Эр дьон – ферма тутаах ?лэ?иттэрэ. Улууска тыа ха?аайыстыбата сайдарыгар ?г?с сыраларын биэрэн ?лэлээбит эр дьон Амма- Наахара нэhилиэгэр элбэхтэр
Научнай -практическай конференция
Эр дьон – ферма тутаах үлэһиттэрэ
Үлэни толордо:
Амма улууhун П.И.Яковлев аатынан
Амма – Наахара орто оскуолатын
7 кылаас үѳрэнээччитэ Аргунов Арсен
Салайааччы Макарова М.П.,
саха тылын уонна литературатын учуутала
Ѳнньүѳс, 2016с.
Киириитэ
Улууска тыа хаһаайыстыбата сайдарыгар үгүс сыраларын биэрэн үлэлээбит эр дьон Амма- Наахара нэhилиэгэр элбэхтэр. Республикаҕа 60-с, 70-с сылларга ѳлгѳм үүтү ыырга, эмис эти ыларга фермаҕа тылланан тахсыбыт, үүт ыаhыныгар 5 тыhыынчалаах кирбиини бастаан ылбыт, эр дьон фермаҕа үлэлии тахсалларын бастакынан саҕаласпыт Социалистическай Үлэ Геройа Петр Ионович Яковлев үтүө холобура элбэх батыһааччылардаах буолбута, эр дьоннор уонна уолаттар көҕүтүһэ – көҕүтүһэ фермаҕа тахсыылара маассабай көрүңнэммитэ. Петр Ионович быһаччы производствоҕа тахсан баран атыттары ыңырар, угуйар маяк буолбутун биһиги эбэлэрбит, эhэлэрбит кэпсииллэр . Кини аата билигин да умнуллубат. Мэлдьи үтүө холобурга ахтыллар.
Бу үлэбитигэр араас кэмнэ фермҕ5а ыанньыксыттаабыт, ньирэй кѳрбүт, скотниктаабыт, бостууктаабыт эр дьоннору ахтан, сырдатан суруйдубут.
Үлэм сыала - соруга:
- Фермаҕа үлэлээбит эр дьону сырдатыы.
Актуальноһа:
-Фермаҕа үлэлээбит эр дьон үлэлэрин киэң араңаҕа таhаарыы;
-Кэнчээри ыччаты үлэҕэ иитиигэ биһиги эһэлэрбит, а5аларбыт, убайдарбыт үлэлэрин холобур оностуу.
Яковлев Петр Ионович олоҕо – үтүѳ холобур.
Яковлев Петр Ионович 1921 сыллаахха олунньу 23 күнүгэр Амма оройуонун Амма – Наахара нэһилиэгэр Дьыбыдаах үрэҕин баһыгар дьадаҥы дьиэ кэргэҥҥэ 7-с о5онон төрөөбүтэ.
Аҕата Николай Николаевич Леонтьев, ийэтэ Семенова Вера Петровна оҕото суох чугас аймахтарыгар, Ульяна Васильевна уонна Ион Павлович Яковлевтарга ииттэрэ биэрбиттэрэ. Кинилэр Петя 5 – 6 саастааҕар утуу – субуу өлбүттэрэ, ииппит аҕата 14 саастаа5ар өлбүтэ. Ииппит ийэтэ Ульяна Васильевна дьонун кытта олоро көспүтэ.
1931 cыллаахха Таҥхаҕа чааһынай оскуола аһыллыбыта. Петя онно ааҕарга үөрэммитэ. 1939 сыллаахха Өнньүөс сэттэ кылаастаах оскуолатын ситиһиилээхтик бүтэрбитэ. 1940 – 1941 үөрэх сылыгар Дьокуускайдааҕы педагогическай училище библиотечнай отделениетыгар бастакы куурсугар үөрэнэ киирбитэ. Ол сааһыгар Аҕа дойду Улуу сэриитэ саҕаланар.
1941 сыллаахха атырдьах ыйын 18 күнүгэр Кыһыл Армияҕа ыҥырыллар. 235 стрелковай дивизия 801 стрелковай полкатын састаабыгар сылдьыбыта. Кыанар, хоодуот саллаат разведчигынан анаммыта. Ыараханнык бааһыран Тула куоракка госпитальга алта ый эмтэнэн, 1944 сыллаахха төрөөбүт дойдутун булбута.
1944 сыллаахха үөрэммит оскуолатыгар учууталынан ананан үлэтин саҕалаабыта. Кэлиэҕиттэн 1960 сылга диэри, 16 сыл оҕолору билии – көрүү кыһатыгар үөрэппитэ, эт – хаан өттүнэн сайыннарбыта, киһи быһыытынан үчүгэй хаачыстыбаны ииппитэ.
1960 сыллаахха дойду үрдүнэн тарҕаммыт Валентина Гаганова бачыыма эдэр ыччат сэҥээриитин ылбыта. Ол бачыымы олоххо киллэрэн Петр Ионович үлэ көрдөрүүтүн өрө тарда, дьону кытта үлэлэһэ тыа хаһаайыстыбатыгар үлэлии тахсаллар.
Бу кэмҥэ Амма – Наахара нэһилиэгин уопсай сүөһүтэ Таҥханан, Ымыйахтааҕынан, Хомустааҕынан кыстыктанан, сайылыктанан олороро. 1957 сыллаахтан “Амма” совхозка Өнньүөс отделение быһыытынан холбоспута. Сыллаахха Өнньүөс отделениета “Болугур” совхозка киирбитэ.
П.И. Яковлев күүһү түмэн, кииннээн Өнньүөскэ элбэх сүөһү турар хотоно тутуллуутун туруорсубута. Ынахтар сылаас ууну автопоилкаттан уулууллара, дэлэй аһылыктарын вагонетканан аҕалаллара, ынахтары ыыр доилкалар туруоруллубуттара, ынах хойуутун таһаарарга вагонеткалар бааллара. Манна барытыгар VII,VIII, IX ыҥырыылаах Верховнай Совет быыбарыгар депутатынан талыллан үлэлээбит П.И. Яковлев өҥөтө элбэх.
1968 сыллаахха ыччат – комсомольскай фермата “Юбилейнай” диэн сүрэхтэммитэ. “Юбилейнай” ферма саҕалааччыларынан буолбуттара: Алексеева Мария Евсеевна, Васильева Галина Ивановна, Диодорова (Кузьмина) Анастасия Васильевна, Макарова (Филиппова) Евдокия Устиновна, Никитина (Гаврильева) Матрена Гаврильевна, Филиппова Варвара Владимировна, Чемокин Петр Иннокентьевич, Яковлев Николай Петрович, Яковлев Сергей Александрович.
П.И. Яковлев боростуой, болҕомтолоох майгылааҕа. Туох, ханна, хаһан буолуохтааҕын бастакы сүбэһитэ кэргэнэ Матвеева Мария Захаровна буолара. Мария Захаровна идэтинэн начальнай кылаас учуутала. Кини илиитин нөҥүө элбэх оҕо ааҕар, суруйар, суоттуур буолан ааспыттара. Сайын аайы сайылыкка тахсыһара, илии- атах, сүбэ – ама буолара. Петр Ионович олус чиэһинэй үлэһит этэ уонна коллективын оннук тыыҥҥа иитэрэ. Шадрин Николай Васильевич ахтыытыттан: “Биирдэ Петр Ионович эбиэтигэр доҕоро түбэһэн чэйдэспит, онуоха кини хара чэйи, килиэби кэнсиэрбэни кытта ууран аһаппыт. Киһитэ хас биирдии ынахтан тахса киилэ үүтү ыыр ыанньыксыт эбиэтиттэн сөҕө санаабытын биллэрбит. Петр Ионович доҕоругар үүт государство киэнэ буоларын, ону сии – аһыы олорор сатамматын быһаарбыт”. Кини маннык үтүө хаачыстыбаларын этэ – такыйа да сылдьыбатар, тус бэйэтин холобурунан бары өттүнэн ыччаты иитэ сырыттаҕа.
1976 сыл ахсынньы 23 күнэ. Амма – Наахара нэһилиэгин историятыгар умнуллубат түгэн. Петр Ионович Яковлевка үһүс “Ленин” орденын кытта , “Сиэрпэ уонна Өтүйэ” кыһыл көмүс мэтээли анаан туран Социалистическай Үлэ Геройун аата иҥэриллибитэ.
1978 сыл олунньу ый. Мария Захаровна, Петр Ионович оҕолорунаан олохторугар умнуллубат түгэн буолбута. Үлэ Геройугар Саха сирин киин куоратыгар Дьокуускайга толору хааччыллыылаах таас дьиэ биэрбиттэрэ. Сааһыары ыарахан ыарыыттан Мария Захаровна сырдык тыына быстыбыта. Ол сыл күһүнүгэр кыра уоллара Николай ыалдьан олохтон туораабыта. Кыһыныгар сэтинньи 7 күнүгэр 1978 сыллаахха, баара – суоҕа 57 сааһыгар, Петр Ионович сүрэҕэ тохтообута.
Олох ыччаттарынан салҕанар. Петр Ионович кыра уола Николай Петрович 1972 сыллаахха Абрамова Варвара Алексеевнаны кэргэн ылан ыал буолан төрөппүтэрин үөрдүбүтэ. 1973 сыллаахха Колялаах Варя уоламмыттара. Петр Ионович бэйэтин аатын уонна Мария Захаровна эһэтин аатын биэрэн Петя диэн ааттаабыттара. Онон Мария Захаровна, Петр Ионович эбээ, эһээ буолуу үөрүүтүн сиэннэнэн билбиттэрэ. Варвара Алексеевна кырачаан Петятынаан дойдутугар Мындаҕаайыга олохсуйа барбыттара. Онон Петя оҕо сааһа, оскуолатааҕы сыллара, ыал буолбут кэрэ кэмнэрэ ийэтин дойдутугар ааспыта. Үс кыыс , биир уол оҕолоохтор. Петр Ионович улахан уола Юрий Петрович кэргэннэнэн Дьокуускай куоракка олохсуйбута, идэтинэн суоппар. Орто уол Захар Өнньүөскэ рабочайдаабыта, ыалдьан өлбүтэ.
Социалистическай Үлэ Геройун аата үйэлэргэ ааттана туруо. Кинини төрөөбүт – үөскээбит Амма – Наахаратын дьоно умнубат, кининэн киэн туттар, кини аатын үйэтитэргэ үлэлэһэр. Өнньүөс киин уулуссата Герой П.И.Яковлев аатын сүгэр. Бөһүөлэк киинигэр сэрии, тыыл ветераннарыгар анаммыт “Кыайыы” болуоссатыгар П.И. Яковлев бронзовай бюһа мраморнай подстамеҥҥа үйэ- саас тухары туруорулунна. Амма – Наахара орто оскуолата П.И. Яковлев аатын сүгэр. Үйэ – саас тухары П.И. Яковлев дьыалата, үлэтэ үтүө холобур буолан көлүөнэттэн көлүөнэҕэ бэриллэ туруо.
Эр дьон ферма5а солбуллубат үлэһиттэр
Петр Ионович Яковлевтан (Дьуонабыстан) са5алаан эр дьон ыанньыксытынан үлэлииллэрэ элбээн испитэ. Александров Игнатий Игнатьевич, Алексеев Петр Иванович, Устинов Вячеслав Михайлович, Васильев Василий Васильевич, Антипин Николай Терентьевич, Мартынов Дмитрий Никанорович, Васильев Владимир Полуэктович, Константинов Владислав Сергеевич, Ефремов Гаврил Иванович, Константинов Николай Сергеевич, Филиппов Семен Денисович, Никитин Владимир Александрович, Стручков Алексей Алексеевич, Пахомов Юрий Александрович курдук эр дьон ферма ыарахан үлэтигэр ыанньыксытынан үлэлээбиттэрэ.
Ферма ис – тас үлэтигэр эрчимнээх, күүстээх – уохтаах эр киһи илиитэ тиийбэтин билэн, ылыннарыылаах тыллаах Петр Ионович ферма коллективыгар эр дьоннор күүстэрин түмпүтэ. Кырдьык да дьоно бииртэн биир бастыңнар этилэр. Үлэ режимин тутуһар, ылыммыт үрдэтиллэн иһэр эбэһээтилистибэлэрин дьаныһан толорор, бэйэлэрин үлэлэригэр бастыңнар уопуттарын киллэрэр бөһүөлэк бастың ыччат дьонноро этилэр: Дмитрий Николаевич Гаврильев – дизелист, Павлов Семен Иванович – моторист, Николай Афанасьевич Ефремов – водовоз, үүт таһааччы, Васильев Иван Иванович – водовоз, Васильев Василий Иванович – тракторист, Пахомов Алексей Дмитриевич – уу баһааччы, Дмитриев Николай Николаевич, Никифоров Павел Петрович, Никифоров Файзул Спиридонович, Макаров Николай Тихонович – бостууктар,скотниктар, Михайлов Эдуард Афанасьев «Ымыйахтаахха» ыччат сүөһүнү көрөөччү, уһун сылларга от –мас тиэйээччи тракторист, Кузьмин Петр Терентьевич, Кузьмин Аркадий Федорович – трактористар, Устинов Елисей Егорович – тракторист, көөнньөрбө оңорооччу,Захаров Степан Константинович сайыннары – кыһыннары солбуллубат көөнньөрбө оңорооччу, кэлин көөнньөрбө оңорооччулар наставниктара, ньирэй көрөөччү, Антипин Николай Терентьевич – Петр Ионович ынахтарын эрэнэн туттаран хаалларбыт, эрэллээх ыанньыксыта, «Бочуот знага» орден кавалера . Николай Терентьевич «Юбилейнай» ферма5а старшайынан үлэлээбитэ. Николай Терентьевич сүрдээх эппиэтинэстээх үлэһит, дьону түмэр талааннаах, бииргэ үлэлиир дьонугар истин сыһыаннаах киһи этэ, үлэ миэстэтин табан туруорар буолан үлэлэрэ таһаарыылаах буолара, ферма ыанньыксыттара биирдии ынахтан 2000-н тахса килограмм үүтү ыабыттара. Николай Терентьевич хас биирдии ына5ыттан 4000 кг үүтү, Устинов Вячеслав Михайлович 2000- н кг үүтү ыабыттара. Скотнигынан ѳр сылларга Никифоров Файзул Спиридонович, Васильев Василий Васильевич үтүѳ суобастаахтык үлэлээбиттэрэ. Николай Терентьевич үлэлиир кэмнэригэр Пахомова Мария Петровна, Егорова Виктория Николаевна, Захарова Валентина Васильевна, Пахомов Юрий Александрович, Захаров Степан Константинович бааллара.
Ферма5а 21 сыл биригэдьииринэн үлэлээбит Макаров Спартак Павлович ахтар:
«П.И. Яковлев кэнниттэн « Юбилейнай» ферманы Николай Терентьевич Антипин салайан үлэлэппитэ.1979 сыллаахха үөрэхпин бүтэрэн кэлэн биригэдьиирдиирбэр коллектив таһаарыылаахтык үлэлиирэ. П.И. Яковлев опытын батыһан ына5ы аһатыыга, буоһатыыга, раздойдааһыңңа улаханнык үлэлэһэн үрдүк көрдөрүүлэри ситиспиттэрэ, ферма үрдүнэн биир фуражнай ынахтан 2000 –н тахсалыы үүтү ыабыттара. Хас да сыл оройуон чемпионнарынан буолбуттара».
Алексеев Петр Иванович,үлэ ветерана, үлэтин 1967 сыллаахтан ферма ыарахан үлэтигэр са5алаабыта. Оло5ун устата 40- тан тахса сыл ферма5а үлэлээн кэллэ. Аан бастаан «Юбилейнай» ферма коллективыттан са5алаан «Романтика», «Кытыл» фермаларыгар скотнигынан, ньирэй көрөөччүнэн үлэлээн, субан сүөһү көрөн, кэнники 1976 сылтан ыанньыксытынан үлэлээбитэ. «Юбилейнай» ферма5а 1967 сыллаахха скотнигынан киирбитэ. Манна 1968 сылтан кинини кытта Чемокин Петр Иннокентьевич, Филиппова Варвара Владимировна, Макарова Евдокия Устиновна уонна да атын кыргыттар үлэлээбиттэрэ. Үлэлиир кэмитигэр Петр Ионович Яковлев режими тутуһуннаран, киинэ5э, танцыга, концерга мээнэ сылдьыбат этибит диэн ахтар. Күнү-түүнү быһа хотон ыарахан үлэтэ бүппэт этэ. Саңа дьылы хотоңңо «Кыһыл муннук» диэн сынньанар хосторугар ылар да түгэннэрэ бааллара. П.И.Яковлев скотниктарын көөнньөрбө, фураж тастаран ынахтарын аһатыыга көмөлөһүннэрэрэ. Петр Иванович бу кэмнэргэ үлэлииригэр биир ынахтан 2000 кг үүтү ыан кѳрдѳрүүтэ үчүгэй этэ. Бу кэмңэ барыта илии үлэтэ этэ. Саас ынах маассабай төрөөһүнэ буолла5ына, дьуһуурустуба олохтууллара. Нэһилиэнньэни көмөлөһүннэрэн ньирэй эбиллиитин ситиһэллэрэ. Скотнигынан үлэлии сылдьан «Ымыйахтаахха» субан сүөһү көрө барбыта. Ол курдук үлэлии сылдьан 1973-1975 сыллаахха Армияҕа сулууспалаабыта. Онтон кэлэн баран «Юбилейнай» фермаҕа скотнигынан, сайынын бостуугунан үлэлии сылдьан 1976 сыллаахха ыанньыксытынан үлэлии көспүтэ. «П.И.Яковлев наставник, дьоңңо-сэргэҕэ үтүө сыһыана үлэбитигэр өрүү холобур буолара. Кини дьонтон наар инники сылдьара. Былаанын өрүү аһара толорон инники күөңңэ сылдьара. Биһиги үлэлиирбит тухары П.И.Яковлев хотонтон киэһэ 10-11 чааска дьиэтигэр барара уонна сарсыарда 5 чаастан үлэтин саҕалыыра. Биһиги кини курдук үлэлии сатыырбыт. Киэһэ киинэҕэ, концерга эңин бараары гыннахпытына көңүллэтэн барарбыт. Үлэ режимин тутуһарбыт,үлэбит таһаарыылаах буоларын туһугар түмсэн үлэлиирбит,» - диэн истиңник ахтар Петр Иванович.
Биригэдьиир Макаров Спартак Павлович кэпсэтэн трактористыы сылдьар Филиппов Семен Денисович фермаҕа ыанньыксыттыы киирбитэ. Семен Денисович «Романтика» ферма старшайынан үлэлээбитэ. Ферма үрдүнэн биирдии фуражнай ынахтан 1700 – 1800 кг үүтү ыабыттара. Дмитрий Мартынов, Гаврил Ефремов, Владимир Васильев, Семен Денисович биир фуражнай ынахтан 2000-н кг үүтү ыабыттара.
Ол кэми Владимир Полуэктович ахтар: «1985 сыллаахха уолаттар ынырыы таһааран «Романтика» фермаҕа «Нүѳрүңңэ» Васильев В.П.старшайынан, Мартынов Д.Н., Ефремов Г.И.,Константинов В.С.,Стручков А.А., Колесов В.К., Константинов Н.С.дьахтар күнүн кэнниттэн аан бастакынан фермаҕа үлэлии тахсыбыппыт. Икки сыл дуогабардаах үлэлээбиппит. Сыллааҕы былааммытын 111% аһары толорон, табаарынай фермаларга оройуоңңа үһүс миэстэ буолбуппут. Культурнай мероприятиеларга мэлдьи кѳхтѳѳхтүк кыттар этибит. Нэһилиэккэ ыытыллар тэрилтэлэр икки ардыларыгар волейбол күрэҕэр куруутун 1-2 миэстэ5э тахсар этибит. Мин сыл ахсын былааны аһары толорон комсомольскай путевканан Иваново куоракка молодежнай сынньалаң киинигэр сынньанан кэлбитим. Элбэх махтал сурук ылан, хаһыакка ахтыллан ааспыппыт. «Молодому животноводу» диэн знак иңэрбиттэрэ. Сайын ѳлгѳм үүтү ыары уоппускаҕа барбакка үлэлиирбит. Бары бииргэ кѳхтѳѳхтүк үлэлээн таһаарыылаах үлэни ситиһэрбит. Наставникпыт Филиппова Мария Гаврильевна, биригэдьиирбит Макаров Спартак Павлович этилэр. Управляющайынан Ефремов Николай Афанасьевич үлэлиирэ». Константинов Владислав Сергеевич 1965 сыллаахха Амма оройуонун Ѳнньүѳс бѳһүѳлэгэр Константиновтар дьиэ кэргэттэригэр 6 оҕонон тѳрѳѳбүтэ. Амма – Наахара аҕыс кылаастаах оскуолатын ахсыс кылааһын 1980 сыллаахха бүтэрэн баран, Болугурга 1982 сыллаахха 10 кылааһы бүтэрбитэ. Оскуола кэнниттэн «Юбилейнай » фермаҕа биир сыл кочегарынан үлэлии сылдьан Советскай Армия кэккэтигэр 1983 сыллаахха барбыта. Этэңңэ сулууспалаан кэлэн, 1985 сыллаахтан совхоз араас үлэтигэр үлэлээбитэ. 1987 сыллаахха «Болугур» совхоз Ѳнньүѳстээ5и отделениетын «Романтика» ферматыгар Колесов В. К, Ефремов Г. Н, Васильев В. П, Мартынов Д. Н, Стручков А. А. Константинов Владислав Сергеевич комсомольскай путевканан ыанньыксыттыы тахсыбыттара. Оччолорго отделение управляющайынан Ефремов Николай Афанасьевич, биригэдьиринэн Макаров Спартак Павлович, ферма старшайынан Васильев Владимир Полуэктович үлэлээбиттэрэ. Икки сыл договорынан олус кѳхтѳѳхтүк үлэлээбиттэрэ. Араас күрэхтэргэ бары тутуспутунан сылдьаллара. Ол бэлиэтин бочуотунай грамотанан, волейболга кубогынан наҕараадаламыттара.
Үүт таһымыгар ыйдааҕы, сыллааҕы былааннарын ѳрүү толороллоро, детсад профкома Никифорова Елена Семеновна араас күрэхтэри, кѳрсүһүүлэри тэрийэрэ, кыһыл муннукка оонньуу бөҕө оонньоторо, бырааһынньыкка,ѳрѳбүллэргэ детсадтар тахсан солбуйаллара.
Ол үлэлээбит кэмнэрин бары истиңник ахтан ааһаллар. Дуогабардарын кэнниттэн сорохтор ыанньыксыттаан бүтэн, атын үлэҕэ барбыттара. Владислав Сергеевич 1992 сыллаахха диэри үлэлээбитэ. Кини билигин кэргэнинээн Александра Тихоновнаны кытта Ѳнньүѳс бѳһүѳлэгэр олороллор уонна кинилэр икки о5олоохтор: Аня уонна Сережа. О5олор оскуолаҕа үѳрэнэр кэмнэригэр бастың общественниктар этэ. Дуобаттыылларын сөбүлүүллэрэ, волейболга оскуола, улуус чиэһин көмүскүүллэрэ. Владислав Сергеевич оскуола биир тутаах үлэһитэ, кини спортсмен, нэһилиэгин аатын Амма улууһугар бары күрэххэ көмүскүүр. Республикаҕа тиийэ кыттан бириистээх миэстэ5э тиксэр.
Филиппов Семен Денисович 1948 сыллаахха бала5ан ыйын 3 күнүгэр Амма улууһун Амма – Наахара нэһилиэгэр, Таңха үрэҕэр, Хочо диэн сиргэ күн сирин көрбүтэ. Ийэтэ эрдэ өлөн тулаайах хаалан, аҕатыныын олорбута. Кэлин аҕата суох буолбутугар дьоңңо иитиллибитэ. Онон аҕыс кылааһы бүтэрэн баран үлэһит буолан, улахан дьону кытта тэңңэ үлэлээбитэ. Сайын окко, кыһынын фермаҕа сүөһү көрүүтүгэр кыра эрдэҕиттэн улахан дьоңңо көмөлөһөн айаҕын ииттэн сылдьыбыта. Бииргэ төрөөбүт убайа кэлин партийнай үлэһит буолан ,кинилэргэ эңэрдэһэн олорон, тракторист идэтигэр курска Покровкаҕа үөрэммитэ. Трактористыы сылдьан 1985 сыллаахха ыңырыы таһааран ону ылынан, эр дьон фермаҕа тахсыбыттара. Кини онно «Романтика» фермаҕа старшайынан үлэлээбитэ. Муңутаан Семен Денисович биир ынахтан 2500 кг үүтү ыан үчүгэй көрдөрүүнү ситиспитэ. Кэлин бары тутуспутунан Нүөрүңңэ тахсан үлэлээбиттэрэ. Семен Денисович эдэригэр дэгиттэр спортсмен этэ. Атах оонньутугар, тустууга, хапсаҕайга,мас тардыһыытыгар бириистээх миэстэлэргэ сылдьара. Биир ыһыахха 4 мүһэни ылара. Республиканскай күрэххэ Хаандыгаҕа, Томпоҕо тиийэ тустубута. Семен Денисович эдэриттэн ырыаны сөбүлүүр, кэрэ куоластаах ырыаһыт. Улууска хас да төгүллээх лауреат, дипломан буолбута. Кыайыы 65 сылыгар аналлаах нэһилиэк талааннаах ырыаһыттарын дискэтигэр 2 ырыата киирбитэ. Семен Денисович нэһилиэккэ ыытыллар тэрээһиннэр, ветераннар түмсүүлэрэ ыытар тэрээһиннэрин активнай кыттыылааҕа. Билигин уһанар, саха быһаҕын оңорон дьоңңо бэлэхтиир. 5 оҕо амарах а5ата , элбэх сиэн эйэҕэс эһэтэ. Оҕолоругар, сиэттэригэр күүс - көмө, дурда – хахха буолан бочуоттаах сынньалаңңа олорор.
Олох солбуллубат үлэһитинэн, сайынын бостуугунан, кыһынын скотнигынан Никифоров Файзул Спиридонович, Никифоров Павел Петрович үлэлээбиттэрэ. Кинилэр күһүңңү силбиккэ мэччирэң халтаңнаатаҕына даҕаны биир да ынаҕы хонууга хаалларбакка үс ферма «Юбилейнай», «Кытыл», «Романтика» сүөһүтүн барытын аҕалаллара, биир да ынах ыамын көтүппэт буолаллара. Кинилэр сүөһүгэ сыстаҕас, сыһыаннаах буолан ыанньыксыттар ынахтарын хас биирдии аатыгар, майгыныгар тиийэ билэллэрэ.Бииргэ үлэлээбит Аграфена Евсеевна Алексеева Файзул Спиридоновиһы, Степан Константиновиһы хоһоонугар хоһуйбута:
Бостуук Бойосуул
Борогуллуо диэн саараама,
Баар гыныа хайаан да
Ынаҕы ыанар кэмигэр.
Тардыалаттар даҕаны
Түннүк нөңүө хаһыытаан
Туоһулаһар ынах ахсаанын,
Арыт соло буолан
Кэрийэ сылдьан
Кэлэҕэйдээтэр даҕаны
Кэпсээннээх буолааччы
Бойосуулбут биһиэнэ
Бастың үлэлээх бостуук.
Кыһын кочегарынан котельнайга Захаров Степан Константинович үлэлиирэ. Степан олорон көрбөт үлэһит киһи этэ. Кинини тула өрүү көр-күлүү буолааччы.
Ыксал-тиэтэл Ыстапаан
Ыпсарыылаах үлэһитБокуойа суох киирэ-тахса
Көөнньөрбөтүн булкуйар,
Ол да буоллар
Кыра да алҕаһы
Сыыһа –халты аһарбакка
Хоһоон гынан хоһуйан
Холобурдаан көрдөрөн
Чахчы артыыс талаана
Арыллар кэмнээх буолааччы.
Степан Константинович айар куттаах хоһоонньут, дьонун – сэргэтин хоһоонугар холбоон, хоһуйан үйэтиппитэ.
Устинов Вячеслав Михайлович 1973 сыллаахха Болугур орто оскуолатын үѳрэнэн бүтэрбитэ. Онтон 1973 сыллаахха Амма совхозка сүѳһүгэ үлэлии киирбитэ. Кини армияҕа 1974 сыллаахха барбыта. Ол кэнниттэн 1976 сыллаахха армияттан тѳннѳн кэлбитэ. Тѳрѳѳбүт дойдутугар тѳннѳн кэлэн баран Ымыйахтаахха ыччат сүѳһүнү кѳрѳргѳ үлэлээбитэ. 1982 сыллаахха «Юбилейнай» фермаҕа ыанньыксыттаабыта. 1998 сыллаахха ферматтан үлэлээн бүппүтэ . Петр Ионовиһы кытта үлэлииригэр скотниктаабыта уонна Антипин Николай Терентьевиһи кытта ыанньыксыттаабыта. Устинов Вячеслав Михайлович фермаҕа туох баар күүһүн – уоҕун ууран туран ис бэйэтин санаатыттан баҕаран туран үлэлээбитэ уонна ол да иһин кини үүтү ыаһыңңа үрдүк көрдөрүүнү ситиспитэ.
Мартынов Дмитрий Никанорович 1964 сыллаахха олунньу ыйын 1 күнүгэр Өнньүөскэ элбэх оҕолоох учууталлар дьиэ кэргэттэригэр онус оҕонон, сэттис уолунан күн сирин көрбүтэ. Ийэтигэр Мария Лаврентьевнаҕа 1965 сыллаахха Өнньүөскэ Герой ийэ аата аан бастаан иңэриллибитэ. 1971 сыллаахха оскуолаҕа үөрэнэ киирбитэ. Салгыы Болугур орто оскуолатыгар үөрэнэн 19 сааһыгар бүтэрбитэ. Оскуоланы бүтэрээт советскай армия кэккэтигэр сулууспалыы барбыта. Хабаровскай куоракка сулууспалаабыта.
Армияттан кэлээт үлэ үөһүгэр түспүтэ. Ыанньыксытынан «Романтика» ферматыгар табаарыстарын кытта үлэлии тахсыбыта. Бииргэ үлэлиир аҕа табаарыстара: олус ыраас туттуулаах, чэбэр, сүөһүгэ сыстаҕас диэн хайҕаан кэпсэтэллэрэ. Эдэр, кыайыгас – хотугас буолан фермаҕа үчүгэйдик үлэлээбитэ.
1987 сыллаахха Бөтүң кыыһа Корякина Саргылаана Ивановналыын дьоллорун холбоон ыал буолбуттара. Саргылаана оччолорго детсадка иитээччинэн үлэлии кэлбитэ.
3 кыыс оҕолоохтор, сиэннээхтэр. Билигин Бөтүңңэ олороллор. Дмитрий Никанорович тыаҕа мас кэрдээччинэн үлэлиир.
Бу эр дьон фермаҕа үлэлиир кэмнэригэр элбэх салайааччы үлэлээн – хамсаан ааспыттара, ол курдук сэбиэт председателинэн Евдокия Иннокентьевна Елисеева, отделение управляющайдарынан Кириллин Виктор Софронович, Антипин Митрофан Гаврильевич, Ефремов Николай Афанасьевич, биригэдьиирдэринэн Устинова Александра Васильевна, Макаров Спартак Павлович, Ефремов Егор Ефремович уонна да атыттар. Кинилэр салайар - тэрийэр талааннарынан, сыралаах үлэлэринэн нэһилиэк , улуус сайдар кэскилин оңорсубуттара.
Түмүк
Республикаҕа үрдүк үүт иһин хамсааһыны эр дьонтон бастакынан саҕаласпыт Социалистическай Үлэ Геройа, 20 –с үйэ чулуу киһитэ Петр Ионович Яковлев быйыл 95 сыллаах үбүлүѳйүн бэлиэтээн нэһилиэккэ, улууска элбэх үлэ ыытылынна, ыытыллар. Герой үтүө холобура элбэх батыһааччылардаах буолбута, эр дьоннор уонна уолаттар көҕүтүһэ – көҕүтүһэ фермаҕа тахсыылара маассабай көрүңнэммитэ. Петр Ионович быһаччы производствоҕа тахсан баран атыттары ыңырар, угуйар маяк буолбутун дьонтон истэн, кинигэлэртэн ааҕан биллибит. Кини аата билигин да умнуллубат. Мэлдьи үтүө холобурга ахтыллар. Петр Ионович аатын үйэтитэн нэһилиэк киин уулуссата кини аатын сугэр. Биһиги оскуолабытыгар кини аата иңэриллибитинэн киэн туттабыт, кини аатын үйэтитэргэ араас ѳрүттээх үлэлэр ыытыллаллар.
Бу үлэбитигэр араас кэмңэ фермаҕа ыанньыксыттаабыт, ньирэй кѳрбүт, скотниктаабыт, бостууктаабыт эр дьоннору ахтан, сырдатан суруйдубут.
Яковлев Петр Ионович, Антипин Николай Терентьевич, Филиппов Семен Денисович, Васильев Владимир Полуэктович, Устинов Вячеслав Михайлович, Алексеев Петр Иванович уо. д.а. эр дьон фермаҕа үлэлээн, ѳлгѳм үүтү ыан, эмис эти государствоҕа туттаран, үгүс тѳрүѳҕү ылан республика, оройуон, нэһилиэк социальнай – экономическай сайдыытыгар улахан оруолу ылбыттара.
Социалистическай Үлэ Геройун аата үйэлэргэ ааттана туруо. Кинини төрөөбүт – үөскээбит Амма – Наахаратын дьоно умнубат, кининэн киэн туттар, кини аатын үйэтитэргэ үлэлэһэр. Өнньүөс киин уулуссата Герой П.И.Яковлев аатын сүгэр. Бөһүөлэк киинигэр сэрии, тыыл ветераннарыгар анаммыт “Кыайыы” болуоссатыгар П.И. Яковлев бронзовай бюһа мраморнай подстамеҥҥа үйэ- саас тухары туруоруллубута. Амма – Наахара орто оскуолата П.И. Яковлев аатын сүгэр. Үйэ – саас тухары П.И. Яковлев дьыалата, үлэтэ үтүө холобур буолан көлүөнэттэн көлүөнэҕэ бэриллэ туруо.
Кинилэр үлэлээбит үлэлэрин, ситиспит үрдүк ситиһиилэрин биһиги холобур оңостобут.
Туһаныллыбыт литература
1.Д.Н. Гаврильев. «Үлэ Геройа П.И. Яковлев»;
2.Петр Ионович Яковлев / Хомуйан оҥордулар: М.П.Макарова уо.д.а.- Дьокуускай: Сайдыы, 2011.-168 с.
3. Ахтыылар
4.Музей матырыйааллара
5.Хаартыскалар
Иһинээҕитэ
Киириитэ
Петр Ионович Яковлев олоҕо – үтүѳ холобур
3.Эр дьон фермаҕа солбуллубат үлэһиттэр
4.Түмүк
Тезис
Республика5а үрдүк үүт иһин хамсааһыны эр дьонтон бастакынан са5аласпыт Социалистическай Үлэ Геройа, 20 –с үйэ чулуу киһитэ Петр Ионович Яковлев быйыл 95 сыллаах үбүлүѳйүн бэлиэтээн нэһилиэккэ, улууска элбэх улэ ыытылынна, ыытыллар. Улууска тыа хаһаайыстыбата сайдарыгар үгүс сыраларын биэрэн үлэлээбит эр дьон Амма- Наахара нэhилиэгэр элбэхтэр. Республика5а 60-с, 70-с сылларга ѳлгѳм үүтү ыырга, эмис эти ыларга ферма5а тылланан тахсыбыт, үүт ыаhыныгар 5 тыhыынчалаах кирбиини бастаан ылбыт, эр дьон ферма5а үлэлии тахсалларын бастакынан са5аласпыт Социалистическай Үлэ Геройа Петр Ионович Яковлев үтүө холобура элбэх батыһааччылардаах буолбута, эр дьоннор уонна уолаттар көҕүтүһэ – көҕүтүһэ фермаҕа тахсыылара маассабай көрүҥнэммитэ. Петр Ионович быһаччы производствоҕа тахсан баран атыттары ыңырар, угуйар маяк буолбутунан киэн туттабыт. Кини аата билигин да умнуллубат. Мэлдьи үтүө холобурга ахтыллар. Петр Ионович аатын үйэтитэн нэһилиэк киин уулуссата кини аатын сугэр. Биһиги оскуолабытыгар кини аата иңэриллибитинэн киэн туттабыт, кини аатын үйэтитэргэ араас ѳрүттээх үлэлэр ыытыллаллар.
Бу үлэбитигэр араас кэмҥэ фермаҕа ыанньыксыттаабыт, ньирэй кɵрбүт, скотниктаабыт, бостууктаабыт эр дьоннору ахтан, сырдатан суруйдубут.
Үлэм сыала - соруга:
Фермаҕа үлэлээбит эр дьону сырдатыы.
Актуальноһа:
-Фермаҕа үлэлээбит эр дьон үлэлэрин киэҥ араҥаҕа таһаарыы;
-Кэнчээри ыччаты үлэҕэ иитиигэ биһиги эһэлэрбит, аҕаларбыт, убайдарбыт үлэлээбит үлэлэрин холобур оҥостуу.
Дьуонабыстан саҕалаан эр дьон ыанньыксытынан үлэлииллэрэ элбээн испитэ. Александров Игнатий Игнатьевич, Алексеев Петр Иванович, Устинов Вячеслав Михайлович, Васильев Василий Васильевич, Антипин Николай Терентьевич, Мартынов Дмитрий Никанорович, Васильев Владимир Полуэктович, Константинов Владислав Сергеевич, Ефремов Гаврил Иванович, Константинов Николай Сергеевич, Филиппов Семен Денисович, Никитин Владимир Александрович, Стручков Алексей Алексеевич, Пахомов Юрий Александрович курдук эр дьон ферма ыарахан үлэтигэр ыанньыксытынан үлэлээбиттэрэ.
Ферма ис – тас үлэтигэр эрчимнээх, күүстээх – уохтаах эр киһи илиитэ тиийбэтин билэн, ылыннарыылаах тыллаах Петр Ионович ферма коллективыгар эр дьоннор күүстэрин түмпүтэ. Кырдьык да дьоно бииртэн - биир бастыңнар этилэр. Үлэ режимин тутуһар, ылыммыт үрдэтиллэн иһэр эбэһээтилистибэлэрин дьаныһан толорор, бэйэлэрин үлэлэригэр бастыңнар уопуттарын киллэрэр бөһүөлэк бастың ыччат дьонноро этилэр: Дмитрий Николаевич Гаврильев – дизелист, Павлов Семен Иванович – моторист, Николай Афанасьевич Ефремов – водовоз, үүт таһааччы, Васильев Иван Иванович – водовоз, Васильев Василий Иванович – тракторист, Пахомов Алексей Дмитриевич – уу баһааччы, Дмитриев Николай Николаевич, Никифоров Павел Петрович, Никифоров Файзул Спиридонович, Макаров Николай Тихонович – бостууктар,скотниктар, Михайлов Эдуард Афанасьев «Ымыйахтаахха» ыччат сүөһүнү көрөөччү, уһун сылларга от –мас тиэйээччи тракторист, Кузьмин Петр Терентьевич, Кузьмин Аркадий Федорович – трактористар, Устинов Елисей Егорович – тракторист, көөнньөрбө оңорооччу,Захаров Степан Константинович сайыннары – кыһыннары солбуллубат көөнньөрбө оңорооччу, кэлин көөнньөрбө оңорооччулар наставниктара, ньирэй көрөөччү, Антипин Николай Терентьевич – Петр Ионович ынахтарын эрэнэн туттаран хаалларбыт, эрэллээх ыанньыксыта, «Бочуот знага» орден кавалера . Николай Терентьевич «Юбилейнай» фермаҕа старшайынан үлэлээбитэ. Николай Терентьевич сүрдээх эппиэтинэстээх үлэһит, дьону түмэр талааннаах, бииргэ үлэлиир дьонугар истиҥ сыһыаннаах киһи этэ, үлэ миэстэтин табан туруорар буолан үлэлэрэ таһаарыылаах буолара, ферма ыанньыксыттара биирдии ынахтан 2000-н тахса килограмм үүтү ыабыттара. Николай Терентьевич хас биирдии ынаҕыттан 4000 кг үүтү, Устинов Вячеслав Михайлович 2000- н кг үүтү ыабыттара. Скотнигынан ɵр сылларга Никифоров Файзул Спиридонович, Васильев Василий Васильевич үтүɵ суобастаахтык үлэлээбиттэрэ. Николай Терентьевич үлэлиир кэмнэригэр Пахомов Юрий Александрович, Захаров Степан Константинович бааллара.
Яковлев Петр Ионович, Антипин Николай Терентьевич, Филиппов Семен Денисович, Васильев Владимир Полуэктович, Устинов Вячеслав Михайлович, Алексеев Петр Иванович уо. д.а. эр дьон ферма5а үлэлээн, ɵлгɵм үүтү ыан, эмис эти государство5а туттаран, үгүс тɵрүɵ5ү ылан республика, оройуон, нэһилиэк социальнай – экономическай сайдыытыгар улахан оруолу ылбыттара.
Кинилэр үлэлээбит үлэлэрин, ситиспит үрдүк ситиһиилэрин биһиги эдэр ыччат холобур оңостон, билиңңи үлэ суох диир кэмнэригэр сүөһү ииттэн, хаһаайыстыба тэринэн олохпутугар туһаныаххайың, үлэ дьонун сырдатан холобур оңостуо5ун.