Доклад на тему: Э?эбит Юрий Васильевич Потапов – уус-уран тыл маастара выполнила ученица 3 класса Барамыгина Полина, руководитель: Васильева Елена Александровна
Эһэбит Юрий Васильевич Потапов – уус-уран тыл маастаратолордо: Көбөкөн орто оскуолатын
үөрэнээччитэ Полина Барамыгина салайааччы: Васильева Е.А.,
Бочкарева Ф.Ю2014
ИһинээҕитэЭһэбит олоҕо, дьиэ кэргэнэ………………………………………….
Эһэбит айар улэтэ, атын дьоҕура……………………………………
Түмүк………………………………………………………………….
Туһаныллыбыт литература…………………………………………..
Киирии тыл
Потапов Юрий Васильевич айар кут абылаҥар ылларан, күнүс олорбокко, түүнүн утуйбакка, бэйэтин туһугар, үгүс эрэйинэн, толкуйунан, дьоҕурун кынатыгар уйдаран суруйбут бэрт хомоҕой тыллаах, истин иэйиилээх ис киирбэх хоһооннорун, дьонун-сэргэтин дьүүлүгэр олохтоох «Эҥсиэли» хаһыакка бэчээттэтэн, ааҕааччы болҕомтотун ылар уонна биһирэбилин ылар. Кини тылыгар бэртээхэй ырыалар айыллан, уостан түспэккэ ылланар дьылҕаланнылар. Ол курдук кини хоһоонноро истин иэйиилээхтэр, иһирэх тыллаахтар.
Тылы – киһи өйүн-санаатын, ис кыаҕын, туругун, туохха барытыгар өйдөбүлүн таһымын көрдөрөр дииллэр. Кини баара баарынан, ыраас дууһатынан ылынан, истин иһирэх иэйиини, хомоҕой тыллары тиһэн, хоһоон гынан таһыгар таһаарар. Хоһооннорун аахтахха, итэҕэйэҕин кини олоҕу таптыырын, олоххо сырдыгы эрэ көрө сатыырын, кэрэҕэ эрэнэрин. Айбыт аҕатыгар, эмсэхтээх ииппит ийэтигэр, кэргэнигэр, төрөппүт оҕолоругар, урууга-аймахха, төрөөбүт-үөскээбит дойдутугар муҥура суох тапталын билинэр. Ону хоһоон тылынан сатаан тиэрдэр. Кими да үтүктүбэккэ, бэйэтэ туһунан тупсаҕай тыллаах-өстөөх, дириҥ, дьэҥкэ ис хоһоонноох хоһооннорунан кини уратылаах. Улуус улуу дьоннорун, саарыннарын хоһуйбута, бука хас да көлүөнэҕэ барара буолуо. Оннук, ааҕааччыга тута дьэҥкэтик өйдөнөр.
Сааһынан төһө да сэттэ уонус сылыгар сырыттар, бэйэтэ этэринэн, «ытыс саҕа» хоһооннорунан «оҥоойугун» толоро илик…
Үлэ сыала: Эһэм Юрий Васильевич олоҕун, айар үлэтин чинчийии.
Үлэ соруктара:
ЭҺэм кимтэн кииннэҕин, хантан хааннааҕын үөрэтии.
Олоҕун, дьиэ кэргэнин билии.
Айар үлэтин, атын дьоҕурун билсиһии.
Хоһооннорун киэн түһүлгэҕэ ааҕыы.
Актуальноһа: Ханнык баҕарар улууска, нэһилиэккэ, түөлбэҕэ талааннаах, дьон-сэргэ билэр, ытыктыыр дьоно баар буолаллар. Мин биһиги эһэбит Юрий Васильевич Потапов – Саргын оннук дьонтон биирдэстэрэ. Нам улууһугар биллэр поэт, уус-уран тыл маастара, үс хоһоон хомуурунньугун, биир ахтыы кинигэтин, хас да ырыа автора. Түөлбэ талааннаах дьонун киэн түһүлгэҕэ билиһиннэрии кэрэхсэбиллээх, кэнчээри ыччакка үтүө холобур буолар.
Эһэбит олоҕо, дьиэ кэргэнэ Мин эһэм Юрий Васильевич Потапов – Саргын 1941 сыллаахха ахсынньы 30 күнүгэр Нам улууһун Кириэстээҕэр төрөөбүтэ. Аҕата Василий Васильевич Потапов төрүт Арбын Кириэстээҕин киһитэ, оттон күн-күбэй ийэтэ Наталья Алексеевна Лугинова Уус-Алдан улууһун Дүпсүн нэһилиэгин Бээдититтэн төрүттээх. Ийэтэ эһэм биирдээҕэр олохтон туораабыт, онон эһэм тулаайах хаалбыт. Аҕалаах ийэтэ иккиэн колхуостаахтар. Кэлин Ушницкая Анна Васильевна диэн маачаха ийэлэммит. Эһэбит наһаа соҕотохсуйарыттан ханыы гынан аймахтарыттан Григорьевтартан Саргы диэн кыыһы ииппиттэр. Билигин Саргылана Николаевна Аппааныга олорор, 9 оҕолоох, хас да сиэннээх.
Арбын начальнай, Хатырык аҕыс кылаастаах оскуолатын 7 кылааһын, оттон Хамаҕатта аҕыс кылаастаах оскуолатын бүтэрээт, Бүлүүтээҕи педучилищеҕа үөрэнэ киирбитэ. Начальнай кылаас учууталын идэтин ылан, төрөөбут улууһугар үлэтин саҕалаабыта. Ол курдук, биһиги эһэбит бочуоттаах сынньалаҥҥа тахсыар диэри араас хабааннаах үлэлэргэ киһи да, улэһит да быһыытынан буспута-хаппыта. Искра, Фрунзе начальнай, Арбын аҕыс кылаастаах оскуолаларыгар сэбиэдиссэйинэн, учууталынан, онтон Хатырык нэһилиэгэр «М.К. Аммосов» аатынан колхозка комском секретарынан, «М.К. Аммосов» аатынан совхоз Арбыннааҕы отделениятыгар ыстаарсай биригэдьииринэн, управляющайынан, Нам улууһун госстраҕар агенынан , Арбын олохтоох дьаһалтатыгар сири мээрэйдээччинэн таһаарыылаахтык үлэлээбитэ.
Учуутал, совхоз отделениятын управляющайа, ыстаарсай биригэдьиир, комском секретара, госстрах агена үлэлэргэ салайааччы да, үлэһит да быһыытынан сирдэрбэтэҕэ, ону 1970 сыллаахха В.И.Ленин 100 сааһын туолар үбүлүөйдээх сылыгар, Саха сирин комсомолун 90 сылыгар ылбыт, 1999 сыллаахха Ветеран труда мэтээллэрэ да туоһулууллар.
Эһэбит олоҕун аргыһа, тапталлаах кэргэнэ, биһиги эйэҕэс эбэбит Барамыгина Полина Семеновна үс үллэр үөстээх, үлүскэннээх сүүрүктээх Өлүөнэ эбэ хотун тардыылаах Нам улууһун Фрунзе учаастагар балаҕан ыйын 1 күнүгэр 1940 сыллаахха күн сирин көрбүтэ. Аҕата Семен Спиридонович эбэбит Февронья Ивановна үс оҕотун кытта бэйэтэ хаалар. Олох ыараханын этинэн-хаанынан билэн, үс оҕотугар эбии хас да оҕону иитэн атахтарыгар туруорбут. Хос эһэбит уоттаах сэриигэ сураҕа суох сүппут, онон хос эбэбит олох кыһалҕатын тэҥҥэ үллэстээри норуот биллэр ырыаһыта, олоҥхоһута Прокопий Прокопьевич Ядрихинскайдыы – Бэдьээлэлиин олохторун холбууллар. Дьиҥнээх аҕаларын Бэдьээлэ солбуйбут. Эбэбит ойор күннээх оҕо сааһа ырыаҕа ылламмыт, хоһооҥҥо холбоммут Тараҕана салыйыкка ааспыта. Олох сиэринэн борбуйун көтөҕөн,улаатан, оскуолаҕа үөрэнэн олох киэҥ аартыгар үктэммит. Аҕатын кэриэһин толорон (Сэриигэ бараары туран кып-кыра кыысчаанын көтөҕөн туран: “Ааппын ааттатар үөрэхтээх киһим эн буолуоҥ, ийэ ууһун тэнитиэҥ”, - диэбит), Нам педучилищетын бүтэрэн, алын кылаас оҕолорун учуутала буолбута. Төрөөбүт дойдутугар үлэлии сылдьан биһи эһэбитин көрсөн, харахтарынан хайҕаһан, сүрэхтэринэн сөбүлэһэн, алаһа дьиэни тэринэн, аал уоту оттунан, иитэр сүөһүнү күрүөлээбиттэрэ, төрөтөр оҕону төлкөлөөбүттэрэ. Эһэбит дойдутугар, Алдан, Лена кууһан ааһар Арбыныгар олохсуйбуттара. Сэттэ оҕону бүөбэйдээн, улаатыннаран, киһи-хара оҥорон, барыларын атахтарыгар туруорбуттара. Хос эбэбит ииппит уолун Сеняны улахан оҕолорунан ааҕыналлар. Эбэбит, хомойуох иһин, билигин биһиги кэккэбитигэр суох.
Убайбыт «Виктория» миэбэл салонун менеджерэ, саҥаспыт Матрена Андреевна Ядрихинская-Нам улууһун саастарын ситэ илик оҕолор отделларын начальнига. Улахан уоллара Дамир Дьокуускай куоракка медбратынан үлэлиир, Сережа ытык иэһин төлөөн, аармыйаттан сулууспалаан кэлбитэ, Эллочка – 1 кылаас үөрэнээччитэ.
Дьиэ кэргэн улахана, ийэ-аҕа буолар дьолун бэлэхтээбит, кэрэ сибэкки аатынан Сардаана Намҥа олорор. Үс оҕо : Айтал, Милена, Маркел тапталлаах ийэлэрэ, олоҕун аргыһа Иннокентий Афанасьевич Сидоров – газооператор. Эдьиийбит «Байдам» чааһынай тэрилтэҕэ асчытынан үлэлиир.
Аҕа ууһун салҕааччы, эһэтин аатын ылбыт Василий төрөөбүт дойдутун патриота, Арбыҥҥа олорор. «Кириэстээх» бааһынай хаһаайыстыба салайааччыта, саҥаспыт Рената – спортинструктор. Түөрт оҕону: Туйаарканы, Уйбаанчыгы, Ренаты, Юригы бүөбэйдээн, дьиэ-уот туттан, ньир-бааччы олороллор. Номнуо эбэ-эһэ буолар дьолун биллилэр, Айсен диэн сиэннээхтэр.
Үһүс оҕо-ньургуһун сибэкки аатынан Ньургууна эмиэ дойдутугар Арбыҥҥа олорор. Кэргэнинээн Дмитрий Александрович Пятыкинныын Рудик, Димишок диэн кырачаан «мохсоҕоллору» иитэллэр. Эдьиийбит-олохтоох нэһилиэнньэ библиотекара, күтүөппүт-ОДьКХ кочегар-машиниһа.
Төрдүс оҕо-эбэтин аатын ылбыт Февронья учуутал идэлээх. Көбөкөҥҥө Иннокентий Степанович Бочкаревтуун бур-бур буруо таһааран, Полинушка, Славик, Эльзочка диэн оҕолордоохтор. Ийэм, Андриан эдьиийэ библиотекарь идэлээх, билигин оҕотун көрөн олорор.
Бэһис оҕо эмиэ биир эбэтин аатынан Наталья диэн сүрэхтэммит мин ийэм, Полинушка эдьиийим Намҥа олорор, учуутал идэлээх, билигин чааһынай предприниматель.
Бэһис оҕо-аҕатын аатынан Юрий суоппар идэлээх. Билигин Сунтаарга суоппардыыр. Үс оҕолоох. Юрианка 4 кылаас үөрэнээччитэ, Денис 2 кылаас, Арсенчик 1 кылаас.
Оһоҕос түгэҕинээҕи, саамай кыра эдьиийбит, ийэтин аатын ылбыт Полинчик Искра нэһилиэгин «Мичээр» оҕо саадын сэбиэдиссэйинэн үлэлии сылдьар.
Кырдьык да, биһиги тапталлаах эһэбит Юрий Васильевич соҕотох бэйэтэ борбуйун көтөҕөн, оҕо сааһын атааран, олох киэн аартыгар үктэнэн, идэ баһылаан, араас үлэлэргэ буһан-хатан, сэттэ оҕону төрөтөн, уон алта сиэни, биир хос сиэни бүөбэйдээн, биһиги эбэбитинээн Полина Семеновналыын улахан олоҕу олорбут дьоллоох эбит.
II баһа. Эһэбит айар үлэтэ, атын дьоҕура
Биһиги эһэбит хоһоон айыытынан оскуола сылларыттан дьарыктанар.
Ол курдук, Хатырыкка уонна Хамаҕаттаҕа үөрэнэр сылларыгар К.П.Яковлева салайбыт литературнай куруһуогар, онтон педучилищеҕа Н.П.Дмитриевка сылдьан уус-уран тыл кистэлэҥнэригэр уһуллубута. Оҕо эрдэҕиттэн иэйиитэ кэлэн, хоһоон суруйа сатыыр дьарыгын ити куруһуоктарга сылдьан бэркэ сайыннарбыта.
Эһэбит айар кута арылыннаҕына, иэйэ кута илбиһирдэҕинэ айылҕа анаабыт бэлэҕин туһанан, сүрэҕин сипсиэринэн, Арбынын хатыҥын суугунугар бигэтэн, дойдутун мүөттээх салгынын, үрдүк мэҥэ халлаанын, сырдык күннээх Кириэстээҕин, бар дьонун, олоҕун аанньалларын хомоҕой тыллаах хоһоонугар хоһуйар, ылбаҕай тыллаах ырыатыгар ыпсарар, кэрэ тыллаах кэпсээнигэр кэрэһэлиир.
Эһэбит-Нам улууһун «Отуу уота» литеартурнай түмсүү чилиэнэ, «Эҥсиэли» хаһыат общественнай корреспондена. Айар үлэтигэр Саргын диэн псевдонимынан биллэр. Псевдонимын күн сирин көрбүт күнүгэр түбэһэр айыы аатынан ааттаммыта. Үтүөнү-кэрэни оҥорооччу диэн суолталаах. Билигин 200-тэн тахса хоһоонноох. Олорго барытыгар кэргэнигэр, оҕолоругар, сиэннэригэр, аймах-билэ дьонугар, төрөөбүт төрүт түөлбэтигэр тапталы хоһуйар. Самодеятельнай композитор, мелодист Андрей Терентьевич Замятин, Валерий Егоров хас да хоһоонугар ырыа суруйан, дьон-сэргэ биһирэбилин ылыан ылла, биһиги эһэбитин норуокка биллэрдэ. «Кыыс кэрэ Нам сирэ» диэн хоһооно улуус иккис гимнин курдук ылланар ырыа буолла.
2011 сыллаахха сэттэ уонус хаарыгар диэри бүөбэйдээн, иитиэхтээн, араҥаччылаан сылдьыбыт хоһооннорун түмэн, икки хомуурунньугу таһаартарбыта.
«Кыыс кэрэ Нам сирэ» кинигэтигэр олох кэрэтин, ийэ дойдутугар, бар дьонугар тапталын билинэн, эдэр саас эрчимин, улуус саарыннарын хоһуйбут хоһоонноро дириҥ, дьэҥкэ ис хоһоонноохтук, философскай, лирическэй хабааннаах тупсаҕай тылынан суруллубут буолан, ааҕааччы өйүн-санаатын таарыйаллар.
«Сырдык күннээх Кириэстээх» хомуурунньукка эһэбит төрөөбүт-үөскээбит дойдутугар Кириэстээххэ, Арбыҥҥа муҥура суох тапталын, айбыт аҕатыгар, эмсэхтээн ииппит ийэтигэр, тапталлаах кэргэнигэр, төрөппүт оҕолоругар, сиэннэригэр, урууга-аймахха истиҥ-иһирэх иэйиинэн, хомоҕой тылларынан тиһэн хомуйбут хоһоонноро киирбиттэр.
3 кинигэтэ «Иһирэх иэйиилэрим» 2012 сыллаахха бэчээттэнэн таҕыста. Бу үһүс кинигэтин олоҕор иккис тыыны киллэрбит, күүс-көмө буолбут киһитигэр, 2-с кэргэнигэр Анастасия Капитоновна Лукинаҕа анаабыта.
Эһэбит айар үлэнэн эрэ муҥурдаммат, талааннаах киһи барыга талааннаах дииллэринии, атын дьоҕурдардаах. Ол курдук, байанайдаах булчут. Күһүн-саас хайаан да айылҕаҕа тахсан, баай Байанайыттан бэриһиннэрэн, илии тутуурдаах, өттүк харалаахкэлээччи. Көмүс хатырыктааҕы бултуураг аналлаах илими өрөр, муҥханы таҥар. Онтукатынан балык бөҕөтһн ылан, аймах-билэ дьонун күндүлээччи. Уруу киэһэлэригэр, саҥа дьиэ малааһыныгар ыҥырыылаах алгысчыт, оун таһынан иилээн-саҕалаан ыытар тамада. Уус-уран самодеятельнай концертарга солбуллубат баянист. Ити курдук, биһиги эһэбит дэгиттэр талааннаах, араас интэриэһинэй дьоҕурдаах киһи. Биһиги эһэбитин наһаа таптыыбыт, кининэн киэн туттабыт, кини курдук буолуохпутун баҕарабыт, айар үлэтигэр киэҥ аартыктары, уһун дьоллоох олоҕу баҕарабыт!
Бу үлэбинэн мин тугу ситистим?
Эһэм кимтэн кииннээҕин, хантан хааннааҕын үөрэтэн биллим, айар үлэтин, атын дьоҕурдарын билистим уонна хоһооннорун ааҕан, дьон сэргэ дьүүлүгэр иһитиннэрдим.
Кырдьык да, биһиги эһэбит талааннаах поэт, уран тыл маастара, дэгиттэр талааннаах киһи эбит диэн түмүккэ кэллим, сэттэ оҕо амарах аҕата, 16 сиэн, 1 хос сиэн тапталлаах эһэтэ эбит диэн кэнчээри ыччатынан баайын сөхтүбүт.
Инникитин да эһэм туһунан өссө элбэҕи хасыһан, чинчийэн, үөрэтэн бу үлэбин кэҥэтэр былааннаахпын.
Туһаныллыбыт литература
1. Айар куттуун алтыһа. Улуустааҕы киин библиотека – Нам, 2014
2. Потапов Ю.В. Кыыс кэрэ Нам сирэ – Нам, 2011 – 109 с.
3. Потапов Ю.В. Сырдык күннээх Кириэстээх – Нам, 2011 – 85 с.
4. Потапов Ю.В. Эн сырдык ааккынан – Нам, 2009 – 56 с.