Уруок таЬынан дьарык. Куукула тыйаатыра. Тема: Куобахчаан


Куукула-театра
Учуутал Спиридонова С.М.
Дьарык аата: Куобахчаан
Учуутал сыала-соруга:
- Куукула-театрын кытта билиһиннэрии;
- Үөрэнээччи саҥарар саҥатын, тылын уонна бэйэ-бэйэни кытта алтыһар дьоҕурун сайыннарыы;
- Остуоруйаны оруолларынан оонньоон көрдөрөрүгэр үөрэтии;
- Эйэлээх, доҕордуу, үтүө майгылаах буоларга иити, өйдөтүү.
Үөрэнээччи сыала-соруга:
Дьарык сыалын-соругун, тематын бэйэ таһаарыыга салгыы үөрэнии, бэйэ айар, толкуйдуур дьоҕурун, тылын-өһүн сайыннарыыга дьулуһуу;
Бэйэ-бэйэни кытта алтыһыы, бодоруһуу.
Дьарык түмүгэ:
Бэйэни салайынар-дьаһанар сатабыл: дьарыкка көхтөөхтүк кыттан билэр-көрөр баҕата үрдүүр; үлэтин хонтуруолланар, ырытан көннөрөр, бэйэтин кыаҕынан сайдарга кыһанар.
Билэр-көрөр сатабыл: аахпытын өйүгэр тутар, кэпсэтэргэ дьулуһар, үлэтин түмүгэр сыанабыл оҥостор.
Бодоруһар сатабыл: доҕотторун санааларын истэр, тус бэйэтин уонна бииргэ куолаан (уопсай) үлэ түмүгүттэн астынар.
Дьарык этаптара Учуутал дьарыга Оҕо дьарыга Дуосканы
туттуу Түмүгэ
Тэрээһин чааһа Үтүө күнүнэн күндү оҕолор! Билсиһиэҕиҥ. Мин аатым Сардана Михайловна диэн. Боотулуу орто оскуолатыгар 3 кылаас оҕолорун үөрэтэбин. Туох туһунан ырыаный?
Мичээр – саҥа таһаарбакка эрэ киһи сирэйинэн-хараҕынан, уоһунан күлэрэ ааттанр. Кылааспытыгар элбэх ыалдьыт баар, кинилэр диэки хайыһыаҕыҥ уонна мичээр бэлэхтээн туран дорооболоһуоҕуҥ.
Настарыанньа хайдаҕый? -Мичээр
-Үчүгэй Слайд 1.
Музыка истии Дьарыкка бэлэмнээһин, үчүгэй турукка киллэрии
Билиини чопчулааһын -Былыр оҕолор тугунан оонньууллар этэй?
–Куукуланан оонньуургутун сөбүлүүгүт дуо?
- Онтон бу хайдах куукуланан оонньуу сылдьалларый?
–Сэрэйдигит дуо? Бүгүҥҥү дьарыкпыт туох эбитий?
– Куукула-театра диэн тугуй? Куукула-театрын сцената –ширма. Артыыстар оруоллары үллэстэн, куукуланы хамсатан оонньууллар. -Былыр маһынан, туоһунан оонньуур оҥостоллоро. Кыра кыргыттарга ийэлэрэ, эбэлэрэ өрбөҕүнэн куукула тигэн биэрэллэрэ
-Куукула-театра.
Санааны этинии.
Слайд 2.
Слайд 3.
Слайд 4. Дьарык соругун туруоруу -Таабырынна таайыаҕыҥ эрэ:
Иччитигэр эккэлэс баар үһү. (ыт)
Күн аайы суунар, киэргэнэр баар үһү. (куоска)
От - мас аһылыктаах ойуоккалас оҕочоос баар үһү . Өрүүтүн үргүүк, куруутун куттас баар үһү. (куобах)
-Хайа, куукула-театрын артыыстара буолуоххутун баҕардыгыт дуо?
-Ол аата, биһиги бүгүҥҥү дьарыкпыт соруга сыала- туох буолуой?
-Таайбыт кыылларбытыттан биирэ атын. Ханныга атын дии саныыгыт уонна тоҕо?
-Бүгүҥҥү дьарыкпыт сүрүн геройа Куобахчаан
(Таайбыт 2 оҕоҕо куукула кэтэрдэн саҥардыы)
-Куукуланы хамсатан сөпкө саҥаран артыыстааһын
(куобах)
Бөлөҕүнэн үлэ Тэҥнээһин
Артикуляционнай гимнастика
Артыыстар хайдах саҥараллар?
Артыыстар курдук саҥарар инниттэн тылы эрчийэр наада:
артикуляционнай гимнастика:
Х дор5оону чуолкайдык саңара эрчиллии:
Дьэ, бэлэм буоллубут. Аны остуоруйаны оонньоон көрдөрүөххэйиҥ эрэ. Бөлөх аайы биирдии куобах туһунан остуоруйа биэрэбин.
а) Искэ аахтарыы.
-Сүрүн герой кимий?
б) Өйдөммөт тыллары булан быһаарыы
в) Оруолларынан ааҕыы:
- Сүбэлэһэн, үчүгэйдик дьүүллэһэн баран остуоруйабыт геройдарын бэйэ икки ардыгар үллэстэҕит. 1 оҕо автор буолар.
Геройдар куоластарын, майгыларын, настарыанньаларын толору тиэрдэр курдук бэлэмнэнэбит.
-Оонньоон көрдөрөргө бэлэмнэнии: куукуланы сепке хамсата-хамсата сацарарга эрчиллии - улаханнык лоп-бааччы чуолкайдык саңараллар.
1) гбда –гбды, гбдо-гбду, гбдэ-гбди, гбдэ-гбду;
4) кнга-кнгы, кнго-кнгу, кнгэ-кнги,кнгэ-кнгу;
5) лча-лчо, лчо-лчу, лчэ-лчи, лчэ-лчу;
Харыйа –хоруйа,
Холбуйа –халбыйа,
Хаакыр –кыыкыр,
Хаххан –хал5ан.
Искэ ааҕаллар.
- Куобахчааммыт сүрүн герой буолар.
Өйдөммөт тыллары тылдьыттан булан быһаарыы
Оруолларынан үллэстэн хоһоонноохтук ааҕаллар
Хамсанан оонньоон көрдөрөргө бэлэмнэнэллэр. Слайд 5
Слайд 6
Слайд 7
А4
Тылдьыт, кинигэ Бөлөҕүнэн үлэ түмүгүн көмүскээһин - Остуоруйаны оонньоон көрдөрүөххэйиҥ эрэ.
Ыйытыыларга хоруйдааһын:
-Ордук ханнык геройу себулээтиц? Себулээбэтиц? То5о? Оонньоон көрдөрүү Үлэни түмүктээһин.
Рефлексия -Остуоруйа ханнык көрүҥүн көрдөрдүбүт?
-Сыалбытын-сорукпутун ситтибит дуо?
-Туох сыыһалаахпытый?
-Остуоруйаны куукула театра оҥорон көрдөрөргө туох нааданый?
Уруок устата үчүгэйдик үлэлээбит оҕолорго номинация туттарыы
Бастыҥ оруол толорооччу
Тыл суолтатын билээччи
Тылдьыты сатаан туһанааччы
Бастыҥ кэпсээнньит
-Хамсыыр –харамай туһунан. Санаа атастаһыыта.
Уруок туһунан санааларын этэллэр
Слайд 8