Письмо якутской интеллигенции/А Е Кулаковский
17.12.2015 год 11 класс.
Тема открытого урока: Школа и общество (А.Е.Кулаковский “Письмо якутской интеллигенции”
Уруок темата: Оскуола уонна уопсастыба олоҕо.
( А.Е.Кулаковскай “Саха интеллигенциятыгар» сурук )
Уруок сыала: - А.Е.Кулаковскай төрөөбүтэ 135, «Саха интеллигенциятыгар» суруга 100 сылын эдэр ааҕааччыларга билиһиннэрии, сырдатыы, урукку уонна билиҥҥи кэми тэҥнээн көрүү.
Уруок соруга:
1. Сурук ис хоһоонун биллэрэн, көтөҕөр проблематын дьүүллэһии, ырытыы.
2. Эдэр ааҕааччылар уруокка көхтөөхтүк кытталларын ситиһии.
3. Дублёр учууталы бэлэмнээһин.
Уруокка туһаныллар матырыйааллар, тэриллэр: интерактивнай дуоска,
ноутбук, “Саха интеллигенциятыгар” кинигэ о.д.а. кинигэлэр.
№ Уруок хаамыыта Учуутал Үөрэнээччи
1. Тэрээһин. Уруок тематын, сыалын-соругун били-һиннэрии. Истии.
2. Киирии тыл.
(учуутал) Быйыл саха литературатын төрүттээ-бит бастакы суруйааччы А.Е.Кулаков-скай-Ө.Ө кулун тутар ыйга төрөөбүтэ 135с. уонна “Саха интеллигенцияты-гар» суруга 100 сылын республика киэҥник бэпиэтээтэ. Ону хаһыаттан ааҕан, телевизорынан көрөн билэбит. Бу сурук рукопиһын куоппуйалаан, Ө.Ө. олорбут, үлэлээбит улуустарыгар автор сиэннэрэ туттардылар. Уус-Ал-дан Суотту музейыгар үөрүүлээх быһыыга туттарбыттара. Көрбүттэрин-истибиттэрин этии.
3. Саҥа тема:
1.Авторы билиһиннэрии
(учуутал)
Дублёр:
Презентацияны көрдөрөн түһүмэхтэри ааҕыыта.
Бары билэрбит курдук, А.Кулаковскай
суруйааччы эрэ буолбатах. Кимий?
Кини бэйэтин кэмигэр Саха сиригэр соҕотох үөрэх тэрилтэтин, реальнай училищены бүтэрбитэ. Салгыы соҕу-руу баран үөрэнэр кыаҕа суоҕа. Бас-таан суруксутунан, онтон учууталынан үлэлээбитэ. Онон оччотооҕу оскуола уонна саха дьоно уопсастыбаҕа хай-дах дьаһанан олорорун билэрэ. Саха омук эстибэккэ ордуон уонна атын дойду дьонуттан итэҕэһэ суох сай-дыан баҕарара. Ол санаатын 1910-1912сс. Хаҥалас Хачыкаатыгар олорон суруйбута. Суругун саха интеллиген-нэрэ ааҕан, ырытан, олоххо кил-лэрдиннэр диэн суруйбута.
Сурук 7 түһүмэхтээх: 1.Сири туһаныы.
2. Сир оҥоһуута.
3. Балык туһунан.
4.Сүөһү иитиитэ.
5. Оскуола уонна уопсастыба олоҕо.
6. Экономическай балаһыанньа уонна предприятиелар.
7. Дохуот төрүтэ.
Биһиги 5-с “Оскуола уонна уопсастыба олоҕо” түһүмэҕи билсиһиэхпит. Биирдиилээн эппиэттэр.
Эппиэттэрэ:
саха норуотун тылын-өһүн, олоҕун-дьаһаҕын, фольклорун, историятын хомуйбут уче-най, айанньыт...
.
Истии.
2) Ыйытык:
1.Интеллигенция?
2. Оскуола?
3. Уопсастыба? Тыллар өйдөбүллэрин, суолталарын быһаартарыы. Эппиэттээһин: 1.Билиилээх- - сайдыылаах, үөрэхтээх киһи.
2.Оскуола-оҕо үөрэнэр тэрилтэтэ.
3.Уопсастыба-дьон олорор эйгэтэ, тутула
3) Суругу билсиһии
(дублёр слайданы оҕолорунан аахтарар)
4).Суругу дьүүллэһии. А.Е.К. 1912с. суруйар.
1). Оҕолор үөрэнэр оскуолалалара аҕыйах, үөрэх программата саха оло-ҕор сөбө суохтар. Саатар улууска биһиги олохпут ирдэбилигэр сөп түбэ-һэр программалаах биирдии оскуола баара буоллар.
2).Сахалыы суругу-бичиги оскуола-ларга киллэриэххэ.
3).Ремесленнэй оскуолалар аһыллал-лара олус наадалаах.
4).Интеллигенция саха литературатын үөскэтэр соругу ылыныахтаах, онто суох сахаларга суругу-бичиги тарҕа-тыы, үөрэҕирии сайдара кыаллыбат. Интеллигенция тыа хаһаайыстыба-тыгар аналлаах сурунаалы, кинигэни сурутуохтаах. Ылбыт билиитин дьоҥҥо тарҕатыахтаах. Биир дьоһуннаах хар-дыынан нууччалыыттан сахалыы тыл-баас буолуохтаах.
5).Общественнай библиотекалар наадалар. Тас дойдулар олохторун туһунан билэргэ периодическай уонна аналлаах сурунааллары сурутуохха.
6). Арыгылааһыны, хаартылааһыны, табахтааһыны утары охсуһарга дьаһал ылыахха наада.
7).Дьадаҥы дьоҥҥо кредити аһар, сири туһаныы кылаастаах систиэмэтин суох оҥорор уонна кулаак аймаҕы кытта охсуһар дьаһаллары ылынар сатаммат дии саныыбын. Тоҕо?
8). Потребительскай лааппылар. Хас биирдии пууну өйдөнөр гына биирдии-лээн оҕо ааҕар.
Хас биирдии пуун ис хоһоонун ырытыы, көтөҕөр проблематын этэн дьүүллэһии.
Бэйэ санаатын этии.
4. Түмүк оҥоруу
(учуутал) - А.Е.Кулаковскай саха омук сайда-рыгар, эстибэтигэр атыттар эмиэ үлэ-лэһэллэригэр ыҥырбыта, ол туһугар тугу оҥоруохха сөбүн ыйбыта, эппитэ.
2. Бу сурук көтөҕөр проблемата билигин да сытыытык турар.
27.04.1922с. САССР тэриллибитэ.
Ити сыл Үөрэх министерствота тэриллибитэ уонна саха оҕото бэйэтин тылынан үөрэнэрэ көҥүллэммитэ, быйыл 90 сыллара туолла. Түмүк оҥорсуһуу.
5. Эбии матырыйаал
биэрии.
(дублёр) -100 сыл ааспытын кэннэ көрдөххө, билигин Саха сиригэр 953.3 тыһыынча киһи олорор 500-тэн тахса оскуола баар.
-139 тыһыынча үөрэнээччи
-14 тыһыынча оҕо 1 кылааска киирдэ.
-Сыл аайы 10 саҥа оскуола үлэҕэ киирэр. - Истии
- ааҕыы, өйдөһүү
7. Саха сиригэр үөрэх-тээһиҥҥэ сыһыаннаах Викторина. (дублёр ыытар)
1.Аан бастаан сахалартан ким ыраахтааҕыга “Сахалар тустарынан былаа-ны” туттаран, саха оҕото үөрэнэригэр көҥүлү ылбытай?
2. Саха сиригэр 12 сыл көскө олорбут киһи «Манна олорор дьон-үтүө дьон-нор. Кинилэр Европа дьонуттан ордук дьоҕурдаахтар быһыылаах, оскуолаҕа саха оҕолоро нууччалардааҕар үчүгэй-дик үөрэнэллэр дииллэр… Сахалар да хаһан эрэ киһилии олорор буолуохтара»,-диэн дьонугар суруйбута. Кимий?
3.Саха биир бастакы интеллигенэ, Са-ха сирэ тутулуга суох буолуутун иһин охсуспут, “Сахалар союзтарын” тэрийбит, сахалыы бастакы хаһыаты, национальнай библиотеканы тэрийбит кимий?
4. Бэйэтэ олох үөрэҕэ суох, ол гынан баран Саха сирин улуустарыгар хас да оскуоланы туттаран, РФ үөрэ-ҕириитин туйгуна буолбут кимий?
5.ХИФУ ким аатын сүгэрий?
6.ХИФУ ректора кимий?
7.Саха сиригэр оскуолалар аһыллыыларын уонна үөрэхтээһин сайдыытын туһунан анаан үөрэппит, чинчийбит кимий?
8. 30-лаах сааһыгар тыыннааҕар Дүп-сүҥҥэ туттарбыт оскуолатыгар аата иҥэрил-либит, 1931-1939сс. САССР Үөрэҕин наркома кимий?
9. Билигин үлэлии сылдьар СР Үөрэҕин министрэ? Эппиэттэрэ:
1.Алексей Аржаков-Сэһэн Ардьакыап Екатерина ii
18.09.1789с.
2.Николай Гаврильевич Чернышевскай.
.В.В.Никифоров-Күлүмнүүр.
4.Гаврил Васильевич Егоров.
5.М.К.Аммосов.
6.Е.И.Михайлова.
7.В.Ф.Афанасьев-Алданскай.
8. Иван Никола-евич Жирков.
9.Афанасий Семенович Владимиров
8
9. Бэйэ санаатын
этии.
Уруок уопсай түмүгэ: -Эн уопсастыбаҕа миэстэҥ?
-Кулаковскай курдук саха норуота дөксө чэчирии сайдарыгар, эстибэтигэр тугу, кимиэхэ туһаайан этиэҥ, суруйуоҥ этэй?
Бүгүҥҥү уруокка А.Е.К. 100 сыллааҕыта суруйбут ыҥырыы суругар саха норуота сайдар суола-үөрэх, билии, сайдыы буоларын ыйбыта уонна атын омуктардыын эйэлээхтик олорорго ыҥырбыта. Ааҕааччылар
санаа үллэс-тиилэрэ.
Уопсай түмүккэ бэйэ санаатын этии.
10 Дьиэҕэ сорудах: Сорудаҕы биэрии. ”Саха интелли-генциятыгар” суругу ааҕыы.