Урок по теме Комсомольцы в годы гражданской войны


9 класс. 27.10.2013 год.
Тема урока: По поэме С.Р.Кулачикова “Комсомольцы в годы гражданской войны”.
Уруок темата: Буурҕа-буулдьа дьылыгар. 9 кылаас.
(С.Р.Кулачиков-Эллэй поэмата).
Уруок сыала: Комсомол туһунан өйдөбүлү уонна Саха сирин комсомолун героическай олоҕуттан 1920-1930сс. кэрдиис кэмин сырдатыы, чинчийии.
Уруок соруга: - поэманы таба интонациялаан, доргуччу аахтарыы.
-Үөрэнээччилэр Саха сирин комсомолун 20-30сс. кэрдиис кэмин
поэматтан ааҕан, олоҕу кытта ситимнээн, тугу билэллэрин
уонна өйдөөбүттэрин быһаарыылара, дьүүллэһиилэрэ, ыры-
тыылара.
-олохтоох матырыйааллары уруокка таба туһаныы.
Уруокка туһаныллар матырыйааллар уонна тэриллэр: ноутбук, экран, презентация, учебник, “Летописец молодёжного движения” А.Д Сыроватскай кинигэлэрэ, учебник, комсомольскай билиэт о.д.а
.
Уруок хаамыыта:
1.Тэрээһин. Уруок тематын, сыалын-соругун билиһиннэрии.
2.Киирии тыл.
Быйыл Россия үрдүнэн история сыла, онон уруокпун Саха сирин историятыттан ыччат олоҕун сырдатыыга аныыбын. Алтынньы 29 күнүгэр Комсомол төрүттэммит күнэ. Бүгүн С.Р.Кулачиков-Эллэй Саха сиригэр Комсомол төрүттэммитэ 10 сылыгар анаан суруйбут «Буурҕа, буулдьа дьылыгар» поэматын үөрэтэбит.
3.Саҥа тема:
- Авторы билиһиннэрии. (учебник 106стр.)
Учебниктан суруйааччы Николай Габышев кылгас ахтыытын искэ аахтарыы.
Ыйытык:- оҕонньор тоҕо “Эн дьиҥнээх Эллэйгин дуо?” диэн ыйытарый?
-Ити ыйытыы элбэххэ эбээһинэстиир диэн этии туох суолталааҕый?
( аат элбэххэ эбээһинэстиир )
Оҕолор өйгө тутар дьоҕурдарын бэрэбиэркэлээһин.
- Поэмаҕа киирии. Комсомол диэн тугуй? Комсомол туһунан тугу билэҕин?
( оҕолор эппиэттэрин истии )
- Комсомол историятыттан сибидиэнньэлэр: (оҕолорго суруйтарыы)
1918с. алтынньы 29 күнүгэр Россияҕа Комсомол төрүттэммитэ. Саха сиригэр сэбиэс-кэй былаас 1919с. ахсынньы 15 күнүгэр коммунист-большевиктар салалталарынан саллааттар уонна рабочайдар куораты колчаковскай былаастан босхолообуттарын кэннэ олохтоммута. Комсомолу Омскайга, Красноярскайга, Иркутскайга төрүттэспит, ол кэмҥэ 1920с. олунньу 3 күнүгэр Сибревком уполномуочунайынан анаммыт М.К.Аммосов Иркутскайтан 1920с. муус устар 1 күнүгэр коммунист-большевиктарга комсомолу тэрийэргэ телеграмма ыыппыта. Муус устар 16 күнүгэр Дьокуускайга эдэр ыччат мунньахтаан баран, 8 киһи комсомолга киирэргэ суруйтарбыта. Кинилэр орто-лоругар Чэриктэйтэн Күүстээх Куонаан уола Попов Илья Кононович баара. Муус устар 18 күнүгэр уопсай мунньах оҥорон, ЫКС быстах устаабын ылыммыттара .Бу күн Саха комсомольскай уобаластааҕы тэрилтэтэ тэриллибитинэн ааҕыллар. Комсомол- коммунист партия эрэллээх көмөлөһөөччүтэ, сэбиэскэй былааһы олохтоһон гражданскай сэриигэ хорсуннук сэриилэспитэ. Комсомол 20-30сс. героическай олоҕун, Эллэй кырдьык олус таба буурҕа, буулдьа дьылларынан ааттаабыта.
-Поэманы ааҕыы. (оҕолор бэриллибит кэрчиги доргуччу, таба интонациялаан ааҕал- лар)
4.Ис хоһоонун дьүүллэһии (слайданан быһаара-быһаара, аахпыт кэрчиктэрин ис хоһоонун быһаараллар)
- Эдэр Эллэй комсомолга киириитэ.
- Гражданскай сэриигэ дойду көмүскэлигэр Ленин эдэр ыччаты ыҥырыыта.
- Каландрашвили этэрээтэ тоһуурга өлүүтэ.
- Строд этэрээтэ Саһыл Сыһыыга баррикада.
- Абаҕа сэриитэ. Комсомолецтар уонна пионердар хорсун быһыылара.
- Өлбүт буойуннар кэлэр кэмҥэ кэриэстэрэ.
- Герой өлбөт-сүппэт.
- Дойдугун, дьоҥҥун өстөөхтөртөн көмүскүүргэ бэлэм буол.
5. Поэманы дириҥэтэн ырытыы.
- Ырытыы, быһаарыы.
аахпыт кэрчиккэр туох санаа, иэйии этиллибитин быһаар. (Ахтыы, ыҥырыы, аһыныы, аба-сата, инникигэ эрэл, эрэнии, кэриэстээһин....)
- Дакаастаа.
- поэманы аахтахха, ханнык хартыына көстөрүй? (реалистическай дуу, историческай дуу?)
Чинчийии.
- поэт тус-туспа лоскуйдары таҥан, биир тыынынан холбоон ыччат, комсомол героикатын хайдах биэрбитий? (Поэт сатабыла көстөр. Историяны билэр киһи туох кэпсэнэрин лоскуйдартан тута билэр.)
-бу поэманы таба интонациялаан, доргуччу аахтахха, хараххар хартыына, кулгааххар тыас-уус иһиллэр. Бүгүн үөрэтэр айымньыбытыгар сөптөөх художниктар уруһуйдарын туһанныбыт. Композитордар музыка айаллар. Онтон эн тугу айыаҥ этэй?
(оҕолор оҥорон көрүүлэрэ.) ЫБСЛКС 2-тэ сэриигэ, 40-тэ үлэҕэ килбиэнин иһин Правительствоттан 6-та орденынан на5араадаламмыта.
5. Эбии матырыйаал:
Чэриктэй нэһилиэгиттэн төрүттээх икки киһибитин ахтан ааһыахпытын баҕарабын.
Ыйытык – Москваҕа Саха сириттэн Комсомол 6 сьеһигэр делегатынан баран, Комсо-молга В.И.Ленин аатын иҥэрэргэ куоластаабыт, М.К.Аммосов эрэллээх көмөлө-һөөччүтэ, Саха сиригэр уонна атын дойдуларга Комсомолу тэрийсибит кимий?
( Петр Николаевич Гуляев )
-Туох баар олоҕун Саха сирин уонна Сибиир ыччатын олоҕун, Комсомол историятын үөрэтиигэ анаабыт учёнай кимий? ( Афанасий Дмитриевич Сыроватскай ).
Быйыл саас А.Д.Сыроватскай 85 сааһыгар аналлаах тэрээһиҥҥэ Дьокуускай куоракка оскуолаттан делегация баран кыттыбыппыт. (кылгас ахтыы.)
6.Үөрэнээччилэр комсомолецтартан ыйытыктара.
7.Түмүк оҥоруу: -С.Р.Кулачиков-Эллэй Комсомол тэриллибитэ 10 сылыгар аналлаах
поэмата норуот историятын сырдатар, күүстээх тыллаах-өстөөх,
ураты ньыманан суруллубут айымньы буолар.
-Комсомол- норуот ыччатын түмпүт, Ийэ дойду туһугар охсуспут, үлэ-
лээбит ыччат тэрилтэтэ.
-Биһиги нэһилиэкпититтэн Саха сиригэр уонна тас дойдуларга Комсо-
мол историятыгар киирбит үтүөкэн дьоннордоохпутунан киэн туттабыт.
Эдэр ыччат урукку олох геройдарын, кинилэр олорон ааспыт кэмнэрин билиэхтээх, сыаналыахтаах, кэриэстиэхтээх уонна ааттарын үйэтитиэхтээх.
8. Дьиэҕэ сорудах: Бүгүҥҥү уруок туһунан ыстатыйа суруйуу.
9. Сыана туруоруу.