Викторина П.А.Ойуунускай юбилейыгар ананар 10кылаас
Викторина
«… Биһиги өссө үүнэн-сайдан истэхпит
аайы, кини геройдуу олоҕун кэрэ айымньытын
өйдүүрбүт, ытыктыырбыт, таптыырбыт онтон
үөрэнэрбит-иитиллэрбит өссө ордук
дириҥээн иһиэҕэ.”
Күннүк Уурастыырап
П.А.Ойуунускай төрөөбүт алааһын аата?
Бииргэ төрөөбүттэрэ хаһыаларый?
Ойуунускайы суруйар идэҕэ ким үөрэппитэй?
Суруйааччы «Кыһыл ойуунун» ханна олорон саҕалаабытай?
«Дьулуруйар Ньургун Боотур» олоҥхо хас олоҥхоттон таҥыллан оҥоһуллубутай?
М.К.Аммосовка анаабыт хоһоонун аата?
«Дьулуруйар Ньургун Боотур» олоҥхону ким тылбаастаабытай?
«Улуу Кудаҥса» айымньы ханнык жанрга киирэрий?
«Иирбит «Ньукуус» кэпсээн сүрүн геройун прототиба?
А.С.Пушкин айымньыларыттан ханныктарын сахалыы тылбаастаабытай?
Ханнык күөлгэ оҕо куйуурдуу турбутай?
Суруйааччы дьиҥнээх араспааньата ?
«Кыһыл ойуун» айымньы бастакы аата
Саха академическай драматическай театрыгар хас сыллаахха П.А.Ойуунускай аата иҥэриллибитэй?
ЮНЕСКО биллэриитинэн Ойуунускай сыла хаһан буолан ааспытай?
П.А.Ойуунускай сахалартан бастакы ученай. Наука ханнык салаатыгар?
“Хоочугур уола Былатыан” поэма автора кимий?
П.А.Ойуунускай 1929 – 1930 сс. ылына сылдьыбыт псевдонима?
«Сүрэх» кэпсээн суруллубут кэмэ?
П.А.Ойуунускай литература5а үктэммит бастакы айамньыта?