Доклад Олонхо ус дойдута


Уэьээ Булуутээ5и Ю.Н. Прокопьев аатынан орто оскуола

Олонхо ус дойдута Улэни толордо Уэьээ Булуутээ5и Ю.Н.
Прокопьев аатынан орто оскуола 5
кылааьын уэрэнээччитэ
Докторова Глафира.

Салайааччы: Николаева М.Д.
2013 сыл.
Актуальнаһа
Саха норуота былыр суруга суох этэ. Ол эрээри, норуот бэйэтин олорон ааспыт оло5ун, үөрүүтүн-хомолтотун, ба5арар ба5атын, бастын чулуу дьоннорун тустарынан уус-уран тылынан хоһуйан, ойуулаан көрдөрөргө дьулуһара.
Норуот үгүс үйэлэр усталарыгар аата-ахсаана биллибэт элбэх ырыалары-тойуктары, таабырыннары, чабыр5ахтары, олонхолору остуоруйалары айбыта.
Норуот улуу дьоннорунан, чулуу талааннаахтарынан айыллыбыт айымньылар, дьон-норуот оло5ун, өйүн-санаатын таба кэтээн, диринник көрдөрөн, норуот кытаанах дьүүлүн тулуйан, үйэлэр усталарыгар сүтэн симэлийэн хаалбакка, норуотунан чочуллан, тупсарыллан биһиги күннэрбитигэр диэри тиийэн кэлбиттэр.
Норуот айымньыта ураты күүстээх, санаа көтө5үүлээх. Төһө да ыарахан олохтоох буоллар, айымньыларыгар санаа түһүүтэ, мунчаарыы көстүбэт. Хата, кэрэ кэскил, үтүө санаа өрөгөйдүүрүгэр эрэл көстөр.
Өбүгэлэрбит – ураанхай сахалар, кыһын устата тон-чэн кырыалаах бала5антан быкпакка чункуйан олордохторуна, улуу олонхоһут ааны аһан киирдэ5инэ, дьиэ иһэ сырдаабыкка дылы буолара. Көмүлүөк оһохторун тигинэччи оттон, олонхоһутарын үс түүннээх күнк мэлдьи олонхолотон, күннэрин-дьылларын барыыллара эбит.
Олонхо- сырдык уонна харана күүстэр күрэстэһиилэрин, дьоллоох-соргулаах олох түстэнэрин туһунан уус-уран айымньы. Бу- саха норуотун тылынан поэтическэй пааматынньыга, оло5ун энциклопедията.
Олонхо Аан дойдуга билиннэ уонна сыаналанна. Онон саха киһитэ бары олонхону билиэхтээх, то5о диэтэххэ, олонхо5о норуот тылын баайа, биһиги өбугэлэрбит олоххо аналлара, сыһыаннара уонна оло5у билиилэрэ барыта мунньулла сылдьар.
......................................................................
Олонхоно үс дойду баар. Үөһээ, орто уонна аллараа.

Олонхо ус дойдута
Үөһээ дойду - Сырдык ыраас киэн куйаар , Үрдүкү айыылар, танаралар дойдулара.
Олохтоохторо: Үрун Аар тойон, Адьыны Сиэр хотун, Кун Дьөһөгөй айыы, Күрүө Дьөһөгөй хотун, Айыы Умсур уда5ан уонна да атыттар олороллор.
Бу танаралар Орто дойду дьонун араначчылыыллар, олохторун олохтууллар уонна дьыл5аларын түстүүллэр.
Орто дойду : Ула5ата көстүбэт,
унуоргута биллибэт,
А5ыс иилээх –са5алаах.
Алта киспэлээх,
Атааннаах-мөнүөннээх,
Айгыр –силик бэйэлээх
Аан ийэ дайды.

Олохтоохторо: Бухатыырдар (Ньургун Боотур, Үрүн Уолан), Куолар (холобур: Туйаарыма Куо, Айталыын Куо ), тойоттор, хотуттар, дьон-сэргэ, ча5ардар уонна да атыттар.
Олонхо бухатыырын тас көрүнүн, күүһүн-уо5ун туһунан уустаан-ураннаан маннык көрдөрөллөр.
Үс былас үөрбэйэр өттүктээх,
Биэс былас биэкэйэр биилэрдээх,
Алта былас аманаат дара5ар сарыннаах,
Баай тиитим бастын дүлүнүн
балтаччы ууран барыллаабыт курдук
Барылы ньыгыл быччыннаах эбит.
Ньургун Боотур туһунан ДЬулусханнаах дьулуо манан халлаан
Дьураатыгар тура төрүөбүт
Дьулусхан Субуйа сүүрүк
Дьураа хара аттаах
Дьулуруйар Ньургун Боотур дэнэр.
Эбэтэр Үрүн Уолан бухатыыр туһунан
Үс үүт күрүөнү үрдүнэн көстөр
Үрүмэччи манан аттаах
Үрүн Уолан бухатыыр.
Олонхо бухатыырын анала - айыы дьонун көмускээһин, абааһы бухатыырын кыайыы – хотуу. Бухатыыр сүрүн хаачыстыбатынан кини иннигэр туруоруммут сыалын- соругун ситиһэр күүстээх санаалаа5а буолар.
Олонхо5о мааны дьүһүннээ5и аарыма кырдьа5астарым, аатырбыт олонхоһуттарым маннык тылларынан ойуулаан-дьүһүннээн, киэргэтэн көрдөрөллөр.
Танас бүтэй талба-нарын тамана көстөр,
Эт бүтэй эттэр эриэккэс унуо5а көстөр,
То5ус былас суһуохтаах тунал5аннаах ньуурдаах
Туйаарыма Куо диэн
Үс дойду үрдүнэн үгэс буоллун диэн
Үһүйэн кэбиспиттэр эбит.
Кини кэрэ дьүһүннээх уонна эйэ5эс майгылаах. Бу уобарас саха норуотун кэскилин, утуө майгытын, кэрэ5э тардыЬыытын көрдөрөр.
Аллараа дойду : харана, ыы –дьаар сыттаах,...................
Олохтоохторо: абааһылар, абааһы бухатыыра, абааһы кыыһа. Кинилэр быһыылара-таһаалара санааларын курдук олус куһа5ан.
Атара кутуруктаах. арбыйа тиистээх Арсан Дуолай абааһы,
Илиэһэй бииһин ууһун ийэтэ буолбут Ала буурай абааһы,
Уорааннаах тыыннаах, уора5айдаах санаалаах
Уот уһутаакы бухатыыр,
Сараһын сирэй , сарыы таналай
Илиэһэй кыыһа Имэн татай,
Адьарай кыыһа алып сэгэйээн
Кыыс о5о Кыскыйдаан Куо... дэнэр.
Абааһылар орто дойду оло5ун аймыыр, алдьатар, былдьыыр, урусхаллыыр аналлаахтар.
-----------------------------------------------------------------------------------------------------------------------
Олонхо5о сүрүн миэстэни ылар айыы бухатыырын аллаах ата.
АТ - айыы бухатыырын бастын до5оро.
Айыы бухатыырын айана-сырыыта, кини элбэх кирбиилэри туорааһына, өлуугэ-алдьархайга тубэЬиитэ, күнэ хараарыыта, кэлиитэ-барыыта барыта кини аллаах атыттан, миинэр минэтиттэн, бастын до5оруттан тутулуктаах.
Бухатыыр ата кини Тардыстар талаһата, Көлунэр көлөтө,
Миинэр минэтэ.
Кини ханнык ба5арар ыарахан мэһэйдэри атын көмөтунэн туоруур. Улуу бухатыыр ата бэйэтигэр сөрү сөп тубэһэр, чулууттан чулуу буолар: күтүр күүстээх –уохтаах, өркөн өйдөөх, иччитигэр бэриниилээх, ус дойдуга учугэйдик биллэр. Хаһан да5аны ата иччитин иэдээннэ со5отохтуу хаалларбат. Наадалаах кэмигэр утүө субэһит буолар, киһилии кэпсиир, сахалыы санарар буолар. Ол курдук, холобур, Үрумэччи Манан аттаах Үрүн Уолан бухатыырга:
Эппит тылбын эккэр инэр, Санарбыт санабын санаа5ар хатаа….
А5ыс уон а5ыс ааһар былыт албастаах адьарай кыргыттараҮс айыы кыргыттара буолан кубулунанҮс өттүгүттэн айах тутуохтара.
Айах туппут астарын аһыыр эрэ буолаайа5ый,
Алаһа бараан дьиэлэрин аанын аһаайа5ый.
Айыы бухатыырдара аналлах аттарынан айанныыр, ус дойдуну өрө –таннары сыыйар буоллахтарына, абааһы бухатыырдара үксүн уоттаах Мо5ойдору көлө гыналлар.

Олоҥхо5о орто туруу аан дойду өйдөбулэ.
Олонхо аан дойдуну , айыл5аны ойуулааһынтан са5аланар. Ол курдук, “Дьулуруйар Ньургун Боотур” олонхо5о:
Ара5ас айыы далбардаах ала5аркаан-тэтэгэркээн
Аан Ийэ дайды диэн ананан айыллан,
Ойон тахсар күннээх, охтон баранар мастаах,
уолан баранар уулаах,
Уостан сүтэр уйгулаах
Орто туруу бараан дойду диэн оноһуллубута эбитэ үһү....
Манна этиллэринэн , айыл5а баай , кэрэ. Ол эрэн, уйгута уостуон, маһа охтон ,уута уолан бараныан сөп. Ол аата , айыл5аны киһи бэйэтэ харыстыахтаах. алдьатыа суохтаах.

Маны таһынан, биһигини тулалыыр эйгэ5э КУН биир сүрүн миэстэни ылар. Күн сири сылытар, сырдатар, күн баар буолан от-мас тыллар, кун киһиэхэ энергия биэрэр.
Оттон олонхо5о ити өйдөбүл эмиэ баар.Ол курдук, киһи уонна күн ыкса ситимэ тоһо5олоон этиллэр. Күнү «Күн тойон»,” Аламай манан күн”, “ Үрүн күн” ,” Ойон тахсар күндү күн”, о.д.а.дииллэр, оттон киһини ” Күн айыы киһитэ”,” Күн өркөн ууһа”,” Күн айыы дьоно” диэн ааттыыллар. Ити курдук, Киһи, айыл5а, тулалыыр эйгэ биир ситимнээх диэн өйдөнөр.
Ону таһынан, олонхо5о биир улахан суолта маска бэриллэр. Ол курдук, а5ыс лабаалаах Аал Луук мас диэн баар. Аал Луук мас олонхо5о киһи айма5ы аһатар кэхтибэт үүнүү, сайдыы бэлиэтэ буолар.
Олонхо5о саха ытык маһа хатын буолар. Саха дьоно бу маска сүгүрүйүүтэ көстөр. Хатыннар үүнэн туралларын көрөн, Айыылар үтүө сир бу баар эбит диэннэр, бу сиргэ Орто дойду оло5о буоллун диэн анаабыттар эбит.
«Үс үүт манан булгунньах үрүт өттүгэр үүнэн турар илибирэс сэбирдэхтээх, нуо5ай манан хатын», «Үрүн көмүс түмэрдьилээх хатын мас» диэн уустаан-ураннаан хоһуйуллар.
Биһиги билинни олохпутугар Мас суолтатата улахан. Мас баар буолан ойуур-тыа баар, ойуурга отон арааһа, көтөр-сүүрэр үгүс.Мас баар буолан биһиги олорор дьиэлээхпит, миэбэллээхпит, кинигэ, тэтэрээт баар.
Саха сиригэр үүнэр мастан ордук хатын мас киһи оло5ор туһата элбэх:
Олус кэрэ көстүүлээх,тулалыыр эйгэни киэргэтэр, салгыны чэбдигирдэр.
Туос, мас иһит, киэргэл онороллор.
Уксус, фурфурол диэн химическэй веществолары ылаллар. Фурфуролтан пластмасс, араас эмп фурациллин , лаах, кырааска о.д.а.оҥоролор.
Хатын уутугар элбэх глюкоза, фруктоза, минеральнай туус уо.д.а. битэмииннэр бааллар.
Сэбирдэхтэрэ араас ыарыыларга туһалыыллар.
Онон сахалар олонхо5о хатын маска сүгүрүйүүлэрэ мээнэ буолбатах эбит.
Билинни биһиги олохпутугар уонна олонхо5о өссө биир тутаах суолталаах УУ буолар..Олонхо5о үрэхтэр, күөллэр, муоралар, бай5аллар ахтыллаллар. Ол курдук, Одун бай5ал, Сүн бай5ал, Балкыырдаах бай5ал, Уот кудулу бай5ал уо.д.а.
Бухатыыр өлбот мэнэ уутун истэ5инэ тиллэн кэлэр, күүһүгэр күүс эбиллэр. Аал Луук мас силиһиттэн хаһан да тонмот күөл үөскүүр. Бу күөл уутун истэхтэринэ, кырдьа5астар эдэрдэригэр түһэллэр, мөлтөх күүһүрэр, ыарыһах үтүөрэр эбит. Бу күөлү бар дьон бары олус харыстыыллар, ытыктыыллар.
Ханнык ба5арар олонхо5о сырдык уонна харана күүстэр охсуһуулара ойууланар.
Абааһылар, адьарайдар сүрүн бэлиэлэрэ – буур5а, холорук, этин, уот-баһаар буолар.
Түмүктээн эттэххэ, биһиги билигин ийэ айыл5абытын харыстаан, тулалыыр эйгэни кытта кэлим буолан, үтүөнү үксэтэн, кэрэни кэрэхсээн олоруохтаахпыт. Оччо5уна эрэ бу орто туруу дойдубут маһа охтон бараныа, уута уолан бүтүө , уйгута уостан сүтүө суо5а.
Мин санаабар, олонхо үс дойдутун туһунан ырыта санаан көрөр буоллахха,билинни биһиги олохпутугар маннык дьүөрэлиэххэ сөп буолуо:
Үөһээ дойду диэн дьон-сэргэ тардыстар сырдык ырата, ба5а санаата.Инники олох сайдыытын үүнэр са5ахтара.
Орто дойду диэн дьон – сэргэ билинни оло5о-дьаһа5а.
Аллараа дойду диэн ыарыы-сүтүү, дьан-дьаһах, араас куһа5ан дьайыылар
. Саха норуотугар сүдү айымньыны Дьулуруйар Ньургун Боотур олонхону суруйан хаалларбыт ...... Платон Алексеевич Ойуунускайга олонхону үйэтиппит
....