Сценарий классного часа БАЙАНАЙ
БАЙАНАЙ
Сэтинньи ыйга сахалыы ый эргииринэн ойуур иччитэ Байанай кэлэр.
Байанай - хара тыа, хамсыыр-харамай, көтөр-суурэр иччитэ буолар. Киьи сиргэ уөскуөҕуттэн айылҕаттан аһаан-сиэн алаһа дьиэлэнэн олорор, ол иһин киниэхэ сугуруйэр. Сэтинньигэ тыа кыылын туутэ-өҥө ситэр, булчуттар Баай Байанайтан көрдөһөн баран, тыаҕа бултуу бараллар.
Байанай алгыһа
Куоппуту тутаачы
Кураҕаччы сүүрүк!
Барбыты баһааччы
Баай барыылаах!
Туора тобуктааххыттан
Тосхоллоон кулу даа!
Адаар муостааххыттан
Анаан кулу даа!
Ардай аһыылааххыттан
Айан кулу даа!
Үрүҥ түүлээххиттэн
Өллөйдөөн кулу даа!
Ааспыт да өттүгэр
Ааттаһар тылбын
Аһынар буоларын,
Көрдөһөр тылбын
Көдьүүстүүр баарыҥ.
БУЛТ СИЭРЭ – ТУОМА
Былыр саха киһитэ айылҕа биэрбитинэн аһаан - сиэн, таҥнан - симэнэн, дьиэ - уот оҥостон, сылгы, сүөһү ииттэн олорбута. Булчут айылҕаҕа сылдьар кэмигэр сиэри - туому тутуһуохтаах, өбүгэлэр олохтообут үтүө үгэстэрин кэһиэ суохтаах. Билбэт буоллаҕына хайаан да (!) үөрэтиэхтээх, сыыһа - халты туттуулары оҥорон булдун кэҕиннэриэн сөп. Маннык бобуулары хас биирдии булчут тутуһуохтаах:
Тыа булдугар үгэстэр.
Бултуу барарга Аал уот иччитин Хатан Тэмиэрийэни, Баай Байанайы аһатан, алгыс этэллэр. Бултуу тиийбит сир иччитигэр эмиэ айах туталлар.
Эһэни бултуу барарга эһэни, туттар сэби, сааны аатынан ааттаабаттар. Эһэни өлөрдөхтөрүнэ, үстэ суордуу хаһыытаан баран эҺэҕэ: «Бу эйигин суордар таарыйаллар»,- дии- дии сүлэллэр, астыыллар. Астаан бүтэн баран, курум эбэтэр чалым диэн малааһыны тэрийэллэр: эһэ иһин, хаанын, этин бииргэ буһаран сииллэр.
Булт түүтүн, унуоҕун уокка бырахпаттар.
Элбэх булду сэттээх диэн бултаабаттар.
Бултарын харысхал, таптал ааттарынан ааттыыллар.
Булду сытытан, үөн-көйүүр аһылыга оҥорботтор.
Бултуу сылдьан айдаарбаттар, бас баттах тылласпаттар, үөхсүбэттэр.
Бөдөҥ булду ытыгылаан уҥуоҕун ууран кэбиһэллэр. Бултаатахтарына – малааһынныыллар.
Булду бобуулаах кэмигэр уонна төрүүр-ууһуур бириэмэтигэр бултаабаттар.
Бултарын чугас дьонноругар, аймахтарыгар бэрсэллэр.
Уу булдугар сыһыан.
Ууга сылдьан, балыктыыр кэмигэр төрүт тайдаарбаттар, тыаһаабаттар.
Бултаммыт балык үрдүгэр сөҕөр-махтайар, улаханнык саҥарар табыллыбат.
Бултаммыт балыгынан оонньуур табыллыбат.
Балыгы атаҕынан тэбэр, хаһыйар, аанньа ахтыбатах курдук туттар, саҥарар, быраҕаттыыр сатаммат.
Ууга силлиир- хаахтыыр сатаммат.
Булт тэрилин тэпсэр, үрдүнэн сылдьар, атыллыыр табыллыбат.
Бултаммыт балык уҥуоҕун уокка куппаттар, балык төбөтүн сиргэ бырахпаттар.
Бөдөҥ балык түбэстэҕинэ, уҥуоҕун маска уураллар, ордук сыҥааҕын уҥуоҕун.
Ууга саҥа киирэр муҥханы алгыыллар, былыр сүөһү өлөрөллөр.
Өлбүттээхтэр, оҕолонор дьахталлар уу булдугар киирбэттэр.
Бултуур күөллэрин ыраастык туталлар, ыраастыыллар.
Бөрөнү бултуурга сиэр-туом:
Бултаммыт кыыл өлүгэр оҕо, дьахтар чугаһыыра сатаммат;
Өлөрүллүбүт кыыл төбөтө кииттэн утары хайысхаланар;
Бултаммыт кыыл төбөтүн таҥаһынан эрийэ баайаллар;
Кыылы саамай кырдьаҕас киһи астыыр;
Уҥуоҕун, чөмчөкөтүн мээнэ бырахпаттар, ыт, оҕо тыыппатын курдук харайаллар;
Бөрөнү өлөрөн баран, айаҕар ынах арыытын угаллар, тириитин сүлэн баран сүрүн былчыҥнарын быһаҕынан быһа баттыыллар (сүрүн былчыҥнарын сиэртибэтин сиппэтин, булчуттан куоппатын, төбөтүн былчыҥнарын сиэртибэтин хайдах тардарын уонна булчуту албаһынан хайдах кыайарын туһунан толкуйдаабатын диэн);
Тириини сүлэргэ, сүһүөхтэрин араарарга быһаҕынан тутталлар;
Кыыл дьиэ сүөһүлэрин тардар эбит буоллаҕына, айаҕар аһаабыт тобоҕун угаллар, сирэйин уҥуоҕун сылгы сиэлинэн баайаллар уонна лаабыска харайаллар.
lefttop
Таабырыннар1. Ийэтэ иҥсэрийэ хаалбыт, оҕото ойон хаалбыт (саа эстэрэ)2. Аҕыс уон арыалдьыттаах, тоҕус уон доҕуһуолдьуттаах, сэттэ уон сирдьиттээх Ытык Ыдалыма эмээхсин баар үһү. (муҥха)3. Халлаантан хара суор хаһыытаабытынан хап гына түспүтүгэр, ымыйалаах кымыс былтас гыеа түспүт. (анньыы, ойбон)4. Сайын сагынньах кэтэр, кыһын сыгынньах сылдьар баар үһү. (таба муоһа)5. Икки титирик сэргэстэһэ үүнэр үһү. (тайах муоһа)6. Сүүрэр атахтаахтан сымыытынан төрүүр баар үһү (кымырдаҕас)7. Ураҕас төбөтүгэр ойуу-бичик баар үһү (куйуур)8. Сыыдам сырыылаах, сурааһын суоллаах, аллаах ат баар үһү (хайыһар)9. Тыа быыһыгар тулата дулҕалаах, ыарҕа сэппэрээк үүнээйилээх көлүччэ курдук уу (дүөдэ)10. Түүлээх тириинэн бүрүллүбүт кэтит, ордук уйдарылаах булт хайыһара (туут хайыһар)11. Айаҕынан иитиллэр кылгас тимирдээх былыргы саа (туурка)12. Куйуур маҥкытын эбэтэр суоруна тутааҕын уган эргитэргэ туттуллар ортотунан үүттээх мас (түөрэй)13. Курга бааныллар эбэтэр санныга кэтэр кыра тирии хаа, суумка (хаппар)14. Илим, муҥха үөһээҥҥи ситимигэр баайыллар дагдатар оҥоһук, түүрүллүбүт туос эбэтэр атын (хотоҕос)15. Сайын сиикэйдии хатарыллыбыт мунду (хохту)16. Кыракый сүгэ (чохороон)17. Кыһыҥҥы кэмҥэ күүстээх кураанах тымныы тыал (чысхаан)18. Ат көлө ыҥыырыгар ууруллар, ыҥыырдыллар таһаҕас (ындыы)19. Куттаҕаһа суох күүстээх, ыарахантан чаҕыйбат, хотоойу санаа (эр санаа)20. Оҥочону хаамтарар төбө өттө салбахтаах оҥоһук (эрдии)21. Ыҥыыр холунун бирээскэтин иһинэн уган тардар үүттэрдээх кур курдук тирии быа (дьирим)22. Ууттан улахан балыгы батары кытаахтаан таһаарар мас уктаах дьоҕус тимир тордуох (дэгиэ)23. Сыыспат, олус табыгас (бэргэн)24. Биирдии ботуруонунан иитиллэр урукку бинтиэпкэ (бэрдээҥкэ)25. Ыҥыыр сирэйин уонна кэлин өттүн маһа (бүргэ)26. Күүһүн-уоҕун үрдүгэр сылдьар харса хабыра суох эбэтэр дохсун эдэр киһи (бөтөс)27. Хаппыт лабаа (абырҕал)28. Сиргэ оттуллубут уот, кутаа (кулуһун)
Викторина ыйытыктара.1. Сахалыы булт тэриллэрин ааттаталааҥ. ( Саа, ботуруон, буулдьа, туу, илим, муҥха, туһах, сохсо, хапкаан, чааркаан,айа, тиргэ, тэптиргэ, батарантаас, чуумпуур, батыйа быһах, тыы, хайыһар, буорах, доруобунньук о.д.а.)2. Кыыллары,көтөрдөрү суолларын көрөн быһаарыҥ. (тииҥ, куобах, саһыл, бөрө, киис, солоҥдо, кырынаас)3. Бултка сыһыаннаах таабырыннары таайыҥ: Абааһы уола эрбэҕин таарыттарбат үһү. (саа эстэрэ) Испэр киириэҥ – мэҥэстиэм, хаарыйан ааһыаҥ – таптайыам диир баар үһү. (сохсо)4. Муҥха чаастарын ааттаталааҥ, муҥхаҕа ханнык тэриллэр туттуллалларын этиҥ (кыйат, ийэтэ, туос, таас, үтүмэх, суур, атырдьах мас, буор мас, нырыы)5. Саха сирин бултанар адьырҕа кыылларын ааттаталааҥ. (эһэ, бөрө, саһыл, сиэгэн, бэдэр, үрүҥ эһэ)6. Булт сиэрин-туомун билиһиннэриҥ: (сири-уоту ал5ааһын)7. Булт ханнык көрүҥэр хапкаан туттулларый? (андаатар, кырынаас,киис, солоҥдо, саһыл, бөрө)8. Куобах көтөҕө түһэр кэмигэр ханна саһарый? (тыа саҕатыгар, чараас лааҥкыга, кэрдиллибит сиргэ уонна ырааһыйаҕа)9. Кыһын маҥхайар ханнык кыылы билэҕитий? (куобах,муҥур)10. Туртас муоһа хаһан түһэрий? (алтынньы,сэтинньи ыйдарга)11. Куобах дириҥ хаарга тоҕо батары түспэтий? (атаҕын түүтэ кыһын хойдон сабардама улаатар)12. Тайах муоһа хаһан түһэрий? (ахсынньыга)13. Бөрөлөр кыһын тоҕо үөрүнэн сылдьалларый? ( элбэх буолан бөдөҥ булду түргэнник бултууллар)14. Сүүрдэҕинэ кэлин атаҕын иннигэр түһэрэр сүүрүк аата? (куобах)15. Кумалааҥҥа уйаланар, кутуругунан оонньуур кубарыйбыт кыысчаан аата? (тииҥ)16. Ханнык кыыл ороҕор тыҥыраҕын суола хаалбытый? (бэдэр) – ойуу17. Кыһын хойутууругар куобах төһөҕө маҥхайарый? (күһүн хойут)18. Саха сиригэр кыстыыр, мутукча аһылыктаах, тэлээрэн көтөр кыыл аата? (нэтээги)19. Саамай элбэх оҕолоох ханнык кыылый? (кырынаас - 20)20. Куйааһы тулуйар ханнык кыылый? (кырынаас)21. Ханнык кыыл куйааһы тулуйбатый? (киис)22. Ханный кыыллар туспа тахсан киирэр сирдээхтэрий? (таарбаҕан, нэтээги)23. Куобах саас хойутаан түүлэннэҕинэ саас хайдах буоларый? ( тымныы саас буолар)24. Ханнык кыыл түөртэ төрүүрүй? (куобах)
Кылаас чааһыгар
туох интэриэһинэйи биллигит?
СИЭР-ТУОМ
АРЧЫЛАНЫЫ
Сарсын БАЙАНАЙ кунун тумуктуур курэспитигэр, ситиһиилээхтик кыттыахтара диэн кылааспыт эбээбититтэн алгыста истиэххэ уонна кини алаадьытын сиэн куус-сэниэ ылыахха