһун аһаҕас дорҕоонноох тыллары кэтээн көрүү, таба суруйуу, хоһоону өйтөн суруйуу 1.04 Аһаҕас дорҕоону хатылааһын 1 Билиилэрин чиҥэтии Бэйэ билиитин хонтуруолланыы 4.04 Аахпыттан суруйуу 1 Тылы сайыннарыы Учуутал аахпытын өйдөөн хаалбыттарын суруйуулара 6.04 4 четверть Тыл уларыйда5ына, бутэй дор5оон хайдах туттулларый? – 9 ч Диэрийэр уонна мурун бүтэй дорҕооннор 1 Диэрийэр уонна мурун бүтэй дорҕоонноро диэн ханнык дорҕоонноруй? Тыл уларыйыытыгар бүтэй дорҕоон сэргэстэһиитин кэтээн көрүү, түмүк оҥоруу 8.04 Идэни көрдөрөр -һыт сыһыарыы уларыйыыта 1 Идэни көрдөрөр –һыт сыһыарыы тыл олоҕун дорҕоонун кытта дьүөрэлэһэн уларыйарын билии Сыһыарыыны кэтээн көрүү, түмүк оҥоруу. Тыл олоҕун, сыһыарыытын булан бэлиэтээһин 11.04 Хайааһыны көрдөрөр тыл ахсаанынан уларыйыыта 1 Этииттэн хайааһыны көрдөрөр тылы сөпкө булуу Хайааһыны көрдөрөр тыллар сыһыарыыларын кэтээн көрүү, түмүк оҥоруу 13.04 Сэргэстэспит бүтэй дорҕооннор 1 Сэргэстэспит бүтэй дорҕооннор суруллууларын үөрэтии Сэргэстэспит бүтэй дорҕооннору таба суруйуу 15.04 Хайааһыны көрдөрөр тыл сирэйинэн уларыйыыта. 1 Хайааһыны көрдөрөр тылы сирэйинэн сөпкө уларытыы Хайааһын аат олоҕун булуу, сирэйинэн сөпкө уларытыы 18.04 Сэрэтиилээх диктант 1 Барбыт быраабылаларын хатылааһын Быраабылалары хатылыы-хатылыы истэн суруйуу 20.04 Хайааһыны көрдөрөр тыл кэминэн уларыйыыта 1 Хайааһыны көрдөрөр тыллар кэмнэрин сөпкө быһаарыы Хайааһыны көрдөрөр тыллар кэмнэрин сөпкө ыйыы, кэминэн сөпкө уларытыы 22.04 Предмет бэлиэтэ 2 Предмет бэлиэтин ааттыыр тылы билии, кэтээн көрүү Предмет бэлиэтин ааттыыр тылы сөпкө этииттэн булуу Ойуулааһын этиилэри тэҥнээн көрүү 25.04 27.04 Чопчу биир бүтэй дорҕоон оннугар атын бүтэй дорҕоон тоҕо туттулларый? – 2 ч Тыл кэннигэр турбат бүтэй дорҕооннор 1 Тыл кэннигэр турбат бүтэй дорҕооннору билии Тыл кэннигэр ханнык бүтэй дорҕоон турбаттарын быһаарыы 29.04 Тылдьыт араастара 1 Тылдьыт араастарын кытта билиһиннэрии Тылдьыттан наадалаах тыллары була үөрэнии 2.05 Тыл туһунан тугу билэҕитий? – 12 ч Дьикти тыллар – омонимнар, синонимнар 2 Омоним уонна синоним өйдөбүллэрин билиһиннэрии Омонимнары, синонимнары булуу 4.05 6.05 Тыл олоҕо, сыһыарыыта 2 Тыл олоҕун, сыһыарыытын таба бэлиэтээһин Тыл моделларын оҥоруу 9.05 11.05 Аһаҕас уонна бүтэй дорҕооннор 2 Дорҕооннор тустарынан билиилэрин бэрэбиэркэлээһин Тылы фонетическэй ырытыы 13.05 16.05 Барбыты хатылааһын 1 Барбыт быраабылаларын төһө билбиттэрин, ону сурукка таба сөпкө туһаналларын бэрэбиэркэлээһин Истэн суруйуу. Бэйэ билиитин хонтуруолланыы. 18.05 Сыыһаҕа үлэ 1 Бэйэ сыыһатын булуу Быраабылалары хатылааһын, сыыһаны көннөрүнүү 20.05 Сыл устата барбыты хатылааһын 4 Сыл устата барбыт темалары хатылааһын Ыйытыыларга эппиэт 23.05 25.05 27.05 30.05 Литература ааҕыыта – 30 чаас
№ Уруок тиэмэтэ, разделлара Чааһа Үөрэнээччи билиитэ Үөрэнээччи үөрүйэҕэ, сатабыла Күнэ
Былаан факт
Автор Л.В.Захарова, У.М.Флегонтова Төрөөбүт Ийэ дойдум 2 28.01 М. Тимофеев Ийэ дойду хантан саҕаланар. П.Тулааһынап Кымыс ырыата 1 Саҥа учебнигы кытта билсии. Хоһоон уратытын өйдөөн, таба ааҕыы Улахан дьону, доҕору кытта сиэрдээхтик кэпсэтии 2.02 Улуро Адо Туундарам буобура уорҕатынан 1 Хоһоон ойуутунан тылынан кэпсээн айыы Тылдьыты кытта сөпкө үлэлээһин Кинигэ – мин доҕорум 4 4.02 Б.Тобуруокап Кинигэ С.Омоллоон Кинигэ 1 Кинигэнэн үлэлииргэ, айымньыны өйдөөн истии, ааҕыы. Хоһоонноохтук ааҕыы Библиотекаттан кинигэни сатаан талан ылыы С.Омоллоон Бөрө куйуурдаабыта 1 Ааҕан баран бэйэ-бэйэҕэ кэпсэтиһии Доҕор кэпсиирин болҕойон истии, сыаналааһын 9.02 Библиотекаҕа дьарык «Саха суруйааччылара - оҕолорго» 1 Библиотекаҕа сылдьыы быраабылатын тутуһуу. Суруйааччылары били. Болҕойон истии 11.02 С.Маршак Үүтээн 1 Ааҕыы тэтимин бэрэбиэркэлээһин Оруолларынан сөпкө ааҕыы, интонацияны уларыта үөрэнии 23.02 Норуот тылынан уус-уран айымньыта 3 Таабырыннар, чабырҕах азбука 1 Таабырыннаһыы, чабырҕаҕы сөпкө этэргэ үөрэнии Анал кинигэттэн таабырын, өс хоһоонун булуу 25.02 Нуучча остуоруйата Куоска, бөтүүк уонна саһыл 1 Сыыспакка оруолларынан ааҕыы. Ааҕыыны бэрэбиэркэлэһии Киһи мөкү уонна үчүгэй өрүттэрин араара үөрэнии 1.03 Билиибитин бэрэбиэркэлэниэҕиҥ 1 Ыйытыыларга толору эппиэти биэрии Бэйэ уонна доҕор эппиэтин сыаналыы үөрэнии 3.03 Остуоруйалаһыаҕыҥ эрэ 8 Б.Тобуруокап Буукубалар мунньахтара 1 Остуоруйа, тиэмэтин быһаарыы. Араас норуот остуоруйатын ааҕыы Тыл саппааһын байытыы, эргэ тыллары тылдьыттан булан быһаарыы 08.03 Саха остуоруйата Куоҕас суор икки 1 Остуоруйа сүрүн санаатын быһаарыы Остуоруйа ис хоһоонун туһунан бэйэ санаатын этинии 10.03 Саха остуоруйата Чыычаах уонна күтэр 1 Оруолларынан дорҕоонноохтук ааҕыы Группанан үлэлии үөрэнии, доҕор кэпсиирин болҕойон истии 15.03 Нуучча остуоруйата Куттал хараҕа улахан 1 Остуоруйаны чаастарга араарыы, былаан оҥоруу, кылгатан кэпсииргэ үөрэнии Группанан үлэлии үөрэнии, доҕор кэпсиирин болҕойон истии 17.03 4 чиэппэр Дьүкээгир остуоруйата Кутуйах тоҕо кыраный? 1 Остуоруйа, тиэмэтин быһаарыы. Араас норуот остуоруйатын ааҕыы Араас омук остуоруйаларын тэҥнээн көрүү 5.04 Чукча остуоруйата Киит уонна таба 1 Остуоруйаны сиһилии кэпсииргэ үөрэнии. Бэйэ-бэйэҕэ кэпсэтиһии 7.04 Л.Толстой Саһыл уонна куртуйах Остуоруйаны сиһилии кэпсииргэ үөрэнии. Бэйэ-бэйэҕэ кэпсэтиһии. Истэ үөрэнии 12.04 Билиибитин бэрэбиэркэлэнэбит 1 Ыйытыыларга толору эппиэти биэрии Бэйэ уонна доҕор эппиэтин сыаналыы үөрэнии 14.04 Мин дойдум – олоҥхо дойдута 2 Бухатыыр ата 1 Олонхо туһунан өйдөбүлү быһаарыы. Олоҥхону сатаан истии.
Бухатыыр атын туһунан ааҕыы Олоҥхо атын тылынан ойуулааһын, харандааһынан уруьуйдааьын 19.04 Модун Эр соҕотох 1 Олоҥхоттон быһа тардыыны ааҕыы, олоҥхо интонациятын үөрэтии Остуоруйаны, олоҥхону тэҥнээн керүү, уратыларын, биир өрүттэрин быһаарыы 21.04 Айылҕа – барыбыт дьиэбит 5 К.Туйаарыскай Сааскы саҥалар А.Николаев Чыычаах 1 Айылҕаҕа сыһыаннаах өйдөбүллэри кэҥэтии, бэйэ сыһыанын этэргэ үөрэнии. Хоһоонноохтук ааҕыы. Хоһоону өйгө үөрэтии. Бөлөххө үлэлиир сатабылы салгыы сайыннарыы. 26.04 С.Васильев Тииҥ Ө.Өлөксөй Куоска 1 Тииҥ туһунан хоһооннору ааҕыы, таабырыннары таайсыы. Тииҥи, куосканы хоһоон тылыттан өйдөөн уруһуйдааһын. 28.04 Е.Макаров Ийэ биэ 1 Ойуулааһын текси ааҕыы, айан холонуу. Тыл саппааһын байытыы Саха сылгытын туһунан кэпсэтиһии. Хоһоон айарга холонуу 3.05 В.Осеева Ким ытай? 1 Оруолларынан ааҕыы. Кэпсээҥҥэ былаан оҥоро үөрэнии Дьиэ кыылларын туһунан сэһэргэһии. Бөлөҕүнэн үлэлии үөрэнии 5.05 П.Ламутскай Мунрукан Билиибитин бэрэбиэркэлиибит 1 Ыйытыыларга толору эппиэти биэрии Бэйэ уонна доҕор эппиэтин сыаналыы үөрэнии 10.05 Үчүгэй майгыҥ – көтөр кынатыҥ 5 А.Аччыгыйа Бастакы тоҕо? 1 Айымньы аатынан ис хоһоонун сабаҕалааһын Үчүгэйи, куһаҕаны араарыы, айымньы геройун майгытын быһаарыы 12.05 Н.Якутскай Аҕа уонна ийэ 1 Оруолларынан хоһоонноохтук ааҕыы Айымньы ис хоһоонун ырытыһыы, дьүүллэһии 17.05 Л.Толстой Барыларыттан ордук 1 Сорудахтаах ааҕыы. Искэ, таска ааҕыы Сорудаҕы сөпкө толоруу, бэйэни сыаналаныы 19.05 И.Горнай Мэник оҕо П.Одорусов Эбээ П.Григорьев Маҥнайгы кинигэ 1 Хоһоону дорҕоонноохтук ааҕыы Айымньы ис хоһоонун ырытыһыы, дьүүллэһии 24.05 Сыллааҕы барбыты хатылааһын 1 Ыйытыыларга толору эппиэти биэрии Бэйэ уонна доҕор эппиэтин сыаналыы үөрэнии 26.05 Р/у 1 31.05 VӀӀӀ. Үөрэх предметин үөрэтэр-методическэй хааччыллыыта
Учебник:
Азбука: 1 кылааска үөрэнэр кинигэ / И.И.Каратаев; (худож.Е.И.Третьякова уо.д.а.): 5-с тахсыыта. – Дьокуускай: Бичик, 2013. – 120 с., ил.
Көмө литература:
Азбукаҕа суруллуулар / И.И.Каратаев уо.д.а.. - Дьокуускай: Бичик, 2013.
Аввакумов М.С. Сурук - бичик.- Дьокуускай: Бичик, 2011. - 32 с.
Мандарова Е.В. Ааҕарга тирэх: кыра саастаах оҕолорго, төрөппуттэргэ, иитээччилэргэ. – Дьокуускай: Бичик, 2007. – 40 с.
Павлова Л.П. Букубаарга көмө матырыйаал: оскуола алын кылаас оҕолоругар/Л.П.Павлова. - Дьокуускай: Бичик, 2010. - 68 с.
Учебник:
Литература ааҕыыта. 1 кылаас /Л.В.Захарова, У.М. Флегонтова . - Дьокуускай: Бичик, 2013. – 128 с. («Саха оскуолата» систиэмэ)
Көмө литература:
Захарова Л.В. , Флегонтова У.Ф. «Бэйэ ааҕыыта»
Захарова Л.В. , Флегонтова У.Ф. «Ыалынан ааҕыы»
ӀX. Үөрэх предметин материальнай-техническэй хааччыллыыта
Библиотека фондата: Көрдөрөн үөрэтэр пособиелар: Кылаас техническэй тэриллэрэ:
Оҕоҕо аналлаах уус-уран кинигэлэр.
Саха тылын быһаарыылаах кылгас тылдьыта.
Саха Республикатын атлаһа.
Буукубалар суруллуулара.
Суруйааччылар мэтириэттэрэ.
Саха худуоһунньуктарын үлэлэринэн электроннай пособие.
“Олоҥхо геройдара” куукула театра.
Кылаас дуоската.
Многофункциональный МSI компьютер.
Интерактивнай дуоска.
Hitachi CP-X2514WN мультимедийный проектор.
Принтер.
Интернет сибээһэ.
Фотоаппарат.
Учуутал остуола.
Үөрэнээччи остуола, олоппоһо.
Кинигэ долбуурдара (стеллаж).