Конспект урока по культуре народов РС (Я) на тему Березовка эбээннэрэ
Гуляева Елена Васильевна
Предмет: культура народов РС (Я)
ʏлэ ыстааhа: 14 сыл.
Тема: Березовка эбээннэрэ.
Сыала-соруга: Орто-Халыма улууhугар олорор эбээн омугун оло5ун-дьаhа5ын, култууратын ʏɵрэтии. Тɵрɵɵбʏт дойдуну ʏɵрэтиигэ интэриэhи ʏɵскэтии. Эбээн омугун представителин, АКМНС председателин Новосельцева октябрина Руслановнаны кытта билиhиннэрии. Эбээн омугун биир саамай биллиилээх суруйааччытын Платон Афанасьевич Степанов- Ламутскай оло5ун, айымньытын кытта билиhиннэрии. Атын омук традициятын, култууратын убаастааhын. Толкуйдаан, уруhуйдаан онорор дьо5уру сайыннарыы. Эйэ5эс, алама5ай, ʏтʏɵ сыhыаны иитии-ʏɵрэтии. Атын омук о5отугар до5ордуу сыhыаны ʏɵскэтии.
Уруок тэрилэ: мультимедийнай презентация.
Уруок хаамыыта:
1.Биhиги тɵрɵɵбʏт дойдубут –Саха сирэ. Саха сирэ ыраах Муустаах муора таhыгар сытар. Онон уhун тымныы кыhыннаах, кылгас сайыннаах. Кʏhʏн эрдэ кэлэр, айыл5а олус уларыйар. Оттон сайына олус олох аатын, олус кэрэ.
А5ыйах ахсааннаах хотугу норуоттар сʏрдээх киэн сиринэн тайаан олороллор. Российскай Федерация хотугулуу ар5ааны Кольскай тумул арыытыттан хотугулуу илинни Чукотка5а, Камчатка5а, Сахалинна тиийэ тар5аммыттара. (2 слайд, диск, карта Саха сирэ).
Саха сиригэр 7 хотугу омук: саха, нуучча, эбээн, эбээнки, юкагир, долган, чукча, бааллар.
Биhиги Орто-Халымабытыгар элбэх араас омуга олорор. Ханнык бɵhʏɵлэккэ аатын омуктар баалларый? Березовка5а.( 3 слайд, карта Орто-Халыма).
-Ханнык омуктарый? Хантан билэ5итий?
Эhиги эбээн омугун кɵрбʏккʏт дуо? Тугу билэ5итий кинилэр тустарынан? Сананы билиэххитин ба5ара5ыт дуо?
Ол аата бʏгʏннʏ темабыт аата тугуй? (4слайд, «Березовка эбээннэрэ»)
Тугу кинилэр тустарынан билиэххитин ба5ара5ыт?
Кинилэр олохторун-дьахтарын, танастарын, астарын, дьарыктарын, ункуулэрин. (слайд, Билир).
-Туох сананы кɵрдʏбʏт? Хайдах олохтоох дьонуй? Хайдах эбээннэр олохсуйбуттарый?
2. Эбээннэр кʏн сирин устунан тар5анан олороллор. Кинилэр ахсааннара а5ыйах. Былыр бэйэлэрэ бэйэлэригэр олороллоро. Ол аата кинилэр биир сиргэ ɵр олорбокко, табаларын сиир аhа бʏттэ, салгыы аатын сиргэ баран олороллоро.
Ыстаада-элбэх таба уонна табаhыт. Олорор дьиэлэрэ ураhа, таба тириититтэн оноhуллубут. (5.6,7,8, слайд, ыстаада, ураhа, чуум иhэ).
Урут элбэх араас ааттаах: «Чубукулаах», «Сивер», «Нитчан». «Туманнаах» диэн ыстаадалар бааллара. Таба иитиитинэн дьарыктаналлара. Онтон от ыйын 15 кʏнʏгэр 1954с биhиги Орто-Халыма улууhугар бу кɵс эбээннэри мунньан, хомуйан «Березовка» диэн бɵhʏɵлэк ʏɵскээбитэ. Березовка ʏрэх ханас ɵттʏгэр аан бастаан ампаар уонна саха бала5ана тутуллубута. Онтон ма5аhыын, кэлэр сылларга 1995с. оскуола, 1956-57с. балыыhа, 1958-59с. кулууп, детсад тутуллубуттара. Ол аата 56 сыл анараа ɵттʏгэр Березовка олохтоммута онтон ыла бу бɵhʏɵлэк улам сайдан, улаатан барбыта. (9 слайд)
Березовка сайдарыгар улахан кɵмɵ онорбут киhи Булдукин Иван Александрович буолар. Билигин оскуолаларыгар тɵрɵɵбʏт эбээн тылларын ʏɵрэтэллэр. (10 слайд, оскуола5а).
Роббек Василий Афанасьевич профессор, филология наукатын доктора. Эбээн омугун сайдарыгар элбэх кɵмɵнʏ-сыраны онорбут киhи.
Бол5ойон истин, уруок бʏтʏʏтэ уруhуйдуоххут.
(11,12,13,14 слайд). Березовка наhаа атын, кэрэ дьикти айыл5алаах. Березовка диэн ʏрэхтээх, аан бастакы аата эбээннии ХОЭЕ, ол аата наhаа тʏргэн сʏʏрʏʏктээх диэн. (очень быстрое течение). Тула таас мырааннар одуулаан тураллар. ʏʏнээйите, ото-маhа да атын. Дьикти, сэдэх сир. Березовка ʏрэ5ин устун хатын, тэтин ʏʏнэр. Кыhын улахан таас Турахтас.
Билигин да5аны ыраах бɵhʏɵлэктэн ыстаадалар бааллар. Щербаковтар, Хабаровскайдар, Булдукиннар диэн общинанан арахсаллар. Онно табалара 2 тыh. тиийэр. Сайын намыhах таас ʏрдʏгэр табаларын туталлара.
- То5о ʏɵhэ таhаараллара болуой? Онно сɵрʏʏн, бырда5а суох диэн. Кыhын тааска хахха сир булан табаларын онно туруораллар, ыттарынан харабыллаталлара. Кʏɵлэ а5ыйах буолан соччо балыктаабаттар. Кʏндʏ тʏʏлээ5и: саhылы, кииhи, бɵ5ɵнʏ ыкка ʏрдэрэн табаны миинэн сырсан саанан ɵлɵрɵллɵрɵ. Бɵhʏɵлэккэ дэннэ кэлэн ас ылан, бултаабыт бултарын, балыктарын дьонугар а5алаллара.
3. Эбээннэр былыр былыргыттан таба иитэн олорбуттара, олороллор да5аны. Табаны кɵрʏʏ-харайыы ыарахан, ол гынан баран туhата элбэх. Билигин Коля Т. таба туhунан кэпсиэ. (15слайд, таба).
Таба эбээннэр саамай тутаах кыыллара. Хоту дьон быhыытынан аhа-ʏɵлэ ʏксэ таба этэ уонна дэннэ балык буолар. Таба суох буолла5ына эбээн эмиэ суох, таба баар, эбээн баар.
4. Березовка эбээннэрэ бэйэлэрэ туспа оhуордаах-бичиктээх норуот буолаллар. Саамай главнайа – тымныыттан, хаартан, ардахтан тыалтан харыстыыр танас буолуохтаах. Танастаах кырыытынан вышивкалаах, сʏрʏн орнамена геометрическай фигура. Иискэ биллибит маастар- Хабаровская Анна Ивановна 1935с. Кини ʏлэлэрэ аан дойдуга тахсыбыттара: Парижка, Лондонна, Женева5а.
Тарабукина анна Ильинична 1933с. Ташина Татьяна Григорьевна 1928с. уо.д.а.
Бʏгʏн биhиэхэ ыалдьыт кэллэ. А5ыйах ахсааннаах норуоттар председателлэрэ (Ассоциация коренных малочисленных народов Севера) Новосельцева Октябрина Руслановна. Кини омугунан эбээн, Березовкаттан тɵрʏттээх. Эhиэхэ бэйэтин норуотун танаhын-сабын, туттар малын-сабын туhунан кэпсиэ. (16-21 слайд)
Хас биирдии омук бэйэтэ туспа бырааhынньыктаах буолар. Эбээннэр Эвинек-сана кʏнʏ уонна сана дьылы кɵрсʏʏ буолар. От ыйыгар буолар. Эбээннэр эмиэ туох барыта иччилэх диэн итэ5эйэллэрэ: тай5а, уот, уу. Ол кʏн табаны ɵлɵрɵллɵрɵ. Эт саамай минньигэhинэн уот эчээни кʏндʏлʏʏллэрэ. Кинилэр итэ5эллэринэн бу ɵлɵрбут табалара эргэ сылы атаарар, кэлэр кʏнʏ, сана дьылы уруйдуур. Онтон дьэ сана дьыл са5аланар. Оттон бу бырааhынньыктарын «hээдьэ» диэн ʏнкʏʏгэ тула туран ʏнкʏʏлʏʏллэр, а5а саастаахтара са5алаан этэрэ (слайд, музыка)
Ити курдук эбээн омуга араас дьикти танастаах, оhуордаах эбит.
Таба кʏрэхтэhиитэ.
5.Эбээн омуга эмиэ атын омук курдук туспа улуу суруйааччылардаах. Эбээн литературатын тɵрʏттээччи, улахан талааннаах поэт, суруйааччы Тарабукин Николай Саввич. Кини кэнниттэн Платон Афанасьевич Степанов - Ламутскай аата иэнник биллибитэ. Билигин Дайаанабу поэт туhунан кэпсиэ5э. Билигин Алина, Алена кини хоhооннорун аа5ан иhитиннэриэхтэрэ. Ламутскай «Сир иччитэ» диэн улахан романнаах Онно кини эбээн омугун легендатын суруйбута. Мамоны 1900с булбуттарын туhунан. Билигин ол мамонт Санкт-Петербург куоракка музей скелета баар. Ити курдук эбээн норуота тыла - ɵhɵ сайдарыгар ча5ылхайдык кɵмɵлɵспʏт эбит П.А.Ламутскай. атын уруокка сиhилии ол туhунан билиэхпит. Кини аатынан уулуссалаахпыт.
Егор едукин «Березовка-мин дойдум» диэн хоhоонноох. Аа5ыа5ын.
6.Творческай ʏлэ.
-Билигин сорудах эhиги эбээн о5олорун ыстаада5а сылдьалларын оноруохтааххыт. О5олорун танаhын оhуордаан, табаларын мунньан олорор сирдэрин, дьиэлэрин, айыл5аны уруhуйдуохтааххыт.
- Дьэ бу эбээн о5олоро ʏɵрэн-кɵтɵн бэйэлэрин дойдуларыгар сылдьаллар, оонньууллар. Кинилэр хайдахтарый?
7.Тʏмʏк. Блиц-опрос.
- Дтэ бу курдук бʏгʏннʏ биhиги уруокпут барыта эбээн омугун туhунан буолла. Билигин мин эhиэхэ ыйытыылары биэртэлиэм. Бу уруокка тугу сананы билбиккитин, кɵрбʏккʏтʏн, ɵйдɵɵбʏккʏтʏн. Сɵптɵɵх эппиэт сыыппаратын кɵтɵ5ɵн иhээрин. (слайд 23)
1). Эбээннэр ханнык бɵhʏɵлэккэ олороллоруй?
1. Эбээх 2. Березовка 3.Налимскай
2). Саамай тутах кыыллара тугуй?
1.Ат 2.Ынах 3.Таба
3). Олорор дьиэлэрин аата?
1.Бала5ан 2.Ураhа 3.Таба
4).Элбэх ʏɵр таба аата?
1.Ыстаада 2.ʏɵр 3.Атаара
5).Эбээн омугун бырааhынньыкка ʏнкʏʏтэ?
1.Кадриль 2. hээдьэ 3. Оhуокай6). Эбээн омугун биллибит суруйааччыта1. Платон Ламутскай 2.Семен Данилов 3.Лев Толстой
-Сɵп, ʏксэ сɵпкɵ эппиэттээтигит, маладьыастар.
- Аан дойдуга элбэх норуот олорор. Эбээн омугун оло5ун-дьаhа5ын, аhын-танаhын, ырыатын-тойугун биллибит. Иитэр табаларыттан аhаан, таннан, тɵрʏт тылларын умнубакка илдьэ кэлтэр.Кыра норуот да буоллар кыра кыралаан сайда, ʏʏнэ, улаата турар.
-Эбээн о5олоругар, норуотугар тугу ба5арыа этибитий?
- Атын омук дэспэккэ эйэлээхтик, эйэ-дэмнээхтик, ɵйдɵhɵн, ɵйɵнсɵн, до5ордоhон олоруохтаахпыт диэн туран уруокпутун тʏмʏктʏɵ5ɵн.