О?о толкуйдуур дьо?урун,сатабылын сайыннарыы
Оҕо толкуйдуур дьоҕурун, сатабылын сайыннарыы.
Алын кылааска оҕо киһи быһыытынан сайдарыгар олук ууруллар кэмэ. Хас биирдии учуутал билиҥҥи кэмҥэ сиэр-майгы, өй-санаа өттүнэн сайдыылаах, олоххо бэлэмнээх оҕону иитэргэ дьулуһар.
Оҕо туохха дьоҕурдааҕын учуутал, төрөппүт таба таайан, кылаас таһынан дьарыктаах буоларын ситиһиитэ иитии үлэтэ тупсарыгар биир улахан хардыынан буолар. Аныгы кэм ирдэбилэ – киһи бэйэтин ис кыаҕын арыйан, сайыннаран, ону туһанан туруктаах олохтоох буолуохтаах. Ол аата ыччаты кыра оҕо сааһыттан оскуолаҕа ылбыт билиитин туһанан сатаан дьаһанарга, хааччынарга, обществоҕа туһалаах гына иитии буолар.
4-с кылааһы бүтэрэрбитигэр ФГҮӨС “бастакы хараҥаччылара” буоларбытынан бу сыллар тухары туохха үөрэммиппитин көрдөрөр сыаллаах “Бизнес-проектары көмүскээһин” күнүн оҥорбуппут. Бизнес-проекпыт сыала - оҕо дьиэ кэргэнигэр эбии дохуоту киллэрэр суоллары тобулуу. Оҕолор төрөппүттэрин көмөлөһүннэрэн араас темаҕа проектары толкуйдаабыттара. Ол курдук Андреев Борис “Изготовление и продажа изделий из бересты”, Голиков Саша “Оҕуруот аһын үүннэрии”, Жараев Айаал “Сахарная вата”, Иванова Милена “Сахарная вата”, Кириллина Милена “Харысхал”, Неустроев Дьулусхан “Хабылык, хаамыска, тыксаан”, Платонова Нарыйаана “Бурдук аһын астааһын”, Шепелева Зоя “Дэйбиир” диэн проектары суруйбуттара. Бизнес-проектарыгар сыалын-соругун суруйан, туттар матырыйаалларын учуоттаан, төһө харчыны ороскуотуралларыттан төһө дохуоту ылыахтарыгар тиийэ суоттаан, дьүүллүүр сүбэ иннигэр ситиһиилээхтик көмүскээбиттэрэ.
Маннык үлэ ыытыллан оҕолор саҥарар-иҥэрэр дьоҕурдара, толкуйдуур-тобулар кыахтара сайдар. Бу буолар биһиги сүрүн сорукпут - бэйэтигэр эрэнэр, олоҕун сатабыллаахтык дьаһанар киһини иитэн таһаарыы.
Алын сүһүөх оскуола учуутала Канаева Людмила Васильевна.