Презентация по родному языку на тему Солбуйар аат — са?а чаа?а


Олунньу __ күнэКылааска үлэСолбуйар аат§20. Солбуйар аат - саҥа чааһа Кини кэллэ. (Катя, Миша, Дьулус)Маннык сон атыыланар. (саҥа, уһун, халтаҥ)Бачча хонук хаалла. (үс, уонча, уон биир) Бэлиэтэммит тыл оннугар скобка иһиттэн атын тылы туроран этиини ааҕыҥ. Этии ис хоһооно уларыйар дуо? Аат тыл, даҕааһын аат уонна ахсаан аат оннугар туттуллар саҥа чааһа солбуйар аат дэнэр. Кини чопчу суолтата кэпсэтииттэн эбэтэр тиэкис ис хоһоонуттан өйдөнөр. Холобур: Макаар ыксаата, ыксаан чуолҕаҥҥа тиийэн ыйытта. – Хайа, бу мин эмим ханнаный? – Эн кимҥиний?Макаар – мин, эн. Бүгүн ылааҥы күн буолла. Маннык күн хайыһардыыр олус үчүгэй. Бэҕэһээ тымныы күн этэ. Маннык күн киһи дьиэттэн тахсыбат. Ылааҥы, тымныы – маннык. Буурҕа түһэн, биэс хонукка хаайтардыбыт. Урут бачча хаайтарбат этибит. Биэс - бачча. Солбуйар аат этии ханнык баҕарар чилиэнэ буолар. Туһаан Мин үөрэнэ бардым. Ким? – мин Кэпсиирэ Учуутал эппитэ итинник. Эппитэ тугуй? – итинник.Быһаарыы Биһиги уолбут армияҕа барда. Ханнык уол? – биһиги уолбут.Толоруу Мин тугу эрэ көрдүм. Тугу көрдүм? – тугу эрэ.Сиһилии Эн баччаҕа кэлээр. Хаһан кэлээр? – баччаҕа Солбуйар аат арааһа элбэх, олус киэҥник туттуллар саҥа чааһа. Билиҥҥи саха тылыгар солбуйар ааты уон көрүҥҥэ араараллар.1. Сирэй солбуйар аат2. Тардыылаах солбуйар аат3. Бэйэни солбуйар аат4. Ыйар солбуйар аат5. Ыйытар солбуйар аат6. Быһаарыылаах солбуйар аат7. Быһаарыыта суох солбуйар аат8. Түмэр-буолбат солбуйар аат9. Түмэр солбуйар аат10. Хомуур солбуйар аат Сирэй солбуйар аатСирэй солбуйар аат сүрүн суолтата – дьону сирэйдээн бэлиэтээһин. Манна МИН, ЭН, КИНИ, БИҺИГИ, ЭҺИГИ, КИНИЛЭР диэн тыллар киирэллэр. 2. Тардыылаах солбуйар аатбарамай кимиэнэ буоларын сирэйдээн бэлиэтиир. Кини сирэй солбуйар ааттан –ИЭН уустук сыһыарыы көмөтүнэн үөскүүр: МИЭНЭ, ЭЙИЭНЭ, КИНИЭНЭ, ЭҺИЭНЭ, МИЭННЭРЭ, ЭЙИЭННЭРЭ о.д.а. 3. Бэйэни солбуйар аатхайааһыны хайааччы бэйэтэ оҥорорун тоһоҕолоон бэлиэтиир. БЭЙЭ тылга тардыы сыһыарыыта эбиллэн үөскүүр: БЭЙЭМ, БЭЙЭҤ, БЭЙЭТЭ, БЭЙЭБИТ, БЭЙЭҔИТ, БЭЙЭЛЭРЭ. Бу курдук араарыы, бастатан туран, кинилэр дьиҥ эйгэҕэ баар барамайдары хайдах бэлиэтииллэригэр олоҕурар. Ол аата ити көрүҥнэр бэйэ-бэйэлэригэр ыйар ньымаларынан утарылаһаллар. Холобур, сирэй солбуйар аат барамайы саҥарааччы эбэтэр истээччи быһыытынан бэлиэтиир, онтон ыйар солбуйар аат кини миэстэтин үксүн быһаарарга туттуллар. Иккиһинэн, үөһэ аҕалыллыбыт көрүҥнэр, биирдиилэрэ туспа морполуогуйалыы бэлиэлээхтэр, а.э. түһүк, ахсаан о.д.а. кырамаатыкалыы халыыптарга уратылааахтар. Ол курдук, сирэй солбуйар аат элбэх ахсаанын халыыба –ИГИ өлүүскэнэн, оттон ыйар солбуйар аат –ЛАР сыһыарыынан үөскүүр. Маны таһынан, биир көрүҥҥэ киирэр солбуйар ааттар үөскүүр ньымалара эмиэ баар. 4. Ыйар солбуйар аат чопчу ыйан көрдөрүүгэ уонна ааттары солбуйууга туттуллар. Бу көрүҥҥэ киирэллэр: БУ, ИТИ, ОЛ, БИЛИ. 5. Ыйытар солбуйар аатсүнньүнэн, саҥарааччы барамай, бэлиэ, кэм, миэстэ о.д.а. туһунан билиэн баҕарарын бэлиэтииллэр. Уустук этиигэ, ыйар солбуйар ааты кытта чопчулуур суолталаах буолуохтарын сөп. Бу бөлөх балачча элбэх ахсааннаах: КИМ, ТУОХ, ТӨҺӨ, ХАННЫК, ХАЙДАХ, ХАННААҔЫ, ХАС, ХАҺЫС о.д.а. 6. Быһаарыылаах солбуйар аатис хоһооно ханнык эрэ биллэр, көстөн турар барамай нөҥүө бэлиэтэнэр: БАЧЧА, ИТИЧЧЭ, ОЧЧО, МАННЫК, ИТИННИК, ОННУК, БАРЫТА, ХАС БИИРДИИ 7. Быһаарыыта суох солбуйар аатбарамай, эбэтэр кини бэлиэтэ, хайааһын миэстэтэ, кэмэ, о.д.а. түгэн биллибэт буоллаҕына туттуллар. Кинилэр ыйытар солбуйар ааттар ЭРЭ, ЭМЭ эбиискэлэр көмөлөрүнэн үөскүүллэр: КИМ ЭРЭ, ТУОХ ЭМЭ, ХАС ЭРЭ, ХАЙА ЭРЭ, КИМ ДАҔАНЫ, КИМ ДА, КИМ БАҔАРАР о.д.а. Биһиги диэн солбуйар ааты түһүгүнэн ырыт{5C22544A-7EE6-4342-B048-85BDC9FD1C3A}Төрүт БиһигиАраарыыСыһыарыыТуохтууТаһаарыыТуттууХолбууТэҥнии