Презентация на тему П.А.Ойуунускай
Платон Алексеевич Слепцов – Ойуунускай 120 сааһа(1893-1939) Ойуунускай олорбут балађана Ойуунускай үөрэммит оскуолата Платон Алексеевич Саха сиригэр аатырбыт олоңхоһуттар, ырыаһыттар түөлбэлээн төрөөн – ууһаан ааспыт сирдэригэр, Тааттађа, улааппыта, сиппитэ – хоппута. Ойуунускай дьонун туһунан маннык кэпсээбиттээх: «Мин 1893 сыллаахха сэтинньи 11 күнүгэр орто бааһынай кэргэнигэр төрөөбүтүм. Мин ађам Алексей Петрович Слепцов кэлин дьадайбыта. Кини 1916 сыллаахха өлбүтэ. Ийэм Евдокия Ивановна 1929 сыллаахха өлбүтэ. Төрөппүттэрим бааһынайдар (дьадаңылар). Дьонум наһаа дьадаңы буоланнар, 14 саастаахпар эрэ тыа оскуолатыгар үөрэнэ киирбитим. Ађам аах уон ођолоох этилэрэ (6 уол, 4 кыыс), олортон билигин (1936 с.) иккиэйэх, мин уонна балтым Марина эрэ хааллыбыт». Ити курдук урукку олох ыар аргыһа – сэллик Ойуунускай дьонун сиэтэлээбитэ. Евдокия Ивановна Слепцова-Ойуунускай ийэтэ Кэргэнэ-А.Н.Борисова Дьиэ кэргэнэ. 1932 сыл Саргылаана, Сардаана – Ойуунускай кыргыттара Платон Алексеевич 1938 сыллаахха хара балыырга түбэһэн хаайыыга киирэр, тосту – туора сымыйанан буруйдаабыттара. П.А. Ойуунускай 1939 с. алтынньы 31 күнүгэр Дьокуускай куорат түрмэтигэр муңнааһынтан – сордооһунтан доруобуйата алларыйан ыалдьан өлбүтэ. Эс саха төрүөђэр Мин ырыам ылланыаТүөрт саха төрүөђэр Мин аатым ааттаныа П.Ойуунускай