Открытый урок Первые интеллигенции Якутии (10 класс)
03.12.2012сыл.
Учуутал: Макитова Варвара Николаевна
Көбөкөн
Аһаҕас уруок былаана. 10 кылаас.
Уруок тиэмэтэ: саха маҥнайгы интеллигенцията.
Уруок сыала: саха маҥнайгы интеллигенциятын үөрэтиэхтээхпит;
саха маннайгы интеллигенциятын олоҕун , улэтин билиэхтээхпит;
презентациялары оҥоруу, саныыр санааны сайа этэри сайыннарыы.
Уруок тэрилэ: Компьютер, экран, проектор, указка, тыксаан оонньуура.
Уруок хаамыыта:
Тэрээһин чааһа.
Саҥа тиэмэ. Учуутал бэсиэдэтэ.
-Оҕолоор, бугуҥҥу уруокпут тиэмэтэ: саха маҥнайгы интеллигенцията .Уруокпут сыала: саха маҥнайгы интеллигенциятын үөрэтиэхтээхпит;
саха маннайгы интеллигенциятын олоҕун , улэтин билиэхтээхпит;
презентациялары оҥоруу, саныыр санааны сайа этэри сайыннарыы.
-Оҕолоор, Саха сирэ нууччалар кэлиэхтэриттэн, 1932 сылтан сайынна диибит. Онтон ыла үөрэх , медицина, норуот хаһаайыстыбатын бары салаалара сайдан барбыта . Маны бары билэбит. Политсыылынайдар прогрессивнай өйдөөх-санаалаах ыччаты иитэн таһаарбыттара. Ол ыччаттар Саха сирэ сайдарыгар маҥнайгы олугу уурбуттара. Бу Саха сирин маҥнайгы интеллигенцията буолар. Интеллигент диэн тылы өйдуур инигит. Бу үөрэхтээх, культуралаах, киэҥ билиилээх-көрүүлээх, саха норуотун кыһалҕатын өйдүүр дьоннор этилэр. Кинилэр саха омуга инникигэ эрэллээх буоларыгар, Саха сирэ сайдарыгар киллэрбит кылааттара суду.Ону история кэрэһэлиир. Ол билигин Саха сирэ сайдарыгар олук буолбута.
III. Презентацияларын истии.
-Эрдэттэн сорудах биэриллибитэ, интернеттэн, справочниктартан көрөн презентация оҥороллоругар.
Сорудах: тэтэрээккэ бэлиэтэнэн иһэбит, уруок бүтүүтэ бэрэбиэркэ буолуо.
1. Жирков Сеня
В.В.Никифоров-Күлүмнүүр . Саха сирин политикатыгар сабыдыаллаах үлэһит, ученай уонна үөрэҕи сырдатааччыта. Никифоров Василий Васильевич — Күлүмнүүр (1866- 1928) 1866 сыллаахха Дүпсүн улууһугар дьадаҥы ыалга төрөөбүтэ. Таҥара дьиэтигэр баар оскуоланы ,гимназияны бүтэрэн Дүпсүн улууһугар быраабаҕа суруксуттуу сылдьан кэтэхтэн юридическайы бүтэрбитэ.Дүпсүн улууһун кулубатынан талыллан үлэлээбитэ. Кини политсыылынайдары кытта доҕордоһоро, кинилэртэн элбэххэ үөрэммитэ. Доҕотторо Н.П.Странден, Д.А.Юрасов, Ф.Я.Кон этилэр.
Россия үөрэҕириитин үлэһиттэрин Маҥнайгы съезтарыгар кыттыбыта. - 1896с.ыраахтааҕы Николай – II коронациятыгар Саха сирин делегациятыгар киирэн кыттыбыта , онно «За усердие» үрүҥ көмүс мэтээлинэн наҕараадаламмыта.
1905 сыллаахха Сахалар Союзтарын тэрийбитэ; салайааччы буолан 1,5сыл хаайыыга олорбута, онно Манчаары туһунан драма суруйбута.
1912с. Саха уобалаһын олохтоохторун маҥнайгы съеһин биир тэрийээччитэ.
Сибиряков научнай экспедициятын кыттыылааҕа.
1912-1913с.. «Саха саҥата» маҥнайгы саха сурунаалын тэрийээччитэ. Олунньутааҕы революцияны үөрэн көрсүбүтэ уонна Уобаластааҕы сир управатыгар председателинэн талыллыбыта.
Большевиктар былаастарын өйөөбөтөҕө, ол эрээри утары үлэни ыыппатаҕа.
2004 с. балаҕан ыйын 27-28 күннэригэр Дьокуускайга Василий Васильевич Никифоров –Күлүмнүүргэ аналлаах араас тэрээһиннэр ыытыллыбыттара.
Алексей Кара-Мурза Россияҕа биллэр политолог уонна философ. Кини аныгы Россия теориятын уонна историятын чинчийэр . 2004 сыллаахха Кара- Мурза маҥнайгынан Саха сиригэр үөрэҕи-билиини сырдатааччыга, демократ Василий Никифоров-Күлүмнүүргэ мемориальнай дуоска туруорбута.
Мемориальнай дуоска аһыллыытыгар кыттыыны ылбыттара: Саха сирин олохтоохторо , А.Мигалкин Саха сирин норуоттарын уонна федеральнай сыһыан департаменын салайааччыта, Саха сирин Чинчийэр Институт үөрэҕин Академиятын директора , академик В.Иванов , СПС Федеральнай советын секретаря И.Стариков уонна Саха сирин ученайдара, салайааччылара.
В.В.Никифоров-Күлүмнүүргэ аналлаах научно-практическай конференцияларга үөрэнээччилэр, студеннар, ученайдар араас дакылааттары ааҕаллар. Кини үлэлэрин чинчийбит И.С.Клиорина үлэтин үөрэтэллэр, тарҕаталлар.
Саха норуота Василий Васильевич Никифоров – Күлүмнүүрү кэриэстиир, умнубат.
Учуутал: Кулумнуур аатын
2. Степанов Петя
Алексей Елисеевич Кулаковскай – Өксөкүлээх Өлөксөй (1866-1926)
Кулаковский Алексей Елисеевич 1877 сыл кулун тутар 4(16) күнүгэр сэниэ ыалга төрөөбүтэ. Аҕата-Кулаковскай Елисей Васильевич, ийэтэ- Кулаковская Анастасия Николаевна.
1886 Чурапчы 4 кылаастаах оскуолатыгар киирэр уонна саас 1890сыллаахха «туйгуннук» бүтэрэр.
1891сыл Дьокуускайдааҕы реальнай училищеҕа ылыллар.Аҕата 4 байтаһын биэ сыанатын төлөөн ылларбыта.
1898сыллаахха Боотуруускай улууһун быраабатыгар суруксутунан киирэр.
1900 с. Өлөксөй маҥнайгы улахан айымньытын «Байанай алгыһын» суруйар.
Онтон салгыы «Дьахталлар мэтириэттэрин», «Булуу ункуутун»,« Сүүһүн туолбут эмээхсин ырыатын», «Кэччэгэй баай», «Өрүс бэлэхтэрэ», «Ойуун туулун» «Якутской интеллигенции», «Уот тыыннаах улахан оҥочо», «Чабырҕаҕы», «Өлүөнэ өрүс», «Манчаары» драма суруйар.
1912с.Бүлүүгэ 4 кылаастаах училищеҕа математиканы, физиканы үөрэппит.
1915с. Москваҕа, Санкт-Петербурга бара сылдьар.
1916с. Булуҥҥа учууталлыыр.
1919с.Дьокуускайга көһөн кэлэр.
1920с. Күбүөрүнэ үөрэҕин салаатыгар үлэлиир.
1920с.Чөркөөххө учууталлыыр.
1923с.Хоту Өймөкөөҥҥө үлэлиир.
1924с.Дьокуускайга тылбаас комиссиятыгар үлэлиир уонна педтехникумҥа саха тылын үөрэтэн учууталыыр.
А.Е.Кулаковскай норуот тылынан айымньытын үөрэтэр кыһалҕаттан Саха сирин олоччу кэриэтэ кэрийбитэ. Кини 1900-1924сыллар усталарыгар сатыы 500 биэрэстэни, табанан – 17.640, атынан – 48.220, борокуотунан, тыынан уонна болуотунан устан -28.700, тимир суолунан 13.100 биэрэстэлээх сири, барыта 108.160 биэрэстэни айаннаан сылдьыбытын отчуоттаабыт докумуонуттан көстөр.
Саамай кэнники 1924 сыллаахха Өймөкөөҥҥө маҥнайгы ыһыаҕы тэрийэн ыыппыта.
Алексей Елисеевич Кулаковскай – Өксөкүлээх Өлөксөй саха норуотун улуу суруйааччыта, саха фольклорун, олоҕун чиҥчийбит ученайа, саха бөлөһүөгэ.
3. Дьяконов Артём
Платон Алексеевич Слепцов - Ойуунускай (1893-1939) Платон Алексеевич 1893сыллаахха Таатта улууһугар III Дьохсоҕон нэһилиэгэр дьадаҥы ыалга төрөөбүтэ. 14сааһыгар Чычымахха оскуолаҕа үөрэнэ киирэр. «Өйүөм суох буолан тарынан, тар бараннаҕына бэс үөрэнэн эбэтэр сааһын куйуурдаан, үксүн ыал устун остуоруйалаан, таабырыннаан, олоҥхолоон үөрэнэрим»диэн ахтара.
Кэлин “Оҕо куйуурдуу турара”диэн киһи харааста ааҕар кэпсээнин суруйбута.
Дьокуускайга 4 сыл училищеҕа үөрэммитэ. Онно да ити сортоҥ-муҥтан быыһамматаҕа, “4 сыл тухары арыт Егасов куукунатыгар кирийэрим , үксүн куорат трущобаларыгар хонорум. Арай 1915 сыллаахха учительскай семинарияҕа киирэн, 14 солкуобай хааһына стипендиятын ылыахпыттан киһилии олорбутум”диэн ахтара кини.
1917 сыллааҕы Революцияны өйүнэн - сүрэҕинэн ылынан көрсөр.
Алдьархайдаах аналлаах оһоллоох олохтон
Атахпыт иһэҕин араара тэбэн,
Көмүс эмэгэт күүһүн көтүрэн,
Көҥүлү хаайбыт күтүр ыраахтааҕы
Күндү уоругун күл оҥорон –
Күнү көрдөрүөҕүҥ, көҥүлү таһаарыаҕыҥ.
Эрэйдээх-буруйдаах үлэһит норуот,
Этэн – тыынан, туран көрүүй!-
диэбитэ 1917сыллаахха “Үлэһит ырыата” (“Песня труженика” ) хоһоонугар П.А.Ойуунускай (Емельян Ярославскай көрдөһүүтүнэн).
Онтон 1919 сыллаахха Томскай губерниятыгар Колчак былааһынан сыылкаҕа утаарыллан, өлөр-тиллэр мүччүргэнигэр сылдьан, доҕоругар М.К.Аммосовка “Син-биир буолбаат?!!”диэн хоһоонун анаабыта. Онуоха кини хаһан да, ханнык да түбэлтэҕэ кэһиллибэт кэриэс-хомуруос андаҕар ыар-дьиппиэн тылларын эппитэ:
Аар – татай! Алаата – оҕолор!
Аан ийэ дайдыбыт үрдүгэр,
Саха хамначчытын иннигэр
Сардаҥалаах ааны аһаарыбыт-
Күүрээннээх мөккүөрү күүрдэммит,
Күүстээх үлэни үлэлээммит-
Хараҥа олох халбарыйарын иннигэр,
Ханна да бараммыт
Хара хааммыт тохторо
Син – биир буолбаат?!!
Ойуунускай саҥа тутулу, саҥа былааһы туругурдарга туох-баар күүһүн- күдэҕин, айар талаанын биэрэн охсуспута, үлэлээбитэ. Элбэх айымньыны суруйбута, ол курдук “Былааһы-Сэбиэккэ”, “Андаҕар”, “Кэлэр кэскил ырыата”, “Өрүөл кэриэһэ”, “Олох дуу, түүл дуу”, “Иирбит Ньукуус”, “Кыһыл Ойуун”, “Александр Македонскай”, “Очуос таас уоттара”, “Доҕорбор Сүөкүччэҕэ”.“
Норуотун фольклорнай сюжетыгар олоҕуран “Улуу Кудаҥсаны” суруйбута .Бу Улуу Кудаҥса сүдү трагическай обраһын айбыта. Айылҕаны харыстаабатахха кэнники алдьархай иэстэбиллээх буоларын сэрэтэр.
Аны Саха сирин олоҥхотун хомуйан.30 олоҥхоттон аттаран-наардаан “Дьулуруйар Ньургун Боотур” олоҥхону суруйан 1930 сыллаахха бэчээттэппитэ. Кэлин эбэн, тупсаран суруйан,онто 36.000 строка буолар. Ити 1932 сыллаахха бэчээттэнэн тахсар.
Маны ситиһэригэр киниэхэ оҕо сааһыттан төрөөбүт норуотун уус- уран айымньытын этигэр-хааныгар иҥэринэн дириҥник билэрэ, модун айар талаана, үрдүк культурата, сылайары билбэт дьулуурдаах үлэһитэ итиэннэ бу үлэтин суолтатын, кэскилин бигэтик өйдүүрэ көмөлөспүт буолуохтарын сөп.
1918сыл -Саха сиригэр советскай былааһы тэрийиигэ Центросибирь комиссиятын председателя.
1921сыл Саха АССР Совнаркомун председателя, Саха АССР Киин Ситэриилээх Комитетын председателя
1925сыллаахха “Саха кэскилэ” обществоны салайбыта уонна сурунаал таһаарбыта.
1928 – 29 сылларга үөрэх уонна доруобуйа харыстабылын наркома
1935 сылтан Тыл уонна культура научнай –чиҥчийэр института тэриллэн, онно директордаабыт.
Улэтинэн саха сирин олоҥхоһуттарын истэн суруйара.
1937сыллаахха Намҥа тахсан 10 –ча олоҥхоһуту истэн баран Көбөкөнтөн Буоратайга,Бэдьээлэҕэ СССРС суруйааччыларын союһугар чилиэнинэн киирэргэ мэктиэлээбит. 1938сыл- репрессияҕа түбэспит.
4. Варвара Николаевна: Неустроев Николай Денисович(1895 – 1929 )
Николай Денисович 1895 сыллаахха IV Байаҕантай нэһилиэгэр сэниэ ыалга төрөөбүтэ.
Баайаҕаҕа түөрт курууппалаах оскуоланы бүтэрэр.
1910с. 15 сааһыгар Дьокуускайга түөрт кылаастаах оскуолаҕа киирэр. Онно «Юность» сурунаалы илиинэн суруйан таһаарарга редактор эбит.
1912с. «Наполеон Эльбаҕа» диэн историческай драманы суруйбут. 1913 сылга Максим Аммосов, Платон Слепцов үгүстүк суруйан кытталлара. Николай Неустроев нууччалыы суруйара.
1915с. Суруйбут «Дьиикэй олох»кэпсээнэ 1917с. Иркутскайга «Сибирские огни»сурунаал 16 № бэчээттэммитэ.
1917с. «Тимир норуот оҕолоро» пьеса бэчээттэммитэ. Саха ыччата Народнай дьиэҕэ оонньоон көрдөрбүтэ. (Максим Аммосов, суруйааччы Анемподист Софронов кыттыбыттар). Николай ыалдьан дойдутугар тахсар.
1920с. Байаҕантай волревкомун председателинэн ананар, сотору 1922-24с.с. Уолбаҕа учууталлыы барар.
1923с. «Кукаакы кулуба» комедия,
1925с. «Тиэтэйбит» комедия,1926с. Кэпсээннэри суруйар «Куһаҕан тыын», «Балыксыт Былатыан», «Иирээн», «Таптал», «Ыйдаҥа» . 1927с. Москваҕа В.Брюсов аатынан литературнай институтка үөрэнэ баран баран ыалдьан төннөн кэлбитэ. Балтыгар олорбута. Кэлин ыалдьан суруйбатаҕа.
1929 сыллаахха от ыйын 21 күнүгэр өлбүтэ.
Саха хаалынньан олоҕун аан маҥнай комедия суруйан көрдөрбүтэ.
5. Варвара Николаевна: Софронов Анемподист Иванович - Алампа ( 1886 – 1935 )
Алампа Боотуруускай улууһугар I Дьохсоҕон нэһилиэгэр дьадаҥы ыалга төрөөбүтэ. Төрүөҕүттэн хас да ыалга иитиэххэ сылдьыбыт.
1902 сыллаахха 16 сааһыгар таҥара дьиэтигэр оскуола аһыллан үөрэнэ киирбитэ.
1907с. Дьокуускайга типографияҕа наборщикка үөрэнэ киирбитэ. Хамнаһа маҥнай 5 солкуобай, онтон 19 буолбута. Куортамыгар 12солк. биэрэрэ.
1909 – 1921 с.с. атыыһыт Кирилл Спиридоновка суруксутунан,суотчутунан, тылбаасчытынан барыта 12 сыл үлэлээбитэ. Хамнаһа 15-50 солк. буолара. Үлэтин быыһыгар хоһоон суруйара, кулуупка, театрга политсыылынайдар спектаклларын көтүппэт этэ, саҥата суох(немой) киинэни көрөрө.
1912 сылтан бастакы хоһоонноро “Саха саҥата ” сурунаалга бэчээттэнэн тахсыбыта.Онно Аттат Нуорупос диэн псевдонимынан илии баттаабыта. Кэпсээннэрэ “Кэпсээн”, “Сүллүүкүүн кэпсээнэ” 7 № -нэн тахсан бүппүтэ.
2013с.Алампа кэргэн ылбыта. “Үрүҥ туллук ини мөлбөстүүр” хоһоону анаабыт тапталлаах кэргэнинээн Евдокия Яковлевналыын.( Нам кыыһа )
1915 - 1916с.с. “Таптал”, “Олох дьэбэрэтэ” пьесалары;
1917с. – “Бүдүрүйбүт көммөт” драманы;
1917 – 1920с. – “Саха аймах” диэн культурнай сырдатар общество иһинэн тэриллибит театральнай секцияны салайан сахалыы пьеса туруобута;
1919с. – Саха күбүөрүнэтэҕи норуот үөрэҕириитин салаатын научнай-методическай секциятын инструктора;
1920с. – “Олох дьэбэрэтэ”, “Манчаары”;
1921 -22 сылларга “Манчаары”общество салайааччыта;
1921с. –”Олох оонньуура”;
1922-1923с.с. – хоһоону харса суох суруйбута, ырыа буолан ылланаллар;
1924с. “Дьадаҥы Дьаакып” драмата бэчээттэнэн , кинигэ тахсар;
1925с.- Алампа Москваҕа , Ленинградка ССРС Наукаларын Академията 200 сылыгар делегат буолан сылдьар;
1926с.- алта кинигэтэ Москваҕа бэчээттэнэн тахсар;
1927с. – “Куоратчыт” кэпсээнэ тахсар;
1928с. – Максим Горькай Италияҕа олорон “Правда”
хаһыакка Сибиир суруйааччыларын Бастакы
съеһигэр эҕэрдэ суругар Ойуунускайы, Софроновы
Ааттаантуран үлэлэрин үрдүктүк сыаналаабыта;
1934c.- А.С.Пушкин “Капитан кыыһын” тылбаастыыр
Платон Алексеевич Ойуунускай Анемподист Иванович Софронов – Алампа сүдү талааныгар сүгүрүйэрэ, доҕордуу истиҥ сыһыаннааҕа.
Алтынньы 24 күнүгэр 1935с. Алампа өлбүтэ.
Саха норуота улуу суруйааччыга, саха литературатын биир аҕалаатар аҕатыгар сүгүрүйэр, ытыктыыр.
6. Дьяконов Вася: Башарин Георгий Прокопьевич ( 1912-1992)
Георгий Прокопьевич Башарин (21 марта 1912-1992) – историк, общественнай деятель, историческай наука доктора, профессор, РСФСР уонна ЯАССР наука утуолээх улэhитэ.
1912 сыллаахха Чурапчы улууhун Сылан нэhилиэгэр торообутэ. 1938 сыллаахха Москватаа5ы Государственнай Педагогическай институту бутэрэн баран, 1938-1940сс. Дьокуускайдаа5ы Государственнай Пединститукка улэлээбитэ, ол кэннэ тыл уонна культура институтугар улэлээбитэ.
Кини саха литературатын торуттээччилэрин А.Е.Кулаковскай, А.И.Софронов уонна Н.Д.Неустроев туhунан бастакы улахан чинчийиитэ киниэхэ историческай наука5а сурун кылаады таhынан, гражданскай хорсун быhыы буолбута.
1950 сыллаахха Г.П.Башарин докторскай диссертацияны комускээбитэ.
Георгий Прокопьевич дойдутун, норуотун дьыл5атыгар сүдү улахан үлэтин дьоно-сэргэтэ умнубат, ытыктыыр.
7. Варвара Николаевна: Сокольников Прокопий Нестерович (1865 – 1917 )
Прокопий Нестерович 1865 сыллаахха Боотуруускай улууһугар дьадаҥы ыалга төрөөбүтэ. Чурапчы начальнай училищетыгар үөрэммитэ. 1881 сыллаахха аҕата 6 кылаастаах эр дьон прогимназияларыгар киллэрэр. Бүтэһик сылыгар Татаринов учууталлыын кыыһырсан үөрэҕин духовнай семинарияҕа салгыыр.
Икки сыл айаннаан 1893 сыллаахха үөрэнэ Томскайга университетка киирэр.
1896 сыллаахха Москваҕа Россия үрдүнэн промышленнай - художественнай быыстапкаҕа экскурсоводунан сылдьыбыт. Саха сириттэн В.В.Никифоров представитель буолан тиийбит. Онно Прокопий Нестерович П.П.Семенов-Тянь-Шанскай ученай – географтыын билсэн, кини кэпсэтэн Москваҕа университетка көспүт.
Үөрэнэ сылдьар кэмигэр Саха сиригэр сыылкаҕа сылдьыбыт политсыылынайа нуучча улуу суруйааччытын Лев Николаевич Толстойу кытта билиһиннэрбит . Биирдэ Толстой көрдөһүүтүнэн духобордары сирдээн Саха сиригэр илдьэ сылдьыбыт. Кэлин суруйсубуттар, онно «Любящий Вас Лев Толстой» диэн суругун бүтэһигэр суруйар эбит. (1899-тан олунньу ый 1901 с.) Улуу Нуучча суруйааччытыгар П.Н.Сокольников 8 суруга баар эбит.
1898 сыллаахха медицинскай факультеты бүтэрэн кэлэн дойдутугар 4 улууска бырааһынан анаммыт.( Боотуруускайга, Тааттаҕа, Аммаҕа, Мегинскайга).
1900 сыллаахха Чурапчыга типовой балыыһа туттарбыт. Кини үлэтинэн эрэ муҥурдамматах, общественнай үлэлэргэ көхтөөхтүк кыттыбыт, политсыылынайдары өйүүр уонна өйдүүр эбит.
Саха маҥнайгы үрдүк үөрэхтээх бырааһа Прокопий Нестерович Сокольников 1917 сыллаахха 52 сааһыгар ыалдьан өлбүт.
8. Варвара Николаевна: Ксенофонтов Гавриил Васильевич (1888 – 1938 )
Гавриил Васильевич 1888 сыллаахха Арҕаа Хаҥалас улууһун кулубатын дьиэ кэргэнигэр төрөөбүтэ. Аҕата Василий Никифорович кыахтаах, сүөһү иитиитинэн уонна атыытынан дьарыктанара. Бэйэтин кэмигэр дьоно – сэргэтэ улаханнык убаастыыр киһилэрэ. Онтон ийэтэ Екатерина Максимовна 9 оҕотун иитиитинэн дьарыктанара ( 6 уол, 3 кыыс ). Сүрдээх ирдэбиллээх. Аҕалара оҕолорун үөрэхтээх оҥорорго бары кыһамньытын уурара. Гавриил 1907 с. Дьокуускайга реальнай училищены бүтэрэр, онтон 1912с. Сибиир биир улахан куоратыгар Томскайга үөрэнэн юрист идэтин ылбыта.
1913-17 с. Гавриил Васильевич Дьокуускайга адвокатынан үлэлээбитэ. Саха сирин общественнай- политическай олоҕор көхтөөхтүк кыттара.
1920-23с. Иркутскайга гуманитарнай институтка ассистент . Кини научнай салайааччытын Б. Э. Петри сорудаҕынан элбэхтик этнографическай экспедицияларга сылдьыбыта (Саха сиригэр - 1921, 1923-26, 1933; Бурятияҕа - 1922, 1926). Азия норуоттарын регилияларын, культураларын тэҥнээн үөрэппитэ, улахан оруолу ойууннааһыҥҥа уурбута; сахалар төрүттэрин уонна этнографияны чиҥчийбитэ.
1928 с. Иркутскайга, 1930с. ЯАССР Тылы уонна культураны Чиҥчийэр институт үлэһитэ.
1937 с. Московскай уобалас Дмитров куоратыгар олорон «Урааҥхай сахалар» 2- с томун суруйбута ( тюркологияны үөрэтэргэ оруолу оонньообута).
1938с. Муус устар 22 күнүгэр «Сахалар дьыалалара» диэҥҥэ П.А.Ойуунскайдыын Москваҕа бииргэ тутуллубута. «Саха омук» обществоҕа, советскай былааһы утары бастаанньаҕа , Японияҕа үспүйүөннээһиҥҥэ буруйдаммыта уонна ол күн атырдьах ыйын 28 күнүгэр 1938сыллаахха ытыллыбыта . Көмүллүбүт сирэ – НКВД полигона «Коммунарка».
1957с.22.08. реабилитацияламмыт.
Наука эйгэтигэр Ксенофонтов Гавриил Васильевич аатын үйэтитэр инниттэн «Г. В. Ксенофонтов в историческом осмыслении культурного пространства Евразии: диалог цивилизаций» российскай научнай конференцияны тэрийбиттэрэ.
Онно Калмыкияттан, Алтайтан, Иркутскайтан, Санкт-Петербургтан, Хакассияттан, Улан-Удэттэн араас таһымнаах дакылааттары аахпыттара. Бочуоттаах ыалдьыттар ортолоругар Германия энтология Институтун вице- директора, энтология доктора Улла Йохансен, Москваттан историческай наука доктора В.И. Харитонова, Японияттан социальнай антропология доктора, энтология уонна антропология Институтун үлэһитэ Хироки Такакура уонна Улан-Удэттэн историческай наука доктора С.Г.Жамболо кэлэннэр көхтөөхтүк кыттан үлэлээбиттэрэ.
Хаҥалас улууһа саха маҥнайгы интеллигенын аатын үйэтитэн оскуола оҕолоругар, учууталларга Ксенофонтовскай ааҕыылары ыытар. Манна чиҥчийэр үлэнэн дьарыктанааччылар кытталлар.
Көбөкөн үөрэнээччилэрэ, учууталлара эмиэ кытталлар.
IY. Барбыт тиэмэни чиҥэтии.
Таайбараны таайыы “Бу кимий?”
1 Дмитрово куоракка улэлээбит ученай аата
Ксенофонтов
2 Л.Н.Толстойу кытта суруйсубута.
Сокольников
3 «Үрүҥ туллук эрэ мөлбөстүүр.» хоһоону суруйбут.
Алампа
4 Улэ суруйан кемускээн репрессия5а тиксибит.
Башарин
5 «Былатыан о5онньор» кэпсээн автора
Неустроев
6 «Син биир буолбаат»хоьоону ким суруйбутай?
Ойуунускай
7 Саха фольклорун элбэҕи хомуйбута.
Кулаковскай
8 Кулубалыы сылдьыбыт.
Никифоров
К
с е н о ф о н т о в
С
о к о л ь н и к о в
А
л а м п а
Б а
ш а р и н Н е
у с т р о е в
О й у
у н у с к а й
К у л а
к о в с к а й
Н и
к и ф о р о в
Y. Түмүк. Бүгүн үчүгэйдик үлэлээтигит.Үгүс матырыйааллары интернеттэн буллугут. Эбии кинигэлэри тутуннугут. Кыттыбыт оҕолорго сыана туруорабын.
YI. Дьиэҕэ улэ: Аныгыскы уруокка “Билиҥҥи саха интеллигенцията” диэн тиэмэҕэ иккис бөлөх оҕолоро презентация оҥороҕут. Ааҕын,интернеккэ көрдөөн, үөрэтин.