Программа внеаудиторной деятельности по духовно-нравственному направлению Олонхо кыыhа 1 класс


МР «Верхневилюйский улус (район)»
МКУ Управление образования
МБОУ «Дюллюкинская СОШ»
«РАССМОТРЕНО» на заседании МО
Протокол № ___
« ___ » _____________ 2015г.
«СОГЛАСОВАНО»
зам. директора по УР:
_____________ /Санникова С.П./
« ___ » _____________ 2015г.
«УТВЕРЖДАЮ»
Директор ОУ:
____________ /Кардашевский С.Н./
« ___ » _____________ 2015г.





Рабочая программа
курса внеаудиторной деятельности
«Олоҥхо кыыһа»
по духовно-нравственному направлению
для 1 б класса
на 2015 - 2016 учебный год
Учитель:
Софронова Мария Иосифовна.
2015
с. Дюллюкю
Ӏ. Быһаарыы сурук

1 б кылаас – ураты кылаас, кыыс оҕо кылааһа буолар. Кылаас коллективын түмүү, эбии дьарыктары ыытарга үлэ хайысхатын кыыс оҕоҕо дьүөрэлээн тэрийии ураты хайысхалаах үлэни эрэйэр. Ол иһин уруок таһынан ыытыллар үлэ биир чааһын олоҥхо педагогикатын кэнсиэпсийэтигэр тирэҕирэн ыытарга анаан “Олоҥхо кыыһа” программа оҥоһулунна. Маны сэргэ “Олоҥхо кыыһа” программа ФГОС-ка, «Россия гражданинын личноһын сиэрин-майгытын сайыннарыыга уонна иитиигэ концепциятыгар» олоҕурар.
1 кылааска киирбит оҕо тугу барытын сонургуу көрөр, киниэхэ барыта саҥа эйгэ буолар. Олоҥхо геройдарын билиитэ күннээҕи олоҕуттан атын, саҥа хайысха буолар. Маныаха оҕо дьиэтигэр төрөппүттэрин, оскуолатыгар учууталларын көмөтүнэн уруок таһынааҕы үлэ бастакы таһымын ситиһэр.
Кыыс оҕо олоҥхоттон духуобунас, сиэр-майгы үтүө өрүттэрин, ытык өйдөбүллэрин иҥэриннэҕинэ иитэр-сайыннарар үлэ көдьүүһэ ордук буолуо. Кыыс оҕо олоҥхо биһиримнээх уонна омсолоох холобурдарынан тута-хапта сылдьыы үтүө уонна мөкү өрүттэрин өйдүүр, быһаарар, билэр, ылынар, олоҥхо туһунан ылбыт билиитинэн дьон-сэргэ олоҕор кыттар, араас араҥа дьонун-сэргэтин ортотугар билиитин туһанан сиэрдээх быһыыны олохтуур, олоххо-дьаһахха туһалаах үлэ көрүҥэр кыттар.
Сүрүн сыал: кыыс оҕоҕо олоҥхо педагогикатынан киһилии киһи хаачыстыбаларын олохсутуу, оҕо күннээҕи олоҕор олоҥхоттон ылбыт билиитин туһанарын ситиһии.
Соруктар:
– кыыс оҕо олоҥхоттон ылбыт билиитин-көрүүтүн олоххо туһанар усулуобуйатын олохтооһун;
– саха героическай эпоһыгар олоҥхоҕо хоһуллар дириҥ билиилэр (холобура, сиэрдээх майгы, куйаар киэлитэ, олоҕу анаарыы о.д.а.) үөрэнээччигэ аан дойду туһунан кэлим өйдөбүл олохсуйарыгар тирэх буоларын ситиһии, онуоха кыыс оҕо ис кыахтарын угунннарыы;
– кыыс оҕо олоҥхо педагогикатыгар ылбыт билиилэрин иҥэринэн үтүөнү айар, оҥорор баҕатын уһугуннарыы; олоххо көхтөөх буоларын ситиһии;
– кыыс оҕо олоҥхоттон билбитин сааһыланарыгар, олоххо туһанарыгар, дьоҥҥо тарҕатарыгар эппиэтинэстээх буоларыгар иитии-такайыы.
“Олоҥхо кыыһа” программа сылга 34 чааска аналлаах, нэдиэлэҕэ 1 чаас ыытыллар.


ӀӀ. Тиэмэлэринэн наардааһын
№ Тиэмэлэр Чааһа Үөрэнээччи үлэтин ис хоһооно
Олоҥхо кыыһа – Айыы кыыһа 1 Олоҥхоҕо айыы кыыһын уобараһа киһилии киһини иитии идеала буоларын ылыныы. Айыы кыыһын сайаҕаһын, үтүө санаатын, сырдык баҕатын бэйэҕэ иҥэринии. Бэйэ майгытын олоҥхо тылынан уустаан-ураннаан ойуулааһын. Өбүгэ ыалдьытымсах үгэһин иҥэринии, асчыт буоларга бастакы олуктары ылыныы. Айыы кыыһын үтүө дьүһүнэ, ыллыктаах саҥата. Суунар-тараанар, хомунар буолары ылыныы. Айыы кыыһын болҕомтолоох, истиҥ-иһирэх иэйиилээх майгытын иҥэринии. Истибити иҥэринэр, толкуйдуур, өйгө тутар дьоҕура. Кыыс оҕо ийэ буолар аналын иҥэринии. Сахалыы таҥаһы сэргээһин. Өбүгэ сиэрин-туомун үөрэтии. Айыы кыыһын кырдьаҕаска, төрөппүттэргэ кыһамньыта, балыс саастааххха сыһыана. Тугу эмэ кэрэни кэрэхсиири-биһириири биллэрии уонна сэҥээрии. Олоххо бэйэ суолтатын билии. Чэис туһунан өйдөбүлү ырытыһыы. Айыы кыыһын оҥоруон, саҥарыан иннинэ толкуйдуур, буолбут быһыыны-майгыны таба сыаналыыр, хас да түбэлтэни тэҥниир, бэйэтин хонтуруолланар, оҥорбутугар сыана бэринэр дьоҕура. Кыыс оҕо сайдар сааһын ылыныыта, бэлэм буолуута. Олоҥхо дойдутун кыыһа буоларынан киэн туттуута.
Айыы кыыһын аһаҕас, сайаҕас майгыта 1 Айыы кыыһын ыалдьытымсаҕа 2 Айыы кыыһа иэйиини уһугуннарар дьоҕура 3 Айыы кыыһын бэйэтин көрүнүүтэ 4 Айыы кыыһын дьоҕура 3 Айыы кыыһын толкуйдуур дьоҕура 3 Айыы кыыһын таҥаһа-саба 4 Айыы кыыһа сиэри-туому үөрэтэр 2 Айыы кыыһа кэрэни кэрэхсиирэ 2 Айыы кыыһа ыараханы уйар дьоҕура 2 Айыы кыыһа санаатын сааһылыыр дьоҕура 3 Айыы кыыһа сайдар сааһа 3 “Олоҥхо дойдутун кыыһабын” 1 Барыта 34 ӀӀӀ. Үлэ ис хоһооно
Олоҥхо кыыһа – Айыы кыыһа. 1 ч. Саха кыыһа, олоҥхо кыыһа, Айыы кыыһа ытык өйдөбүллэри билиһиннэрии.
Айыы кыыһын аһаҕас, сайаҕас майгыта 1 ч. Олоҥхоҕо айыы кыыһын уобараһа – киһилии киһини иитии идеала. Айыы кыыһын сайаҕаһа, үтүө санаата, сырдык баҕата.
Айыы кыыһын ыалдьытымсаҕа 2 ч. Өбүгэ ыалдьытымсах үгэһэ. Кыыс оҕо – айылҕаттан бэриллэр асчыт талаана. Алаадьылааһын – өбүгэ бастыҥ үгэһэ. Салама.
Айыы кыыһа иэйиини уһугуннарар дьоҕура 3 ч. Айыы кыыһын үтүө дьүһүнэ, ыллыктаах саҥата. Кыыс быһыыта-таһаата. Кыыс оҕо тутта-хапта сылдьыыта.
Айыы кыыһын бэйэтин көрүнүүтэ 4 ч. Кыыс оҕо айылҕаттан чэнчис. Суунуу-тарааныы, хомунуу. Кыыс оҕо суһуоҕа.
Айыы кыыһын дьоҕура 3 ч. Айыы кыыһын болҕомтото. Кыыс оҕо истиҥ, иһирэх иэйиитэ. Түс-бас тыла-өһө.
Айыы кыыһын толкуйдуур дьоҕура 3 ч. Истибити иҥэринии. Толкуйдуур, өйгө тутар дьоҕур. Дьоҕуру сайыннарыы.
Айыы кыыһын таҥаһа-саба4 ч. Өбүгэ төрүт таҥаһын уратыта. Сахалыы таҥас билиҥҥи кэмҥэ. Бэйэҕэ сөптөөхтүк таҥнар дьоҕур.
Айыы кыыһа сиэри-туому үөрэтэр 2 ч. Өбүгэ сиэрэ-туома. Билсиһии, туһулуу: ийэҕэ, аҕаҕа; кырдьаҕас киһиэхэ; балыс саастаахха.
Айыы кыыһа кэрэни кэрэхсиирэ 2 ч. Кэрэхсээһин: тугу эмэ, кими эмэ биһириири биллэрии; сэҥээрии. Олоххо бэйэ суолтатын торумнааһын.
Айыы кыыһа ыараханы уйар дьоҕура 2 ч. Чиэс туһунан өйдөбүл. «Сөп – сыыһа» өйдөбµллэр.
Айыы кыыһа санаатын сааһылыыр дьо±ура 3 ч. Оҥоруон, саҥарыан иннинэ толкуйдааһын. Буолбут быһыыны-майгыны таба сыаналааһын. Хас да түбэлтэни тэҥнээһин. Бэйэни хонтуруолланыы, оҥорбукка сыана бэринии.
Айыы кыыһа сайдар сааһа. 3 ч. Кыыс оҕо анала. Бэлэм буолуу. Бэйэни көрүнүү.
“Олоҥхо дойдутун кыыһабын” 1 ч. Түмүктүүр дьарык.
ӀV. Үөрэнээччи билиитин таһымыгар сүрүн ирдэбиллэр
«Олоҥхо кыыһа » кууруска дьарыктаммыт оҕо сыл бүтэһигэр:
– олоҥхо сайыннарар, үөрэтэр-такайар, биллэрэр кыаҕын таба туһанан, киһи аймах олоҕу салгыыр аналлааҕын, киһи олох олорор туһугар көмүскүүр уонна көмүскэнэр, араҥаччылыыр аналын тиэрдэр төрүт өйдөбүллэри таба көрөн өйдүүр;
– кыыс оҕо уратытын, олоххо аналын өйдүүр, ылынар;
– бэйэтин көрүнэр, сөпкө сыаналанар;
норуот үтүө үгэстэрин, сиэрин - туомун, кэһиллибэт быраабылаларын тутуһар;
– олоҥхо төрүт өйдөбүллэрин ис хоһоонун билэр, сатаан туһанар буолуохтаах.
V. Дьарыктаныы түмүктэрэ
1. Тус бэйэҕэ дэгиттэр үөрүйэхтэр (личностные УУД):
айыы кыыһын сайаҕаһа: үтүө санаата; сырдык баҕата.
айыы кыыһын ыалдьытымсаҕа: асчыт.
айыы кыыһа кэрэни кэрэхсиирэ: бэйэ суолтатын билэрэ.
айыы кыыһа ыараханы уйар дьоҕура: чиэс туһунан өйдөбүлэ; «сөп – сыыһа» өйдөбүллэрин чопчу билэрэ, быһаарара.
айыы кыыһын сэмэйэ: түс-бас тыла-өһө; чабыламмат майгыта.
2. Салайыыга дэгиттэр үөрүйэхтэр (регулятивные УУД):
айыы кыыһа иэйиини уһугуннарар дьоҕура: үтүө дьүһүннээх; ыллыктаах саҥалаах.
айыы кыыһын бэйэтин көрүнүүтэ: суунар-тараанар; хомунар.
айыы кыыһын дьоҕура: болҕомтолоох; истиҥ, иһирэх иэйиилээх.
айыы кыыһа санаатын сааһылыыр дьоҕура: оҥоруон, саҥарыан иннинэ толкуйдуур; буолбут быһыыны-майгыны таба сыаналыыр; хас да түбэлтэни тэҥниир.
бэйэтин хонтуруолланара: оҥорбутугар сыана бэринэр.
3. Билиигэ-көрүүгэ дэгиттэр үөрүйэхтэр (познавательные УУД):
айыы кыыһа үчүгэйи иҥэринэр дьоҕура.
айыы кыыһын толкуйдуур дьоҕура: истибитин иҥэринэр; толкуйдуур; өйгө тутар.
айыы кыыһын толкуйун таһыма: аттаран толкуйдуур; быһааран толкуйдуур; толкуйун сайыннарар.
айыы кыыһа сайдар сааһа: харах аһыллыыта.
4. Си бэлиэҕэ дэгиттэр үөрүйэхтэр
ийэ, аҕа, кыыс (олоҥхо ыала) бары сахалыы таҥастаахтар.
айыы кыыһа сиэри-туому үөрэтэр.
сахалыы таҥастаах, уһун суһуохтаах кыыс.
хатыҥ, салама.
5. Бодоруһууга дэгиттэр үөрүйэхтэр (коммуникативные УУД):
билсиһии: туһулуу: ийэҕэ, аҕаҕа; кырдьаҕас киһиэхэ; балыс саастаахха; кэрэхсээһин: тугу эмэ, кими эмэ биһириири биллэрии; сэҥээрии.
көрдөһүү; кэрэхсээһин.

Тустаах үөрэх предметин үөрэтии түмүгэ:
Олоххо көхтөнөр, бэйэтигэр эппиэтинэстээх буоларга иитиллэр.
Ийэ өйө олохсуйар, толкуйа сайдар.
Сиэрдээх майгыта, кэрэ сигилитэ олохсуйар.
Кута-сүрэ бөҕөргүүр, олоххо тирэх булар кыаҕа олохсуйар.
VӀ. Дьарыктаныы түмүктэрин хонтуруоллааһын
Дьарыктаныы көдьүүһүн үрдэтэр сыалтан хонтуруол араас көрүҥэ туттуллар:
үөрэнээччи бэйэтин хонтуруолланыыта: бэйэ майгытыгар-сигилитигэр сыанабыл биэрии; сыал-сорук туруорунуу;
күннээҕи хонтуруол: хас дьарык аайы үөрэнээччини кэтээн көрүү, сыалын-соругун ситиһэригэр сөптөөх хайысханы тутуһарын ситиһии;
дьарыктар икки ардыларынааҕы хонтуруол: үөрэнээччи ыытыллар дьарыктарга хайдах туруктаах кэлэрин-сылдьарын кэтээн көрүү;
кэтээн көрүү көмөтүнэн сөптөөх сүбэ, хайысха тобулуу.

VII. Календарнай-тематическай былаан
№ Тиэмэтэ Чааһа Үөрэнээччи үлэтин көрүҥнэрэ Күнэ-дьыла
былаан факт
Олоҥхо кыыһа – Айыы кыыһа 1 Олоҥхоҕо айыы кыыґын уобараһа киһилии киһини иитии идеала буоларын ылыныы. Айыы кыыһын сайаҕаһын, үтүө санаатын, сырдык баҕатын бэйэҕэ иҥэринии. 02.09. Айыы кыыһын аһаҕас, сайаҕас майгыта 1 09.09. Ыалдьыты көрсүү сиэрэ. 1 Өбүгэ ыалдьытымсах үгэһин иҥэринии, асчыт буоларга бастакы олуктары ылыныы. Кыыс оҕо – айылҕаттан бэриллэр асчыт талаанын сайыннарар. Алаадьылааһын – өбүгэ бастыҥ үгэһэ буоларын билэр, араас буһарар ньымалары сатыыр. Саламаны ыйааһын сиэрин билэр. 16.09. Өбүгэлэрбит астара. 1 23.09. Айыы кыыһа иэйиини уһугуннарар дьоҕура 1 Бэйэ майгытын олоҥхо тылынан уустаан-ураннаан ойуулааһын. Айыы кыыһын үтүө дьүһүнүгэр, ыллыктаах саҥатыгар тардыһар. Кыыс оҕо быһыытын-таһаатын уратытын ылынар. Кыыс оҕо тутта-хапта сылдьыытын уратытын ылынар. 30.09. Айыы кыыһын үтүө дьүһүнэ 1 07.10. Кыыс оҕо тутта-хапта сылдьыыта 1 14.10. Айыы кыыһын бэйэтин көрүнүүтэ 1 Кыыс оҕо айылҕаттан чэнчис буоларын ылыныы. Кыыс оҕо киэргэлэ суһуох буоларын туһунан кэпсэтиигэ кыттар. Суһуоҕу көрүү-харайыы туһунан билиитин хаҥаттар. Кыыс оҕо суһуоҕун
оҥосторугар араас ньымалары сатыырга кыһанар. Суунар-тараанар, хомунар буолары ылыныыта. 21.10. Кыыс оҕо айылҕаттан чэнчис. 1 28.10. Кыыс оҕо суһуоҕа. 1 11.11. “Кыыс оҕо суһуоҕа” бырыйыак
1 18.11. Айыы кыыһын дьоҕура 1 Бэйэ талаанын сайыннарыы. Болҕомтону эрчийии. Истиҥ, иһирэх иэйиини иҥэринэр. Түс-бас тыллаах-өстөөх буоларга дьулуһуу. 25.11. “Мин сөбүлүүр дьарыгым” 1 02.12. Алгыс тыллар. Ох тыллар. 1 09.12. Айыы кыыһын толкуйдуур дьоҕура 1 Истибити иҥэринэр, толкуйдуур, өйгө тутар. Дьоҕурун сайыннарар.
16.12. Таабырыннаһыах 1 23.12. “Өркөн өй” күрэх 1 13.01. Айыы кыыһын таҥаһа-саба 1 Сахалыы таҥаһы сэргээһин, киэн туттуу. Өбүгэ төрүт таҥаһын уратытын бэлиэтиир. Сахалыы таҥаһы билиҥҥи кэмҥэ сайыннарарга хайысхалары көрдүүргэ санаатын этэр. Бэйэҕэ сөптөөхтүк таҥнар дьоҕуру сайыннарыы. 20.01. Өбүгэ төрүт таҥаһын уратыта. 1 27.01. Сахалыы таҥас билиҥҥи кэмҥэ. 1 03.02. “Саха таҥаһа” күрэх 1 10.02. Өбүгэ сиэрэ-туома 1 Кэпсэтиигэ кыттыы. Туһулуу: ийэҕэ, аҕаҕа; кырдьаҕас киһиэхэ; балыс саастаахха туһулааһын уратыларын араарар, күннээҕи олоҕор туттар. 17.02. Билсиһии сиэрэ 1 24.02. Айыы кыыһа кэрэни кэрэхсиирэ 1 Тугу эмэ кэрэни кэрэхсиири-биһириири биллэрии уонна сэҥээрии. 03.03. Сэҥээрии сиэрэ. 1 10.03. Айыы кыыһа ыараханы уйар дьоҕура 1 Айыы кыыһын болҕомтолоох, истиҥ-иһирэх иэйиилээх майгытын иҥэринии. Чиэс туһунан өйдөбүлү ырытыыга кыттар, санаатын толору этэр. «Сөп – сыыһа» өйдөбүллэри араарар. 17.03. «Сөп – сыыһа» өйдөбүллэр. 1 07.04. Айыы кыыһа санаатын сааһылыыр дьоҕура 1 Айыы кыыһын кырдьаҕаска, төрөппүттэргэ кыһамньыта, балыс саастаахха сыһыана. Оҥоруон, саҥарыан иннинэ толкуйдааһын диэн өйдөбүлү ырытар. Буолбут быһыыны-майгыны таба сыаналааһын. Хас да түбэлтэни тэҥнээһин. Бэйэни хонтуруолланыы, оҥорбукка сыана бэринии. 14.04. Тоҕус төгүл тоҕо? 1 21.04. “Мин - эдьиийбин (балыспын) ” 1 28.04. Айыы кыыһа сайдар сааһа 1 Олоххо бэйэ суолтатын билии. Кыыс оҕо ийэ буолар аналын иҥэринии, бэлэм буолууга олук уурунуу. Бэйэни көрүнүү туһунан кэпсэтиигэ кыттыы, ырытыһыы. 05.05. Кыыс оҕо анала. 1 12.05. “Мин улааттахпына” 1 19.05. “Олоҥхо дойдутун кыыһабын” бырайыак 1 Олоҥхо дойдутун кыыһа буоларынан киэн туттуу. Олоххо бэйэ суолтатын торумнааһын. 26.05.
VIII. Υөрэх предметин үөрэтэр-методическай кэмпилиэкДьарыктанарга туттуллаллар:
«Олоҥхону оонньуунан» (дидактическай оонньуулар).
Олоҥхо дойдута – Земля Олонхо: П.А.Ойуунускай олоҥхотунан кырачааннарга ойуу-кинигэ / Н.Е.Явловская ойуулара; [хомуйан оҥордо Е.П.Чехордуна]. - Дьокуускай: Бичик, 2006. – 64 с.
Алын кылаас үөрэнээччилэригэр аналлаах “Олоҥхо дойдута” кинигэ серията: Тимофеев-Теплоухов И. Кулун Куллустуур, Оросин К. Дьулуруйар Ньургун Боотур, Бурнашев И. – Тоҥ Суорун. Дыырай Бөҕө.
ӀX. Үөрэх предметин материальнай-техническэй хааччыйыыДьарыгы тэрийиигэ туттуллаллар:
Кылаас библиотекатын фондатыгар олоҥхо тиэкистэрэ;
Алын кылаас үөрэнээччитигэр СанПиН көҥүллүүр үөрэх электроннай матырыйааллара.
Дьарыкка туһаныллар техническэй тэриллэр:
MSI многофункциональнай компьютер;
Hitachi CP-X2514WN мультимедийнай проектор.