Презентация исследовательской работы Выращивание лука в домашних условиях на Севере


Техническэй наука доктора А.Е.Слепцов аатынан Абый орто оскуолатаДьиэ усулуобуйатыгар луугу үүннэрии Үлэни толордо: 3 кылаас үөрэнээччитэ Ядрихинская Эля Салайааччы: Слепцова Акулина Спиридоновна Үлэм сыала: Луугу араас ньыманан үүннэрэн кѳрүү. Үлэм соруктара:- луук тѳрдүн-ууһун үѳрэтии;- луук туһатын уонна буортутун ырытыы;- луугу буорга, эпиилкэҕэ, ууга олордон, үүнэрин кэтээн кѳрүү;дневниккэ уларыйыылары бэлиэтээн иьии. Үлэм уһулуччу суолтата: Луук элбэх битэмииннээх, киһи доруобуйатыгар туһалаах оҕуруот аһа буоларынан сайын эрэ буолбакка кыһыннары үүннэрэн туһанар кыахтаах эбиппит диэн кѳрдѳрѳѳрү бу үлэбин оҥордум. Луук киһиэхэ бэрт ѳрдѳѳҕүттэн биллэр. Дьон бу оҕуруот аһын 5000 сылтан ыраах кэриҥэ туһанан кэлбиттэрэ суруллар. Луук дьиикэй кѳрүҥэ ѳссѳ да булулла илик диэн дакаастыыллар эбит. Онон кинини культурнай үүнээйигэ киллэриэххэ сѳп. Луук үѳскээбит дойдута Орто Азия уонна Афганистан. Түҥ былыргы буойуннар кыргыһыыга бараары туран түѳстэригэр луугу иилинэллэрэ. Луук микробу утары охсуһар свойстволаах буолан бааһырыыны киртэн-хахтан араҥаччылыыр диэн саныыллара. Сорох дойдуларга луук туох баар ыарыылартан абырыыр күүстээх диэн таҥараҕа тэҥнииллэрэ, паамытынньыкка тиийэ туруораллара, пирамида истиэнэлэригэр луук туһунан суруйаллара. Нуучча сиригэр луук 12-с үйэттэн баар буолбута диэн быһаараллар. Ыраах айаҥҥа сылдьар атыыһыттар аҕалбыттар. Ити кэмтэн саҕалаан бу күҥҥэ диэри кинини аска уонна эмпкэ туһаналлар. Луук туһата:- хас ас арааһын ахсын саамай киэҥник, дэлэйдик тутталлар; - хас биирдии аска хатыламмат үчүгэй амтаны биэрэр;- аппетиты кѳтѳҕѳр;- куртах согун сѳптѳѳхтүк таһааран аһаабыт аскын түргэнник буһарар; - хааҥҥын ыраастыыр;-сурэххэ кѳмѳлѳѳх;- уоскутар, үчүгэйдик утуйаҕын; - тымныйыыга, күѳмэй ыарыытыгар луук согун туһаналлар; -луук ха5ынан баттаҕы кырааскалыахха сѳп;- баттах уһуур, бѳҕѳргүүр. Луук буортута:- айаххыттан куһаҕан сыт тахсар;- наһаа элбэҕи сиир буоллахха куртах иһэ аһыйар;- кырдьаҕас дьон наһаа элбэҕи сиэтэхтэринэ давлениялара үрдүүр;- астма ыарыылаахтар наһаа элбэҕи сиэтэхтэринэ ыарыылара бэргиир. Абый Уһук Хоту тымныы уһун кыһыннаах, кылгас сѳрүүн сайыннаах сиргэ сытар. Маннык тымныы сиргэ, кыһыҥҥы кэмҥэ дьиэ усулуобуйатыгар доҕотторбун кытта луук олордон кѳрдүм. Луугу буорга олордон үүннэриинэн дьарыктаммыппыт үһүс сыла. Быйыл, учууталым сүбэтинэн, бэйэм луугу эбии атын ньыманан олордон боруобалаатым. Үлэбин сааһылаатахпына маннык:- учууталларбытын кытта буор киллэрэн хас да хонукка ириэрдибит;- буорбутун иһиккэ куттубут, сыыһын ыраастаатыбыт, сымнаҕас буоллун диэн үлтүрүттүбүт; - луукпутун буордаах иһиккэ, эпиилкэлээх иһиккэ, уулаах иһиккэ олунньу 27 күнүгэр олордубуппут;ууну нэдиэлэҕэ иккитэ кутабын; - 20 хонугунан хонугунан буордаах луук ото 30 см, уулаах луук ото 23 см, эпиилкэлээх луук ото 6 см улааттылар;- буордаах луук 4 хонугунан, уулаах луук 6 хонугунан, эпиилкэлээх луук 10 хонугунан күѳх отторо таҕыста; -29 хонугунан луук отуттан сибэккитин бутоннара таҕыста;-сотору сибэккитэ сиэмэлиэ. Ол сиэмэлэри сайын оҕуруоппутугар олордуохпут;- 34 хонугунан буордаах луук 53 см, уулаах луук ото 38 см, эпиилкэлээх луук ото 13 см улааттылар. Луукпут күѳх ото сииргэ оруобуна ситэн турар. Сылын ахсын луукпут күѳх отунан салаат оҥостобут. Үлэбит түмүгүнэн «Салаат күнэ» диэн бырааһынньык оҥоробут. Түмүк Луугу үс араас кѳрүҥҥэ олордон кѳрдүм. Кэтээн кѳрүүбүнэн:- буорга олорбут луук түргэнник тыллан тахсар, хойуу элбэх күѳх оттоох буолар эбит;- оҕуруот буорун күһүн эрдэ бэлэмнэммэтэх буоллаххына луугу ууга да олордуохха сѳп эбит. Ууга үүммүт лууктан эмиэ хойуу күѳх оту ылыахха сѳп;- эпиилкэҕэ луук үүммүтүн интэриэһиргээтим. Мин санаабар луук күѳх ото эпиилкэҕэ битэмиин суо5уттан бытааннык улаатар;- үс араас кѳрүҥҥэ үүммүт лууктар амтаннара биир буолар эбит..-хоту тымныы сиргэ бэйэбит үүннэрэн таhаарбыт луукпут сиэмэтэ тулуурдаах буолуо, үчүгэй үүнүүнү биэриэ диэн эрэнэбин. Доҕотторбун кытта луукпут күѳх отунан салаат оҥостуохпут, сиэхпит, бары доруобай буолуохпут.