Урок якутского языка во втором классе Тыл лексическэй суолтата
Учуутал Ильинова Александра Петровна
2 «г» кылаас
Тема: Тыл лексическэй суолтата
Уруок сыала: тыл лексическэй суолтатын быьаарага усулуобуйа тэрийии.
Соруктара:
Уерэтэр: тематын быьааран, сыалын туруорунан, тэннээн, ырытан керен бэйэтин санаатын уллэстэн тыл лексическэй суолтатын быьаарарга уерэтии
Сайыннарар: толкуйдуур, тэнниир, араарар, тумук онорор дьо5уру сайыннарыы, тыл саппааьын байытыы
Иитэр: пааранан, беле5унэн улэлээьиннэ бэйэ бэйэни истиьии, кемелесуьуу, убаастааьын
О5о уерэнэр соруга: тыл лексическэй суолтата диэн тугуй?
Уруок темата: Тыл лексическэй суолтата
Уруок формата: коллективнай, беле5унэн, пааранан улэ
Туттуллар тэрил: Саха тылын быьаарыылаах кылгас тылдьыта, тыл лексическэй суолтатын быьаарага ойуулар, карточка, компьютер, проектор
Уруок хаамыыта: 1. Уерэнэр тугэни тэрийии:
- Чуораан тыаьа чугдаарда,
Уроук са5аланна.
Улэни са5алыах иннинэ уруокка бэлэммитин керунуе5ун. (тэтэрээт, уруучука, уерэнэр кинигэ миэстэлэригэр. Улэ миэстэтэ улэлииргэ табыгастаах буолуохтаах)
Бэлэммит дии санаммыттар иннигитигэр сытар сыаналаныы лииьин ыллыгыт.
Сыаналаныы карточкатын ырытыьыы (уруокка тэринии, пааранан улэ, беле5унэн улэ, сананы билии) слайд
Уруокка тэриниибитин сыаналаныа5ын.
2. Урут барбыты чуолкайдааьын:
-Ханнык уруогуй?
-Саха тылын то5о уерэтэбитий? (тыллары таба аа5аары, суруйаары, туттаары уо.д.а.)
-Тыл диэн тугуй? (санарар сана тутула)
-Тыл туьунан тугу билэбитий? (тыл туьунан билиини чуолкайдааьын)
-Тыл туьунан барытын билэбит диэн этэр кыахтааххыт дуо?
Оччо5уна, бугун тугу улэлиэхпитий? (тыл сана кистэлэнин арыйыахпыт)
3. Уерэнэр соругу туруоруу:
Улэбитин са5алыа5ын.
Тэтэрээккэ улэ: тэтэрээти улэ5э бэлэмнээн.
Улэлиэ5ин: мин тылы санарабын, эьиги истэ5ит, суруйа5ыт, аа5ан бэрэбиэркэлэнэ5ит (кинигэ, туннук, куел ата5а, лампа, ыа5ас кура) тугу суруйдубут? (тыллары, дакаастаа) бэрэбиэркэлэниэ5ин слайд
-Бу тыллары икки белеххе араарыа5ын (араас белех тахсыан сеп, быьааран иьии, тиийии: со5отох тыл, икки тыл) тугу ейдеен кердугут? Слайд
Бастакы белех тылларын аахтыбыт:
Туннук – тыл суолтатын ейдуугут дуо?
Лампа
Кинигэ
Куел ата5а – оттон бу ейдебулун билэ5ит дуо?
Ыа5ас кура – оттон бу тыл ейдебулун?
-Туох тумугу оноруохха себуй? (сорох тыл ейдебулун билэбит, сорох тыл ейдебулун билбэппит)
Билбэт тылларбыт ейдебуллэрин быьаарыа5ын слайд
То5о куел ата5а дииллэрэ буолуой? (куел хонууга, тыа5а синньээн киирэр чааьын ааттыыллар)
То5о ыа5ас кура дииллэрэ буолуой? (ыа5ас ортотунан тигиллибит киэргэлин ааттыыллар)
-Маладьыастар, сатаан быьаардыбыт, элбэх киьи тыл ейдебулун сатаан быьаарбат, онноо5ор улахан дьоннор. Оччо5уна ессее атын тыллары аа5ан ейдебулун быьаарыахпыт дии саныыгыт дуу? Мин ыарыр5аттым, кемелеьуехтэрэ диэн эрэнэбин (Карточка5а баар тыллары аа5ан быьаарарга холонуу)
Бу улэни пааранан толоруохпут, тыллар ейдебуллэрин быьааран керуехпут (кыраабыл тииьэ, аан айа5а, илим хара5а, мас тебете)
- Улэни тумэн быьаарыы(пааралар быьаара тахсыыларыгар ойуута тахсан иьэр) слайд
Сепсеье5ут дуо? Кимиэхэ атын эппиэт баарый?
-Чопчулаан биэрии:
Кыраабыл тииьэ (туттар тэрил чааьа)
Аан айа5а (аан киирэр сирин ааттыыллар)
Илим хара5а (бултуур тэрил чааьа)
Мас тебете (предмет уеьэ етте, са5аланар миэстэтэ)
Тугу улэлээтибитий? (тыл ейдебулун быьаардыбыт)
-Хас биирдии тыл ейдебуллээх буолар. Лексика (гректии) – тыл диэн(грек омук тылыттан тылбаастаммыта лексика диэн). Ол иьин тыл ейдебулун тыл уерэхтээхтэрэ тыл лексическэй суолтата дииллэр. Слайд
- Оччо5уна, урокпут сыала? (тыл лексическэй суолтата диэн тугун быьаарыы, быьаарарга эрчиллии)
4. Уерэнэр соругу быьаарар чинчийии улэтэ:
-Тыл лексическэй суолтатын хантан билиэххэ себуй? (тылдьыттан)
Тыл лексическэй суолтатын быьаарага тылдьыттан эрэ билэбит. Саха тылын быьаарыылаах тылдьыта. Манна тыллар быьаарыылара сурулла сылдьаллар.
Белеххе улэ: тыл лексическэй суолтатын бэйэбит быьааран кердубут, анны тылдьыт кеметунэн улэлээн быьааран керуехпут. (ис, дойду, балык, дьиэ)
Белехтерунэн улэни кемускээьин (хас суолталаа5ый?)
-Тугу ейдеен кердугут? (тыллар биир эбэтэр элбэх суолталаах буолаллар эбит)
-Ону хайдах биллибит? (ону биьиги тылдьыты кытта улэлээн биллибит)
5. Хонтуруолланыы
-Бугунну уруокпут сыала туох этэй? (тыл лексическэй суолтата диэн тугун биллибит)
-Тыл лексическэй суолтатыгар ессее тугу быьаардыбыт? (тыллар биир эбэтэр элбэх суолталаах буолаллар эбит)
-Ону хайдах быьаардыбыт? (тылдьытынан быьаардыбыт)
-Улэлээбит улэ5итин астынныгыт?
Оччо5уна, бугунну уроукпут сыала – тыл лексическэй суолтата диэн тугун билбиппитин, тылдьыт кеметунэн быьаара уерэммиппитин хонтуруолланыа5ын.
Уруок са5аоланыыта ылбыт, быьаарбыт хонтуруолланыы, сыаналаныы лииьин ыллыбыт. Толоробут:
Уруокка тэринии
Паара5а улэлээьин
Белеххе улэлээьин
Сананы били
(сыаналаныы шкалатыгар сыаналанан иьэллэр) слайд
6.Сыаналаныы
Сыаналаныы шкалатынан керен ким бэйэтин сыаналаныан ба5арарый? (о5олор сыаналаныылара)
(Сыаналана олороллоруттан керен, талан атын сыаналаах о5олору ыйытыы – то5о маннык сыаналаннын?)
Бугун тыл туьунан ессе биир кистэлэни арыйдыбыт. Бугунну уруокка ылбыт билиигит инникитин кемелеьуе дии саныыгыт дуу? Тыл лексическэй суолтатыттан ураты атын суолталаа5а буолуо дуу? Слайд
Оччо5уна, аныгыскы уруокка сыалбыт (тыл лексическэй суолтатыттан атын суолтатын билии)