Рабочая программа по родной литературе 3 класс



Быhаарыы сурук.
Уус – уран литература оскуолаҕа оҕону кыра сааhыттан ийэ тыл эйгэтигэр киллэрэр, уран тылга уhуйар, иитэр – үɵрэтэр сүрүн хайысха. Умсугуйан ааҕар оҕо ɵйɵ - санаата сайдыылаах, билиилээх – кɵрүүлээх, олох бүгүҥҥүтүн эрэ буолбакка, бэҕэhээҥҥитин ыраҥалыыр, сарсыҥҥытыгар эрэллээх буолар. Онон «Литературнай ааҕыы» үɵрэх предметин анала – оҕоҕо ааҕар дьоҕуру олохсутуу, ааҕыы бэйэ кыаҕын сайыннарыыта суолталааҕын ɵйдɵтүү.
Оскуолаҕа «Литературнай ааҕыы» үɵрэх предметин сыаллара:
ааҕыы уопсай култууратын иҥэрии; ааҕар үɵрүйэҕи олохсутуу; саҥа араас кɵрүҥүн сайыннарыы;
оҕону ааҕыы эйгэтигэр сɵптɵɵх научнай литератураны хабан туран киллэрии;
уус – уран айымньыны ааҕыы нɵҥүɵ уйулҕаны хамсаиан иэйиини уhугуннарыы; тыл искусствотыгар эстетическэй сыhыаны үɵскэтии; айар дьоҕуру сайыннарыы;
ааҕыы нɵҥүɵ сиэр – майгы үтүɵ ɵрүттэрии олохсутуу; Саха сирин, Россия уонна тас дойду норуоттарын култуураларыгар убаастабылы иитии.
Сыалы ситиhигэр маннык соруктар тураллар:
ааҕыы араас ньыматын баhылааhын;
тиэкиhи кытта үлэ сүрүн сатабылларын иҥэрии;
наадалаах литератураны булан туhаныы;
ааҕыыга интэриэhи үɵскэтэн, кинигэҕэ тапталы иҥэрии;
айан кэпсиир уонна суруйар үɵрүйэхтэрин сайыннарыы;
Үɵрэх предметин үɵрэтии түмүктэрэ
Ытык ɵйдɵбүллэрин үɵрэнээччигэ иҥэрии түмүгэ (личностные результаты):
тулалыыр эйгэ туhунан билии – кɵрүү ааҕыы кɵмɵтүнэн кэҥиирин – дириҥиирин ɵйдүүр
норуотайымньыта уонна уус – уран литературата саха тɵрүт олоҕун – дьаhаҕын, историятын, тылын - ɵhүн, култууратын кɵстүүтэ буоларын ɵйдүүр, сыаналыыр
үтүɵнү – мɵкүнү, сырдыгы – хараҥаны арааран, сиэри тутуhуу, амарах, аhыныгас, дьоҥҥо кыhамньылаах майгы үчүгэйгэ тиэрдэрин ɵйдүүр
Үɵрэх сатабылларын сайыннарыы түмүгэ (метапредметные результаты):
ааҕыы үлэтин араас кɵрүҥэр сыал – сорук туруоруна үɵрэнэр
уруокка бэриллибит сорудаҕынан араас иhитиннэрэр эйгэ кыаҕын талар, туhанар
уус – уран айымньыга мɵккүɵр тɵрүɵтүн, сайдыытын быhаара, дьон сыhыанын ырыта дакаастыы үɵрэнэр
аахпытыгар олоҕуран тэҥнии уонна ойуулуу учебнигынан үлэлии үɵрэнэр
доҕотторун, тɵрɵппүттэрин, кылаас иннигэр кылгас иhитиннэрии оҥоро үɵрэнэр
Тустаах үөрэх предметин үөрэтии түмүгэ (предметные результаты)
ааҕыы сүрүн үөрүйэхтэрин баһылыыр
айымньы араас көрүӊүн болҕойон истэр
норуот айымьныта уонна уус-уран литература, төрөөбүт уонна атын омук литературата диэн араарар
аахпыт уус-уран айымньытын суруйааччытын (саха уонна омук) аатын уонна көрүӊүн (жанрын) болҕойор үөрүйэхтээх
сааһыгар сөптөөх араас көрүӊӊээх( уус-уран, үөрэх, научнай- популярнай) тиэкиһи үчүгэйдик өйдүүр, ырытар, туһанар
кэпсээһин араас көрүӊүн ( сиһилии, кылгатан, талан, быһа тардан) билэр; сорудах быһыытынан туһааннаах көрүӊӊэ сөп түбэһиннэрэн кэппсиир
сөбүлээн аахпыт айымньытын туһунан аҕааччы дневнигэр ( альбом, тэтэрээт) уһуктубут иэйиитин үллэстэн санаатын суруйар
сааһыгар сөп түбэһэр айымньы тылын араас дэгэт суолтатын өйдүүр, тоҕоостоох миэстэҕэ кубулуйбат уус-уран быһаарыыны( эпитет), өс хоһоонун, уус-уран ньыма арааһын кэпсииригэр туһанар
айымньыттан сөбүлээбит кэрччигин талан үөрэтэр, өйтөн хоһоонноохтук ааҕар
чопчу тиэмэҕэараас көрүннээх суругунан айар улэни толорор
Үөрэх былааныгар үөрэх предметин миэстэтэ
Үөрэх былаанынан үһүс кылааска литературнай ааҕыыны үөрэтиигэ барыта нэдиэлэҕэ биир чаас, сылга 68 чаас көрүллэр.
Үөрэх предметин ис хоһооно
3 кылааска төрөөбүт литератураны үөрэтии манны кис хоһоонноохтук буолар:
Саӊарыы уонна ааҕыы үлэтин көрүӊнэрэ туора саӊаны истэргэ, ылынарга; истибит айымньы туһунан ыйытыыга сатаан хоруйдуурга, сааһылаан быһаарарга. Таска сүһүөхтээн ааҕыыттан сыыйа бутун тылынан ааҕыыга көһөрүгэ, ааҕыы тэтимин түргэтэтэригэр, орфоэпияны, интонацияны, сурук бэлиэтин тутуһа, тиэкистэр ис номохторун өйдүү, ааҕыы көрүӊүн быһаара үөрэнэригэр билиини биэрэр.
Араас тиэкиһи кытта үлэ тиэкис өйдөбүлүн, уус-уран тиэкис тиэмэтин, сүрүн санаатын, тутулун, кэрчикктэргэ арааран кыра тиэмэлэри быһаарарга, аат биэрэргэ, үөрэх, научнай-популярнай тиэкис диэн араарарга үөрэтэр; уопсай ырытыыга кыттан, ыйтыыга хоруйдуурга, атын оҕо этэрин сатаан истэ үөрэнэргэ олук уурар.
Библиографическай култуура кинигэ билии төрдө буоларын, көрүӊүн, тутулун, тииптэрин( ыйнньык-кинигэ, үөрэх кинигэтэ, уус-уран кинигэ) туһунан биллэрэр.
Саӊарыы диалог, монолог диэн саӊа араас көрүӊэ буоларын биллэрэр, былааннаан саӊарар, уус-уран ньыматын туттар.
Сурук суругунан саӊа литературнай нуорматын, ис хоһоон уонна тиэкис аата сөп түбэсиһиилэригэр ( тиэмэ, кэпсэнэр сир, дьоруой быһыыта-майгыта), уус-уран ньыманы (синоним, антоним, тэӊнээһин) туһанарга үөрэтэр.
Оҕо ааҕар эйгэтэ норуот тылынан айымньытын, Саха сирин, Россия уонна тас дойдулар оҕо литературатыгар классическай айымньыларын быһаарар.
Литературнай өйдөбүллэринэн үлэ тиэкистэн уус – уран ньыма көрүӊнэрин булууга; литература өйдөбүллэринэн (уус-уран айымньы, тылынан искусство, кэпсээччи, сюжет, тиэмэ, дьоруой) сирдэтинэргэ; айымньы дьоруойун (мэтириэтэ, тыла – өһө, дьайыыта, өйө - санаата) быһаарарга үөрэтэр.
Үөрэнээччи айар үлэтэ оруолунан ааҕарга, тылынан ойуулуурга, тиэкиһи инценировкалыырга, айар үлэтинэн араас тэрээһиӊӊэ кыттарга, тыл этэргэ олук уурар.
Үөрэтии түмүгэр салгыы үөрэнэргэ бэлэм буолууну кэрэһэлиир сайдыы таһымыгар киирэллэр:
тулалыыр эйгэни билиигэ уус – уран литератураны ааҕыы суолтатын өйдүүр;
уус – уран литература киһи – аймах ытык өйдөбүллэрин билиһиннэрэр суолтатын иӊэринэр;
айымӊьы көрүӊүн быһаарар, дьоруойу ойуулааһыӊӊа ырытыыны, тэӊнээһини туттары сатыыр;
араас тиэкистэн туһааннаах информацияны ылар;
ыйынньыгынан, энциклопедиянан, о.д.а матырыйаалларынан сатаан үлэлиир.
Үөрэх предметин материальнай – техническэй хааччыйыы
Библиотека фондата:
3 кылааска аналлаах «Литературнай ааҕыы» үөрэх предметигэр үөрэтэр – методическай комплект;
Литературнай ааҕыыны 3 кылааска үөрэтиини сүрүннүүр программа;
«Литературнай ааҕыы» предмети 3 кылааска үөрэтэр учебниктар;
Көрдөрөр – иһитиннэрэр пособиялар:
Суруйааччылар мэтириэттэрэ, хаартыскалара;
Истиэнэҕэ ыйанар таблицалар;
Үөрэнээччигэ тус сорудахтаах карточкалар;
Айымньы ис хоһоонунан сюжеттаах хартыыналар;
Аудиозапистар;
Сахалыы уус – уран киинэлэр;
Саха сирин суруйааччылара оҕолорго;
Саха сирин художниктара оҕолорго;
Слайдалар «Суруйааччы олоҕо, айар - үлэтэ»
Кабинет техническэй тэриллэрэ:
Кылаас дуоската (таблицаны, постеры, хартыынаны сыһыарар тэриллэрдээх)
Компьютер
Проектор
Интернет
Принтер (скане, ксерокс)
Видеоплеер, ДВД – плейер
Телевизор
Магнитофон, цифровой фотоаппарат, видеокамера
Интерактивнай дуоска
3 кылаас үөрэнээччилэрэ сыл түмүгэр ситиһэр үөрүйэхтэрэ уонна сатабыллара:
ааҕыы сүрүн үɵрүйэхтэрин баhылыыр
ааҕыы араас кɵрүҥүн болҕойон истэр
аахпыт уус – уран айымньытын суруйааччытын аатын уонна кɵрүҥүн билэр
сааhыгар сɵптɵɵх араас кɵрүҥнээх тиэкиhи үчүгэйдик ɵйдүүр, ырытар, туhанар
аахпыт айымньытын ис хоhоонун сиhилии кэпсиир
айымньыттан сɵбүлээбит кэрчигин талан үɵрэтэр, ɵйтɵн хоhоонноохтук ааҕар
Туттуллубут литература.
Саха Республикатын Үөрэҕин министиэристибэтин. Саха Республикатын Национальнай оскуолаларын чинчийэр научнай институт оӊорбут «Федеральнай государственнай стандарта саха оскуолатыгар» программа. 2011 сыл.
Л.В.Захарова. Л.К.Избекова «Саха тылы» төрөөбүт тыл уруогар туттуллар үөрэнэр кинигэ.
Ааҕыы кээмэйэ
Кылаас 1 мүн. ааҕар тыл ахсаана ϴйтɵн ааҕар айымньы ахсаана Кылаас таhыгар ааҕар кинигэ ахсаана
1 25 – 40 9 - 10 5 – 7
2 40 – 60 8 – 9 10 – 15
3 60 – 80 7 – 8 15 – 20
4 80 - 100 6 - 7 20 - 30
Саха литературатыгар тематическай былаана.
№ Уруок темата Уруок сыала Үөрэнээччи үлэтин сүрүн көрүӊэ Страницата Күнэ - дьыла
I чиэппэр
Раздел: Көмүс күһүн күллэ-үөрдэ алтан чуораан тыаһынан – 9 чаас
1 С. Руфов «Дорообо, оскуолабыт!», М. Ефимов «Биһиги кэһиибит». Суруйааччылар олохторун уонна айар үлэлэрин оҕолорго билиһиннэрии. Ааҕар дьоҕуру сайыннарыы. Хоһоону дорҕоонноохтук ааҕарга үөрэтии. Истии. Учуутал, үɵрэнээччи хоhоону дорҕоонноохтук ааҕарын истэр. Истии култууратын тутуhар. Айымньы ис хоһоонун, тылын – өһүн, саӊа интонациятын болҕойон истэр.
Эппиэттээhин. Айымньы ис хоhоонунан ыйыытыыга кылгатан, сиһилии эппиэттиир. Тылы сайыннарыы. Айымньы биһирэмнээх эбэтэр омсолоох дьоруойун быһаарар тыллары өйдөөн истэр. Билбэт тылы булар, тылдьыттан быhаарыытын булар.
Сыаналааhын. Хоhоон ис хоhоонун уонна бэйэ иэйиитин истэр.
Тэҥнээhин. Бэйэ уонна атын оҕо эппиэтин тэӊнээн истэр. Төрөөбүт уонна омук тылын арааран истэр. Хоhооҥҥо тэҥнээhини булар, быhаарар.
Быhаарыы. Хоhоон сүрүн санаатын быhаарар
Таска ааҕыы. Сүһүөҕү, тылы, этиини таба ааҕар. Ааҕыы тэтимин тус кыаҕар олоҕуран түргэтэтэр. Сурук бэлиэтин тутуһан интонациялаахтык ааҕар. Саӊа темпэтин, куолаһы оӊорон, тохтобулу тутуһан хоһооннохтук ааҕар. Хоһоону өйтөн доргуччу ааҕар.
Тылы сайыннарыы. Билбэт тылын, тылдьыттан быhаарыытын булар. Ис хоhоонугар тугу ɵйдɵɵбүтүн кэпсиир.
Искэ ааҕыы. Айымньы араас кɵрүҥүн ɵйдɵɵн, сүрүн чааска арааран ааҕар. Ааҕыы кɵрүҥнэрин тутуhан хоhоонноохтук ааҕарга эрчиллэр. Саӊа тиэмпэтин, куолаһы оӊорон, тохтобулу тутуһан ааҕыы.
Хатылааһын. Барбыт темаларын хатылааһын. Эппиэттээһин. Боппуруоска эппиэттээһин. 4 – 6 04.09
2 С. Руфов «Күһүӊӊү тыал кэпсээнэ», Суорун Омоллоон «Көмүс күһүн барахсан», М. Ефимов «Күһүн кутаата». Хоһоон нөӊүө күһүӊӊү айылҕа туһунан өйдөбүлү иӊэрии. Ааҕар дьоҕуру сайыннарыы. 6 – 9 06.09
3 В.Федоров «Ыра санаа». Кэпсээни ис хоһоонноохтук ааҕалларын ситиһии. Ыра санаа туһунан өйдөбүлү иӊэрии. Ааҕар дьоҕурдарын сайыннарыы. 10 – 12 11.09
4 Т. Сметанин «Көрүдьүөс күн». Хоһоон ис хоһоонун ырыта үөрэтии. Дорҕоонноохтук ааҕалларын ситиһии. Ааҕар дьоҕурдарын сайыннарыы. 13 – 15 13.09
5 Суорун Омоллоон «Бирээнньик буолаҕа хайдах үүммүтэ». Кэпсээн нөӊүө бурдук үлэтин кытта билиһиннэрии. Оруолларынан ааҕарга үөрэтии. Ааҕар дьоҕурдарын сайыннарыы. 16 – 18 18.09
6 Ф. Филиппов «Салаа от». Ойуулааһын тексин ырыта үөрэтии. Дорҕоонноохтук ааҕалларын ситиһии. Ааҕар дьоҕурдарын сайыннарыы. 19 – 22 20.09
7 А. Федоров «Оҕуруот үлэһитэ». Оҕуруот үлэтин туһунан билиһиннэрии. Оруолларынан ааҕарга үөрэтии. Ааҕар дьоҕурдарын сайыннарыы. 23 – 25 25.09
8 И. Сосин «Туруйалар», Т. Черемкин «Туруйалар». Туруйа олоҕун туһунан хоһоон ис хоһоонуттан билиһиннэрии. Дорҕоонноохтук ааҕалларын ситиһии. Ааҕар дьоҕурдарын сайыннарыы. 26 – 28 27.09
9 Теманы хатылааһын. Хонтуруолунай үлэ. Теманы хатылааһын. Билиилэрин бэрэбиэркэлээһин. 29 02.10
Раздел: Алтынньы барахсан, айхаллан, аҕаллыӊ ахтыбыт кыһыммын! – 8 чаас 10 П. Тобуруокап «Тула өттүм тула хаар», С.Тумат «Хаар барахсан». Суруйааччы хаары хайдах ойуулурун хоһоон нөӊүө билиһиннэрии. Дорҕоонноохтук ааҕалларын ситиһии. Ааҕар дьоҕурдарын сайыннарыы. Быһаарыы. Тиэкис тутулун, ис хоһоонун өйдөөн быһаарар. Тиэкис аатынан, тиэмэтинэн, ойууларынанис хоһоонун быһаарар. Айымньы сүрүн санаатын, тиэмэтин, көрүӊүн өйдүүр.
Араарыы. Тикистэн көннөрү этиилэр хомуурдарын араарар. Тиэкис уратытын, тутулун, көрүӊнэрин араарар, сөпкө туһанар.
Сабаҕалааһын. Тиэкис аатынан, тиэмэтинэн, ойууларынан ис хоһоонун сабаҕалыыр.
Дакаастааһын. Тиэкистэн ааптар иэйиитин, санаатын булан этэр, быһаарар.
Тэӊнээһин. Айымньылар тиэмэлэрин, россия норуоттарын айымньыларын, норуот тылынан уонна уус – уран айымньыларын уратыларын ырытан тэӊниир.
Талыы. Учуутал уонна үөрэнээччилэр эппиттэриттэн айымньыга аат булар.
Былааннааһын. Тиэкиһи чаастарга үллэрэр, чаастары ааттыыр, тирэх тыллары бэлиэтиир.
Кэпсээһин. Айымньыны сиһилии (сюжетын барытын); кылгатан (сүрүн санааны ыган); талан (быһа тардыылары, айымньы дьоруойдарын ойуулааһын) кэпсиир.
Кэтээн көрүү. Ойуулары көрөн, тиэкис сюжетыгар сөп түбэһиннэрэр, ааттыыр.
Ырытыы. Тиэкиһи ойууларынан кэпсииргэ тирэх тыллары булар.
Хатылааһын. Барбыт темаларын хатылааһын. Эппиэттээһин. Боппуруоска эппиэттээһин.
30 – 31 04. 10
11 Н. Якутскай «Кыраһа». Кыраһа туһунан билиһиннэрии. Хоһоон айарга үөрэтии. Дорҕоонноохтук ааҕалларын ситиһии. Ааҕар дьоҕурдарын сайыннарыы. 32 – 33 09.10
12 Софр. Данилов «Быыстапкаҕа», В. Федоров «Саарбахха». Күһүӊӊү урожай туһунан билиһиннэрии. «Саарбахха» диэн кэпсээнтэн туртас олоҕун кытта билиһиннэрии. Ааҕар дьоҕурдарын сайыннарыы. 34 – 37 11.10
13 П. Ойуунускай «Бултаах сир». Булт, байанай туhунан кэпсээн нөӊүө билиһиннэрии. Ааҕар дьоҕурдарын сайыннарыы. 38 – 40 16.10
14 В. Федоров «Алыӊах собото». Муӊха туһунан өйдөбүлү кэпсээн нөӊүө иӊэрии. Ааҕар, кэпсиир, саӊарар дьоҕурдарын сайыннарыы. 40 – 42 18.10
15 Л. Попов «Хоптолор», С. Данилов «Кыһын», «Кыраһа суруга». Суруйааччылар хоһоонноругар кыһыны хайдах хоһуйалларын тэӊнээн көрүү. Ааҕар, кэпсиир, саӊарар дьоҕурдарын сайыннарыы. 43 – 45 23.10
16 Теманы хатылааһын. Хонтуруолунай үлэ. Теманы хатылааһын. Билиилэрин бэрэбиэркэлээһин. 49 25.10
17 Н. Игнатьев «Куобаҕы бастакы көрүүм», М. Ефимов «Силлиэ уонна булчут уол». Булт туһунан билиһиннэрии. Ааҕар, кэпсиир, саӊарар дьоҕурдарын сайыннарыы. Былааннааһын. Тиэкиһи хартыынанан кэпсииргэ былаан оӊорор.
46 – 48 30.10
Раздел: Сахам сирэ киэӊ кыраай, сонун, сонун көстүүлэх – 6 чаас 18 М. Тимофеев «Ийэ дойду хантан саҕаланар?», Т. Черемкин «Төрөөбүт буор таптала». Хоһоон нөӊүө ийэ дойдуга тапталы иӊэрии. Ааҕар дьоҕурдарын сайыннарыы. Хоһоонноохтук ааҕалларын ситиһии. Тылы сайыннарыы. Кэпсээнтэн тирэх тыллары булан туһанар.
Быһаарыы. Кинигэ тутулун (таһа титульнай илииһэ, ойуута, иһинээҕитэ) быһаарар.
Араарар.Үөрэх кинигэтэ, уус – уран ыйынньык, хомуурунньук, периодическэй бэчээт диэн араарар.
Талыы. Библиотекаҕа бэриллибит испииһэгинэн, каталогунан сирдэтэн талар.
Былааннааһын. Тиэкиһи чаастарга үллэрэр, чаастары ааттыыр, тирэх тыллары бэлиэтиир.
Диалог, монолог уратыларын өйдүүр, быһаарар.
Истии. Кэпсэтээччи этэрин, ыйытарын өйдөөн истэр.
Саӊарыы. Кэпсэтии сиэрин, саӊарыы культуратын тутуһар.
Тылы сайыннарыы. Кэпсэтии сиэрин анал тылларын бодоруһууга, кэпсэтиигэ туттар. Сөптөөх ыйытар эбиискэ көмөтүнэн (хайдах? хаһан? тоҕо?) истээччилэр уратыларын учуоттаан, санаатын тиэрдэн кэпсиир.
Кэпсэтиигэ кыттыы. Сэһэргэһээччи ыйытыытын сөпкө өйдөөн, бодоруһуу быраабылатын тутуһан хоруйдуур.
Толкуйдааһын. Бэриллибит тиэмэҕэ сүрүн санааны этэр, дакаастабылы булар. 51 – 53 01.11
II чиэппэр 19 Суорун Омоллоон «Биһиги дьиктибит», Н. Якутскай «Алмаас куората». Саха сирин куораттарын кытта билиһиннэрии. Ааҕар, кэпсиир, саӊарар дьоҕурдарын сайыннарыы. 54 – 56 20 И. Данилов «Уйгу-быйаӊ суола». БАМ туһунан билиһиннэрии. Ааҕар, кэпсиир, саӊарар дьоҕурдарын сайыннарыы. 57 – 59 21 И. Чаҕылҕан «Дьокуускай үрдүнэн», Н. Апросимов «Өйүмү». Хоһоону ис хоһоонноохтук ааҕарга үөрэтии. Өйүмү туһунан билиһиннэрии. Ааҕар, кэпсиир, саӊарар дьоҕурдарын сайыннарыы. 60 – 62 22 Н. Курилов «Им-балай хараӊа», С. Тумат «Туундара оһоҕо». Тундаарааҕа олорор дьон олохторун туһунан билиһиннэрии. Ааҕар, кэпсиир, саӊарар дьоҕурдарын сайыннарыы. 63 – 67 23 Л. Попов «Кыталыктар кырдаллара», И. Гоголев «Лена», «Лена очуостара». Саха сирин мааны көтөрө кыталык туһунан билиилэрин хаӊатыы. Ааҕар, кэпсиир, саӊарар дьоҕурдарын сайыннарыы. 68 – 72 24 Теманы хатылааһын. Хонтуруолунай үлэ. Теманы хатылааһын. Билиилэрин бэрэбиэркэлээһин. Хатылааһын. Барбыт темаларын хатылааһын. Эппиэттээһин. Боппуруоска эппиэттээһин. 72 Раздел: Үлэлиир үчүгэй, үөрүүтэ дэлэгэй – 8 чаас 25 П. Тобуруокап «Ким хайдах үлэлиирий?», И. Данилов «Нууралдьын-Куо уонна Бүгүрү-куо» (остуоруйа). Араас идэ баарын, идэ барыта наадалааҕын туһунан өйдөтүү. Ааҕар, кэпсиир, саӊарар дьоҕурдарын сайыннарыы.
Билсиhии. Суруйааччы олоҕун, айымньыларын кытта билсиhэр.
Истии. Бэйэ – бэйэлэрин ааҕалларын болҕойон истии. Истии култууратын тутуhар.
Араарыы. Саха, нуучча уонна омук суруйааччыларын айымньылара диэн быһаарар.
Бөлөхтөөһүн. Кинигэлэри айымньы көрүӊнэринэн түмэр.
Эбии матырыйаалы туһаныы. Тылдьыты интернет ресурсаларын таба туһанар. 73 – 77 26 В. Федоров «Кыһалҕа бухатыыр». 78 – 81 27 И. Крылов «Аһыӊалаах кымырдаҕас», И. Данилов «Соборукаан балыксыт». Үлэ киһини киэргэтэр диэн өс хоһоон өйдөбүлүн остуоруйа нөӊүө иӊэрии. Ааҕар дьоҕурдарын сайыннарыы. 82 – 86 28 П. Тобуруокап «Ким ханна үлэлиирий?». 87 – 90 29 В. Протодьяконов «Сылгыһыт», Күннүк Уурастыырап «Долгунча». Сылгыһыт үлэтин туһунан билиилэрин хаӊатыы. Ааҕар дьоҕурдарын сайыннарыы. 91 – 94 30 Н. Винокуров «Упкаал бостуук». Бостуук үлэтин туһунан билиилэрин хаӊатыы. Ааҕар дьоҕурдарын сайыннарыы. 94 – 96 31 Теманы хатылааһын. Хонтуруолунай үлэ. Теманы хатылааһын. Билиилэрин бэрэбиэркэлээһин. Хатылааһын. Барбыт темаларын хатылааһын. Эппиэттээһин. Боппуруоска эппиэттээһин. - III чиэппэр
32 С. Тимофеев «Үлэ барыта үчүгэй». Үлэ барыта үчүгэйин, ханнык баҕар идэ туһалааҕын туһунан өйдөбүлү иӊэрии. Ааҕар, кэпсиир дьоҕурдарын сайыннарыы. Билсиhии. Идэ арааһын кытта. Истии. Бэйэ – бэйэлэрин ааҕалларын болҕойон истии. Истии култууратын тутуhар. Эппиэттээhин. Айымньы ис хоhоонунан ыйыытыыга эппиэттиир. Таска ааҕыы. Уус – уран айымньыны интонациятын, темпэтин, тохтобулун тутуhан ааҕар. Кэпсээhин айымньыны сиhилии тугу ɵйдɵɵбүтүн кэпсиир. 96 – 101 33 В. Марков «Үлэ үтүө кээмэйэ», А. Софронов «Саӊа дьыл». 102 – 104 Раздел: Үчүгэйтэн үөрэбит, куһаҕантан хомойобут – 7 чаас
34 М. Матахова «Өбүгэ саҕаттан», Н. Носов «Сыырга». Үчүгэйи, куһаҕаны араара үөрэнии. Дьон үлэтин сыаналыырга үөрэтии. Ааҕар, кэпсиир дьоҕурдарын сайыннарыы.
Истии. Бэйэ – бэйэлэрин ааҕалларын болҕойон истии. Истии култууратын тутуhар. Эппиэттээhин. Айымньы ис хоhоонунан ыйыытыыга эппиэттиир. Таска ааҕыы. Уус – уран айымньыны интонациятын, темпэтин, тохтобулун тутуhан ааҕар. Кэпсээhин айымньыны сиhилии тугу ɵйдɵɵбүтүн кэпсиир. 105 – 107 35 И. Алексеев «Түүл», Амма Аччыгыйа «Хабырыыс тоҕо куотта?». 108 – 112 36 Ф. Постников «Дьулус тугу сыыста?», А. Слепцова «Сүрэҕэ суох туһунан». Киһи куһаҕан хаачыстыбатын туһунан кэпсээн нөӊүө иӊэрии. Ааҕар, кэпсиир дьоҕурдарын сайыннарыы. Кырдьаҕас дьоӊӊо убаастабыллаах сыһыаны иӊэрии.
Истии. Бэйэ – бэйэлэрин ааҕалларын болҕойон истии. Истии култууратын тутуhар. Эппиэттээhин. Айымньы ис хоhоонунан ыйыытыыга эппиэттиир. Таска ааҕыы. Уус – уран айымньыны интонациятын, темпэтин, тохтобулун тутуhан ааҕар. Кэпсээhин айымньыны сиhилии тугу ɵйдɵɵбүтүн кэпсиир. 113 – 116 37 Амма Аччыгыйа «Коля тоҕо барда?», «Медпуӊӊа». 117 – 120 38 С. Винокуров «Сэмэ», А. Федоров «Тайах мас». Кырдьаҕас дьоӊӊо убаастабыллаах сыһыаны иӊэрии. Ааҕар, кэпсиир дьоҕурдарын сайыннарыы.
Истии. Учуутал үɵрэнээччи кэпсээни дорҕоонноохтук, сыыhата суох ааҕарын истэр. Истии култууратын тутуhар. Эппиэттээhин. Айымньы ис хоhоонунан ыйыытыыга эппиэттиир. Таска ааҕыы. Уус – уран айымньыны интонациятын, темпэтин, тохтобулун тутуhан ааҕар. Хоhоону ɵйүттэн ааҕар. Искэ ааҕыы. Айымньы араас кɵрүҥүн ɵйдɵɵн, сүрүн чааска арааран ааҕар. Тылы сайыннарыы. Айымньы геройдарын ырытар. Санаатын үллэстэр. 121 – 124 39 И. Крылов «Тураах икки саһыл икки», С. Винокуров «Күөскүн эрдэ өрүнүмэ». Киһи куһаҕан хаачыстыбатын туһунан кэпсээн нөӊүө иӊэрии. Ааҕар, кэпсиир дьоҕурдарын сайыннарыы. 125 – 129 40 К. Чуковскай «Суундьуку». 130 – 138 41 Теманы хатылааһын. Хонтуруолунай үлэ. Теманы хатылааһын. Билиилэрин бэрэбиэркэлээһин. Хатылааһын. Барбыт темаларын хатылааһын. Эппиэттээһин. Боппуруоска эппиэттээһин. - Раздел: Былыргыны былыт саппат, уруккуну уу суурайбат – 5 чаас 42 Н. Неустроев «Омоҕой икки Эллэй икки», Н. Пестряков «Бэрт Хара өрүһү туоруур». Өбүгэлэрбит төрүттэрин кытта билиһиннэрии. Кэпсээни сиһилии ааҕалларын, ис хоһоонун өйдүүллэрин ситиһии. Ааҕар дьоҕурдарын сайыннарыы. Таска уонна искэ ааҕыы. Айымньыны искэ ааҕыы. ϴйдɵɵбɵтɵҕүнэ доргуччу ааҕар. Тэринии. Үɵрэх дьарыгын, сорудаҕы толоруу хамыытын истэн тэринэр. Тэҥнээhин бэйэ уонна атын оҕо эппиэтин тэҥнээн истэр. Араарар. Үɵрэх кинигэтэ, уус – уран ыйынньык диэн араарар буолуохтаах. 139 – 145 43 Эллэй «Ол түүн», П. Ойуунускай «Оҕо куйуурдуу турара». Өбүгэлэрбит олохторун – дьаһахтарын кытта кэпсээн нөӊүө билиһиннэрии. Кэпсээни сиһилии ааҕалларын, ис хоһоонун өйдүүллэрин ситиһии. Ааҕар дьоҕурдарын сайыннарыы. Искэ ааҕыы. Кэпсээни интонациялаахтык, ис хоhоонноохтук ɵйдɵɵн ааҕар. Эппиэттээhин. Айымньы ис хоhоонунан ыйыытыыга эппиэттиир. Ойуулааhын. Ойуулааhын ньыматын быhаарар, ырытар.
146 – 149 44 Софр. Данилов «Торбостор», Т. Сметанин «Манчаары». 150 – 153 45 Эллэй «Саһыл сыһыы», Софр. Данилов «Советскай Союз Геройа Федор Попов», М. Куличкина «Герой Попов туһунан ырыа». Аҕа дойду улуу сэриитин туһунан кэпсээн ис хоһоонуттан билэллэрин ситиһии. Сэрии саҕана дьон олоҕун туһунан билиһиннэрии. Искэ ааҕыы. Кэпсээни интонациялаахтык, ис хоhоонноохтук ɵйдɵɵн ааҕар. Эппиэттээhин. Айымньы ис хоhоонунан ыйыытыыга эппиэттиир. Ойуулааhын. Ойуулааhын ньыматын быhаарар, ырытар. 154 - 159 46 И. Федосеев «Кэриэстэбил», П. Одорусов «Тыыннаахтар умнабат сыллара», С. Тимофеев «Эйэ, дьол иһин». 160 – 165 Раздел: Күндэл сааспыт эргиллэн, күммүт күлүм уоттанна – 8 чаас 47 В. Дедюкин «Таммахтар», Ф. Захаров «Саас». Хоһоону интонацияны тутуһан ааҕарга үөрэтии. Ааҕар дьоҕурдарын сайыннарыы. Искэ ааҕыы. Хоhоону дорҕоонноохтук ɵйдɵɵн ааҕар. Эппиэттээhин. Хоhоон ис хоhоонунан ыйыытыыга эппиэттиир. Кэпсээhин айымньыны сиhилии тугу ɵйдɵɵбүтүн кэпсиир. Тылы сайыннарыы. Хоhоон ис хоhоонунан ыйытыыларга эппиэт. Билбэт тыллары тылдьыттан булуу, этии толкуйдааhын. 168 48 Эллэй «Саас» («Прометей» поэматтан быһа тардыы). Поэманы дорҕоонноохтук ааҕарга үөрэтии. Ис хоһоонун ырыта үөрэнии. Ааҕар дьоҕурдарын сайыннарыы. 169 – 170 49 В. Федоров «Көмүөл». Сааскы айылҕа дьикти көстүүлэрин туһунан кэпсэтиһии, билиһиннэрии. Ааҕар, саӊарар, кэпсэтэр дьоҕурдарын сайыннарыы.
Искэ ааҕыы. Кэпсээни интонациялаахтык, ис хоhоонноохтук ɵйдɵɵн ааҕар. Эппиэттээhин. Айымньы ис хоhоонунан ыйыытыыга эппиэттиир Кэпсээhин айымньыны сиhилии тугу ɵйдɵɵбүтүн кэпсиир. Тэҥнээhин. Кэпсээнтэн тэҥнээhин ньыматын булуу, ырытыы. Тылы сайыннарыы. Айымньы геройдарын быhаарар тыллары ɵйдɵɵн истэр, ырытар. Сыаналааhын. Хоhоон ис хоhоонун уонна бэйэ иэйиитин истэр. 171 – 172 50 И. Никифоров «Өрүс эстэригэр», А. Кулаковскай «Үрэх эстиитэ». 173 – 176 51 Суорун Омоллоон «Хатыӊ», П. Тобуруокап «Маӊан мастар». Саха сирин мааны маһа хатыӊ туһунан билиилэрин хаӊатыы. Ааҕар, кэпсиир дьоҕурдарын сайыннарыы. Хоһоон ис хоһоонун ырыта үөрэнии.
Искэ ааҕыы. Хоһоону интонациялаахтык, ис хоhоонноохтук ɵйдɵɵн ааҕар. Эппиэттээhин. Хоһоон ис хоhоонунан ыйыытыыга эппиэттиир Хоһоону сиhилии тугу ɵйдɵɵбүтүн кэпсиир. Тэҥнээhин. Хоһоонтон тэҥнээhин, ойуулааһын ньыматын булуу, ырытыы. Сыаналааhын. Хоhоон ис хоhоонун уонна бэйэ иэйиитин истэр.
177 – 181 52 В. Сыромятноков «Үлэһит», Эллэй «Күөрэгэй». Саха сирин мааны көтөрө күөрэгэй туһунан билиилэрин хаӊатыы. Ааҕар, кэпсиир дьоҕурдарын сайыннарыы. Хоһоон ис хоһоонун ырыта үөрэнии. 182 – 184 53 Теманы хатылааһын. Хонтуруолунай үлэ. Теманы хатылааһын. Билиилэрин бэрэбиэркэлээһин. Хатылааһын. Барбыт темаларын хатылааһын. Эппиэттээһин. Боппуруоска эппиэттээһин. - 54 Далан «Сааскы сахсаан», Эрилик Эристиин «Бээрийэ үрэххэ», М. Тимофеев «Бу – саас тыала, бу – Маай тыаһа». Сааскы маай бырааһынньыгын историятын кытта билиһиннэрии. Хоһоону ырыта үөрэнии. Аҕар дьоҕурдарын сайыннарыы. Истии. Учуутал үɵрэнээччи хоhоону дорҕоонноохтук ааҕарын истэр. Истии култууратын тутуhар. Эппиэттээhин. Айымньы ис хоhоонунан ыйыытыыга эппиэттиир. Таска ааҕыы. Уус – уран айымньыны интонациятын, темпэтин, тохтобулун тутуhан ааҕар. Хоhоону ɵйүттэн ааҕар. 185 – 190 IV чиэппэр
Раздел: Саргылаах ырыанан сайыны уруйдааӊ! – 6 чаас
55 Күннүк Уурастыырап «Таптыыбын сайыны», Амма Аччыгыйа «Сайын Аммаҕа». Сайыӊӊы айылҕа дьикти көстүүлэрин туһунан кэпсэтиһии, билиһиннэрии. Ааҕар, саӊарар, кэпсэтэр дьоҕурдарын сайыннарыы.
Истии. Учуутал үɵрэнээччи хоhоону дорҕоонноохтук ааҕарын истэр. Истии култууратын тутуhар. Эппиэттээhин. Айымньы ис хоhоонунан ыйыытыыга эппиэттиир. Таска ааҕыы. Уус – уран айымньыны интонациятын, темпэтин, тохтобулун тутуhан ааҕар. Хоhоону ɵйүттэн ааҕар. 191 – 192 56 С. Данилов «Ардах», Р. Баҕатаайыскай «Сайын», «Күөх». 193 - 207 57 М. Попов «Бар дьоӊӊо», К. Туйаарыскай «Күөх тыаны көмүскээӊ!» Айылҕаҕа харыстабыллаахтык сыһыаннаһыы. Ааҕар дьоҕурдарын сайыннарыы. Искэ ааҕыы. Кэпсээни интонациялаахтык, ис хоhоонноохтук ɵйдɵɵн ааҕар. Эппиэттээhин. Айымньы ис хоhоонунан ыйыытыыга эппиэттиир Кэпсээhин айымньыны сиhилии тугу ɵйдɵɵбүтүн кэпсиир. Тэҥнээhин. Кэпсээнтэн тэҥнээhин ньыматын булуу, ырытыы. Тылы сайыннарыы. Айымньы геройдарын быhаарар тыллары ɵйдɵɵн истэр, ырытар. Сыаналааhын. Хоhоон ис хоhоонун уонна бэйэ иэйиитин истэр.
207 – 210 58 Ф. Захаров «Сайылыкка», В. Федоров «Ийэ сүрэҕэ». Кэпсээни ис хоһоонун бэйэлэрин тылларынан кэпсииллэригэр үөрэтии. Чугас дьоммутугар тапталы убаастабыллаахтык сыһыаннаһыыны иитии. Ааҕар дьоҕурдарын сайыннарыы. Искэ ааҕыы. Хоhоону, кэпсээни дорҕоонноохтук ɵйдɵɵн ааҕар. Эппиэттээhин. Хоhоон, кэпсээн ис хоhоонунан ыйыытыыга эппиэттиир. Кэпсээhин айымньыны сиhилии тугу ɵйдɵɵбүтүн кэпсиир. Тылы сайыннарыы.. Билбэт тыллары тылдьыттан булуу, этии толкуйдааhын. Истии. Учуутал үɵрэнээччи хоhоону дорҕоонноохтук ааҕарын истэр. Истии култууратын тутуhар. Эппиэттээhин. Айымньы ис хоhоонунан ыйыытыыга эппиэттиир. Таска ааҕыы. Уус – уран айымньыны интонациятын, темпэтин, тохтобулун тутуhан ааҕар. Хоhоону ɵйүттэн ааҕар.
Искэ ааҕыы. Хоһоону интонациялаахтык, ис хоhоонноохтук ɵйдɵɵн ааҕар. Эппиэттээhин. Хоһоон ис хоhоонунан ыйыытыыга эппиэттиир Хоһоону сиhилии тугу ɵйдɵɵбүтүн кэпсиир. Тэҥнээhин. Хоһоонтон тэҥнээhин, ойуулааһын ньыматын булуу, ырытыы. Сыаналааhын. Хоhоон ис хоhоонун уонна бэйэ иэйиитин истэр.
211 – 217 59 Е. Макаров «Кыра ыанньыксыт», Ф. Софронов «Оччугуй отчут». Дорҕоонноохтук ааҕалларын, тугу аахпыттарын өйдүүллэрин ситиһиии. Ааҕар дьоҕурдарын сайыннарыы.
218 – 220 60 П. Одорусов «Бүгүн – оҕо ыһыаҕа», П. Дмитриев «Түһүлгэ таабырыннара». Ыһыах туһунан билиилэрин хаӊатыы. Ааҕар дьоҕурдарын сайыннарыы. Эбии ааҕалларын ситиһии. Хараҕынан көрөн түргэнник ааҕалларын ситиһии.
Кэпсиир, саӊарар дьоҕурдарын, учуутал, бэйэ- бэйэлэрин истэ үөрэнэллэрин ситиһии. 226 – 229 61 П. Ойуунускай «Тураах тууһута», Н. Габышев «Бүөкккэ киһиргэс дуо?». 235 – 237 62 Күннүк Уурастыырап «Күһүн уонна кыһын», Н. Якутскай «Дьукаахтыылар» (остуоруйа). 238 – 242 63 С. Данилов «Тымныы», Б. Боотур «Таабырыннар». Г. Данилов «Ким киэргэттэ?», И. Мигалкин «Куоска уонна кутуйах» (остуоруйа). 250 – 252 64 В. Федоров «Муоһааһын», Н. Лугинов «Алдьархай» («Оҕонньор мичээрэ» сэһэнтэн быһа тардыы). Н. Якутскай «Кыһын ытыыр – чооруос үөрэр», «Туйгун ытааччы». 253 – 256 65 Н. Пестряков «Кыталык уйата», И. Федосеев «Лётчик буолуом». Т. Сметанин «Куоскалар уонна саһыл», И. Левин «Чэй суута». 257 – 262 66 Далан «Кыракый хорсун кыыс Ньырбачаан туһунан кэпсээн», Суорун Омоллоон «Тымныы муоһа». 263 – 271 67 В. Тарабукин «Айылҕа барахсан», П. Ойуунускай «Саас». М. Тролуков «Чыычааҕым», В. Соловьев «Тустуук туһунан» (чабырҕах). 272 – 280 68 Сыллааҕы түмүктүүр хонтуруолунай үлэ. Теманы хатылааһын. Билиилэрин бэрэбиэркэлээһин. Хатылааһын. Барбыт темаларын хатылааһын. Эппиэттээһин. Боппуруоска эппиэттээһин. -