Сана дьыллаа5ы быраhынньык сценарийа
Саха остуоруйаларынан Cана дьыллаа5ы бырааhынньык сценарийа
Оруолларга оонньооччулар:
Дьэрэкээн о5олор – (кыыс Эвелина, уол Саян эбэнкиилии танастаахтар).
Саhыл – Охлопкова Настя
Тыал - Слепцова Шура, кини до5отторо Хаардар: Настя, Саша, Дарианна, Ангелина
Куобах – Намыына (кини до5оторо кыра о5олор)
Куоска – Дарианна
Хаалдьыт Бэргэн – Ильинов Коля
Бухатыыр –Гурьев Юра
Табалар – Саша, Настя, Дарианна, Намыына
(Музыка тыаhыыр «Сана хаар»)
Ыытааччы: Сана дьылбыт са5аланна кэллэ!
Сана кыайыы, уеруу,
Сандаар кунэ ууннэ!
Симэх оhуор баайыммыт
Ёлкабыт бырааhынньыгар
Ытыс тыаhынан о5олорбутун керсуе5ун!
(Мааскалаах о5олор сиэттиhэн киирэллэр)
Манна кэллилэр
Остуоруйа дойдуттан
Дьэрэкээн о5олор
Силлиэрэр – боллоорор
Киэн сири кэрийэр Тыалчаан,
Бутэй буердээх урун Куобахтар,
Сайа5ас санаалаах Куоска,
Эдьиий кээн Cаhылчаан,
Хаалдьыт бэргэн уолан.
Сытыы ейдеех, туохтан ча5ыйбат
Сутурук са5а Бухатыыр
Уонна кини до5отторо
Туундара киэн сирин
Тамайа суурэр табалар!
I - Хоровод: «В лесу родилась Ёлочка».
Ыытааччы: Кулумнэс симэхтээх куех харыйабытын о5олорбут хоhоонунан этиэхтэрэ.
Намылыйар лабаа5ар Эргийдэ хоровод Сана дьыл уунуутэ
Киэлгэл бэрдин эринэн, Чуор ырыа дьиэрэйдэ Сайа5ас иэйиилээх
Килбэчийэр киистэ5эр Сана дьылбыт сандаарда Соргу дьол кэлиитэ
Кемус дуйу бурунэн Ёлкабыт киэркэйдэ Соhуччу уеруулээх
Кыраhыабай бэйэккэн Кылбачыйар килбэчийэр Сана дьыл киэhээтэ
Кынтайаахтыы лаглайан, Хас биирдии иннэтэ Сандаара тырымнаа
Кунду алмаас енунэн Музыкабыт кутуллар Сана льыл иэйиитэ
Кулумурдуу тура5ын. Ёлкабыт киэркэйэр Санаабын кынаттаа
Ыытааччы: Кэрэтиэн Сана Дьыл киэhээтэ,
Сандааран салаллан кэлбитэ!
II - Ырыа: «Сана дьыл». (бары туран)
Ыытааччы: Сана дьыллаах бырааhынньыкпытын омуннаах, аптаах кестуулэрдээх остуоруйа дьиктитинэн толоруо5ун. (Музыка тыаhыыр «Сана дьыл»).
Ыытааччы: Хаардаах тыа5а халын сискэ
Байдам майгылаах Алаа мо5уска
Бастарын биэрбэккэ, бэйэлэрин сиэппэккэ
Туруулаhан кыайан
Олорбуттар дьэрэкээн о5олор.
(Эбэнкиилии танастаах уоллаах кыыс киирэллэр)
Тэнкэ, тэнкэ харыйаны
Тиэргэннэригэр киэргэппиттэр,
ыркый сиртэн, ыраах сиртэн
Ыалдьыттары кэтэспиттэр. (харыйаны киэргэтэллэр)
Дьэрэкээн кыыс: Хаар манан бытыктаах,
Тымныы чысхааммыт
Кэhиитин тунэтэ, уеруутун уксэтэ,
Тиийцэн кэлэрэ буоллар.
Дьэрэкээн уол: Кэтэhэ олоруохпут дуо? Чысхааны кердуу барыах.
(о5олор сиэттиhэн тегуруччу хаамаллар)
Ыытааччы: Бу баран иhэннэр дьэрэкээн о5олор, эдьиийкээн Саhылы керсе биэрэллэр. (Саhыл куйбаннаан хааман киирэн Дьэрэкээн о5олору керсер).
Дьэрэкээн кыыс: Эдьиийкээн Саhыл
Сана дьылы керсееру,
Чысхааны ыныраары
Кердуу сылдьабыт.
Билэрин буолаарай,
ханна олорорун.
Саhыл: Чысхаан о5онньор остуоруйа дойдутугар муус дыбарыаска олорор. Остуоруйа дойдутугар тиийдэххитинэ, керуеххут. (Дьэрэкээн о5олор салгыы хаамаллар)
Ыытааччы: Дьэрэкээн о5олор остуоруйа дойдутугар – Таал – Таал эмээхсин олорор алааhыгар баар буола туспуттэр. Алааhы ортолоон иhэннэр туптээн биир сиргэ олорбот, киэн сири кэрийэр тымныы тыалы керсубуттэр.
III - «Хаар ункуутэ»- (толороллор Дарианна, Настя, Саша, Ангелина)
Тыал: Халын хаары ере ытыйан
Халлаанна тиийэ ыhыахтаан,
Силбиэттэнэн ытыллан,
силлиэрэн боллоорон
Силлиэ тыал буолабын.
Дьэрэкээн о5олор: Тыал, тыал,
Эн киэн сири кэрийэ5ин
Эт эрэ, Чысхаан
Хайа диэки баара буолуой?
Тыал: Чысхаан о5онньор
Быhыйкаан атахтаах,
Бычча5аркаан харахтаах
Кылбаа ма5ан куобахчаан
Ойбонноох алааhыгар
Барбыт буолуохтаах.
Ыытааччы: Инньэ диэн баран тыал кете турбут. Бэрт былыр куобах уhун сахсайбыт кутуруктаа5а уhу. Дьэрэкээн о5олор ол куобах алааhыгар тиийбиттэр. Куобах ойбонно киирэн уулуу олорор эбит. (ыстаналаан кэлэр уулуур).Уhуннук уулаан куобах уhун кутуруга мууска «хам» сыстыбыт. Дьэрэкээн о5олор чугаhаабыттарыгар куобах куускэ мехсубут (мехсер). Кутуругун быhа тардан ойуурга куоппут.
Дьэрэкээн кыыс: (кутуругу ылар) Оо, куобах соhуйан куттанан, кутуругун быста. Хата сып - сылаас са5аланным дии.
Дьэрэкээн уол: Куобахчаан куттаныма та5ыс! Биhи дьэрэкээн о5олорбут, Чысхаан хайа диэки барбытын ыйан биэриэн дуо?
Куобах: Чысхаан биhиэхэ сылдьан ааспыта. Биhи Чысхаанна оно – манна ойуолуур, ункуубутун ункуулээбиппит. Ылын, куобахтар, кэлин! Дьэрэкээн о5олорго ункуубутун ункуулуе5ун.
III – «Куобахтар ункуулэрэ»(кыра о5олор).
Куобах: Чысхаан аны куоскалаах кутуйах олорор алаастарыгар тиийбит буолуохтаах. Онно барын. (Куобах тахсан барар).
Ыытааччы: Дьэрэкээн о5олор атын алааска баран испиттэр. Куосканы керсубуттэр. (Куоска сыбдыйан кэлэн о5олору керсер).
Дьэрэкээн кыыс: Дорообо куоска! Бу тыа5а тугу кердуу сылдьа5ын?
Куоска: Кутуйа5ы кердуубун, урут эйэ дэмнээхтик биир бала5анна олорбуппут. Мин бултуур этим, кини ас астыыра. Арай биирдэ улахан дьэдьэни булан а5албытым. Дьэдьэни Сана Дьылга сиэхпит диэн хоспоххо хаhааммыппытын кутуйах инсэтин кыаммакка уоран сиэн кэбиспитэ. Онон кутуйа5ы тутаары кердуу сылдьабын.
Дьэрэкээн уол: Онтон биhи Сана Дьылы керсееру Чысхааны кердуу сылдьабыт. Куоска, кербутун дуо?
Куоска: Чысхаан сылдьан ааспыта. Биэс ынахтаах Бэйбэрикээн эмээхсин алааhыгар барын. Онно Хаалдьыт Бэргэн хара тыа5а бултуу сылдьара буолуо. Киниттэн ыйытаарын. (Куоска барар).
Ыытааччы: дьэрэкээн о5олор салгыы айанныыллар. Алааска киирэн иhэн Хаалдьыт Бэргэн уоланы керсе туhэллэр.
IV«Булчут ункуутэ» - толорор Ильинов Коля
Дьэрэкээн уол: Хаалдьыт Бэргэн чысхаан хайа диэки барбытын билэ5ин дуо?.
Хаалдьыт Бэргэн: Мантан хоту бардаххытына, сутурук са5а Бухатыыры керсуеххут. Кини Чысхаан ханна баарын этиэ5э.
Ыытааччы: Дьэрэкээн о5олор хоту диэки туруна турбуттар. Сутурук са5а Бухатыыры керсе туспуттэр.
(«Бухатыырдар» ункуулэрэ – толороллор Гурьев Юра, Болтунов Юра, Светик, Саян)
Дьэрэкээн кыыс: Сутурук са5а Бухатыыр, чысхаан ханна олорорун эн билэр уhугун. Этэн биэриэн дуо?
Бухатыыр: Таас хайа5а тиийин. Онно Чысхаан муостаах табалара бааллар. (бухатыырдар бараллар)
Ыытааччы: Дьэрэкээн о5олор,
Харыс да5аны устата
Хаалсар диэни билбэккэ
Тэhиин да5аны устата
Тэйсэр диэни билбэккэ,
Сал5ыы хааман испиттэр.
V - Дьэрэкээн о5олор Саян Эва «Хотугулуу ункуу»)
Туус манан кырсалаах
Туналыйар туундараны
Уhуннук хааман унуордаан
Ургуук табалардаах
Туруору хайа5а тиийэн кэлбиттэр.
(Дьэрэкээн о5олор Таас хайа таhыгар кэлэн тураллар)
О5олор ол аанынан киирэн истэхтэринэ, манан табалар утары ойон тахсыбыттар.
VI - «Таба ункуутэ» (толороллор Намыына, Настя, Саша, Дарианна)
Таба: Дорооболорун о5олоор! Туохха бачча ыраах кэллигит?
Дьэрэкээн кыыс: Дорообо Табачаан!
Дьэрэкээн уол: Кердеен, кердеен буллубут. Ыраах – чугас ыалдьыттарбыт Сана Льылы керсееру Чысхааны, Хаарчаананы кэтэhэн олороллор.
Дьэрэкээн кыыс: Чэйин эрэ! Урун хаар о5олоро – табачааннар! Чысхааны уонна Хаарчаананы кытта о5олор бырааhынньыктарыгар айанныа5ын!
(Сааланы эргийэ хайа5а теттеру киирэллэр. Ити бириэмэ5э чуораан, туйах тыаhыыр)
Ыытааччы: Хотугу табачаан туйа5ын тыасчаана
Таас хайа быыhынан ыраахтан тибийэр,
Хомурах, бадараан кинини тохтоппот,
Тиийиэхтээх сиригэр тиэрпитэ эрэ баар. (Табалар Чысхааны уонна Хаарчаананы кытта киирэн кэлэллэр).
Чысхаан: Дорооболорун о5олоор! Мин эhиэхэ ыалдьыттыы кэллим. Кэлэр кэм барыбыт оло5ор кэскилэ кэрэтиэн диэн тыллыы. Кунду о5олоор, тереппуттэр, ыалдьыттар эhигини Сана дьылынан э5эрдэлиибин!.
(Салгыы ырыалар, хоhооннор, оонньуулар, сюрприз, бэлэх туттарыы)