Маарыкчаан ыччаттара Эрилик Эристиин


Темата: С.С. Яковлев – Эрилик Эристиин«Маарыкчаан ыччаттара» романын суолтата СЫАЛА:Елбет уйэлээх айымньыларынан сиэттэрэн чэбдик олох иЬин охсуЬууга олук ууруу;Улэ то5ооЬо: Эрилик Эристиин романа билигин да суолтатын сутэрбэт;Сонуна: Эрилик Эристиин «Маарыкчаан ыччаттара» романын суолтата билинни ыччаты иитиигэ суду оруоллаах. СОРУГА:Билинни кэмнэ киЬи киЬиэхэ сыЬыана мелтеебутунэн, атааннаЬыылар тахсалларын туЬунан истэбит да, керебут да. 2012 сыл норуоттар до5ордоЬууларын уонна сомо5олоЬууларын сылынан биллэриллибитинэн, «Маарыкчаан ыччаттара» романы аа5ыы, уерэтии, наадалаа5ынан кердеруу.Айымньы кеметунэн бэйэ ейун – санаатын ханатыыга, майгытын-сигилитин тупсарыыга туЬаайыы.Ыччат бэйэтин – бэйэтэ сайыннарар кыахтарын иитии. Роман суолтата: 1. Бастакы роман«Маарыкчаан ыччаттара» бастакы роман буолар улуу суолталаах. БиЬиги биир дойдулаахпыт, улуу суруйааччы, гражданскай сэрии кытыылаа5а, «Маарыкчаан ыччаттара» романын иЬин Саха сирин комсомолун бириэмийэтин лауреата, Саха Островскайа, кыЬыл партизан Семен Степанович Яковлев – Эрилик Эристиин беден айымньытын, норуот оло5ун киэнник хабан, диринник хорутан, ымпыктаан-чымпыктаан ойуулаан, 110 тахса геройдаах, персонажтаах, элбэх сюжетнай линиялардаах айымньыны суруйан саха литературатыгар аан бастакынан роман жанрын олохтообута. 2.«Орудие» - дьону тумэр, естееххе еЬуену кууркэтэр куус. Сахалыы маннайгы роман А5а дойду сэриитин саамай кучумэ5эй куннэригэр куус – кеме быЬыытынан кэлбит бойобуой орудие кэриэтэ 1942 с. бэчээттэммитэ. Онтон ыла кун бугуннэ диэри хас да келуенэ эдэр ыччата туруоруллубут дьыала иЬин тиЬэ5эр тиийэ бэриниилээх, хорсун-хоодуот буоларга иитэр суолталаах.3.Эдэр суруйааччылары айар кыЬа5а уерэтии оскуолата.Саха прозатыгар гражданскай сэрии тематыгар суруйааччылар уонна роман жанрыгар кэлин холонооччулар Эрилик Эристиин опытын тумнубатахтар саарба5а суох. 4.Историзма. «Маарыкчаан ыччаттара» роман 1918 – 1922 сыллары кердерер. Ити кэминээ5и кырыктаах кылаас охсуЬуута, эргэ, сана куустэр елер-тиллэр курэхтэЬиилэргэ уус-ураннык кестер. Саха бастын ыччаттарын, комсомолецтарын, коммунистарын геройдуу охсуЬуулара, араас омуктар, дьоннор бэйэ-бэйэлэрин ейдеЬер, ытыктаЬар быЬыылара, кыра – кыаммат дьон сана олох кырдьыга ерегейдуурун туЬугар уодаЬыннаах утарсыылара ойууланар.5.Реализма. Суруйааччы «Маарыкчаан ыччаттара» романыгар бэйэтэ этинэн-хаанынан билбитин – тереебут норуотун ол кмнээ5и саамай типичнэй, характернай чахчыларын тумэн кердербутэ. Роман ис хоЬооно Чурапчыга буолбут дьиннээх чахчыларга оло5уран суруллубутун критик Г. Боескоров айымньы ситиЬиитинэн сыаналаабыта. «Эрилик Эристиин» монография автора Н. Тобуруокап: «Бу роман суруйааччы тереебут-уескээбит Чурапчытын оло5ун, кини чулуу дьоннорун уйэтиппит айымньыта» диэн тумуккэ кэлбитэ. Маарыкчаан герой комсомолецтарын образтарын прототиптарынан маннык дьон ылыллыбыттар: Коля Манасов – Николай Дмитриевич Субуруускай, Костя Манасов – Константин Алексеевич Сокольников, Гена Бологуров – Георгий Никитич Дьячковский,Сеня Оноев – Степан Афанасьевич Савин (Кун Дьирибинэ). Бу дьон о5о эрдэхтэриттэн бииргэ уескээбиттэрэ. 6.Олох кэрэтин этэр. Олох кэрэтэ киЬи киЬини кытта эн-миндэЬэн ирэ-хоро билсэригэр, кэпсэтэригэр буолар. Дьону кытта бодоруЬан, дьон оло5у толору билэллэр. КиЬи киЬиттэн уерэнэр. Эрилик Эристиин бу романыгар сана дьоннор уунуулэрин хайа да айымньылардаа5ар сиЬилии кердерер. Маарыкчаан биэс уола Чинарин иитиитинэн бэриниилээх большевик буола уунэллэр.7.До5ордуу сыhыан. Семен Степанович героическай эпопеятыгар бэйэтин сурун персонаж быЬыытынан киллэрбэтэ5э. Дьининэн, кини тынааЬыннаах событиеларынанаЬары баай оло5о толору матырыйаала биэриэх, айымньытын композициятын букатын уларытыах этэ. Ол оннугар оччотоо5уга сымыйанан буруйданан, умну хаалларынан сылдьыбыт, аатырбыт партизаны – Уот Субуруускайы кини герой онорбута бу туспа суолталаах. 8.Интернационализма. Сахалыы маннайгы роман ханнык ба5арар омугумсуйууну утары суруллубут. «Маарыкчаан ыччаттара» идеятынан Саха сирин тыйыс усулуобуйатыгар буолбут кырыктаах кыргыЬыыны, норуоттар до5ордоЬууларын хоЬуйуу, ол туЬугар геройдуу охсуспут, олохторун биэрбит утуекэннээх дьоннору уйэтитэр. Романна араас омуктар до5ордоЬуулара киэнник кердеруллэр. Манна сахалар, нууччалар, татардар, украинецтар, кореецтар о. д. а., омуктар до5ордоЬуулара сэрии кутаатыгар буЬан-хатан тахсара ойууланар.9.Сомо5олоhуу.Саха кыра-хара норуота партияны кытаанахтык сомо5олоЬон, хааннаах кыргыЬыыны тэрийбит улуу бандьыыттары утары сэриилэЬэр. Холобур,Коля Манасов барытын эрдэттэн бэлэмнээбит буолан, бутун этэрээти еруЬуйэр, атын кыЬыл чаастарыгар холбоЬон куус-кудэх эпсиЬэр. Партизанскай группаны тэрийэр. 10.Патриотизма. «Маарыкчаан ыччаттара» роман – ыччаты патриотизм тыыныгар иитэргэ, кинини тереебут дойдутун иннигэр бэриниилээхтик охсуЬар санаа5а уЬуйарга сункэн суолталаах. Ол туЬунан биллиилээх Анатолий Ольхон этэр: «Николай Островскай «Ыстаал хайдах хатарыллыбыта» уонна Александр Фадеев «Эдэр гвардия» диэн романнарын кытары сэргэ саха суруйааччытын бу айымньыта эмиэ биЬиги коммунистическай ыччаппытын кердербут, онон кыайыылаах советскай норуот эдэр келуенэ ыччаттарын сурэхтэрин буолуох туЬа суох». Тумугэ: «Маарыкчаан ыччаттара» роман ааспыт олох кэрэЬитэ буоларынан, сана оло5у тутууга киЬи-аймах тумсуутун, ыччат инники куеннэ сылдьарын кердерерунэн, киЬи ис айылгыта этэринэн иитэр, уерэтэр суду суолталаах. Билинни уйэ унуутэ – батаЬа буолар. «Маарыкчаан ыччаттарын» сырдык уобарастара теЬенен элбэх сыл ааhан иhэрий да, соччонон ордук кэрэтийэн, биЬигиттэн тэйиэхтэринээ5эр ессе чугаЬаан иЬиэхтэрэ.