Разработка музейного урока «Биир дойдулаахтарбыт А5а дойду сэриитигэр»
Анкета
ФИО Название ОУ Адрес Контактные телефоны Электронный адрес
Александрова Сардана Степановна Амгино-Нахаринская СОШ Село Оннес, Амгинского улуса
Ул. Пушкина 10 89616890245 amga-nakharasosh@mail.ru
МБОУ «Амгино-Нахаринская СОШ имени П.И.Яковлева»
«Биир дойдулаахтарбыт А5а дойду сэриитигэр»
Музейга ыытыллар уруок сценарийаБэлэмнээтэ: П.И.Яковлев аатынанАмма-Наахара орто оскуолатыналын кылааҺын учууталаАлександрова Сардана Степановна
2014 сылТема: Биир дойдулаахтарбыт А5а дойду сэриитигэрСыала: Амма-Наахара нэһилиэгиттэн А5а дойду сэриитин кыттыылаахтарын кытары билсиьии;
- бэйэ норуотунан киэн туттарга, историяны интэриэҺиргииргэ иитии;
- бэйэ-санаатын сатаа сааҺылаан саҥарары; чинчийэн үөрэтэр сатабылы, билэр- керер ба5аны салгыы сайыннарыы.
Кылаас: 3
Ыытыллар сирэ: П.И.Яковлев аатынан Амма-Наахара орто оскуолатын музейыгарМатырыйаал: бэйэ билиитин ырытарга бланкалар.
Уруок былаана:
№ Уруок этаптараТуттуллар ньымалар1 Тэрээһин чааһа Музей үлэhитин кытары көрсүhүү, дорооболоhуу2 «Биир дойдулаахтарбыт А5а дойду сэриитигэр». Экскурсия
3 «Ким да умнуллубат, туох да умнуллубат»
Быыстапка4 «Биьиги биир дойдулаахтарбыт сэрии толоонугар» Бэсиэдэ5 «А5а дойду сэриитин кыттыылаахтарын аатын үйэтитии». Проектнай үлэ
6 "Төрөөбγт дойдугун төhө билэ5ин?» Тест
7 Рефлексия Санааны сааhылааhынӀ. ТэрээҺин чаас.
1. Бэйэ билиитин ырытыы. Уруок тематын быьаарыы.
О5олорго лиис түҥэтиллэр.
- Ыйытыылары бол5ойон аа5ыҥ, билэр ыйытыыгытыгар + бэлиэтэ туоруоруҥ.
А5а дойду сэриитэ хаьан са5аламмытай? Биьиги нэьилиэктэн бу сэриигэ хас киьи барбытай? Фашистары Берлиҥҥэ дылы үүрэн-үтүрүйэн илдьибит биир дойдулаахтаргын ааттаталааБиьиги нэьилиэкпититтэн А5а дойду сэриитигэр кыттыбыт 4 офицер туьунан тугу билэ5ин Перт Ионович Яковлев А5а дойду сэриитигэр ким этэй?
- Ким ханнык ыйытыыга эппиэттиир кыахтаа5ый? (О5олор бэйэлэрин санааларын этэллэр)
- О5олоор, эьиги санаа5ытыгар бүгүн биҺиги туох туьунан кэпсэтиэхпитий?
(о5олор бэйэлэрин санааларын этэллэр)
- Сөп, бүгүн биҺиги нэьилиэкпит А5а дойду сэриитин тематыгар кэпсэтиьиэхпит. Бу темабытын биһиги музейбыт үҺүс саалатыгар кэпсэтиэхпит. (Залга ааҺаллар)ӀӀ. «Биир дойдулаахтарбыт А5а дойду сэриитигэр». Экскурсия
- А5а дойду сэриитэ хас сыллаахха са5аламмытай уонна хас сыллаахха бүппүтэй?
- Фашисткай Германия Россия5а саба түһэн А5а дойду Улуу сэриитэ 1941 с бэс ыйын 22 күнүгэр са5аламмыта. 1945 сыллаахха ыам ыйын 9 күнүгэр Кыайыы күнэ буолбута.
- Ол аата хас сыл буолбутуй?
- Биьиги нэьилиэктэн бу сэриигэ хас киьи барбытай?
Амма-Наахара нэһилиэгэ 141 чулуу уолаттарын А5а дойду сэриитигэр атаарбыта. 49 буойун төрөөбүт түөлбэлэрин булбатахтара. Көмүс уңуохтара хараллыбакка 21 буойун сура5а суох сүппүттэрэ. 28 буойун ар5аа братскай могилаларга көмүллүбүттэрэ.
Түмүк: Сэрии толоонугар тыыннарын биэрбит саллааттары умнубаппыт диэн, биьиги музейбытыгар өйдөбүнньүк умуллубат уот баар. Онно кыратык чуумпуран сүгүрүйүө5үҥ.
ӀӀӀ. Быыстапка «Ким да умнуллубат, туох да умнуллубат»
О5олор бэйэлэрин А5а дойду сэриитигэр сылдьыбыт аймахтарын А4 кумаа5ыга хаартыскатын, аатын, ханна сылдьыбыт суруйан а5албыттар. Ону кылгастык билиьиннэрэллэр.
Түмүк: Ити курдук сэрии ыар тыына ханнык да ыалы хаарыйбакка ааспата5а.
ӀV. «Биьиги биир дойдулаахтарбыт сэрии толоонугар» бэсиэдэ. Учуутал стендэ5э баар хаартыскаларынан иьитиннэрии онорор.
- Сэрии сэрэтиллибэккэ соһуччу этэ. Ол иһин өстөөх Москва анныгар ыга анньан кэлбитэ. Москватаа5ы сэриигэ Амма-Наахара саллааттара хорсуннук сэрииилэспиттэрэ, сорохторо тыыннарын толук уурбуттара. Устинов Иван Петрович, Никифоров Николай Васильевич. Сталинград оборонатыгар Васильев Александр Максимович кыһыл тыына быстыбыта.
Курскай то5ой сэриитигэр Леонтьев Илья Николаевич, Александров Лаврентий Лаврентьевич хорсуннук сэриилэспиттэрэ. Смоленскай сэриитигэр Александров Николай Лаврентьевич, Антонов Егор Дмитриевич, Васильев Роман Терентьевич хорсуннук сэриилэспиттэрэ.
Саха буойуннара Москва анныттан са5алаан быыстала суох сэриилэһэн Белорусияны, Латвияны, Эстонияны, Литваны босхолоспуттара. Кинилэр ортолоругар биһигиттэн Гермогенов Николай Васильевич, Филиппов Петр Ионович бааллара. Европа куораттарын босхолоспуттара: Никитин Василий Семенович, Степанов Егор Петрович, Никитин Михаил Семенович уо.д.а. Берлиңңэ тиийбит буойуннарбытынан буолаллар: Яковлев Василий Иванович, Никитин Николай Васильевич.
Дмитрий Николаевич Гаврильев «Өйдөбүнньүк» 2 кинигэтигэр: «Амма улууһуттан сэрииттэн төннөллөрүгэр 17 буойун түөстэригэр бойобуой уордьан күлүмүрдүүрэ»,- диэн суруйбута. Олортон 7 биһиги биир дойдулаахтарбыт. Музейбыт бу залыгар Амма-Наахара нэһилиэгин «Албан Аат» орден кавалердарын бюстара бааллар. Амма улууһуттан 20-чэ офицер баарыттан биһиги нэһилиэкпититтэн 4-дэ.
Түмүк: Мантан да көстөрүнэн Амма-Наахаралар ханна наадалаахха инники күөңңэ сылдьаллар.
Билигин бэйэ5ит аймахтаргытын стендэттэн көрдөөн булун. Маа5ыын кэпсээбит аймахтарбыт бааллар дуо?
V. Проект «А5а дойду сэриитин кыттыылаахтарын аатын үйэтитии». Бөлө5унэн үлэ.
-Билиги эьиги «А5а дойду сэриитин кыттыылаахтарын аатын үйэтитии» диэн проект оноруоххут.
А) Учуутал улэни быьаарар.
1) Проекккытын бэйэ5ит аатыаххытын сеп.
2) Проеккытыгар бугунну кэпсэтиигэ сыьыаннаах тиэкис баар буолуохтаах, 20 этиилээх игин.
3) Проеккыт тематыгар сеп тубэьэр уруьуй эбэтэр плакат оноруоххутун сеп.
4) А5а дойду сэриитин кыттыылаахтарын аатын үйэтитэр сыалтан туох улэтин ыытыаххытый, тугу гыныаххытый? Ол эмиэ проеккытыгар кестуехтээх.
5) Проеккытыгар сеп тубэьэр хоьоон дуу, ынырыы этии дуу суруйуоххутун сеп.
Б) Учуутал субэтэ:
1. Yлэ5итин хайдах оҥороргутун быьаарсын, былааннааҥ.
2. Онтон ким ханнык үлэни толорорун үллэстиҥ. Онтон ити үлэ5ит лииьин толоруҥ.
3. Yлэ5ит 10 мүнүүтэнэн бүтэрэр курдук дьаьанын
4. Бутэрэн баран хайаан да бэрэбиэркэлэнин.
5. Атын группа5а улэ5ит тумугун кэпсиир гына уллэстин6. Атын группаны бол5ойон истин.
7. Бэйэ5ит улэ5ит тумугун сыаналаан.
Маннай бу таблицаны аа5абыт, толоробут.
Yлэ са5аланыыта___________________Yлэ бүтүүтэ_____________________
Yлэ көрүҥэ. БылаанТолорооччуТуолбутун бэлиэтээьин+
1. 2. 3. 4. 5. В) Проегы онорууО5олор эрдэ А3, А4 кумаа5ылары, клей, кыптыый бэлэмнээбиттэр. Уллэстибит улэлэрин А4 онорон баран А3 холбоон биир проект онорон таьаарары ситиьиэхтээхтэр.
Г) Проегы кемускээьинД) Yлэни сыаналаныы1. Группа о5ото проект оноруутугар бары кытынна дуо?
А) Бары тэннэ улэлээтибитБ) Биир эрэ киьи улэлээтэВ) Ким эрэ элбэ5и, ким эрэ а5ыйа5ы улэлээтэ.
2. Улэ5итинэн астынныгыт дуо?
А) барыта учугэйдик табылыннаБ) Себулээтим, ол эрээри ессее учугэйдик оноруохха сеп этэВ) Олох себулээбэтим.
VӀ. Тест "Төрөөбγт дойдугун төhө билэ5ин?» Билиини тургутуу. Элбэх бааллаахха мэтээл кэтэрдиллэрА5а дойду сэриитэ хас сыллаахха буолбутай?
А) 1945
Б) 1941
В) 1961
А5а дойду сэриитигэр биhиги саллааттарбыт кимнээ5и кытта сэриилэспиттэрэй?
А) кытайдары кыттаБ) немец фашистарын кыттаВ) монголлары кытта 3. П.И.Яковлев А5а дойду сэриитигэр ким этэй?
А) снайпер
Б) разведчик
В) танкист
4. А5а дойду сэриитэ хас сыл буолбутай?
А) 3
Б) 4
В) 2
5. . Биhиги нэhилиэкпит икки уулуссата А5а дойду сэриитин хорсун буойуннарын аатын сγгэр, олортон биирдэстэрэ ким аатын сγгэрий?
А) Павлов Гаврил Егорович
Б) Ефремов Михаил ГаврильевичВ) Александров Лаврентий Лаврентиевич 6. θнньγөстэн А5а дойду сэриитигэр хас буойун барбытай?
А) 128
Б) 100
В) 141
7. θнньγөстэн А5а дойду сэриитигэр сылдьыбыттартан саамай элбэх бойобуой орденнаахтараА) В.И.Яковлев
Б) Л.Л.Александров
В) Г.Е.Павлов
8. θнньγөстэн А5а дойду сэриитигэр сылдьыбыт хас офицер баарый?
А) 17
Б) 14
В) 4
9. А5а дойду сэриитигэр θнньγөстэн барбыт буойуннартан хас киhи төннγбэтэ5эй?
А) 63
Б) 53
В) 72
10. Сэрии сылларыгар Ааллаах Yγннэ таhа5ас тиэйиитигэр сылдьыбыт хорсун кыргыттартан биирдэстэрэ, билигин биhиги нэhилиэкпитигэр олорор. Ол кимий?
А) Матвеева Акулина Владимировна- эбээ θкγлγγн
Б) Александрова Прасковья Павловна- эбээ БоккуойВ) Устинова Розалия Пантелеймоновна- эбээ Роза
VӀӀ. Рефлексия
Ханнык сана тыллары биллигит? Тугу себулээтигит? Маннай толорбут таблица5ыт хайдах буолла? Аныгыскы уруокка тугу кэпсэтиэххитин ба5ара5ыт?
Бэйэбит үлэбитин сыаналаныа5ыҥ:
Мин бүгүн биллим _________________________
__________________________________________________
Ордук интэриэhиргээтим______________________________________________________
Уруоктан сөбүлээбит этабым____________________
Ситэ өйдөөбөтүм________________________________________
- О5олоор, бугунну музей уруогар сылдьан баран туох тумуккэ кэллигит?
Мин эьиэхэ дьиэ5итигэр сорудах биэрэбин «Бырааттыылар бойобуой суолларынан» кинигэни библиотекаттан уларсан, тереппуттэргитин кытары ырытыьан бу таайбараны таайан миэхэ тиксэрээрин. Ким барытын сепке уонна тургэнник эппиэттээбит кыайыылаах буолуо.
Уруокпутун П.Одорусов тылларыгар уонна Бойлохов матыыбыгар “Тыыннаахтар умнубат сыллара “ диэн ырыанан тумуктуе5ун.
Дьиэ5э сорудах.. Таайбаран «Бырааттыы Никитиннэр»
«Бырааттыылар бойобуой суолларынан» кинигэнэн таайбаран таайыыта
Амма улууҺун Амма-Наахара нэҺилиэгиттэн төрүттээх бырааттыы Никитиннэр А5а дойду Улуу сэриитигэр хорсуннук сэриилэспиттэрэ: Михаил Семенович Никитин – «КыҺыл Сулус», «А5а дойду сэриитин 1 степеннээх уордьаннардаах, Василий Семенович Никитин - «КыҺыл Сулус», «А5а дойду сэриитин 2 степеннээх уордьаннардаах, Павел Семенович Никитин – «Yлэ КыҺыл Знамятын» «А5а дойду сэриитин 2 степеннээх уордьаннардаах. Бу таайбараҥ бойобуой уордьаннардаах бырааттыы Никитиннэргэ анаан оҥоҺулунна. Таайбараҥы таайарга «Бырааттыылар бойобуой суолларынан» Е.Н.Никитина кинигэтин туттуохпутТаайбараҥ «Бырааттыы Никитиннэр»
Ыйытыктар:
Туруору:
13. БаҺылай Никитин Амма оройуонун хаҺыатыгар киминэн үлэлээбитэй? (редактор)
4. Байбал Никитин сааҺыран баран ханна үлэлээбитэй? (музей)
12. Никитиннэр Амма улууҺун Амма-Наахара нэҺилиэгэр ханнык сиргэ олорбуттарай?(Дьыбадаах)
14. Байбал Никитин үрдүкү партийнай оскуола5а ханна үөрэммитэй? (Новосибирск)
9. Михаил Никитин ханнык дойдуга тиийбитигэр А5а дойду сэриитэ түмүктэммитэй? (Венгрия)
Сытыары:
7. Михаил А5а дойду сэриитигэр хомуурга түбэҺэн, Иркутскай куоракка тиийэн убайын лейтенант БаҺылайы көрсөр. Кинилэр ханнык күөлгэ көрсүспүттэрэй? (Чэбэр)
2. Бырааттыы Никитиннэртэн А5а дойду сэриитигэр кыргыҺыы толоонугар хайалар геройдуу охтубутай? (Баьылай)
3. Никитиннэр дьиэ кэргэннэрэ хас о5олоо5ой? (алта)
1. Никитиннэр ийэлэрин аата ким диэний? (Балбаара)
5. Байбал Никитин А5а дойду сэриитигэр ким этэй? (разведчик)
6.Никитиннэр элбэх о5олоох буоланнар, БаҺылайы кытта кими ыалга ииттэрэ биэрбиттэрэй?(Ааныс)
8. БаҺылай Нкитин бойобуой суолун ханнык нуучча суруйааччыта кинигэтигэр суруйбутай?(Сомов)
10. Михаил А5а дойду сэриитин кэнниттэн ханнык куоракка үрдүкү финансовай кууруска үөрэммитэй?(Ленинград)
11. Байбал Никитин А5а дойду сэриитигэр хосуннук сэриилэспитэ. Ɵссө ханна сэриилэспитэй? (Япония)
4
7 5 2 14 3 6 12 1 8 9 10 11