Конспект урока по якутскому языку


Саха тылыгар уруок технологическай каартата
Учуутал Муксунова Мария КасьяновнаУруок саха тыла
Кылаас, оскуола 6 б кылаас, Уопсай үөрэхтээһин Советскай Союз Геройа Н.С.Степанов аатынан Бүлүүтээҕи орто оскуолатаУруок тематаАат тыл – «Алаас алгыһыгар» (Родион Еремеев «Алаас алгыһа» хоһоонунан...)
Буолар кэмэСэтинньи ый 19 күнэ 2014 с.
Уруок тиибэТылы байытар уонна анаарар - сааһылыыр уруокУруок көрүҥэ Булкаас, оонньуу уруокУруок сыалаАат тылы хатылааһын, уруокка интэриэһи көбүтүү, умсугутууУруок соругаОҕо тылын баайын хаҥатыы, билиини чопчулааһын, сааһылааһын
Уруок тэрилэ«Смарт» интерактивнай дуоска, Power Point компьютернай презентация, «My test» тест-программа, бөлөхтөргө сорудахтаах карточкалар,
Уруок хаамыытаТэрээһин – турукка киллэрии ( 1 мүн)
Билиини чопчулааһын, уруок сыалын- соругун туруоруу (5 мун)
Карточканан үлэ (6 мүн.)
Ылбыт билиини сааһылааһын (8мүн)
Тургутан көрөр оонньуу (8)
Хоһоон ааҕыы (2 мүн)
Карточканан үлэ (3 мүн.)
Тургутук-тест (5 мун)
Түмүк оҥоруу, сыаналааһын (3 мүн)
Дьиэҕэ үлэ (2 мүн) ( 2 мүн - резерв)
Сүрүн өйдөбүл(Личностно- значимая проблема) Бэйэ- бэйэҕэ болҕомтолоох буолуу, эйэлээх сыһыан, өйдөһүү, бодоруһуу – үтүө киһи холобуругар иитиллии тирэҕэ.
Үөрэтии көрүҥэ уонна киэбэСайыннарыылаах үөрэх технологията - бөлөҕүнэн куолаан үлэ, бэйэ санаатын этии, үөрэнээччи көхтөөх кыттааччы, чинчийээччи, саҥаны арыйааччы буоларын ситиһии. Оонньуу технологията – үөрэххэ көҕүн көбүтүү
Үөрэх дэгиттэр үөрүйэхтэрэ
Тустаах үөрэх предметин үөрэтии Үөрэх сатабылларын сайыннарыы Бодоруһар сатабылКарточканы ааҕан, ырытар, толкуйдуур, сорудаҕы толорор; санаатын сааһылаан этэр;
Тексинэн үлэ, ырытыы, чинчийии, бэйэ санаатын толору этии, санаа атастаһыы;
Билбитин- көрбүтүн олоххо тутта үөрэнэр, сааһылыыр, чопчулуур,тылын баайын хаҥатар. Бэйэни салайынар- дьаьанар сатабыл - үлэ сыалын-соругун таба туруоруу, сатаан былаанныыр, туох-ханнык түмүккэ кэлиэхтээҕин быһа холоон билэр.
Билэр- көрөр сатабыл – билиини дөбөҥнүк булар, бэлиэтэнэр, түмэр, ситимниир.
Билиини сааһылааһын – саҥа билии ыларга баар билиитигэр тирэҕирэр, өй үлэтин араас дьайыыларын кэбэҕэстик толорор.
Рефлексия - улэ сыалы- соругу ситиһэр ньымаларын уонна усулуобуйаларын төһө сөпкө талбытын сыаналыыр. Үлэ хаамыытын хайдах салайан иһэрин кэтээн көрөр. Бииргэ үлэлиир үөрүйэх – дьону кытта бииргэ алтыһан үөрэнэр, үлэлиир араас ньыманы баһылыыр (пааранан, биирдиилээн, бөлөҕүнэн уо.д.а)
Кэпсэтэр үөрүйэх – кэпсэтии уратыларын өйдүүр, табан кэпсэтэр.
Кэпсэтии сиэрин тутуһар үөрүйэх- дьону кытта алтыһыыга кэпсэтии сиэрин тутуһар, туттан-хаптан бодоруһуу ньымаларын тоҕоостоохтук туттар.
Уруок хаамыытаУруок түһүмэҕэ КэмэҮөрэтэр,
сайыннарарсорудахтарУчуутал үлэтэ Үөрэнээччи үлэтэ Үлэ көрүҥэ Сатабыл көрүҥнэрэ Бэрэбиэркэлээһин
1.Тэрээһин.
Турукка киллэрии(мотивация)
1 м.
Оҕону турукка киллэрэр, уруокка көхтөөхтүк кыттар ньыматын хааччыйар.
Үөрэнээччи болҕомтотун учууталга хатыыр.
(Уруок сыалын- соругун толкуйдууллар,чопчулууллар).Бэйэҕэ туһааннаах: үлэлиир турукка киирии2.
Билиини чопчулааһын
(Билиигэ тирэҕирэн)
5 мун.
Аат тыл өйдөбүлүн хатылааһын
Презентацияны холбоон уруок сыалын-соругун туруорарЭппиэттэһэр.
- үлэ сыалын- соругун таба туруоран,сатаан былаанныыр, туох-ханнык түмүккэ кэлиэхтээҕин быһа холоон билэр. Кэпсэтэр үөрүйэх
Бииргэ үлэлиир, кэпсэтэр үөрүйэх
Тылынан
3. Карточканан үлэ
4. Ылбыт билиини сааһылааһын 6 мүн.
(8мүн)
Бөлөхтөр карточканан үлэлииллэр, сорудаҕы толороллорЫлбыт билиини сааһылааһын Оҕо тобулук өйүн сайыннарыы, уруокка көхтөөхтүк кыттарын хааччыйыы. Хас биирдии үөрэнээччи бөлөх үлэтигэр кыттыһар, анал кумааҕыга суруйаллар. 1 оҕо тиэкиһи толору уонна булбут тылларын ааҕар.
Оонньуу форматынан аат тылы билиигэ күрэхтэһэллэр
Бөлөҕүнэн Билбит-көрбүт өйдөбүлүн олоххо туттар.
Бэйэлэригэр түмүк оностоллор, тылларын баайын хаҥаталлар. Суругунан, тылынан
Тылынан
5. Тургутан көрөр оонньуу (8)
Бөлөхтөр карточканан үлэлииллэр, сорудаҕы толороллорТыл оһуорун карточкаҕа толотторууОонньуу форматынан аат тылы билиигэ күрэхтэһэллэр Бөлөҕүнэн Билиини сааһылааһын, өй үлэтин сайыннарыыСуругунан, тылынан
6. Хоһоон ааҕыы Оҕо уус-ураннык, дорҕоонноохтук хоһоону ааҕар үөрүйэҕин сайыннарыыХоһоону сорудахтаан аахтарарАахпыт хоһоонноруттан аат тылы булалларБилэрин, билбитин араас сорудахха тутта үөрэнэр
Тылынан
7. Тургутук- тест Аат тылы төһө өйдөөбүтүн тест көмөтүнэн билгэлээһин
Саҥа иһитиннэриини бэйэлэригэр ылыналлар, ыйытыыга эппиэттииллэр, бэйэлэрин санааларын этэллэр.
Интерактивнай дуоскаҕа хонтуруолланалларБилиини сааһылааһын, түмүк оҥоруу
Билэр-көрөр сатабыл.
Бодоруһар: бэйэ санаатын, толкуйун сааһылаан этии, санаа атастаһыыта
Тустаах үөрэх сатабылын сайыннарыыБэйэни салайынар- дьаһанар сатабыл8. Түмүк оҥоруу, сыаналааһын
Түмүк онорууТустаах үөрэх предметигэр туһаайыы;
Бодоруһар:
Оҕону кытта таһаарыылаахтык, көдьүүстээхтик үлэлээһин
Кэпсэтэр үөрүйэх- кэпсэтии уратыларын өйдүүр, табан кэпсэтэр.
Ылбыт билиигэ түмүк санаа
(оҕо талан толорор сорудаҕа)
Бастаан оҕолор бэйэлэрэ санааларын этэллэрУчуутал түмүк тыла
Уруок кэрэхсэнэр, умсугутар өрүтүн оҕолортон ыйыталаһан чуолкайдыыр, чопчулуур.
Уруокка билбити, саҥаны арыйбыттарын ыйыталаһыы, кэпсэтии.
Тылынан эппиэти, суругунан үлэни быһаара-быһаара сыана туруорабын. Кыһаллан үлэлээбиттэри бэлиэтиибин.
Үөрэнээччи түмүк тыла.
Бүгүгүҥҥү уруоктан тугу ылыммыттарын, саҥаны билбиттэрин туһунан бөлөхтөр салайааччылара санааларын этэллэр, баҕалаах оҕолор санааларын аһаҕастык этэллэр.
Өйдөөбөтөхтөрүн ыйыталларБиирдиилээн
Билиини сааһылааһын –өй үлэтин араас дьайыыларын кэбэҕэстик толорор.
Ырытыы, чинчийии, бэйэ санаатын толору этииСуругунан
Оҕолор уруокка хайдах үлэлээбит-
тэрин сыаналааһын
9. Дьиэҕэ үлэ
2
мүн Аат тылга эрчиллииДиниэбинньиктэригэр суруналлар, өйдөммөтү ыйыталлар.