Доклад на тему Тыа сирин инники кэскилэ
«Тыа сирин инники кэскилэ» доклад тезиґэ Орто Халыма улууґун уґугар баар Јліікі-Кµіл біґµілэгэр баар биґиги оскуолабыт сµрµн хайысхаларыттан биирдэстэрэ: о±ону µлэ±э иитии соруктарын кэІэтэн, дириІэтэн идэни, олоххо туґаныллар дьарыктары баґылааґыІІа туґаайан µірэтии. Республика±а биґирэммит инновационнай программанан µлэлиир 32 оскуола ахсааныгар киирсэн, 2001 сыллаахтан агрофермерскай хайысхалаах оскуола аатын сµгэр.
Агро хайысханан µірэхпитигэр, хоту дойду олохтоохторо буоларбыт быґыытынан, булду-алды, балыктааґыны, саха сиэринэн сылгы-сµіґµ иитиитин, аныгы олох ирдэбилинэн техника±а сыґыаран тракторы ыытыыга µірэтэбит.
Ол курдук, уолаттарбыт сэттис кылаастан ыла сылгыны кіріргі-харайарга, миинэргэ, кілµнэргэ, илими µтэргэ, кіріргі, муус аллара, туу уга, сыалыґарга быара±астыырга µірэнэллэр.Маны таґынан, андаатары бултуурга, тууну іріргі, булт мындырдарын мунаахсыйбакка быґааран, сорсуннаах сонордьут буола улааталлар.Оттон онус кылаастан ыла трактор уруогар µірэнэн, уон биирис кылааґы бµтэрэллэригэр экзээмэн туттаран, ДТ тракторы ыытар быраап ылаллар.
Оттон кыргыттарбыт ынах ыаґыныттан са±алаан, µµт сыатын кэмнээн, бултаммыт балыгы астаан, андаатардарын сууйан-сотон, ыраастаан, таІастаан, тигэн, о±уруот µµннэриитигэр тиийэ µірэнэллэр.
Јліікі- Кµіллээ±и агрофермерскай хайысхалаах орто оскуолаТЫА СИРИН ИННИКИ КЭСКИЛЭ
Доклады суруйда:
Ноговицына Изабелла Егоровна
саха тылын учуутала2011с.
Былыр-былыргыттан тыа киґитэ сарсыардааІы кµн сардаІата тахсыытын хара µлэни кытта ірі тустан кірсірі, киэґэтин хараІаны харахтанан сылайан-элэйэн дьиэтин булара. Маннык кµн аайы бµппэт тµбµккэ маґын-отун, уутун-хаарын, ына±ын-сµіґµтµн, дьиэтин-уотун, булдун-алдын кыайа тутар кыахтаа±а.Уґун, тымныы, кылгас кµннээх кыґыннаах тыйыс айыл±абыт усулуобуйата тыа киґитин моґуйан, эрийэн, мындыр, булугас ійдііх, тобулла±ас толкуйдаах, ыраа±ы ыраІалыы, іті кірір, сэрэнэр, сибикилиир, сатабыллаах гына иитэн-чочуйан таґаарбыта. Ол µірµйэхтэр суруллубатах сокуон буолан, а±аттан уолга, ийэттэн кыыска µµнэр кэнчээри ыччакка бастыІ бэлэх буолан, бэриллэн иґэллэрэ. Ол гынан баран, олохпут сайынна±ын аайы тыа киґитэ ійі-санаата уларыйан µлэттэн сµрэҕэлдьээн, айыл±аттан тэйэн ібµгэттэн илдьэ кэлбит µірµйэхтэрин умна быґыытыйбыта. Ол тµмµгэр, тыа сирэ сайдыбакка, тыа киґитэ µлэттэн тэйэн бэлэми эрэ кэтэґэр аатыгар тµспµтэ.Маннык суолунан айгырааґыІІа, кэхтиигэ тиийэр кутталлаахпытын ійдіін, тыа сирин инники кэскилин ірі тутар, тыа киґитин µлэлээх, дьарыктаах гынан таґаарар соруктар турбуттара. Ол бачыымынан, тыа сиригэр агро хайысхалаах оскуолалары тэрийии са±аламмыта.
Јліікі-Кµіл орто оскуолата 2001 сыллаахтанагрофермерскай хайысхалаах оскуола аатын сµгэр.Биґиги µірэнээччилэрбит оскуоланы бµтэрэллэригэр ситии-хотуу аттестатын кытта тыа киґитигэр булгуччу наадалаах, олоххо туґалыыр µірµйэхтэри ылан тахсаллар.
Ол курдук сорсуннаах сонордьут, байанайдаах булчут, быйаІнаах балыксыт буоллуннар диэн хас 굴µн аайы муус эрэ турдар, 굴µІІµ сынньалаІнарын биґиги уолаттарбытын салайааччыларын кытары оскуола базатыгар ыытабыт. Манна о±олорбут балыктааґыІІа: ойбон алларарга, илим µтэргэ, илими кіріргі, быара±ас быра±арга, отууга-сыґыыга сатаан сылдьа µірэнэллэр. Санаан кірдіххі, итиниэхэ барытыгар о±о а±атыттан µірэниэхтээх курдук, ол гынан баран кэлиІІи кэмІэ, со±отох ийэлээх о±олор ахсааннара элбээн иґэр.
Ол бултаммыт балыгы, сордоІу, сыалыґары кыргыттарбыт астааннар оскуола остолобуойугар сылаас, минньигэс тірµт ас быстыбат.
Оттон сааґыары халлаан сылыйда±ына, кулун тутартан са±алаан, андаатарга сайыаска са±аланар.Манна андаатар ханна олохсуйан уйаламмытын кірін, туу уган бултууллар. Сааскы халыІ мууґу алларар, уйаны таба булар эмиэ бэйэтэ туспа сатабылы эрэйэр.
Маныаха кыргыттар эмиэ кыттыыны ылаллар. Бултаммыт андаатар тириитин сµлэн, ыраастаан, сууйан-сотон, хатаран, имитэн, таІастаан араас моґуоннаах бэрэгэґэ, µтµлµк, кібµір, онноо±ор са±ынньах гынан тигэн таґаараллар. Араас быыстапкаларга кытталлар.
Аны туран, биир сµрµн хайысхабыт сылгы иитиитэ буолар. Оскуола базатыгар сылын аайы10-ча биэ, 2 ат тутуллар. Манна уолаттарбыт аты кілµйэргэ, миинэргэ сылгыга сыста±ас дьон буола µірэнэллэр. Сайыныгар 2-3 ба±алаах уолаттар оскуола сылгыґытын кытта сылгын сайылата ыраах учаастакка бараллар.
Кыргыттарбыт сылгыттан эмиэ тэйэн хаалбаттар.Сылгы кылыттан, сиэлиттэн сууйан-сотон, ыраастаан, наардаан араас оІоґуктары оІороллор. Кµґµн идэґэлэммит убаґа этин астаан остолобуойга аґаталлар.
Тыа киґитэ ынахтаах-сµіґµлээх буолан, сайын хайаан да оттуохтаах. Онон, биґиги о±олорбут сайыІІы сынньалаІнарын тэрийиигэ отчуттар лаа±ырдара тэриллэр. Манна 9-10-11 кылаас о±олоро икки сезоІІа 20-лии о±о киирэн полумеханизированнай от биригээдэтигэр оттууллар. Сылын аайы 150-ча тонна былааннаа±ын аґара толорон улууска бастыыр. Оскуола ДТ уонна МТЗ трактордарыгар трактористары кытта сылдьан уолаттар тракторы ыытыы уруогун теориятын кинигэннэн эрэ буолбакка олоххо дьиІнээхтик туґанан тимир кілінµ баґылыыллар. Бу µірµйэхтэрин салгыы 10-11 кылааска трактороведение уруогар µірэтэн, оскуоланы бµтэрэллэригэр права туттаран, тракторист идэлээх дьон буолаллар. Оттон оттоммут оту бырыґыанын аахсан бэйэлэрэ ылаллар. Хаалбыт оту оскуола сылгытыгар аґаталлар.
Кыргыттарбыт асчыт уонна иистэнньэІ эрэ буолбакка, ынах сµіґµнµ иитиигэ животноводство уруогар µірэнэллэр. КµґµІІµ сынньалаІ кэмигэр олохтоох ферма±а баран ынах ыыллар, торбос кіріллір-харайаллар, µµттутан, сыатын кэмнииргэ µірэнэллэр.
Оттон сааґын, муус устартан са±алаан, µµнээйи олордуунан дьарыктаналлар. Араас сайыІІы сибэкки, о±урсу, кабачок, помидор, сµбµікµлэ, моркуоп, хаппыыста сиэмэтин ыґан, µµннэрэргэ бэлэмнииллэр. Сайын устата уу кутан, кірін-истэн бµібэйдээн µµннэрэллэр. О±урсуну отчуттар лаа±ырдарыгар илдьэллэр, ордубутун тууґууллар кыґын бэйэ кэнсиэрбэтин остолобуойга аґыыбыт.
СайыІІы сынньалаІы туґалаахтык атаарыыга туґуланан іссі биир лаа±ырдаахпыт. Манна 6-7-8 кылаас о±олоро кирпиичэ оІороллор. Біґµілэк барыта буор оґохтоох буолан, кирпиичэ атыыга бэрт хама±аттык барар. Саас µірэх дьыла бµтµµтэ нэґилиэнньэттэн заявка хомуллар кирпиичэ наадатын аа±ан-суоттаан баран былааннаан, µлэ бэс ыйын ортотуттан са±аланар. Бу лаа±ыр 2 сезоІІа 15-тии -20-лии о±олоох µлэлиир. О±олор кирпиичэ буорун булан, хаалаан а±аланнар буоор кытаанах µлэтин кытта эллэґэн, буґан-хатан µлэґит бэрдэ буолан тахсаллар. Манна кирпиичэ оІорор буору мэґийии, киэптээґин, хатарыы барыта илии µлэтигэр уґаарыллаллар.
Онон биґиги оскуолабытын бµтэрэллэригэр олоххо бигэ тирэхтээх дьон буолаллар.
Агропрофильнай µірэх сыллаа±ы былаанаКэмэУолаттарга КыргыттаргаБала±ан ыйаБулт тэрилин сіргµтµµ, ірімµіннээґин, абырахтааґын. О±уруот аґын хостооґунАлтынньыБалыктааґынХотоІІо сµіґµнµ харайыыСэтинньиИистэнииАс астааґынАхсынньыТрактор уруогаСылгыны иитииТохсунньуОлунньуКулун тутарНаучно-исследовательскай аа±ыыларга кыттыыСыалыґарга сайыаскаАндаатаралааґынНаучно-исследовательскай аа±ыыларга кыттыыРассаданы µµннэрииМуус устарЫам ыйаБэс ыйаКирпиичэлээґинТеплица±а рассаданы таґаарыыКирпиичэлээґинОт ыйаОттооґунОттооґун,
о±уруокка µлэАтырдьах ыйа
Јліікі- Кµіллээ±и агрофермерскай хайысхалаах орто оскуолаТЫА СИРИН ИННИКИ КЭСКИЛЭ
Доклады суруйда:
Ноговицына Изабелла Егоровна
саха тылын учуутала2011с.