Урок внеклассного чтения Кулаковскай ?й, с?рэх икки м?кк??рэ айымньыта
А.Е.Кулаковскай „Өй, сүрэх икки мөккүөрэ“
айымньытынан кылаас таһынан уруок (10 кылаас)
Чыыһыла: сэтинньи 22 күнэ, 2015с.
Сыала:
Оҕолор олох олоруу, киһи буолуу туһунан өйдөбүллэрин кэҥэтии, толкуйдатыы.
А.Е.Кулаковскай „Өй, сүрэх икки мөккүөрэ“ диэн айымньытыгар олоҕуран оҕолор олоххо аналларын хайдах көрөллөрүн, ырыталларын ситиһии.
Дьоҥҥо тылы тиэрдэргэ, санааны атастаһарга холонор кыаҕы биэрии.
Соруктара:
А.Е.Кулаковскай „Өй, сүрэх икки мөккүөрэ“ айымньытыттан быһа тардан хоһоонноохтук ааҕыы.
Сэһэргэһии, санаа атастаһыытын тэрийии.
Кылаас таһынан дьарыгы ырыҥалааһын.
Кылаас таһынан дьарык көрүҥэ: сэһэргэһии.
Бэлэмнэнии үлэ:
„Өй, сүрэх икки мөккүөрэ“ хоһоону ааҕыы, үөрэтии, матырыйаал хомуйуу.
„Идеальнай Саха уола хайдах буолуохтааҕый?“ өйтөн суруйуу.
Киирии тыл.
Учуутал: Үтүө күнүнэн! Бүгүҥҥү кылаас таһынан дьарыкпытын литература сылыгар аныыбыт, А.Е.Кулаковскай „Өй, сүрэх икки мөккүөрэ“ айымньытыгар олоҕуран санаабытын атастаһыахпыт, ырытыһыахпыт. Бэйэлэрин оҕолорун кытта санаа атастаһа, сүбэ-ама буола кэллилэр биһиги төрөппүттэрбит.
Улуу суруйааччыбыт Өксөкүлээх Өлөксөй „Өй, сүрэх икки мөккүөрэ“ диэн айымньытын оҕолор ааҕалларын истиэххэйиҥ. (айымньыттан баһа тардыы). „Өй“ – Судинов Айсен, „Сүрэх“ – Стручков Ариан.
Бөлөҕүнэн үлэ ыытыллар. Бөлөхтөргө хонтуруолунай боппуруостар бэриллибиттэр. Үлэлииргэ бириэмэ бэриллэр.
Учуутал: Бөлөҕүнэн үлэбитин саҕалыыбыт. Кэпсэтиигэ бэлэмнэнэргитигэр сүрүн боппуруостар бэрилиннилэр. Онон ырытыһыҥ, сүбэҕитин холбооҥ.
1 бөлөххө боппуруостар:
„Өй, сүрэх икки мөккүөрэ“ диэн айымньы сүрүн санаата.
Барыны бары, үтүөнү-мөкүнү билэргэ айымньы туох санааҕа аҕалла, сүбэ буолла.
2 бөлөххө боппуруостар:
Өй уонна Сүрэх мөккүөрүн киһи олох олороругар хайдах өйдүөхтээҕий уонна хайаларын этиитинэн сирдэтиниэхтээҕий?
Оҕо олоххо аналын бу айымньы сүнньүнэн хайдах көрөҕүн?
Олоҕу олорбут баай опыттаах дьон билиитин-көрүүтүн бу айымньыны кытта тэҥнээтэххэ хайаларын мөккүөрэ олоххо сөптөөҕүй?
(Сүрүн санааларын этэллэригэр илиистэр бэриллэллэр.)
Бөлөхтөр түмүктэрин истии.
1 бөлөх: биһиги санаабытыгар, сүрэх сөпкө этэр. Тоҕо диэтэххэ, сүрэх бэйэтин баҕарбыт баҕа санаатын оҥорор. Сүрэх үчүгэйи, куһаҕаны билиэн баҕарар. Өй этиитин батыстахха интэриэһинэйэ суох олох ааһыаҕа.
2 бөлөх: бу мөккүөр турбута ыраатта. Өй этиитин тутуһуҥ. Уол оҕо өйдөөн-төйдөөн, үчүгэйи-куһаҕаны арааран сылдьыахтаах, ону араарбат буоллаҕына куһаҕан дьаллыкка ылларыан сөп. Уол оҕо олоххо анала – саха кэлэр кэскилин түстээһин буолар, онон кини ыраас дууһалаах, куһаҕаны батыспат буолуохтаах.
Бөлөхтөр санааларын истэн баран кылаас таһынан дьарык тиэмэтин оҥорон таһаарабыт:
Аҕа, оҕо икки мөккүөрэ.
Эдэр ыччакка сүбэ-ама.
Өй-санаа сүбэтинэн.
Эдэртэн эйэтин, кырдьаҕастан сүбэтин.
Сүбэ мөккүөрэ.
Учуутал:
Киһи сиргэ кэлэр
Киһи сиртэн барар –
Бу ыккарда „Олох“ дэнэр!
Киһи аартык тыырар –
Бу айаны „дьылҕа“ дэнэр!
диэн поэт В.Власов сөпкө бэлиэтиир. Аны биир сылтан ордугунан биһиги оҕолорбут киэҥ олоххо тахсыахтара. Дьэ, олох анала туохханый? Бэйэни салайыныы, иитинии диэн тугуй? Уол оҕо хайдах киһи буолуохтааҕый? Бу боппуруостар элбэх киһи санаатын таарыйаллар.
19-с үйэ саҥатыгар биһиги улуу суруйааччыбыт Өксөкүлээх Өлөксөй „Өй, сүрэх икки мөккүөрэ“ диэн айымньытыгар, биһиги санаабытыгар, бу боппуруостарга тохтообута. Үгүскүт бу айымньыны аахпыта буолуо. (бөлөҕүнэн үлэ).
Бөлөхтөр санааларын этэллэр, кэпсииллэр. (Сүрүн санааларын суруйбут кумааҕыларын дуоскаҕа ыйаан иһэбит).
Учуутал: бүгүн элбэх санааны иһиттибит. Кэпсэтиибитин түмэн, кылааспыт чааһын тематын таһаарыахха. Баһаалыста, бэйэҕит варианнаргытын этиҥ. (варианнар дуоскаҕа суруллан иһэллэр.)
Учуутал: „Санаа холбостоҕуна, сүбэ түмүлүннэҕинэ – кыайтарбатах кыайыллааччы“ диэн – саха өһүн хоһооно баар. Онтон биһиги бүгүн элбэх ырытыыны иһиттибит. Хас биирдии киһи, ордук саҥа олоххо үктэнэн эрэр эдэр киһи инникитигэр туһалаах санааны, билиини ылыммыта буолуо диэн эрэнэбин. Уонна уолаттарга этиэм этэ:
Эдэртэн эйэтин ылар
Эйэҕэс дьон буолуҥ,
Кырдьаҕас алгыһын тутар
Кыһамньылаах санааланыҥ.
Олоҕу уһансар
Оҥкуллаах аартыкка
Үктэнэр күҥҥүтүгэр
Үчүгэй тылы этиим,
Үтүө түһү түстүүм:
Үөрэххитиҥ бүтэриҥ
Үөрүйэхтэ иҥэриниҥ!
Кылаас таһынан дьарыкпытыгар кыттыбыт төрөппүттэрбитигэр махталбн тиэрдэбин. Доруобай буолуҥ! Дьоллоох буолуҥ!