Урок: Тулалыыр эйгэ Уон-койуур. Лыах уонна хомурдуос 1 кылаас
Тулалыыр эйгэ. 1 кылаасУМК: Гармония
Учебник: «Окружающий мир» 1 кылаас автора О.Т. ПоглазоваТема: Уон-койуур. Лыах уонна хомурдуос.
Уруок тиибэ: Сана матырыйаалы уорэтииУруокка туттуллар матырыйаал: учебник, электроннай сыьыарыы.
Уруок сыала:
Уорэтэр: Уон-койуур кылаас быьыытынан арахсарын ойдобул биэрии;
Сайыннарар: О5о толкуйдуур, тэнниир, ырытар уоруйэ5ин сайыннарыы;
Иитэр: Бэйэ санаатын сайа этэр, алтыьар сатабылын сайыннарыы, айыл5а5а харыстабыллаах сыьыаны иитии;
Уруок былаана: 1. Тэрээьин 2. Урут барбыты чопчулааьын 3. Дьиэ5э улэни бэрэбиэркэлээьин 3. Соругу быьаарыы 4. Сынньалан мунуутэ 5.уруок сурун чааьа 6. Практическай улэ 7. Тумук.
Уруок хаамыыта:
Уруок тутулаУчуутал дьарыгаУорэнээччи дьарыгаТэрээьин. Уорэх дьарыгар интэриэьи уоскэтии- Утуо кунунэн! Куутуулээх чуорааммыт тыаьаата, уруокпут са5аланна.
- Бугунну уруогу са5алыахпын ба5арабын маннык этииттэн: «Ба5алаах сиргэр тиийиэххин соп – оскотун хаамтаххына, билбэккин билиэххин соп – оскотун уорэннэххинэ».
- Бу этиини эьиги хайдах ойдуугут?
- Онтон бугунну уруокка биьиги сана билиигэ уэрэнэн тиийиэхпит, билбэтэхпитин билиэхпит. Ситиьиини ба5арабын! - Дорооболоьоллор.
- Эппиэттииллэр. Бэйэ санааны этэллэр.
Урут барбыты чуолкайдааьын, билэр ньыманы туттан коруу. - уруокпутун туохтан са5алыыбытый?
- биьиги планетабытыгар ханнык харамайдар баалларын ойдуугут? Харамайдар тустарынан таабырынна таайсыа5ын.
А. уьун, уьун моойдоох,
Отунан аьылыктаахЧороннуур кулгаахтардаахИтии дойду олохтоо5о
Бу кимий? Ким билэрий?
Б. халын тыа5а олохтоох,
Тогурук, улахан харахтардаах, кутуйа5ынан
Аьылыктаах, ойуур-тыа которо, бу кимий? Ким этиэй?
В. Хонуу-сыьыы киэргэлэ, сибэккиттэн сибэккигэ дайа которГ. Харалдьык тахсыыта, котон кэлэр биьиэхэ, саас кэрэ илдьитэ. Бу ханнык которуй?
Д. Хара тыа олохтоох. Куох эйгэ хаьаайына. Кыьын аайы утуйар. Ким этиэй бу кимий?
Бу харамайдары болоххо наардыаххайынБу болохтор сурун уратылары тугуй?
Онтон лыа5ы то5о бу болохторго киллэрбэппитий?
Бугунну уруокка туох сана билиини биьиги билиэхпитий?
-Лыах ханнык болоххо киирэрий?
- бугун уруокпутугар уон-койуур корунун (лыах уонна хомурдуос) туьунан билиэхпит. - урут барбыты хатылааьынтан.
А. Жирафа
Б. МэкчиргэВ. ЛыахГ. Туллук
Д. Эьэ1 болох – уутунэн иитээччилэр2 болох – котордорО5олор эппиэттэрэ.
Уон-койуур3. Дьиэ5э улэни бэрэбиэркэлээьин- билигин К. Кюннэй хомурдуос (божья коровка) туьунан кэпсиэ5э
- З. Ян кымырда5ас туьунан информация булбутун кэпсиэ5э. О5олор кэпсииллэр, бол5омтолоохтук олорон истэллэр.
4.соругу быьаарыы- эьиги бэйэ5ит иннигэр ханнык сыалы туруоруна5ыт?
Уон–койуур сурун уратытын быьаарыы5. сынньалан мунуутэ-улэбитин са5алыахпыт иннинэ кыратык сынньаныа5ын
Сарсыарда лыах уьугуннаМичээрдээтэ, тылланнаата.
Биир, тамма5ынан суунна,
Икки, бэйэтин тула эргийдэ,
Ус, тонкойдо, олордо.
Туорт, котон барада. О5олор сынньалан мунуутэ толороллор.
6. уруок сурун чааьаО5олорго уон-койуур туьунан билиьиннэрии, уратыларын булуу. Айыл5а5а туох туьалаахтарын уорэтииЛыа5ы уонна хомурдуоьу тэннээн коруу.
(презентациянана улэ). О5олор короллор, билсэллэр.
7. Практическай улэПроект «Лыа5ы, хомурдуоьу харыстаан!» Кырааскалыыллар.
8. Тумук. - Эьиги уон-койуур сурун уратытын быьаардыгыт. Уон койуур 6 атахтаах. Кини саамай элбэх коруннээх буолар. Тумук онороллор.