Презентация по экологии на тему Таас чох быыла (3 класс)


Таас чох быыла Үлэни толордо Майыар орто оскуолатын 3 – с кылааhын үѳрэнээччитэ Рязанский Айхал Салайааччыта: Яковлева Я.С Сыала: : Таас чох быыла төhө буортулаа5ын билии.. Соруктара: 1. Таас чох быыла төhө буортулаа5ын билии. 2. Оскуола бырааhын кытта кэпсэтии, дьон санаатын истии. 3. Таас чох быыла төҺө ыраахха диэри көтөрүн бэрэбиэркэлээhин. Мин тѳрѳѳбүт дойдум Абый улууhун кэрэ айыл5алаах, Индигир ѳрүс биэрэгэр турар Кэбэргэнэ бѳҺүѳлэгэ. Кэнники сылларга котельнайбыт таас чо5унан оттуллар буолан бѳҺүѳлэкпит улаханнык киртийдэ. Дьиэлэр тастара, крышалара, уулусса барыта хап – хара буолар. Ол быыл хаарга, киhи таңаhыгар, хара5ар түhэр. Дьон ону барытын тыына сылдьар. Куhа5ан ба5айы сыттаах. Урут котельнайбыт газоконденсатынан оттуллар этэ. 2012 сыллаахтан cаңа модульнай котельнай тутуллан таас чоххо көспүтэ. Сылга 2000 тонна чох оттуллар. Чохпутун Зырянкаттан а5алаллар. Таас чох оттулунна5ына бытархай бороhуок быыл буолан тахсар. Ол бѳҺүѳлэкпитин кыhыңңы өттүгэр быылынан бүрүрэр. Котельнайбыт турбата кылгас буолан быыла барыта чугас түһэр. Котельнайбыт бѳҺүѳлэк социальнай обьектарын таhыгар турар. Ол курдук котельнайтан чугас оскуола, детсад уонна дьон олорор дьиэлэрэ бааллар. О5олор таhырдьа оонньуу та5ыстахтарына cирэйдэрэ – харахтара, таңастара киртийэн киирэр. Котельнайтан саамай чугас олорор ыалларга сылдьан дьон санаатын иhиттим. Слепцова Елизавета Дмитрьевна маннык кэпсээтэ. Оhохтор буруолара биhиги олорор дьиэбит үрдүнэн ааhар. Дьиэбит таhа хап – хара. Сууйуллубут таңаhы ыйаабаппыт, мууспут хап – хара буолар, каркаастарбыт иhигэр киирэр. Сыта дьиэ5э киирэр, быыла түннүк иhигэр олорон хаалар. Бу котельнай тутуллуо5уттан о5олордуун – улахан дьоннуун күөмэйбит ыалдьар буолла. Урут да5аны чо5унан оттор этилэр да маннык буолбат этэ. Саңа модульнай котельнайбыт турбалара кылгастар уонна фильтра суох буолан быыла барыта чугас тохтор быыhыылаах.Элбэх о5олоох ыал ийэлэрэ Жиркова Матрена Константиновна уонна Александра Егоровна бу котельнай тутуллуо5уттан о5олорбут сотору – сотору күөмэйдэрэ ыалдьар буолла дииллэр. Мин оскуолабыт бырааhыттан, Атласова Татьяна Алексеевнаттан, таас чох быыла төҺө буортулаа5ын ыйыталастым. Кини кэпсиииринэн котельнай СанПИН ирдэбилинэн бөhүөлэк кытыытыгар тутуллуохтаах үҺү. Онтон биhиги котельнайбыт почти бөhүөлэк ортотугар турар. Таас чох уонна шлак кутуллар сирдэрэ туспа күрүөлээх буолуохтаах эбит. Биhиэхэ ол суох. Чохпут уонна шлакпыт дьон сылдьар суолун кытыытыгар кутуллар. Саас ол барыта ууллан Кэбэргинкэ үрэххэ түҺэр. Бөhүөлэк аңаара ол үрэхпититтэн уу иhэн олорор. Таас чох умаайытыгар тахсар быыла таҺынаа5ы ыаллар дьиэлэрин таhыгар түҺэр. Мин кэтээн көрүүбүнэн котельнай таҺыгар олорор о5олор тыынар органнарынан ыалдьаллара элбээтэ. Практическай чааһым.1. Кыһын устата түспүт хаары 3 араас сиргэ тэңнээн көрүү.2. Хаардары а5алан өңнөрүнэн тэңнээһин.3. Хаардары уулларан сиидэлээн көрүү. 1.Уһун кыһын устата түспүт хаары 3 араас сиргэ тэңнээн көрүү.Котельнайтан 45 мКотельнайтан 230 мКотельнайтан 460 м 2.Хаардары а5алан өңнөрүнэн тэңнээһин.3. Хаардары уулларан сиидэлээн көрүү. Ыал түннүгэр чох быыла.Оскуола түннүгэкырыыһаларгауулусса5а Түмүк. Чохпут быыла айыл5абытыгар, өрүспүтүгэр, дьоңңо, улахан буортуну а5алар эбит. Котельнайбыт турбалара кылгас буолан быыла элбэх. Уhун турбалаахтара буоллар быыла а5ыйах буолуо этэ. Онон турбаларбытын уhаталлара буоллар эбэтэр быылы ыраастыыр фильтрдэри туруордахтарына салгыммыт, бөҺүөлэкпит ырааhырыа. Киhиэхэ доруобай буоларыгар ыраас салгын уонна ыраас уу наада.