Проект на тему Байанай


Проект «Байанай»

Биһиги кылааспыт иитэр үлэтигэр, төрөппүттэри кытта сүбэлэһэн баран, кулууптарынан үлэни талбыппыт. Манна “Интеллектуальнай”, “Умелые руки”, “Танцевальнай” куруһуоктар үлэлииллэр.
Билиҥҥи кэмҥэ уол оҕону иитиигэ-үөрэтиигэ уһулуччу болҕомто ууруллара наада. Уол оҕо иитиитигэр аҕа оруола, кини авторитета улахан миэстэни уонна эппиэтинэһи ылар. Аҕа төрөппүт оҕотун дьон обществотыгар сыыйа киллэрэн киһи-хара, бэйэтэ туспа ааттаах-суоллаах Киһи быһыытынан үүннэриэҕэр диэри элбэх өрүттээх социальнай оруоллары толорор. Ол курдук кини: оҕону аһатааччы, таҥыннарааччы; дьиссипилиинэҕэ, дьон-сэргэ ортотугар сатаан сылдьар культураҕа уһуйааччы; сиэр-майгы өттүнэн иитээччи; күүс-уох, эт-хаан уонна өй-санаа өттүлэринэн дэгиттэр, кыанар буолуутугар уһуйааччы; оҕоҕо чугас, истиҥ, эрэллээх сүбэһит-амаһыт, доҕор уонна тус бэйэтэ үтүө холобур буолар. Үтүө холобурдаах аҕалаах оҕо бу орто дойдуга муҥура суох дьоллооҕунан ааттаныан сөп. Билигин тыа сиригэр олорор аҕалар оҕолорун үлэҕэ, сиэр-майгы өттүнэн иитэр кыахтара киин дэриэбинэҕэ олорор дьонтон киэҥ. Кинилэр оту охсууга, бугуллааһыҥҥа, илимнээһиҥҥэ, куйуурдааһыҥҥа, сааскы-күһүҥҥү кэмҥэ кустааһыҥҥа, булт арааһыгар, араас үлэ уонна олох кистэлэҥҥэригэр уһуйуулара, такайыылара, сүбэлэрэ-амалара бэйэлэрин кытта батыһыннара сылдьан оҕолорун көрүүтүгэр буолар. Оттон киин дэриэбинэҕэ олорор дьон оннук кыахтара суох. Мантан сиэттэрэн биһиги аҕаларбытын түмэ тардаары, “Байанай” кулуубу тэрийбиппит уонна проект ылыммыппыт.
Проекпыт сыала:
Уол оҕо айылгытын таба тайанан сайыннарыы, сатабылын, дьоҕурун арыйыы, киһи быһыытынан иитии; төрөөбүт түөлбэҕэ, Ийэ дойдуга тапталы, харысхалы, киэҥ туттууну иҥэрии.
Киһи-аймах сайдыытыгар үлэ улахан суолталаах. Үлэһит киһи майгыта-сигилитэ сайдар, тобулан толкуйдуур ньымата олорор олоҕун оҥосторугар, ыал буолуу, утуму салҕааһыныгар туһуланар. Уол оҕону кыра эрдэҕиттэн көрсүө-сэмэй, үлэни таптыыр, дьулуурдаах, тулуурдаах, талан ылар идэтинэн олоххо туһалаах киһи буола улаатарыгар, сайдыылаах үйэҕэ киирэн бэйэни булунарыгар олоҕурар.
Үлэбит сүрүн хайысхалара:
Төрдү-ууһу билии, төрүттэрбитин үрдүктүк тутуу, киэҥ туттуу.
Бэйэтин төрдүн-ууһун билэр, төрөппүттэрин, аймахтарын убаастыыр, кинилэр дьарыктарын утумнуур, дьарыктанар эрэ киһи сайдар, үүнэр. Ол эбэтэр үтүмэн үйэлэртэн мунньуллан кэлбит өбүгэ үтүө үгэстэринэн оҕону дьиэ кэргэҥҥэ иитии буолар. Хас биирдии дьиэ кэргэн олоҕун оҥостуутугар, оҕону иитттигэр кыра да соҕус буоллар уратылардаах, киһи ылан туһанар суолталаах суоллаах-иистээх буолар.
Бастакы кылаастан саҕалаан бэйэбит төрдүбүтүн үөрэтэргэ холонобут. Оҕолор бары “Мин аатым” диэн иһитиннэрии оҥорбуттара. Ааттарын суолтатын, ким аатынан ааттаммыттарын (эһэлэрин, эбэлэрин), тоҕо ааттаабыттарын кэпсээбиттэрэ.
“Мин аҕам” – аҕаларын туһунан буклет онорон, кинилэр сөбүлүүр дьарыктарын туһунан киэн, астына кэпсээбиттэрэ.
“Мин эһэм, эбэм”, “Мин киэҥ туттар төрүт дьонум” – диэн реферат, доклад суруйуу.
“Аймах үтүө үгэһэ” – мини конференция, хас биирдии ыал, дьиэ кэргэн ураты үтүө үгэстэрин сырдатыы, быыстапка тэрийиитэ.
2.Ытык айылҕаны, сири-дойдуну харыстааһын, үлэни, үлэ киһитин ытыктааһын.
Уол оҕону кыра эрдэҕиттэн айылҕаҕа илдьэ сылдьыы, сиргэ сылдьыы үөрүйэхтэригэр үөрэтии, айылҕа эгэлгэ көстүүлэрин көрдөрүү, сүбэлээһин, харыстыырга үөрэтии. Булт тэрилин, кыылы-көтөрү бултааһыны, сиэри-туому билиһиннэрии, көрдөрүү. Бэйэ холобурунан үлэҕэ үөрэтии, тулуурдаах, дьулуурдаах, мындыр, толкуйдаах буоларга такайыы.
Аҕалар үлэлиир тэрилтэлэригэр сылдьыы, үлэлэрин туһунан кэпсэтиһии. Аҕаларбыт бары араас үлэлээхтэр, араас үөрэхтээхтэр, тус-туспа интэриэстээхтэр.
Кыыл, көтөр арааһын, булт тэрилин билиһиннэрии. Биһиги Сахабыт сиригэр кыыл-көтөр арааһа төрүүр-үөскүүр, ханнык кыыллар бултаналларын, “Кыһыл кинигэҕэ” киирбит кыыллары, көтөрдөрү билиһиннэрии, ол материалларынан буклеттары, уруокка туттуллар видео материаллары оҥоруу.
Айылҕаҕа сылдьыы. Бултааһын ньымаларын көрдөрүү, үөрэтии. Уол оҕону айылҕаҕа илдьэ сылдьан сиргэ сылдьыы үөрүйэхтэригэр үөрэтии, айылҕа эгэлгэ, кэрэ көстүүлэрин көрдөрүү, сүбэлээһин, харыстыырга үөрэтии. Биһиги өбүгэлэрбит бултуур ньымалара: куйуурдааһын, муҥха. Туулааһын, хапкаан иитии. Мантан оҕолор элбэххэ үөрэнэллэр, эт-хаан өттүнэн сайдаллар, мындыр, сатабыллаах буола үөрэнэллэр.
3.Төрөөбүт түөлбэҕэ, дойдуга тапталы, киэҥ туттууну, патриотическай өйү-санааны иҥэрии.
Биһиги улууспут дириҥ баай историялаах, сэрии. Үлэ геройдардаах, элбэх кэрэ-бэлиэ сирдэрдээх. Билиҥҥи үйэ оҕото хайаан да төрөөбүт дэриэбинэтин, улууһун историятын, манна олорон, үлэлээн ааспыт биллиилээх дьоннорун, биир дойдулаахтарын, сэрии геройдарын туһунан билиэхтээх.
Төрөөбүт улууспут историятын, биллиилэх дьоннорун, үлэ, сэрии геройдарын материал хомуйуу, рефераттары, доклаттары суруйуу, ааҕыыларга кыттыы.
Музейдарга сылдьыы; Майа краеведческай музея, Сыымах, Бэдьимэ оскуолаларын музейдара.
Манчаары алааһыгар, Сыымах кадетскай оскуолатыгар, Ф.К Попов төрөөбүт алааһыгар сылдьыы.
Бу үлэбитигэр барытыгар биһиги аҕаларбыт күүс-көмө буолаллар, быһаарар оруолу сүгэллэр.