Рабочая программа Саха тыла (2 класс)


№ Уруок тиэмэтэ Сыала, соруга
тэрилэ Тылы сайыннарыы Дьиэ үлэтэ Ыытыл. кунэ Ыытыллыбыт күнэ Бэлиэтээһин
1 чиэппэр
Киирии эрчиллиилэр 1 Саҥарар саҥа этиилэртэн турара
( № 1-2) • Этии бүтүүтэ, тохтобул оноhулларын кэтээн көрүү.
• этиини этииттэн арааран саҥара үөрэнии.
• оскуолаҕа уо. учууталга ытыктабылы иитии.
- хартыына, алфавит.
• этии схематын туттар сатабылы чиҥэтии
• этии толкуйдаан үөрэтии • дьиэ харамайдарын туhунан кэпсэтии.
- «Тиэргэннэҕи зоопарк» -хартыына.
- Ыт ойуута.
• этии улахан буукубаттан сурулларын өйдөтүү.
• буочары тупсарыы.
•хартыына, схема
• тылы дорҕ-н, буукуб.ырыта үөрэтии
•тыл дорҕ-н схематын оҥорор сатабылы чиҥэтии
•тыл саппааhын хаҥатыы - хартыынанан үлэ «оскуола арыллыта»
- оскуола туhунан хоhоон ааҕыы. с.3 Эрч. 1
02.09 2 Этии тыллартан турара.
( № 3-5) - хартыынанан үлэ (экскур.)
- «ыт» туhунан кэпсээн оҥоруу
- дьиэ харамайдарын туhунан хоhоон
ааҕыы с.5 Эрч. 5
04.09 3 Этии суруллуута.
(№ 6-8) - хартыынанан үлэ
с. 6 Эрч. 8
05.09 4 Тыл дорҕоонтон турара
( № 9-11) -сайыҥҥы үлэ туhунан кэпсээн
с.7 Эрч. 10 09.09 Аhаҕас дорҕооннор 5 Аhаҕас дорҕоон араастара
(№ 12-15) - А. д. арааhын өйдөтүү
• кылгас уонна уhун а. д. таба саҥарыы
• тылы таба ситимнииргэ үөрэтии
• туох эрэ дьарыктаах буоларга үөрэтии
- таблица, фишкалар - сэhэргэhии
«дьарыктаах буолуу»
с. 9 Эрч. 15
11.09 6 Кылгас, уhун аhаҕас дорҕооннор
(№ 16-19) • кылгас, уhун а. д. арааран истэргэ, суруйарга үөрэтии
• тыл баайын хаҥатыы ( көтөрдөр ааттара )
• дьиэ көтөрүн көрөргө, истэргэ үөрэтии
- көтөрдөр ойуулара
- схема - «бөтүүк» туhунан остуоруйа кэпсээһин
- ойууларынан этии толкуйдааһын
с.10 Эрч. 19
12.09 7 Кылгас, уhун аhаҕас дорҕооннор
(№ 20-23) • а. д. арааhын үөрэтии
• тылы ситимнээх этии оҥорорго үөрэтии
• үөрэххэ туттуллар тэриллэри харыстыырга үөрэтии
- карточка, схема • а. д. арааhын үөрэтии
• тылы ситимнээх этии оҥорорго үөрэтии
• үөрэххэ туттуллар тэриллэри харыстыырга үөрэтии
- карточка, схема с.12 Эрч. 23
16.09 8 Аһаҕас дорҕоон суолтата
(№ 24-26) • а. д. суолтатын өйдөтүү
•а. д. таба саҥарарга үөрэтии
- сүhүөх картата
фишка
схема (этии)
ойуу - тылларынан этии толкуйдааһын
(ситимнээх)
с.14 Эрч. 26
18.09 9 Ситимнээх саҥа: чопчу тиэмэҕэ сибээстээх этиилэри оҥоруу
(№ 27-29) • кэпсээн оҥорорго үөрэтии
• этии схематын таба туттарга
• общественнай малы харыстааhын - хартыынанан үлэ
с.14 Эрч. 29
19.09 10 Дифтоннар
(№ 30-33) • дифтонг өйдөбүлүн үөрэтии
• дорҕооннорго маарыннаhар суолталарын чуолкайдыы үөрэтии
• дьон үлэтин сыаналааhын уонна харыстааhын
- а. д. полос-а, фишка
-а. д. таблица - оонньуу «сайылыкка экскурсия»
- кэпсээн оҥоруу №33
с.16 Эрч 33
23.09 11 Уhун аһаҕас дорҕооннор уонна дифтоннар
(№ 34-35) • уhун а. д. уонна дифтону таба суруйа үөрэтии
• айылҕаҕа кэрэхсэбили үөскэтии с.17 боппуруоска эппиэттээһин
25.09 12 Бэрэбиэркэлиир урок: аһаҕас дорҕоон араастара
(№36 – диктант) -а. д. арааhын таба саҥарар, суруйар үөрүйэхтэрин бэрэбиэркэлээһин - этиилэри толкуйдаан, ситин-н кэпсээн оноруу Быраабыланы хатылаа
26.09 Бутэй дор5ооннор 13 Бүтэй дорҕоон араастара
(№ 36-38) • б. д. арааран истэр уонна чуолкайдык саҥарар үөрэҕи сайыннарыы.
•тылы, дорҕоону тэҥнээhин
-б. д. полоската, фишката
-тыллар схема с.19 Эрч. 38 30.09 14 Маарыннаhар бүтэй дорҕоонноох тыллар
(№ 39-41) • к, х, у, н. дорҕооннору арааран истэ, саҥара, суруйа үөрэнии
•этии туhунан өйдөбүлү чиҥэтии
• кыыллары харыстыырга үөрэтии
- ойуу «Тииҥ» «Тииҥ» туhунан кэпсээн
с.20 Эрч. 41
быраабыланы үөрэтии
02.10 15 Сэргэстэспит бүтэй дорҕоонноох тыллар
(№ 42-44) • тылга б. д. сэргэстэhиитин арааран истэ үөрэнии
•схеманан тылы оҥоруу
• үөнтэн-көйүүртэн сэрэхтээх буоларга үөрэтии
- фишкалар
Ойуу « киргил»
Тыл схемата Айылҕа туhунан кэпсээн оҥоруу
с.21 Эрч 44
03.10 16 Сэргэстэспит бүтэй дорҕоонноох тыллар
(№ 45-48) • сэргэстэспит б. д. сүhүөххэ таба араара үөрэнии
- схема Кэпсээн оҥоруу
с.22 Эрч. 47
07.10 17 Сэргэстэспит бүтэй дорҕоонноох тыллар
(№ 49-53) • б. д. сэргэстэhиитин чуолкайдык истэ уонна таба суруйа үөрэнии
• тыл баайын хаҥатыы «Дьиэ кыыла»
кэпсээн толкуйдааһын
с.24 Эрч. 53
кэпсээн толкуйдааһын
09.10 18 Саҥаны сайыннары
Этии интонациятын кытта билсиhии
(№ 54-55) • этиини таба интонациялаах саҥара үөрэнии
• с. б. д., м. б. д. араарар сатабыллары чиҥэтии Текси кытта үлэ
с. 24 Эрч. 54
(тыл-н)
10.10 19 Хоhулаhар бүтэй дорҕоонноох тыллар
(№ 56-58) • суруйарга б. д. хоhулаhыытын сүhүөхтүү үөрэнии
• х. б. д. арааран истэр үөрүйэҕи чиҥэтии
• тыл ситимин оҥоро үөрэнии
• оҕуруот аhа киhи доруобуйатыгар туhатын туhунан кэпсэтии Оҕуруот аhын туhунан кэпсээн оҥоруу
с 26
кэпс. толк.
«Оҕуруот аhа»
14.10 20 Хоhулаhар бүтэй дорҕоонноох тыллар
(№ 59-62) • б. д. хоhулаhыытын таба сүhүөхтүү үөрэнии
• х. б. д. арааран истэр үөрүйэҕи чиҥэтии
• тыл ситимин оҥоро үөрэнии
- таблица Кэпсээн толкуйдааһын
с.27 Эрч. 61
16.10 21 Сэргэстэhэр уонна хоhулар бүтэй дорҕоонноох тыллар
(№ 63-65) • тылы таба сүhүөхтүүргэ үөрэнии
- схема, ойуу Хартыынанан кэпсээн толкуйдааһын
с.28 Эрч. 64
17.10 22 Хатылыыр урок:
Аhаҕас уонна бүтэй дорҕооннор
(№ 66-69) • дорҕоону арааран истэр уонна таба суруйар сатабылы чиҥэтии
• дорҕооннохтук ааҕарга эрчийии Сэhэргэhии
с.30 Эрч 69
21.10 23 Саҥаны сайыннарыы
Хартыынанан кэпсээн оҥоруу
(№ 70) -а. д. полоскалара, фишкалар.
- таблица а. д. арааhа
• ыйытыы көмөтүнэн этиилэри табатык ситимнии үөрэнии
-схема Хартыынанан үлэ
Куобах туhунан остуоруйа
23.10 24 Аhаҕас уонна бүтэй дорҕоннору хатылааhын
(№ 71-74) • дорҕоону араара истэр уо. таба суруйар сатабылы чиҥэтии
•өс хоhоон суолтатын ырытыы
• ыйытыыны толкуйдуурга үөрэтии
- хартыына Остуоруй. көннөрүү
с.32 Эрч. 71
24.10 25 Хонтуруолунай диктант • у. а. д. уонна х. б. д. арааран истэр. Таба суруйар үөрүйэҕи чиҥэтии 28.10 26 Сыыhаҕа үлэ. Түмүктүүр үлэ -оҕолор сыыhаларын быhаарыы, быраабылалары хатыылааhын 30.10 II чиэппэр.
Киирии дорҕооннор уонна буукубалар. 27 Я, Е, Ю,Е буукубалар.
(№ 75 – 77) • я, е, е, ю, буукубалар икки дорҕоону бэлиэтииллэрин чиҥэтии
• я, е, е, ю, букв-р сымнаҕас б. д. бэлиэтиир түбэлтэлэрин өйдөөн истэ, суруйа үөрэтии
• тыллар суолталарын чуолкайдааhын
• идэ туhунан кэпсэтии Идэ туһунан кэпсээн толкуйдааһын с.35 Эрч. 77
31.10 28 Я, Е, Ю,Е буукубалар.
(№ 78 – 80) Хартыынанан кэпсээн толкуйдааһын
с.36 Эрч. 80
11.11 29 Ь буукуба
(№81-83) • сымнаҕас б. д. тыл кэннигэр уонна а. д. иннигэр турар түбэлтэлэрин өйдөөн истэ үөрэнии
•ыйытыыга толору эппиэттииргэ үөрэтии
- ыт ойуута, таблица, карточка Кэпсээн толкуйдааһын с.37 Эрч. 83
13.11 30 Маарыннаhар бүтэй дорҕоонноох тыллар.
(№84-86) • ш, ж… дорҕоонноох тыллары чуолкайдык саҥара, суруйа, истэ үөрэнии
• кыыллар туhаларын өйдөтүү
- африка туhунан хартыына Хартыынанан үлэ
с.39 быраабыланы аах 14.11 31 Маарыннаhар бүтэй дорҕоонноох тыллар
(№ 87-90) • с-з, ц-щ таба суруйа, саҥара үөрэнии Этии толкуйдааһын
с. 41 Эрч. 89
18.11 32 Маарыннаhар бүтэй дорҕоонноох тыллар
(№ 91-93) - в, ф дорҕоонноох тыллары чуолкайдык истэ, саҥара уонна таба суруйа үөрэнии
- таблица, ойуу с. 42 Эрч. 93
20.11 33 О дорҕоонноох тыллар
(№ 94-96) • нууччалыы суруллар тылга 0 дорҕоон кылгастык уонна уhуннук этиллэр түбэлтэлэрин арааран истэ үөрэнии
• тыллары табатык ситимнии үөрэнии
• ийэ дойдуга тапталы иитии
- карточкалар
Ойуу Кэпсэтиһии «Ийэ дойдум»
с. 43 Эрч. 95
21.11 34 О дорҕ-х тыллар
(№ 97-99) • нууч. суруллар тылга «о» дорҕоону таба суруйа үөрэнии Текст оҥоруу
с. 44 Эрч. 98
25.11 35 Саҥаны сайыннарыы. Хартыынанан улэ.
(№ 100) • этиигэ тыл-ы табатык ситимнииргэ ууруллар
• этиилэри сөпкө сааһылаан ситимнээх кэпсээн оҥоро үөрэнэллэр
- хартыына Хартыынанан үлэ
с. 46 боппуруоска эппиэттээһин
27.11 36 Бэрэбиэркэлиир диктант • нууччаттан киирбит тылллары төhө таба истэн суруйалларын бэрэбиэркэлээһин
• сатабыллары чиҥэтии 28.11 Сүhүөх арааhа 37 Тыл сүhүөхтэрэ
(№ 101-102) •а. д. араастарын чиҥэтии
• аахпыты ситимнээн кэпсиир сатабылы сайыннарыы
• кыылллар, көтөрдөр олохторун билиhиннэрии
- а. д. полоската, фишката, ойуулар, хартыына Текси ааҕан кэпсээһин
с.47 чабырҕаҕы ной. үөрэт
02.12 38 Аhаҕас сүhүөх
(№ 103 105) • аhаҕас сүhүөх тыл иннигэр турарын чиҥэтии
• кэпсээни ситэрэргэ үөрэтии
• төрөппүт үлэтин өйдүүргэ уонна убаастыырга үөрэтии
-ойуулар
Фишкалар Остуоруйаны ситэрэн кэпсээһин
с. 48 Эрч.105
04.12 39 Төттөрү сүhүөх
(№ 106-110) • төттөрү сүhүөхтээх тыллары таба сүhүөхтүү үөрэнии Кэпсииргэ үөрэтии
с. 50 Эрч 110
05.12 40 Көнө сүhүөх
(№ 111-114) • тылтын көнө сүhүөҕү булла үөрэнии Таабырын таайа хоһоон толкуйдааһын с.52 Эрч. 113
09.12 41 Сабыылаах сүhүөх
(№ 115-117) • төттөрү сүhүөхтээх тылларыы таба сүhүөхтүү үөрэнии
• тыл схемата ,фишка Саһыл туһунан кэпсэтии
с.53 остуоруйа толкуйдааһын
11.12 42 Тылы таба сүhүөхтээhин
(№ 118-121) • тыл ортотугар сүhүөх б. д. саҕаланарын өйдөтүү
• аhаҕас уонна төттөрү суh-и таба араарары чиҥэтии
• аахпыты сааhылаан кэпсииргэ үөрэтии
• көрсүө-сэмэй ,бэрээдэктээх буоларга иитии Кэпсээһин
с.55 Эрч 121
12.12 43 Тылы көhөрүү
(№ 122-125) •тыл строкаҕа баппатаҕына ,сүhүөҕүнэн көhөрүн өйдөтүү
- сүhүөх арааhын чиҥэтии
- тыл саппааhын хаҥатыы
- кыhыҥҥы туундара кэрэтэ Боппуруостарга эппиэттээһин
16.12 44 Хатылыыр урок
Сүһүөхтэр араастара
(№ 126-128) - ылбыт сатабылларын чиҥэтии
Хартыынанан үлэ
с.57 Эрч.128
18.12 45 Ситимнээх саҥа
(№ 129-130) - былааны туһанан ситимнээх кэпсээни оҥоро үөрэнии.
- сүһүөх араастарын чиҥэтии. Хартыынанан кэпсээн оҥоруу
с.58 Эрч.131
19.12 46 Хатылааhын - сүhүөх арааhа
(№ 132-135) -билиилэрин ,сатабылларын чиҥэтии Былаанынан кэпс. бэлэм-и Боппуруоска эппиэттээһин
23.12 47 Хонтуруолунай диктант - билиилэрин бэрэбиэркэлээһин 25.12 Тыл
48 Тыл олоҕо уонна сыһыарыыта
(136-138) Этии тыл схемата - тылтан олоҕун уонна сыhыарыыларын сатаан араара үөрэнии
-тыл сүһүөххэ хайдах арахсарын туһунан өйдөбүлү чиҥэтии
- аахпыттан өйдоөөбүтү суруйарга үөрэтии
- режим доруобуйаҕа туһатын өйдөтүү Аахпыттан суруйарга үөрэтии
Быраабыланы үөрэтии
с.62
26.12 III чиэппэр.
49 Тыл олоҕо уонна сыһыарыыта
(139-142) - тылтан олоҕун уонна сыhыарыыларын сатаан араара үөрэнии с.64 Эрч 141
13.01 50 Нууччалыы суруллар тыл сыһыарыыта
(143-146) - Нууччалыы суруллар тылга сахалыы сыһыарыы сыстарын өйдөтүү
- тыл олоҕун , сыһыарыытын сатаан араарар сатабылы чиҥэтии
- этиигэ тыллары таба ситимнииргэ үөрэтии
- хорсун быһыы тыыныгар иитии с.66 Эрч. 146
15.01 52 Саҥаны сайыннарыы уруога: ыйытыы көмөтүнэн этиилэри оҥоруу
(147-149) - этиигэ тылы таба ситимнии үөрэнии
- т. о. уонна сыh-ы табатык араарар сатабылы чиҥэтии
- уус идэтигэр кэрэхсэбили үөскэтии Карточканан этии толкуйдааһын, хартыынанан үлэ
с.67 Эрч. 148
16.01 53 Предмет аата, бэлиэтэ, тугу гынара. Предмет өйдөбүлэ
(150-152) - предмет аатын көрдөрөр тылллаы арааран өйдүүллэрин ситиһии
- тылллар суолталарын чуолкайдааһын
- үөрэх тээбиринин туттарга, харыс-а үөрэтии Хартыынанан үлэ
с.69 Эрч. 152
20.01 54 Предмет бэлиэтин көрдөрөр тылллар
(153-155) - предмет бэлиэтин көрдөрөр тылллары арааран өйдүүллэрин ситиһии
- предмет аатын , бэлиэтин көрдөрөр тыллар ситимнэрэ Тыл ситимин толкуйдааһын
с.69 Эрч. 153
22.01 55 Предмет тугу гынарын көрдөрөр тыллар
(156-159) - тыллары ситимнии үөрэнии
- Саха сирин кыылларын кытта билиһиннэрии «куобах» туһунан кэпсээн
с.71 Эрч. 158 (айар үлэ)
23.01 56 Саҥаны сайыннарыы уруога
(160-162)
Хартыына - этиигэ тыллары, текскэ этиилэри ситимнии үөрэтии
Хартыынанан үлэ
с.73 Эрч. 162
ной. үөрэт.
27.01 57 Предмет аата
(163-166) - Ким? – диэн ыйытыыны таба туруора үөрэтии
- улахантан суруйуу
- улахан дьону хайдах ыҥырары билиһиннэрии Тексинэн үлэ
с.75 Эрч. 166
29.01 58 Предмет аата
(167-169) - Ким? Туох? – диэн ыйытыылары тэҥнээһин
- тыл ситимин таба оҥоруу
- үөн-көйүүр буортута уонна туһата Оонньуу ситуацията
Сибэккилээх хонууга экскурсия
с.76 Эрч. 168
айар үлэ
30.01 59 Предмет аатын көрдөрөр тыллар
(170-174) - ыйытыылары сөпкө туруора үөрэнии
- көтөрдөр , кыллар, сүөһүлэр туһунан өйдөбүллэри чуолкайдааһын
- кыстыыр кыра чыычааҕы көрүү-харайыы Ойуулааһын, дьүһүннээн кэпсээн оҥоруу
с 77 эрч. 173
быраабыланы аах.
03.02 60 Аахпыттан суруйуу
(175-176) - тыллары ситимнииргэ үөрэтии
- анал ааты сөпкө туттуу
- дьиэ кыылын көрөргө-истэргэ үөрэтии «ыт» туhунан кэпсээн
Айар үлэ
«мин ытым»
05.02 61 Саҥаны сайыннарыы «Аҕа дойдуну көмүскээччилэр»
(177-178) - этиигэ, кэпс. тылллары, этии-и табатык тута, ситимнии үөрэнии Хартыынанан үлэ
с.80 Эрч 178 06.02 62 Анал аат (179-181) - анал ааттары таба суруйуу, өйдөбүлү чиҥэтии
- суруй-р туст-н сэһэргэһии Сэһэргэһии
с.81 Эрч.180
10.02 63 Анал аат (182-184) - анал аат өйдөбүлэ салгыы чиҥэтиллэр Сэһэргэһии
с.83 Эрч. 184
12.02 64 Анал аат (185-187) - Салгыы чиҥэтии с.83
хоһоон уһулуу 13.02 65 Саҥаны сайыннарыы хартыынанан үлэ
(188-189) - текст чаастартан турарын кэтээн көрүү
Анал аат улахан буукубаттанн сурулларын чиҥэтии
- этиилэри табатык ситимниир сатабылы чиҥэтии Хартыынанан үлэ
с.85 Эрч. 189
17.02 66 Предмет аата
(хатылааһын)
(190-193) - билиини чиҥэтии
- тыллар суолталарын чуолкайдааһын
- ийэ дойдуну киэҥ туттар өйгө-санааҕа иитии Хартыынанан үлэ
с.87 Эрч. 193
нойосуус үөрэтии
19.02 67 Предмет аата биир уонна элбэх ахсааҥҥа туттуллуута
(194-197) - биир, элбэх ахсааҥҥа туруора үөрэнии
- тыл олоҕо ,сыһыарыыта
- айылҕаҕа тапталы иитии
- айар дьоҕурдарын сайыннарыы Хоһоон ааҕыы, айан көрүү
Оонньуу ситуацията «күөлгэ»
с.88 Эрч. 197
20.02 68 Биир, элбэх ахсаан
(198-200) - элбэх ахсааҥҥа таба туруорар сатабылы чиҥэтии
- тыл ситимин таба оҥоруу Оонньуу
с 90 эрч. 200
быраабыланы үөрэтии 24.02 67 Бэрэбиэркэлиир диктант
«Предмет аата» Таба суруйар сатабылларын уонна үөрүйэхтэрин чиҥэтии 26.02 68 Предмет бэлиэтэ
Предмет өҥүн көрдөрөр тыллар
(201-204) - предмет өҥүн көрдөрөр тыллары була үөрэнии
Тулалыыр эйгэҕэ баар араас өҥнөргө кэрэхсэбили үөскэтии Хартыынанан этии толкуйдааһын
с.92 Эрч. 202
27.02 69 Предмет бэлиэтэ
(205-207) - предмет аатын, бэлиэтин көрдөрөр тыллары ыйытыы көмөтүнэн булар сатабылы чиҥэтии
- ийэҕэ тапталы иитии
Айан көрүү
с.94 хоhоон айан көрүү
03.03 70 Предмет бэлиэтэ
(208-210) 05.03 71 Предмет бэлиэтэ
маарыннаһар суолталаах тыллар
(211-213) - маарыннаһар суолталаах тыллары була, тута үөрэнии
- үчүгэй, куһаҕан майгы туһунан сэһэргэһии Сэһэргэһии
с.96 таабырын толкуйдааһын
06.03 72 Предмет бэлиэтэ
утарыта суолталаах тыллар
(214-217) - утарыта суолталаах тыллары була уонна тутта үөрэнии
- тыллары таба ситимнииргэ үөрэнии
- тимир суол суолтата «БАМ» туһунан кэпсээһин
с.97 Эрч. 217
10.03 73 Предмет бэлиэтэ, аата
(218-222) - Предмет бэлиэтин көрдөрөр тыллары тута үөрэнии
Этии толкуйдааһын
с.98 Эрч 219
12.03 74 Саҥаны сайыннарыы «Күһүн» хартыынанан үлэ - этиилэри ситимнээн кэпсээн оҥоруу Хартыынанан улэ с.99 Эрч.221
13.03 75 Хонтуруолунай диктант - оҕолор таба суруйар дьоҕурдарын бэрэбиэркэлээһин 17.03 76 Сыыһаны көннөрүү. Түмүк уруок - барбыт теманы билэллэрин быһаарыы 19.03 77 Предмет тугу гынара - Предмет тугу гынарын көрдөрөр тыллары була үөрэнии
- аахпыты өйтөн суруйар сатабылы салгыы сайыннарыы
IV чиэппэр. «тундара» кэпсээн оҥоруу
с.100 Эрч 224
20.03 78 «Хайыыр» - диэн ыйытыыга эппиэттиир тыллар - ыйытыы көмөтүнэн предмет тугу гынарын көрдөрөр тыллары була үөрэнии
- этиини ыйытыы көмөтүнэн ситэрии
- саас айылҕа уларыйыыта «саас» туһунан кэпсээн толкуйдааһын
с 102 эрч. 230
Нойосуус
03.04 79 Тугу гынар?
«Режим дня» - ыйытыыга таба эппиэттээһин , этии оҥоро үөрэнии
- режими толорорго үөрэтии «режим» туһунан кэпсээһин
Бэйэн режимин туһ-н кэпс.
07.04 80 Биир, элбэх ахсаан Элбэх ахсааҥҥа туруора үөрэтии
- сыһыарыыта сыстарыгар б. д. хоһулаһарын чиҥэтии
- Үлэни таптыырга, үлэ дьонун сыаналыырга үөрэтии Хартыынанан үлэ
с.105 Эрч. 236 ситэрии
09.04 81 Бириэмэтэ: билигин, урут, хойут - бириэмэнэн уларыта үөрэнии
- сүһүөххэ араарар үөрүйэҕи чиҥэтии
- айылҕаҕа тапталы Хартыынанан үлэ
«саас»
Кэпсээн толкуйдааһын «Саас»
10.04 82 Предмет тугу гынара. Хатылааһын - предмет туһунан билиини уонна сатабылы чиҥэтии 14.04 83 Саҥаны сайыннарыы «Библиотекаҕа»
- этиини таба ситимнии үөрэнии Этии толкуйдааһын
Кинигэ туһунан өс хоһоон суруйуу 16.04 84 Бэрэбиэркэлиир диктант 17.04 85 Этии - тыллары ситимнээн этии оҥоро үөрэтии
- текст этиилэртэн турарын чиҥэтии Тайах туһунан кэпсэтии
с.110 Эрч. 244
«мэник-мэнигийээн» туһунан остуоруйа 21.04 86 Текст этиилэртэн турара - этии бүтүүтүгэр куолаһы уларытан, тохтобулу сатаан оҥоро үөрэнии
- текст хос этииттэн турарын быһаара үөрэтии Хартыынанан үлэ
23.04 87 Этиигэ тылы таба туттуу - этиигэ маарыннаһар тыллары суолтатынан биир сөптөөҕүн талан туттар наадатын үөрэтии Кэпсээн толкуйдааһын бэлэм былаанынан
с.112 Эрч. 250
кэпсээн толкуйдааһын
24.04 88 Этии тутаах тыла - этиигэ тутаах тылы була үөрэтии
- сэрэйиллэр тутаах тыллаах этиини кытта билиһиннэрии Боппуруоскаа эппиэттээһин
с.115 Эрч. 255
устуу
28.04 89 Саҥаны сайыннарыы «Маай кэллэ !» - тутаах тылы туттан этиилэри ситимнээн суруйа үөрэтии Хартыынанан үлэ
с.116 Эрч. 258
30.04 90 Этии иккис тутаах тыла - тутаах тылы булла үөрэнии
- этиини ыйыт-н тэнитии
- чыычаахтар киhи олоҕор туһалара Этии толкуйдааһын
с.118 Эрч. 261
05.05 91 Биир ыйытыыга эппиэттиир тыллар - этииттэн биир ыйытыыга эппиэттиир тыллары була үөрэтии Этии толкуйдааһын
с.119 Эрч. 265
07.05 92 Этии арааhа - куолас уларыйыытынан арааран туh. өйдөбүлү чиҥэтии
- ыйытыыны сатаан туруора үөрэтии
- этиилэри таба интонациялаан саҥара үөрэтии
- этиигэ сурук бэлиэтин таба тур-а үөрэтии
- сэрии геройдарыгар,ветер-р убаастабылы иитии
- этии туһунан өйдөбүлү чиҥэтии Боппуруоска эппиэттээһин с.121 Эрч. 268 08.05 93 Этии арааhа Эбээ, эhээ туһунан кэпсээһин с.123 Эрч. 272 12.05 94 Этии арааhа К. Чуковскай кинигэтин ааҕыы
с.125 Эрч. 276
14.05 95 Тутаах тыллар ахсаанынан ситимнэрэ - этии тутаах тылларын ахсаанынан сатаан ситимнии үөрэтии
- биир, элбэх ахсааны чиҥэтии
- саас айылҕа кэрэтэ с.127 Эрч 280 15.05 96 Саҥаны сайыннарыы «Күөгүhүттэр» - өйтөн ситимнээх этиилэри суруйа үөрэнии Хартыынанан үлэ с.135 Эрч. 296 19.05 97 Бэрэбиэркэлиир диктант 21.05 98 Түмүктүүр эрчиллиилэр
дорҕоон арааһа - дорҕоон арааһын хатылааһын
с. 129 Эрч 284
22.05 99 Тыл олоҕо, сыһыарыыта - тыл олоҕун сыһыарыытын араарар сатабылы чиҥэтии Хартыынанан үлэ
с.131 Эрч. 288
26.05 100 Предмет туһунан өйдөбүл - предмет туһунан өйдөбүлү чиҥэтии Боппуруоска эппиэттээһин с. 133 Эрч. 293 27.05 101 Сылы түмүктүүр хонтуруолунай диктант 28.05 102 Түмүктүүр уруок 29.05 Муниципальное бюджетное общеобразовательное учреждение
«Кобяконская средняя общеобразовательная школа
МО «Намский улус» Республики Саха (Якутия)»
Рассмотрено _______________/Ядрихинская Я.М./ Согласовано ____________________/Зырянова В.А./ Утверждаю: _______________/Колодезников Я.И./
Рук. МО начальных классов ЗД по УМР Директор МБОУ КСОШ
Дата:_______________________________ Дата:__________________________ Дата:__________________________
Рабочая программа на языке саха
на 2014-15 уч.г.
Учитель: Ортоюкова Лира Мироновна
Предмет: Язык саха, 2 класс
Авторы и учебники по классам, год издания: И.И.Каратаев, Х.Г. Микушин «Саха тыла» 2 класс, Дьокуускай «Бичик»2000 г.
УМК: «Школа России»
2014 г.
ҮӨРЭХ ПРЕДМЕТТЭРИН СҮРҮННҮҮР БЫРАГЫРААМАЛАР.
ТӨРӨӨБҮТ ТЫЛ
САХА ТЫЛЫН 1—4 КЫЛААСКА ҮӨРЭТИИНИ CYPYHHYYP БЫРАГЫРААМА
БЫҺААРЫЫ СУРУК
Үөрэх предметин өйдөбүлэ.
Төрөөбүт тыл — көлүөнэттэн көлүөнэҕэ бэриллэр ханнык баҕарар норуот улуу нэһилиэстибэтэ, киһи аймах ытык өйдөбуллэриттэн (сыаннастарыттан) биирдэстэрэ. Төрөөбүт тыл — оҕоҕо тулалыыр эйгэтин кырадатык билэр-көрөр, чугас дьонун-сэргэтин кытта истинник бодоруһар, иэйиитэ уһуктар, өйө-санаата сайдар, өбугэтин уөрэҕин утумнуур сүрүн эйгэтэ.
Ол иһин оҕону кыра сааһыттан оҕо тэрилтэтигэр, оскуолаҕа төрөөбут тылынан иитии-үөрэтии сүрүн ирдэбил быһыытынан билиниллэн, Российскай Федерация уонна Саха Республикатын үөрэххэ уонна тылга сокуоннарыгар ити өйдөбул туспа ыстатыйанан киирэн, быраап быһыытынан көмүскэллээх, билинни усулуобуйа5а үгүс норуот тыла чөл туруктаах хааларыгар тирэх буолар.
Саха Республикатыгар саха тылын төрөөбүт тыл быһыытынан үөрэтии 1922 сыллаахтан тиһигин быспакка, үгүс оскуолаҕа үгэскэ кубулуйан, уопсай үөрэхтээһин оҕону сайыннарар биир сүрүн предметин быһыытынан билиниллэр. Ити кэм устатыгар сэбиэскэй да, билинни да кэмнэ орто үөрэх систиэмэтигэр буолбут араас реформалар сыалларыгар-соруктарыгар сөп түбэһиннэриллэн, үөрэтии таһыма, хайысхата, ис хоһооно сайдан иһэр.
Билигин төрөөбүт тыл, федеральнай государственнай үөрэх стандартын (ФГУОС) ирдэбилинэн, уопсай үөрэхтээһин булгуччулаах чааһыгар киирэн, базиснай үөрэх былааныгар (федеральнай) миэстэтэ, үөрэтиллэр чааһа чопчу ыйыллан үөрэтиллэр таһыма үрдээтэ. Алын сүһүөх оскуола таһымыгар төрөөбүт тылы үөрэх предметин быһыытынан үөрэтиигэ түмүк ирдэбили эмиэ федеральнай государственнай үөрэх стандарда сүрүннүүр.
Ити ааттаммыт докумуон быһыытынан, начаалынай үөрэхтээһин таһымыгар нуучча уонна төрөөбүт тылы үөрэтиигэ тэҥ таһымнаах түмүк ирдэнэр. Төрөөбүт тыл атын үөрэх предметтэрин кытта бииргэ оҕо личность быһыытынан сайдыытын хааччыйыахтааҕа этиллэр, ону сэргэ урукку өттүгэр ирдэммэт сана булгуччулаах ирдэбили — үөрэнээччигэ үөрэх дэгиттэр дьайыыларын иҥэриини киллэрэр.
Үөрэх предметин сыала уонна соруга:
Начаалынай оскуолаҕа төрөөбүт тылы үөрэтии предметэ атын үөрэх предмэттэрин ортотугар үөрэнээччи тылын-өһун уонна өйун-санаатын сайыннарар, сүрүн үөрэнэр үөрүйэҕи иҥэрэр кыаҕынан бас-көс балаһыанньаны ылар предмет буолар. Онон бу предмети үөрэтии таһымыттан саха оскуолатыгар начаалынай үөрэхтээһин уопсай туруга, үөрэнээччи салгыы сүрүн оскуолаҕа ситиһиилээхтик үөрэнэрэ тутулуктаах.
Оҕо начаалынай оскуолаҕа үөрэнэр сааһыгар билиитэ-көрүүтэ, тыла-өһө уонна өйө-санаата тэтимнээхтик сайдар, иэйиитэ уонна саныыр санаата судургутук олохсуйар буолан, төрөөбут тылы бу кэмҥэ кичэйэн үөрэтии — норуот тыла чөл туруктаах буоларыгар, кэнчээри ыччакка улуу нэһилиэстибэни тириэрдэргэ олус суолталаах.
Этиллибиккэ олоҕуран, төрөөбүт тылы уопсай үөрэхтээһин алын сүһүөх таһымыгар үөрэтии сыалын үс хайысхаҕа араарыахха свп:
1) үөрэнээччигэ төрөөбүт тыл туһунан билиини аан дойду туһунан научнай билии быстыспат сордотун быһыытынан иҥэрии, тыл үөрэҕин сүрүн балаһыанньаларын билиһиннэрии, онно олоҕуран, оҕо билэр-көрөр, толкуйдуур кыаҕын сайыннарыы;
үөрэнээччи дьону-сэргэни кытта төрөөбүт тылынан бодоруһар үөрүйэҕин, саҥа (тыл) култуурата киһи уопсай култууратын быстыспат сордото буоларын туһунан өйдөбулгэ тирэҕирэн, саҥа (тыл) араас көрүнэр (кэпсэтии, суруйуу, ааҕыы, өйтөн айыы, о.д.а.) үөрэтэн, салгыы сайыннарыы;
үөрэнээччигэ төрөөбүт тыл норуот ытык өйдөбүллэриттэн биирдэстэрэ буоларын быһыытынан ураты харыстабыллаах сыһыаны инэрии, хас биирдии киһи ийэ тылын сайыннарар иэстээҕин өйдөтүү.
Төрөөбүт тылы начаалынай оскуолаҕа үөрэтии сыала маннык сүрүн соруктары быһаардахха ситиһиллэр:
дьону-сэргэни кытта бодоруһар саҥа (тыл) сүрүн көрүннэрин үөрэнээччигэ үөрэх дэгиттэр дьайыыларын иҥэриини кытта бииргэ алтыһыннаран үөрэтии;
тыл (саҥа) — бодоруһуу сүрүн ньымата диэн тутаах өйдөбүлгэ тирэҕирэн, үөрэнээччи кэпсэтэр уонна санаатын толору этэр (тыл этэр), суруйар үөрүйэҕин сааһыгар сөп тубэһиннэрэн сайыннарыы;
тыл үөрэҕин билиитигэр, сурук-бичик култууратын төрүт өйдөбүллэригэр олоҕуран, үөрэнээччи төрөөбүт тылын литературнай нуорматын тутуһарын, алҕаһа суох саҥарарын уонна суруйарын ситиһии;
тыл үөрэҕин сүрүн салааларын (лексика, фонетика, морфология, синтаксис, тиэкис) туһунан уопсай өйдөбүлү иҥэриигэ тирэҕирэн, үөрэнээччи толкуйдуур дьоҕурун сайыннарыы, сааһыгар сөп түбэһиннэрэн, өй үлэтин дьайыыларыгар үөрэтии;
•төрөөбүт тылы билии, харыстааһын, сайыннарыы сүрүн ньымаларыгар үөрэтии. Саха оскуолатыгар нуучча тылын үөрэнээччи төрөөбүт тылга ылбыт билиитигэр,
иҥэриммит үөрүйэҕэр уонна сатабылыгар тирэҕирэн үөрэтии — билигин олохсуйбут өйдөбүл, бастыҥ учууталлар үгэскэ кубулуйбут үөрэтэр ньымалара. Онно тирэҕирэн, ФГУОС үөрэнэргэ үөрэтэр сүрүн балаһыанньатыгар уонна ирдэбилигэр олоҕуран, төрөөбут тылга тирэҕирэн нуучча тылын үөрэтиини саҥа таһымҥа таһаарар кэм кэллэ.
Төрөөбүт тылы начаалынай оскуолаҕа үөрэтии үөрэнээччи нуучча тылын кэбэҕэстик ылынарын хааччыйар, нуучча тылыгар тыл үөрэҕин үгүс уопсай балаһыанньаларын хос эбэтэр уруттаан үөрэтэри лаппа аҕыйатан, учуутал үөрэх чааһын оҕо нууччалыы саҥатын сайыннарыыга аныыр усулуобуйатын үөскэтиэхтээх. Онон саха оскуолатыгар нуучча тылын үөрэтии хаачыстыбатын тупсарыыга усулуобуйа үөскэтии — төрөөбүт тылы үөрэтии хос сыала-соруга.
Үөрэх былааныгар үөрэх предметин миэстэтэ.
Саха тылын үөрэтии чааһа начаалынай үөрэхтээһини сүрүннүүр уопсай үөрэхтээһин бырагырааматыгар (Примерная основная общеобразовательная программа начального общего образования) бэриллэр төрөөбүт тылынан үөрэнэр кылаастарга аналлаах базиснай үөрэх былаанын 3 барыйааныгар тирэҕирэн быһаарыллар. Үөрэх тэрилтэтэ бэйэтин үөрэҕин бырагырааматын, былаанын оносторугар онно баар булгуччулаах чааска киирбит предметтэр чаастарын тутуһара ирдэнэр. Онно эбии үөрэх былаанын талар чааһыттан бэйэтэ көрөн, ханнык баҕарар предмеккэ чаас эбэрэ, эбэтэр атын предмети эбии үөрэтэрэ көҥүл.
Ити ыйыллар базиснай үөрэх былааныгар нуучча уонна төрөөбүт тылы үөрэтии чаастарын ахсаана тэҥнэнэн, ордук государственнай статустаах төрөөбүт тыл үрдүк таһымҥа үөрэтиллэригэр усулуобуйа тэриллибитэ көстөр. Ону сэргэ төрөөбүт тылы үөрэтии нуучча тылын үөрэтиигэ тирэх буоларын ситиһэр туһуттан үөрэх матырыйаалын аттарарга табыгастаах балаһыанньа үөскүүр.
Үөрэх федеральнай базиснай былаанын үһүс барыйааныгар олоҕуран, саха оскуолатын начаалынай кылаастарыгар төрөөбүт тылы уонна литературнай ааҕыыны үөрэтиигэ барыта холбоон нэдиэлэҕэ 21 чаас бэриллэр: 1 кылааска — 5 чаас, 2 кылааска — 5 чаас, 3 кылааска — 6 чаас, 4 кылааска — 5 чаас. Бу чаастартан төрөөбүт тылы үөрэтиигэ 1 кылааска — 3 чаас, 2 кылааска — 3 чаас, 3 кылааска — 3 чаас, 4 кылааска — 3 чаас бэриллэр.
Ытык өйдөбүллэри үөрэх предметин ис хоһоонугар киллэрии.
Начаалынай кылааска саха тылын үөрэтии оҕоҕо ытык өйдөбүллэри (духуобунай сыаннастары) инэриигэ улахан суолталаах. Киһи-аймах үйэлэртэн үйэлэргэ өрө тутан илдьэ кэлбит ытык өйдөбүллэрэ (духуобунай сыаннастара) төрөөбүт тыл эгэлгэтигэр, кэрэтигэр сөнөллөр. Ол курдук үөрэтии ис хоһоонугар тыл үөрэҕин сүрүн хайысхаларын сэргэ уруок, кэпсэтии (бодорукуу) тиэмэтин, үөрэтии матырыйаалын быһыытынан төрөөбүт дойду, ийэ дойду, төрөөбүт тыл, айылҕа, үлэ, төрүт дьарык, ыал, дьиэ кэргэн, айымньы уонна кэрэ эйгэтэ, көҥүл, кырдьык, үтүө санаа, киһи-аймах, аан дойду омуктарын тылларын уонна култууратын эгэлгэтин курдук ытык өйдөбуллэр (духуобунай сыаннастар) киириэхтээхтэр.
Үөрэх предметин үөрэтии түмүгэ
Ытык өйдөбүллэри иҥэрии түмүгэ (личностные результаты)
Саха тылын оскуолаҕа үөрэтии кэмигэр оҕо маннык ытык өйдөбүллэри (духуобунай сыаннастары) иҥэриннэҕинэ төрөөбүт тыла сайдарыгар бэриниилээх, эппиэтинэстээх буоларыгар, бэйэтин кыаҕын толору туһанарыгар эрэниэххэ сөп.
Төрөөбүт тыл — омугу сомоҕолуур тыл буоларын өйдүүр.
Төрөөбүт тыл төрүт айылгыта, үйэлээх үгэһэ, этигэн кэрэтэ норуот тылынан уус-уран айымньытыгар уонна уус-уран литератураҕасөҥмүтүн билэр.
Төрөөбүт тылын сайыннарар, кэлэр көлүөнэҕэ тириэрдэр ытык иэстээҕин, ийэ тыл үйэлэргэ чөл туруктаах буоларыгар тус оруоллааҕын өйдүүр.
Төрөөбүт тыл иитиллэр, үөрэнэр, айар-сайдар тыл буоларын итэҕэйэр.
Төрөөбүт тыл элбэх омук алтыһан бииргэ олорор кэмигэр, икки (элбэх) тылланыы усулуобуйатыгар хас биирдии киниттэн харыстабыллаах сыһыаны эрэйэрин өйдүүр.
Үөрэх сатабылларын сайыннарыы түмүгэ (метапредметные результаты)
Бэйэни салайынар-дьаһанар сатабыл.
Тылын сайыннарар сыалы-соругу таба туруорунар, сатаан былаанныыр, туох-ханнык түмүккэ кэлиэхтээҕин быка холоон билэр. Тугу билэрин-билбэтин, тугу ситэри үөрэтиэхтээҕин арааран өйдүүр. Сылга бииртэн итэҕэһэ суох төрөөбүт тылга аналлаах бырайыактарга кыттан (тус бырайыага, коллективнай бырайыак) үлэлиир.
«Тылы сэрэйэр» дьоҕуру (языковое чутье, чувство языка) сайыннарыы. Бэйэтин сааһыгар сөп тубэһэр тиэкискэ үөрэппит матырыйаалын сүнньүнэн тыл литературнай нуормата саҥарар эбэтэр суруйар киһи тылыгар төһө сөпкө эбэтэр сыыһа туттулларын тута «сэрэйэн» билэр, итэҕэһин, алҕаһын быһаарар, көннөрөр, бэйэтин тылыгар-өһүгэр тыл нуорматын ирдэбилин тутуһарга дьулуһар.
Тылын сайыннарар баҕаны үөскэтии (потребность в совершенствовании собственной речи). Төрөөбүт тылын барҕа баайын сыаналыыр, тыл кэрэтигэр умсугуйар, этигэн тыл күүһүн, кыаҕын толору туһанарга, тылын-өһүн бэйэтэ сатаан чочуйан, тупсаран, санаатын сиһилии этэргэ, кэпсииргэ дьулуһар.
Хонтуруолланыы. Бэйэ санатын өрүү кэтэнэр, көрүнэр, алҕаһа суох саҥарарга, санаатын ыпсаран, хомоҕойдук этэргэ кыһаллар.
Билэр-көрөр сатабыл. Сүрүн үөрэнэр сатабыл.
Үлэ сыалын-соругун таба туруоруу. Төрөөбүт тылын үөрэтэригэр сыал-сорук туруорунан көдьүүстээхтик үлэлиир.
Билиини-көрүүнү кэҥэтэр араас матырыйаалы туһаныы. Сахалыы үөрэх-наука литературатыттан (тылдьыттартан, ыйынньыктартан, энциклопедиялартан, араас кинигэттэн) туһааннаах информацияны, билиини дөбөннүк булар, бэлиэтэнэр, түмэр, 24 ситимниир араас ньыманы табыгастаахтык туһанар. Сахалыы тахсар оҕоҕо аналлаах республика, улуус, оскуола хаһыаттарын-сурунаалларын («Кэскил», «Чуораанчык», о.д.а.) тиһигин быспакка ааҕар, араадьыйанан, телевизорынан сахалыы биэриилэри сэргээн истэр-көрөр, үөрэҕэр, чинчийэр, айар улэтигэр көдьүүстээхтик туһанар. Сахалыы үөрэҕи сайыннарар интернет-сайтартан туһалаах, наадалаах информацияны булан, сөпкө наардаан туһанар; тиэкиһи компьютерга сахалыы шрибинэн бэйэтэ тэтимнээхтик бэчээттиир; интернет нөҥүө сахалыы ыытыллар араас тэрээһиҥҥэ төрөөбүт тыл литературнай нуорматын тутуһан, көхтөөхтүк кыттар.
Билиини сааһылааһын (структурирование знаний). Саҥа билии ыларга баар билиитигэр тирэҕирэр. Атын предметтэргэ ылбыт билиитин сатаан ситимниир (интеграция знаний).
Тобулук өйү сайыннарар үөрүйэхтэр. Төрөөбүт тыл оскуолаҕа оҕону сайыннарар үөрэх тутаах салааларыттан (предметтэриттэн) биирдэстэрэ. Онон үөрэнээччи саха тылын үөрэтэр кэмигэр үөрэнэргэ төрүт буолар өй үлэтин сүрүн үөрүйэхтэрин баһылыыр.
Саха тылын лингвистическэй матырыйаалыгар тирэҕирэн, өй үлэтин араас дьайыыларын кэбэҕэстик толорор: тэҥнээһин (сравнение), ырытыы (анализ), холбооһун (синтез), түмүктээһин (обобщение), (сериация), ханыылатан сааһылааһын (классификация), майгыннатыы (аналогия), сааһылаан ситимнээһин (систематизация). Итини сэргэ араас тойоннуур ньыманы (индукция, дедукция) табыгастаахтык туһанан дьону итэҕэтэр, ылыннарар курдук санаатын сааһылаан этэр үөрүйэҕэ сайдар.
Рефлексия. Сыалы-соругу ситиһэр ньымаларын уонна усулуобуйаларын төһө сөпкө талбытын сыаналыыр. Үлэ хаамыытын хайдах салайан иһэрин кэтээн көрөр. Үлэ түмүгүн дьон интэриэһин, болҕомтотун тардар курдук сахалыы кэпсиир.
Бэлиэни-символы туһанар үөрүйэхтэр. Дорҕоон (буукуба), тыл, этии чилиэннэрин, тиэкис анал бэлиэлэрин сатаан туһанар. Анал бэлиэлэринэн тыл, этии, тиэкис моделын онорор. Бэриллибит моделга тирэҕирэн, тылы, этиини толкуйдуур, тиэкиһи айар. Этиини, тиэкиһи көннөрөргө анал корректорскай бэлиэлэри сатаан туһанар. Лингвистическэй билиини араас таблица, исхиэмэ, модель, диаграмма көмөтүнэн көрдөрөр. Таблицанан, исхиэмэнэн, моделынан, диаграмманан көрдөрүллүбүт лингвистическэй билиини өйдүүр уонна кэпсиир.
Бодоруһар сатабыл.
Бииргэ үлэлииргэ үөрүйэх. Дьону кытта бииргэ алтыһан үөрэнэр, үлэлиир араас ньыманы баһылыыр (пааранан, бөлөҕүнэн, хамаанданан, о.д.а). Саастыылаахтарын, улахан дьону кытта айымньылаах алтыһыы туругар кэбэҕэстик киирэр (продуктивное взаимодействие), биир сыаллаах-соруктаах дьонун кытта таһаарыылаахтык, көдьүүстээхтик үлэлиир үөрүйэхтэнэр (продуктивное сотрудничество).
Кэпсэтэр үөрүйэх. Кэпсэтии уратыларын өйдүүр, табан кэпсэтэр. Кэпсэтэр киһитин убаастыыр, сэҥээрэр, санаатын болҕойон истэр, ылынар. Ханнык баҕарар эйгэҕэ кэпсэтэригэр дьон болҕомтотун тардар, сэргэхситэр, сонурҕатар, көҕүлүүр сатабылы табан туһанар. Кэпсэтэр кэмҥэ бэйэ көрбүтүн, истибитин, аахпытын сиһилии сэһэргиир. Дьон өйдөспөт, тыл тылга киирсибэт буолар төрүөттэрин сөптөөхтүк сыаналыыр, сатаан ырытар, өйдөһүү суолун дөҕөннүк тобулар.
Кэпсэтии сиэрин (речевой этикет) тутуһар үөрүйэх. Дьону кытта алтыһыыга кэпсэтии сиэрин тутуһар, туттан-хаптан бодоруһуу ньымаларын тоҕоостоохтук туттар.
Сахалыы дорооболоһор, билсиһэр, быраһаайдаһар, көрдөһөр, бырастыы гыннарар, буойар, телефонунан кэпсэтэр, о.д.а. үгэстэри иҥэриммит, күннээҕи олоҕор өрүү туттар.
Тустаах үөрэх предметин үөрэтии түмүгэ (предметные результаты)
Саха тылын литературнай нуорматын (орфоэпическэй, лексическэй, грамматическай) тутуһар. Дорҕоону, буукубаны, тыл сүһүөҕүн, саҥа чааһын, этии чилиэнин, судургу этиини булар, быһаарар, наардыыр.
Сахалыы таба суруйуу, сурук бэлиэтин быраабылаларын тутуһар.
Тиэкис өйдөбүлүн, бэлиэтин билэр (тиэмэтэ, сүрүн санаата, аата, эпиграф, ту-тула, этиилэрин ситимэ).
Саныыр санаатын сааһылаан, дьоҥҥо өйдөнүмтүөтүк, тиийимтиэтик этэр, тиэ-кис тутулун тутуһан суруйары сатыыр.
Тиэкис тииптэрин сэһэргээһин, ойуулааһын, тойоҥнооһун диэн араарар.
Монолог (сэһэргиир, ойуулуур, тойоннуур) уонна диалог (кэпсэтии, санаа үллэстии, ыйыталаһыы, о.д.а.) арааһын сатаан туһанар.
Бэйэ саҥатын (тылынан, суругунан) сатаан хонтуруолланар, тиэкиһин ис хоһоонун, тылын-өһүн сыаналанар, алҕастарын булар, чочуйар, тупсарар.
Үөрэх предметин ис хоһооно.
Начаалынай оскуолаҕа төрөөбүт тылы үөрэтии уопсай үөрэхтээһин систиэмэтигэр саха тылын үөрэтэр предмет быстыспат сорҕото, «Филология» үөрэх уобалаһыгар төрүт буолар сүрүн куурус буолар. Онон үөрэтии сыала-соруга, тутула, ис хоһооно уонна түмүк ирдэбилэ үрдүкү кылаастарга төрөөбүт тылы сэргэ атын филологическай предметтэри үөрэтиини кытта алтыһыннаран-ситимнээн торумнанар.
Төрөөбүт тылы начаалынай оскуолаҕа үөрэтии маҥнайгы кылааска «Бодоруһарга үөрэнэбит» диэн саҥа киирэр салааттан саҕаланар, ол кэнниттэн «Грамотаҕа үөрэтии» диэн үгэс буолбут ааҕарга уонна суруйарга үөрэтэр салаа «Ааҕарга уонна суруйарга үөрэнэбит» саҥа аатынан үөрэтиллэр. Бу кэмҥэ үөрэх былааныгар төрөөбүт тыл уонна литературнай ааҕыы чаастара бииргэ бэриллэллэр. «Ааҕарга уонна суруйарга үөрэнэбит» салаа кэнниттэн биирдэ төрөөбүт тыл уонна литературнай ааҕыы предметтэрэ тус-туспа үөрэтиллэллэр. Ити кэмтэн ыла начаалынай оскуолаҕа төрөөбүт тыл предметин сүрүн ис хоһоонун тиһиктээхтик үөрэтии саҕаланар.
Төрөөбүт тылы начаалынай оскуолаҕа үөрэтии ис хоһоонун сүрүн хайысхалара үөрэтии түмүк ирдэбилин уонна сыалын-соругун ситиһэргэ аналлаах тутаах научнай балаһыанньалартан таҥыллар. Ити ирдэбилгэ олоҕуран, төрөөбүт тылы үөрэтии ис хоһоонугар маннык сүрүн научнай хайысхалар киирэллэр:
Бодоруһуу култуурата.
Саҥа көрүҥэ (виды речевой деятельности): истии, саҥарыы, ааҕыы, суруйуу.
Тыл үөрэҕин тутаах салааларын туһунан уопсай өйдөбүлэ: фонетика, лексика, морфология, синтаксис.
Сурук-бичик култуурата: таба суруйуу уонна сурук бэлиэтэ.
Ситимнээх саҥаны сайыннарыы (тиэкис туһунан сүрүн өйдөбүл).
Сүрүн хайысхаларга киирбит тиэмэлэр ис хоһоонноро начаалынай оскуола үөрэ-нээччитин сааһын уратытын, өйүн-санаатын кыаҕын, билэр-көрөр дьоҕурун учуоттаан таҥыллыахтаахтар.
Бодороһуу култуурата.
Дьону кытта бодоруһуу араас көрүҥэ: кэпсэтии, сэһэргэһии, сүбэлэһии, сөпсөһүү. Тылы бодоруһуу сүрүн ньыматын быһыытынан арыйыы: бодоруһууга саҥа (вербальные средства общения) уонна туттуу-хаптыы (невербальные средства общения) суолтата. Саҥарыы уонна истии култууратын, кэпсэтии сиэрин тутуһуу.
Саҥа көруҥэ: истии, саҥарыы, ааҕыы, суруйуу.
Истии. Дьону кытта бодоруһууга (кэпсэтиигэ) истии култууратын тутуһуу. Кэпсэ-тии сыалын-соругун, дьон этэр санаатын,кэпсэтии ис хоһоонун өйдөөһүн. Сахалыы араас тиэкиһи истии, сүрүн ис хоһоонун, болҕойуллуохтаах түгэннэрин истэнсиһилии ылыныы, истибиккэ олоҕуран тус санааны үөскэтии. Истибиттэн туһааннааҕы, суолталааҕы сурунуу, былаан оҥоруу,анал бэлиэлэри туһанан, ис хоһоонун, тутулун исхиэмэнэн көрдөрүү.
Аа5ыы. Сахалыы араас тиэкиһи сахалыы саҥа интонациятын, төрүт дорҕоон этил-лиитин тутуһан, тэтимнээхтик ааҕыы.Тиэкиһи туох сыаллаах-соруктаах ааҕартан көрөн, ааҕыы араас көрүнүн сатаан туһаныы (үөрэтэр ааҕыы, билсиһэр ааҕыы,сорудахтаах ааҕыы, о.д.а.). Ааҕыы кэмигэр тиэкис сүрүн санаатын өйдөөһүн, наадалаах, туһалаах информацияны араарыы.Аахпыт тиэкис сүрүн ис хоһоонугар тус сыанабылы (сыһыаны) сатаан этии. Тиэкистэн синонимы, сомоҕо домоҕу, түөлбэ тылы,ойуулуур-дьүһүннүүр ньыманы туттуу бастыҥ холобурун булуу, анаан болҕойуу, аахпыты кэпсииргэ туһаныы. Ааҕыллартиэкистэн билбэт, өйдөөбөт саҥа тыллары тылдьыттан булуу. Ааптар санаатын, иэйиитин биэрэригэр тиэкис тутулун, этииарааһын хайдах туһаммытын быһаарыы. Ааҕыыга тиэкис интонациятын, туонун сүрүн санааҕа сөп тубэһиннэрэн таба тайаныы.
Саҥарыы (дор5оонноох саҥа). Кэпсэтии сиэрин, саҥарыы култууратын тутуһуу. Дьону кытта табан кэпсэтии. Кэпсэтиини тоҕоостоохтук көҕулээһин, саҕалааһын, салҕааһын, түмүктээһин. Саныыр санааны толору, сиһилии тириэрдэр инниттэн кэпсэтии сыалыгар-соругар, ис хоһоонугар сөп тубэһэр сахалыы тылы-өһү, ойуулуур-дьүһүннүүр ньымалары таба туһаныы. Саҥарыы кэмигэр туттуу-хаптыы бэлиэтин (невербальное общение) тоҕоостоохтук туттуу. Саҥа тиибин арааһын (ойуулааһын,сэһэргээһин, тойоннооһун) туттан тыл этии. Кэпсэтии, тыл этии түгэниттэн дорҕоону күүшүрдэн-сымнатан, үрдэтэн-намтатан, уһатан, куолас толҕонун, эгэлгэтин туһанан истээччигэ тус сыһыаны, иэйиини тириэрдии. Этэр санааны сааһылаары эбэтэр тустаах өйдөбүлү истээччигэ тоһоҕолоон тиэрдээри тоҕоостоох миэстэҕэ анал тохтобуллары (паузаны) сатаан туһаныы. Түгэниттэн көрөн, саҥарыы тэтимин сөпкө талыы.
Суруйуу (суругунан саҥа). Сурук-бичик култууратын тутуһуу. Тупсаҕай буочарынан ыраастык суруйуу. Тиэкиһи устуу, истэн суруйуу (диктант). Саныыр санааны суругунан сиһилии тириэрдии. Аахпыттан суруйуу (изложение). Дьиэ кэргэн, чугас доҕор, таптыыр дьарык, айылҕа, кыыллар тустарынан, ону таһынан айымньы, хартыына, киинэ ис хоһоонун, экскурсияҕа, быыстапкаҕа сырыы туһунан тэттик тиэкистэри суруйуу (өйтөн суруйуу). Суругунан улэҕэ синоним тыллары, сомоҕо домоҕу, онтон да атын сахалыы ойуулуур-дьүһүннүүр ньымалары туттуу. Тиэкис тутулун, сахалыы таба суруйуу, сурук бэлиэтин быраабылатын тутуһуу.
Тыл үөрэҕэ.
Төрөөбүт тылбыт — саха тыла. Саха омук үөскээбит, сайдыбыт историята. Саха тыла — туур тыла. Саха тылын уруулуу тыллара. Төрөөбүт тыл киһи оло5ор суолтата.
Дор5оон уонна таба саҥарыы. Сана дорҕоонун өйдөбүлүн, сахалыы дорҕоон араа-һын билии. Төрөөбүт тылын дорҕооннорун, ордук чуолаан сахалыы ураты дорҕооннору (уһун-кылгас аһаҕас уонна хоһуласпыт, сэргэстэспит, маарыннаһар бүтэй дорҕооннору, дифтоннары, к, нь, мурун , ҕ дорҕооннору) арааран истии, чуолкайдык, таба саҥарыы нуорматын тутуһан саҥарыы. Саха тылыгар киирии тыллары үксүн сахатытан, аһаҕас дорҕооннор дьүөрэлэһиилэрин сокуонун тутуһан саҥарыы. Тылы дорҕоонун састаабынан ырытыы.
Лексика. Норуот тылын туһунан уопсай өйдөбүлү, төрүт уонна киирии тыл ураты-ларын билии. Литературнай тыл суолтатын билии, нуорматын тутуһуу. Тыл лексическэй суолтатын быһаарыы. Хомуур суолталаах, түөлбэ тыл, биир уонна элбэх суолталаах тыллар, көспүт суолталаах тыллар, омоним, антоним, синоним (харыс тыллар, метафоралар, сомоҕо домох) өйдөбүллэрин билии, тиэкистэн булуу, саҥарар саҥаҕа сөпкө туттуу. Быһаарыылаах тылдьыт арааһын сатаан туһаныы, тыл суолтатын тылдьыттан булан быһаарыы.
Графика. Сурук сайдыытын бэлиэ түгэннэрин билсии, киһи олоҕор суолтатын өйдөөһун. Сахалыы сурук-бичик сайдыытын историятын билии. Дорҕоон буукубаларын билии, таба ааттааһын. Буукубалары суруллар ньымаларынан холбоон, ыраастык, тэ-тимнээхтик илиинэн суруйуу. Сурукка туттуллар атын бэлиэлэри, өйдөбүллэри (абзац, тылы көһөрүү бэлиэтэ, тыл икки арда (пробел)) сөпкө туттуу. Сахалыы алпаабыт бэрээдэгин билии. Араас тылдьытынан, ыйынньыгынан, каталогунан үлэлииргэ алпаабыты сөпкө туһаныы. Компьютерга сахалыы шрибинэн тиэкиһи тэтимнээхтик бэчээттээнсуруйуу.
Морфология. Тыл састааба диэн өйдөбүлү, тыл уларыйар уонна үөскүүр ньыматын билии. Саҥа чааһын туһунан уопсай өйдөбүлү билии. Саҥа чаастарын бөлөҕө: ааттар (аат тыл, даҕааһын аат, ахсаан аат, солбуйар аат), туохтуурдар (аат туохтуур, сыһыат туохтуур, тус туохтуур), сыһыат, көмө саҥа чаастара, саҥа аллайыы. Тылы састаабынан ырытыы (тыл олоҕо, сыһыарыыта). Тыллары сүрүн бэлиэлэринэн (грамматическай халыыптарынан) бөлөхтөөһүн, ырытыы. Саҥарар саҥаҕа тыл литературнай нуорматын тутуһуу.
Синтаксис. Этии уонна тыл ситимэ уратыларын, этии арааһын (сэһэн, ыйытыы, күүһүрдүү) билии. Тэнийбит уонна тэнийбэтэх этии, судургу уонна холбуу этии, сирэй саҥа, ойоҕос саҥа, диалог, туһулуу өйдөбүллэрин билии, этиигэ, тиэкискэ арааран булуу, бэйэ этиитин толкуйдааһын. Этиини таба интонациялаан ааҕыы, сурукка саҥа дэгэтин сурук бэлиэтинэн араарыы. Этии чилиэнинэн ырытыы.
Сурук-бичик култуурата
Таба суруйуу. Таба суруйуу сурук-бичик култуурата буоларын өйдөөһүн. Уһун аһаҕас дорҕооннору, дифтону, хоһуласпыт, сэргэстэспит, маарыннаһар бүтэй дорҕоон-нору, саха тылыгар киирии дорҕооннору таба суруйуу. Сахалыы араастык этиллэр тыллар таба суруллуулара тыл төрүт сокуоннарыттан тахсалларын, норуокка үөрүйэх, үгэс буолбут нуормаларыгар олоҕуралларын өйдөөһүн, харыстабыллаахтык сыһыаннаһыы. Киэҥник, элбэхтик туттуллар эбэтэр сахалыы этэргэ табыгастаах киирии тыллары сахатытан суруйуу. Тылбаастанар эбэтэр саха тылынан бэриллэр кыахтаах нуучча тылларын сахалыы солбугунан биэрии. Олохторо нууччалыы суруллар киирии тыллар сыһыарыыларын таба суруйуу.
Сурук бэлиэтэ. Сурук бэлиэтэ — тыл култууратын сорҕото буоларын, киһи этэр санаатын чуолкайдыырга, иэйэр иэйээни сурукка биэрэргэ, суругу-бичиги тупсарарга биллэр-көстөр туһалааҕын, тиэкис арҕам-тарҕам барбатын, ыһыллыбатын, биир сомоҕо, сибээстээх буоларын хааччыйарын өйдөөһүн. Тылын ордук тупсаҕай тутуллаах, этигэн, бэргэн буоларыгар сахалыы этии, сурук бэлиэтин арааһын (араарар, тоһоҕолоон бэлиэ-тиир) сатабыллаахтык туттуу.
Ситимнээх саҥаны сайыннарыы
Туох сыаллаах-соруктаах саҥарарын-суруйарын чуолкай өйдөөн (тиэмэ, сүрүн санаа), дьон өйүгэр-санаатыгар тиийимтиэтик санаатын сааһылаан, араас тиэкистэри холкутук саҥарыы-суруйуу (истэн суруйуу, өйтөн суруйуу, о.д.а.). Тиэкис сүрүн санаатыгар олоҕуран, тиэкиһи таба ааттааһын. Тиэкис тиибиттэн көрөн (сэһэргээһин, ойуулааһын, тойоннооһун), тиэкис тутулун тутуһар (киириитэ, сүрүн чааһа, түмүгэ), былаанын оҥорор (кылгас, тэнийбит), кэрчик тиэмэлэргэ бытарытыы. Тыл туттуллар уратытын, дэгэтин учуоттаан, сахалыы тутуллаах этиилэри (логичность речи), ойуулуур-дьүһүннүүр ньымалары, тыл баайын (богатство речи) сөпкө туттар (уместность речи).
Yөрэх стандартын ирдэбилинэн
2-гы кылаас бүтүүтэ үөрэнээччигэ ирдэбил:
- дорҕоону, буукубаны, тылы, этиини араарар;
- аһаҕас, бүтэй, кылгас аһаҕас, уһун аһаҕас дорҕооннору, дифтоннары уонна сэргэстэспит, хоһуласпыт бүтэй дорҕооннору билэр;
- саха тылын дорҕооннорун уонна буукубаларын, киирии дорҕооннорун уонна буукубаларын билэр;
- истэн таба суруйар (диктант-кээмэйэ 15-20 /10-15/ тыл)
- тыл сүhүөхтэрин уонна көһөрүү быраабылатын билэр;
- этии бүтүүтүгэр тохтобул оҥорор, ону сурукка туочуканан бэлиэтиир;
- саха тылын алфавитын билэр буолуохтаах;
Иккис кылааһы бүтэрэр үөрэнээччи билиэхтээх:
Төрөөбүт тыл бары дорҕооннорун, киирии бүтэй дорҕооннору;
Сахалыы сурукка туттуллар бары буукубалары уонна кинилэр ханнык дорҕооннору бэлиэтииллэрин;
Сүһүөх араастарын;
Кыра кээмэйдээх 8-10 хоһоону (нойосуус);
7-8 саха суруйааччытын аатын
Иккис кылааһы бүтэрэр үөрэнээччи сатыахтаах:
Кыра текси үргүлдьү сүhүөхтээн уонна бүтүн тылларынан, сөп түргэннээхтик өйдөөн ааҕары (ортотунан мүнүүтэҕэ 40 – 50 тылы)
Буукубалары уонна кинилэр ситимнэрин сыыһата суох суруйары, уһун аһаҕас, хоһуласпыт бүтэй дорҕооннору, дифтоннары табатыкбэлиэтиири;
Илиинэн уонна бэчээтинэй буукубаларынан суруллубут тыллары, тыллар ситимнэрин, этиилэри ал5аhа суох устары;
Тыллары, тыллар ситимнэрин уонна 6-7 тыллаах этиилэри истэн суруйары;
Тылы суhуоххэ араарары уонна 3-4 суhуохтээх тыл дор5ооннорун араастарын ыйа-ыйа, схема комотунэн ырытары;
Этиини улахан буукубаттан са5алыыры, этии бутуутун точканан бэлиэтиири;
Текст ис хоhоонунан ыйытыыга толору эппиэттиири;
Хартыынанан уонна бэйэ уруhуйунан кыра 4-5 этиилээх кэпсээни оҥорору;
Кэпсээни,остуоруйаны, хоhоону өйдөөн истэри уонна ыйытыы комотунэн эбэтэр иллюстрациянан сирдэтэн кэпсиири;
Урут аахпыт уонна сана кинигэни тас корунунэн арааран билэри уонна аа5ыллыбыт айымньы геройдарын ааттыыры;