Ийэ тыл, сурук-бичик кунун ыытыы балаьыанньата
“Ийэ тыл, сурук-бичик” күнүн ыытыы балаһыанньата
Сыала:
Төрөөбүт тыл сүмэтин, эриэккэһин, кэрэтин иҥэрии
Ийэ тылынан киэн туттуу, өрө тутуу, туттуллар эйгэтин кэҥэтэргэ туруулаһыы, үлэлэһии
Буолар күнэ – олунньу 13 күнэ
Буолар сирэ- Харбалаах орто оскуолата
Тэрийээччилэр – саха тылын, литературатын МХ
Ирдэнэр – учууталлар уонна бары үөрэнээччилэр саха таҥастаах кэлэллэр.
Программата:
Кылаас салайааччылара хомус тыаһынан сарсыарда үөрэнээччилэри, учууталлары алаадьылаах көрсүүлэрэ
Уруоктарга 5-тии мүнүүтэ ийэ тылга аналлаах элеменнэри киллэрии (хоһоон, тыл оонньуута, викторина о.д.а.) – эпп. ити күн уруоктаах бары учуутал
Уоскулаҥ кэмигэр сахалыы остуол оонньуута – Бурнашев А.В
Уоскулаҥ кэмигэр радионан биэрии – Трофимова В.П.
Дьоро киэһэ – саха тылын МХ
Радиоузел:
1 перемена: Утуе сарсыарданан кунду о5олор уонна учууталлар! Тереебут сахатын тылын сайыннарыыга-чинчийиигэ оло5ун анаабыт, саха алфавитын теруттээбит, бастакы лингвист Семен Андреевич Новгородов тереебут кунугэр тубэЬиннэрэн, олунньу 13 кунэ, сурук-бичик кунунэн бэлиэтэнэр. Бу дьаЬал Саха Республикатын бастакы Президенэ Михаил Ефимович Николаев ыйаа5ынан 1996 сыллаахха олохтоммута.
Семен Андреевич Новгородов Чурапчы оройуонугар төрөөбүтэ. Якутскайга реальнай училищены бүтэрэн баран, Петроградка 1913 сыллаахтан университекка үөрэммитэ. Онно кини Илиҥҥи омуктар тылларын кичэйэн үөрэппитэ. Үөрэнэр кэмигэр саха тылын анаан үөрэппитэ, фольклору хомуйбута уонна саха суругун олохтообута. Бастаан 1917 с онтон 1922 сыллаахха кини Бастааҥы сурук-бичик диэн буквара, онтон Ааҕар кинигэтэ бэчээттэммиттэрэ.. Оскуолаҕа ити кинигэлэринэн сахалыы үөрэнэн барбыттара. Сотору балачча элбэх хаһыат, сурунаал, учебник, уус-уран айымньылар бэчээккэ тахсан испиттэрэ. Республика үрдүнэн үөрэҕэ суох улахан дбону үөрэхтээһин үлэтэ тэнийбитэ. Оччолорго үгүс киһи, оскуолаҕа үөрэммэккэ сылдьан эрэн, сахалыы ааҕар, суруйар буолтара. Оннук киһини халлаан суруксута диэн ааттыыллара.Семен Андреевич, университеты бүтэрэн баран, саҥа үлэлээн иһэн, Ленинградка 1924 32 саастааҕар эмискэ ыалдьан өлбүтэ. Кини алфавита 1929 с диэри туттуллубута.
Советскай былаас сылларыгар саха норуотун иһиттэн тыл үөрэхтээхтэрэ үөскэтэлээн испиттэрэ. Олортон улуахан үтүөлээхтэринэн Алексей Елисеевич кулаковскай, Платон Алексеевич Ойуунускай, Алексей Андреевич Күндэ буолаллар. Сэрии кэнниттэн саха тылын научнай боппуруостарын үөрэтии ордук кэҥээбитэ. Ученай степеннээх, тылы үөрэтэр дьон элбээбитэ. Олортон Лука Никифорович Харитонов уонна Елизавета Ивановна Убрятова – наука доктордара, профессордар.
Билигин Зайыркулова Алтынай толоруутугарИйэ тыл стр 35 С.А Новгородов «Тереебут соругум» хоьоонун истин.
2с перемена: Александра Охлопкова «Саха ыччатыгар» хоьоонун истин тереебут тыл уонна литература журнал стр 72. АА5ар Винокурова Арина
Мантан салгыы Улуу суруйааччыларбыт тереебут тыл туЬунан бэргэн этиилэрин истин.
Амма Аччыгыйа: Тереебут терут тылбыт уруйэ уутун курдук ыраас, сир симэ5ин курдук сиэдэрэй.
Семен Данилов: Эн ийэ тылгын теье кууьун-кыа5ын тиийэринэн байыт, тупсар, харыстаа. Байыт хайа сатанарынан: тыл бэйэтин кыа5ын кэнэтэн, байыт атын сайдыылаах тыллары сатабыллаахтык киллэрэн.
Кундэ: Тереебут терут тыл, серуун суегэй курдук, сурэ5и –быары серуургэтэр…
Семен Данилов: Кустук еннеех, кымыс сыттаах сахам мандаар саната..Куннук Уурастыырап: Эрэнэбин эстиэ суо5а, эрдэ эттэххит буолуо5а! Саха оло5о уьуо5а, саха удьуордаан ууьуо5а, саха ырыата сатарыа, саха саната саргыланыа.
А.Тарасов: ебугэттэн кэриэс хаалбыт елбет –суппэт ийэ тылбыт. Еруу кинини эн уерэт, ерегейун ессее урдэтТатьяна Аммосова: Теле туппат терут баайын- тереебут ийэ тылын.
Кундэ «Тереебут тыл» хоьоонун аа5ан иьитиннэрэр Гузаирова Алина. Стр 135 6 кыл учебник
Саха суруйааччылара уонна мелодистара Тереебут дойдубут уонна тылбыт туЬунан угус хомо5ой хоьооннору, ылба5ай ырыалары айбыттара уонна айаллар. Истин «Сахам сирэ» ырыаны.
3с перемена: Иван Мигалкин «Киэн тутун, эн саха буоларгынан» Миша Бястинов стр 136 Утуе аргыс«Тереебут алааскын эн таптаа» ырыа.
Саргы Куо «Мин баар этим тун былыр» Аня Сидорова
Семен Данилов «Тереебут тылым аптаах дор5ооно» стр 93 Айан аартыгаТереебут тыл. Л.Афанасьев аа5ар Саша охлопкова кэнчээри стр 53.
Бу куннээ5и араадьыйа биэриитин Семен Петрович Данилов тылынан тумуктуубут: Сылаас –сырдык сыдьаайдан саха оьо5унуу, баай дууьалан, баай санаалан саха тылыныы.. уонна кунду уерэнээччилэргэ бу кунунэн эрэ тохтоон хаалбакка, тереебут терут тылбыт эгэлгэтин, эриэккэьин, этигэнин, эмэнин уерэтин, сайыннарын, таптаан уонна харыстаан диэн этэбит. Бол5омто5ут иьин баьыыбаларын.Дьоро киэһэ программата:
Ийэ тыл күнэ – норуот үөрүүтэ!
«Литература – олох сэркилэтэ” ТОК оонньуу ( икки хамаанда күөн көрсөллөр – хамаандаҕа үөрэнээччилэр, икки учуутал, 3 төрөппүт кыттыыны ылаллар)
Киириитигэр саха алфавитын төрүттээччи, лингвист учуонай С.А.Новгородов туһунан билиһиннэрии (презентация)
Блиц – ыйытыктар
Тылы ойууларынан көрөн быһаарыы
Хамандыырдар күрэстэрэ