Урок посвященый писателю Якутии С.С.Яковлеву — Эрилик Эристину


Уруок тиэмэтэ: С.С.Яковлев-Эрилик Эристиин “Бөтүҥнэр” кэпсээнигэр карта оҥоруута.
Сыала: «Бѳтүңнэр» кэпсээңңэ сахалар XVII үйэтээҕи олохторун билсиhии. Бөтүҥнэр, Наахаралар аҕа уустарын картаҕа ойуулаан кѳрдѳрүү. Ыhыахтар ис хоhооннорун, ыытыллыыларын үѳрэтии. Кыргыс сирин-туомун кытта билсиhии.
Уруокка туттуллар тэрил: Проекторынан презентация көрдөрүү, контурнай карталар, саха сирин атластара, кырааска харандаастар.
Уруок былаана:
«Бѳтүңнэр» кэпсээңңэ сахалар былыргы олохторун презентациянан билиhиннэрии
Бөлөхтөрүнэн Бөтүҥнэр, Наахаралар аҕа уустарын картаҕа ойуулаан кѳрдѳрүү.
Боппуруостарга эппиэттиир оонньууну ыытыы
Түмүк, сыана туруорааһын
Уруок хаамыыта:
Эрилик Эристиин «Бѳтүңнэр» кэпсээнин 5 кылаас үөрэнээччитэ Андреев Алгыс кэпсээһинэ.
Кини кэпсээнин проекторынан көрдөрүү уонна быһааран биэрии
Оҕолор Амма улууһун контурнай картатыгар үлэлээһиннэрэ
Барбыт «Бѳтүңнэр» кэпсээнинэн боппуруостарга бөлөхтөрүнэн эппиэт
Уруогу түмүктээһин, барыларыгар сыана туруоруу
Жюри оруолун Андреев Алгыс толорор
Нуучча омук Саха сирин була илигинэ, сахалар үрэх бастарын аайы ийэ ууhа уустаан олороллор, ким бѳҕѳ, харса суох киhилэрин тойон туттар эбиттэр. Тус-туспа аҕа уустарын икки ардыгар иирсээн таҕыстаҕына, ону сэрии быhааран, ким кыайбыт ийэ ууhа ол тойон буолара үhү.
Былыр элбэх ахсааннаах Бөтүҥ аҕа уустара Амматтан Таатта баһыгар тиийэ олорбуттар: . Маhарах, Кэнньэ, Ураанай, Күѳттэм, Чорду диэннэр эбиттэр.
Олор хойут Боотурускай улууhа үс улуус – Боотурускай, Таатта, Амма буолан – арахсыыларыгар: Бѳтүң, Ураанай, Кэнньэ үс нэhилиэк буолбуттар. Ол аата Бөтүҥнэрбит - Соморсун, Абаҕа, Чакыр, Бөтүҥ территорияларын бүтүннүү бас билэн олорбуттар.
Наахаралар былыр Кэнньэ ( Чакыр, Бөтүҥ) нэһилиэк сиригэр Амма өрүс уҥуор-маҥаар олорбуттар. Бөтүҥнэргэ хоттороннор Амма өрүс үөһэ сүүрүгэр үтүрүллүбүттэр, кинилэр оннуларыгар Бөтүҥнэр кэлэн олохсуйбуттар.
« Бѳтүңнэр» диэн кэпсээңңэ саха ыалын олоҕо-дьаhаҕа.
Оччотооҕу бириэмэҕэ билиңңи Амма улууhун Соморсунугар Арыылаах хочотугар сэттэ ини-бии дьон олоортор. Бу дьон ыраах иhиллэр ааттара Бѳрѳ бѳтүңнэр диэн эбит. Оттон биир-биир ааттарын-суолларын араартаан аахтахха:
Маhарах диэн барыларын убайдара, бэрт кѳрсүѳ, кѳнѳ киhи эбит. Урут тѳрѳѳбүтүн быhыытынан бары бырааттарыгар тойон буолбут.
Мас Ɵнүкүй - ааттаах-суоллаах ойуун.
Ɵргѳлѳй Бэргэн-былыргы ох саанан ааттаах ытааччы. Ол иhин бар дьоно Бэргэн диэн хос аат биэртэр.
Чохунай Дохсун- бэрт куhаҕан киңнээх, туой кыргыhыы дьарыктаах, кыыhырдар эрэ сэптэнэн-сэбиргэллэнэн, ѳлѳрсѳрдүү тэринэн барарын, ону туой убайа Маhарах буойан тохтотор эбит.
Тиэтэйбит- барыларыттан уhулуччу ат-бѳҕѳ, кус быhый, атын ийэ уустара атаҕастыыр күннэригэр кини ѳрүhүйүѳ диэн ийэтин ууhа бүѳмчү саныыр киhилэрэ.
Боллох- хайата-туоҕа биллэ илик, 20-тин эрэ туолан эрэр оҕо киhи.
Сэгэттэй- саамай кыра уол. Сүүрбэтин туола илик, барыларын баhыгар баар-суох бастың маанылаах оҕолоро.
Бу дьон бары биир дьиэ кэргэн буолан, биир баайдаах, үптээх-астаах, орто сэниэ ыал эбиттэр. Кинилэр тѳрѳѳбүт ийэлэрэ, аҕалара ѳлбүттэрэ ѳр буолбут, аҕаларын оннугар Маhарах, ийэлэрин оннугар кини ойоҕо эбиттэр. Бу дьон чугас ыаллара билиңңи Бѳтүң сиригэр, Кэнньэ нэhилиэк Хотуйа үрэх чугаhыгар Сыңаhа, Балаҕаннаах диэн алаастарынан Наахаралар ийэ ууhа олорбуттар. Бу дьон Дыгын Боотуртан тѳрүттээх дьон эбиттэр. Били Бѳрѳ Бѳтүң уолаттарын кытта бииргэ тѳрѳѳбүт дьахтар бу Наахаралар биир улуу киhилэригэр эргэ тахсан, Бѳдьѳкѳ диэн биир уол оҕону тѳрѳппүт. Икки ыал ийэ уустара тѳhѳ да уруулуу, тѳhѳ да чугас буолтарын иhин, бэйэлэрин икки ардыгар тэйиңитик олоортор.
Били Бѳтүңнэр уолаттара, Маhарахтан ураты, алта кыра уол саас аайы, Илин, Аллан арҕаа салаа үрэхтэригэр Нуотараҕа, Милгэ бултуу-алтыы баран хаалан бараннар сайын от үлэтин саҕана киирэр эбиттэр. Бу курдук сааскы ѳттүгэр бултаан баран, сайын от үлэтин саҕана хас эмэ ат ындыытынан үѳлбүт балыгы, хаппыт кыыл, таба, эhэ этин ыңырдан киирэр үгэстээхтэр.
Баҕадьылааhын – мунхалааhын, балык таhааран түңэттии. Арай биирдэ күһүн баҕадьы саҕана, Наахаралар чугастарынан баҕадьылаабыттар. Ол баҕадьыга Бѳтүңнэртэн Маһарах ойоҕо, Тиэтэйбит, Боллох, Сэгэттэй буоланнар түөрт киһи баартар. Тиийэннэр баҕандьылыы сылдьаннар, били сиэннэрэ Бөдьөкө оҕо, таайын Маһарах ойоҕун туойан ыллаабыт. Бөтүҥ уолаттар маны истэн, атаҕастаан элэк туттар дии санаан, сиэннэрин Бөдьөкөнү тутан ылан, охторон сыайатыгар хаары дэлби симэн уонна батыйанан сыайатын тырыта кэйэн кээспиттэр. Бѳтүңнэр уонна Наахаралар иирсээннэрэ баҕадьылааһынтан саҕаламмыта.
Ыhыахтар тэрээhиннэрэ, махтаныы кѳстүүлэрэ.
Сыл аайы саас, кулун тутар ыйга кытарах биэни тутан, кымыс мунньан ыам ыйын саҕана ыhыах тэрийэн, сүѳhү ѳлѳрѳн, Мас Ɵнүкүй ойууну кыырдаран, ыhыах ыhар идэлээх эбиттэр. Бу кинилэр сылы этэңңэ мүччү түспүт үѳрүүлэрин малааhыннарын кэриэтэ буолар. Ыhыахтарыгар хантан чугас ыаллаах буолан, бар дьон мустуой, бэйэлэрэ эрэ оонньуур-кѳрүлүүр этилэр. Урукку куолуларынан, кулун тутар ыйтан үс кытарах биэни тутан ыан аhаан, сороҕун чорботон, хаhаанан истилэр. От-мас чэлгийэ кѳҕѳрүүтэ, мунньуллубут кымыстарын иhээри, ыhыах тэрийээри тэриннилэр. Саамай чугас ыаллара-Амма улууhун Дьоңку нэhилиэк сиригэр, Амма үрэх арҕаа ѳттүгэр арахсан тахсан, Быкы үрэх тѳрдүгэр аалай маңаас аттаах Лампа бухатыыр диэн киhи олорор эбит. Бу киhини Ɵргѳлѳй баран ыhыахха ыңырар. Эппит икки хонуктарын хонон баран, били ыңырыылаах Лампа бухатыыр кэлэн кымыстарын иhээри, үѳрэ-кѳтѳ бэлэмнэммиттэр. Алталаах-сэттэлээх эриэн атыыр оҕуhу ѳлѳрѳн, этин дэлби буhарбыттар, куолуларынан мас Ɵнүкүй ойууну кыырдарбыттар, онтон бары тѳбүрүѳннээн олорон били эттэрин сиэн, кымыстарын иhэн, кѳр-нар буолла. Лампа бухатыыры кытта Тиэтэйбит тустар буолла. Икки бухатыыры сыгынньахтаан туhуннарардыы бэлэмнээтилэр, тустар тулаhаларын икки ѳттүгэр илдьэн туруортаан баран, иккиэннэригэр иккилии киhи тыстаах-баттахтаах аас маңан биэ тириитинэн иннилэрин тиирэ тардан хаххалатан киллэртээн баран, таңастарын тѳлүтэ тардан кэбиhэллэрин кытта, икки бухатыыр хапсан ылан халбарыйсыбытынан баартар. Онтон-мантан харбаhан кѳрѳллѳр да, кыырт хардааччы курдук аhарсан, сыыhа-халты харбаhан, тэбис-тэңңэ кѳрүлээтилэр. Күѳс бастыңа холоhон кѳрѳн баран, Лампа бухатыыр эттэ: «Чэ, түксү, хайабыт да ѳтѳр кыайсыа суохпут. Онон оҕом, иним, кырдьык, үчүгэй киhи үѳскээн эрэр эбит. Буутун этэ бустаҕына, холун этэ хойуннаҕына былыргы мин саҕа бухатыыр буолсу»-диэн уурайан туран, киhитин хайҕаата.
Аhыыллара-сииллэрэ, кѳрдѳрѳ-нардара уурайан тойон ыалларын Лампа бухатыыры атын ындыытынан эт-арыы кэhиилээн атааран кэбистилэр.
Уолаттар бултуу барбыттарын кэннэ аны, кыhын ыан иhэр кытарах биэлэрин ыыталаан баран, кэс биэлэрин тутан ыан иhэр идэлээх эбиттэр. Кымыстарын, аhаабыттарын ордугун, дьиэлэрин иhигэр ииннээхтэригэр улахан сири барытынан кэккэлэтэ ууран, онно кутан хаhаанар идэлээхтэр, ону били уолаттара киирдэхтэринэ, «сайыңңы ыhыах» диэн эмиэ кѳрүлээн-нарылаан, аhыыр-сиир эбиттэр. Бу кэми былыргы саха улуу тунах кэмэ диэн ааттыыр эбит. Ол улуу тунах диэн сайыңңы үрүң ас тахсар кэмэ буолар. Ол аата окко киириэх иннинээҕи ыhыах ыhыллар.
Сэрии-сэбэ, кыргыс сиэрэ-туома, кѳрүүлэнии.
Бѳдьѳкѳ атаҕастаммытын истэн баран, Наахаралар биир саамай кырдьаҕастара: «Кѳр эрэ! Бу маҕай аллаахтар! Биhиги диэтэх сүрдээх ийэ ууhун, Дыгын Боотур удьуордарын, биһигини атаҕастаатахтарын, аны биhиги кинилэр тэпсилгэннэригэр олоруохпут дуо»,-диэн ийэтин ууhун бастаахтарын ыңырталаан сэриилэһэргэ сүбэ тэрийэр.
Кыра уолаттар бултуу тахсыбыттарынан туhанан Маһараҕы быhа тутан, ѳлѳрүѳххэ, оччоҕо кыра уолаттар, дьаhайар киhилэрэ суох буоллаҕына, бас-баттах киирэн биэриэхтэрэ диэн сүбэлэhэллэр.
Быйыл кыhын оңостор буоллулар: кэмэ суох элбэх оҕу, ох сааны, үңүүнү, батыйаны, куйаҕы, ат куйаҕын тэринэр эбиттэр. Бу кыс үѳhэ быhа уус уhаннаран, тэриммитинэн барбыттар.
Бѳдьѳкѳ диэн сиэн уолларынан Наахаралар Маhараҕы ыhыахха ыңыттаран бараннар, ѳлѳрѳ сыhан ыыталлар.
Сүрдээх ѳлүүттэн ордон хаалбыттарыгар, үѳрбүт-кѳппүт курдук, сүѳhү ѳлѳрѳн сиэн-аhаан, ол түүнү мэлдьи быhа били Мас Ɵнүкүй ойууну кыырдаран, биир түѳрт атаҕа хатың тоhоҕотун курдук, баhырҕастаах атахтаах, маңаас тиңэhэ оҕуhу ѳлѳрѳн , илбис кыыhыгар бэлэх биэрэллэр.
Бары дьүүлүнэн илбис абааhыны Тиэтэйбиккэ иңэттэрэллэр. Мас Ɵнүкүй ойуун аҕалан илбис абааhыны Тиэтэйбиккэ иңэрэрин кытта, Тиэтэйбит ѳрѳ мѳхсѳн битийбэхтээтэ, иирбит курдук буолла, туох да сэбэ-сэбиргэлэ, таңаhа-саба суох мүччү туттаран таҕыста да, Наахаралар диэки сүүрэн тэбэ турда.
Υс тутуллубут дьахтары аҕалан баран сэттэ уол кэлэн кэккэлэhэ турдулар уонна:
-«Дьэ эрэ, ѳлүѳххүтүн баҕарбат буоллаххытына, бэйэҕит талан биhигиттэн эрдэ булан ылың! Ону буолбат буоллаххытына, билигин үрүң күнтэн сүтэрдибит»- диэн Маhарах эттэ.
-Суох, хайаҕытыгар да барбаппыт, ѳлѳртѳѳң! Υтүѳлэрбит кэнниттэн ол дойдуга барыахпыт, - дэстилэр икки кырдьаҕас дьахтар.
Инньэ дииллэрин кытта батыйанан бастарын быhыта сынньан кэбиспиттэр. Уонна эдэр дьахтартан ыйыппыттар, онуоха эдэр дьахтар ытамньыйан баран: «Манна барыам» - диэн Маhараҕы ыйбыт. Онон Маhарах икки ойохтоммут.
Кѳрүүлэнии - бу ойуун кыыран тугу эмит билиитэ, быhаарара. Бѳтүңнэргэ да, Наахараларга да иккиэннэригэр ойууннардаахтар.
Мас Ɵнүкүй ойуун кыыра туран кѳрүүлэнэн эттэ:
- Сарсыңңы махтаахтаах маңан күн кылбайа тахсан уоттана ойон эрдэҕинэ, биhиги эппитигэр элиэтээччи, хааммытыгар хараҕарааччы ѳстѳѳх биис ууhа кэлэллэр. Онно бастакы киhи туоhахталаах сирэйдээх, чуккулаах атахтаах, чоккуруос харахтаах тураҕас аты миинэн кэлиэ. Ол ат ѳрүкүйэр кѳҕүлүн үрдүгэр илбис кыыhа Иирээн Мэнэгэй, оhол кыыhа Обот Соллоң олорон кэлиэ. Ону, эрэттэр эрэ буолларгыт, ол ат туоhахтатын маңнайгы ытыыга таптаргыт эрэ биhи ѳрѳгѳйбүт үрдүѳҕэ. Онтон ону сыыстаххытына, үрүң күн үрдүбүтүнэн ѳрүкүйүѳ, маңан кумах баспытын тибиэҕэ.
Наахаралар ойууннарыттан эдэрэ эттэ:
- Былыр саңардыы кыыран-кутуран сылдьаммын бу сиргэ киhи сототун синньигэhинэн кэhиллэр кыа хааны кѳѳртүм уонна билигин даҕаны куhаҕан битим тардар. Онон манна хонуохха сатаммат. Арыый ааhа түhэн хонуох баар, - диэнМаны сѳбүлээминэ кырдьаҕс ойуун:
- Эн саҕа мин кыыран-кутуран сылдьыбытым да, ол усталаах туоратыгар туох да куhаҕаны кѳрбѳтѳх сирим - диэтэ. Маны истэннэр кырдьаҕастар бары эдэр ойууну сэмэлээтилэр, уhугар тиийэн күлүү гынан бардылар.
Бөлөхтөрүнэн боппуруоска эппиэттээһин:
Бѳтүңнэр хас бииргэ төрөөбүттэрий?
Бѳтүңнэри кытта бииргэ төрөөбүт дьахтар оҕото ким диэн ааттааҕый?
Бѳтүңнэр саамай улахан убайдарын аата?
Бѳтүңнэртэн чугас ким диэн ааттаах бухатыыр баарый?
Баҕадьылааһын диэн тугуй?
Былыр сахалар хас ыһыахтаахтарый?
Сири иһит диэн туохтан оҥоһуллубут иһитий?
Көрүүлэнии диэн тугуй?
Бороҕон сиригэр ким диэн бухатыыр баарый?
Боотурускай улууһугар билиҥҥинэн ханнык улуустар киирэллэрий?
Бэрт Хараҕа Бѳтүңнэр хас биэни биэрэллэрий?
Бѳтүңнэр ойууннара ким диэн ааттааҕый?
Барыларыттан кус быһый уолларын аата ким диэний?
Холлоҕос диэн тугуй?
Саадах диэн тугуй?
Наахаралар билиҥҥи картанан ким диэн нэһилиэк буолалларый?
Билиҥҥи картанан ханнык нэһилиэктэр Бѳтүңнэр сирдэригэр киирэллэрий?
Лампа бухатыыр билиҥҥи картанан ханнык нэһилиэккэ олорбутуй?
Кэһэх диэн тугуй?
Бѳтүңнэртэн саамай бэргэнник ытар кимий?
Эрилик Эристиин декадатыгар аналлаах аһаҕас уруоктар
Тиэмэтэ:
С.С.Яковлев-Эрилик Эристиин “Бөтүҥнэр” кэпсээнигэр карта оҥоруута.
5 кылаас үөрэнээччилэригэр природа уруога
Учуутал Петрова А.П.
Олунньу ый 2014 сыл