Саха литературатын с?ннь?нэн у?уллубут уус-уран киинэлэргэ дьахтар дьыл?атын к?рд?р??
Саха литературатын айымньыларын сүнньүнэн уһуллубутуус-уран киинэлэр(саха дьахтарын дьылҕатын көрдөрүү)
Үлэ сыала: Саха суруйааччыларын айымньыларынан уһуллубут уус-уран киинэлэргэ дьахтар дьылҕатын арыйыы уратыларын үөрэтии. Бу сыалы ситиһэр туһуттан маннык соруктары туруордубут: 1. Суруйааччылар айымньыларын толору ааҕыы, чинчийээччилэр ырытыыларын көрүү.2. Литература уонна киинэ алтыһыыларын үөрэтэр, саха киинэтин историятын сайдыытын сырдатар үлэлэри булан ааҕыы.3. Киинэлэрин булан көрүү, режиссер үлэтин ырытыы, сүрүн оруоллары толорбут артыыстардыын кэпсэтии.4. Уус-уран айымньы киинэҕэ көстүүтүн үөрэтии;5. Дьахтар дьылҕата саха уус-уран киинэтигэр хайдах киирбитин көрүү, быһаарыы. Н.М. Заболоцкай – Чысхаан “Мааппа” (режиссер А.С. Романов, 1986 с., Свердловскайдааҕы киностудия) А.Романов Н.Заболоцкай айымньытынан устубут киинэтэ туруору экранизацияҕа чугасаһыан сөп. Ол курдук сюжекка режиссер бэйэтин өттүттэн улахан уларытыылары оҥорботох, киинэ киэбинэн саамай сүнньүн эрэ хаппыт. Ол эрээри Н.Заболоцкай айымньытын идеята олох күндүтүн туһунан эбит буоллаҕына, А.Романов, бэйэтэ этэринэн, киинэ олоххо идеалы көрдөөһүҥҥэ анаммыт. Онон икки көрүү холбоһон, ураты айымньы үөскээбит. Мааппа – айымньыга, киинэҕэ тыын тахсыбат хараҥа олох, дьиикэй быһыы сиэртибэтинэн көстөр. КЭПСЭЭН Автор Н.М. Заболоцкай – Чысхаан Хас сыллаахха суруллубута 1944 Сүрүн геройдар Ылдьаа, Мааппа Ойоҕос персонажтар Айымньы киириитигэр: Кырдьаҕас киһи – сэһэни кэпсээбит оҕонньор, “мин” диэн автор бэйэтэ; Айымньыга: Ылдьаа ата, Бөдьөкө кинээс –Ылдьаа тойоно. КИИНЭ Туруорааччы режиссер Алексей Семенович Романов Хас сыллаахха уһуллубута, к/с Свердловскайдааҕы киностудия, 1986 (фильм снят на пленке Шосткинского п/о “Свема”. ГНК “Сахафильм”,1996.) Сценарист Ю. Разыков, А.С. Романов Киинэни оҥордулар Ю. Разыков, Р. Зуев, М. Розенштейн, С. Киселева, В. Хижнякова, Л. Чистов, Н. Шестакова, Н. Зайцева, О. Муравьева, И.Николаев, К. Сергучев.Всесоюзный государственный институт кинематографии имени С.А. Герасимова. Кафедра кинорежиссерского мастерства. Дипломная работа А.С. Романова. Мастера-руководители: С.А. Герасимов – профессор, Т.Ф. Макарова – профессор. Сүрүн оруолларга Мааппа – Маргарита Борисова, Ылдьаа – Дмитрий Михайлов Киинэ уһуна 20 мүнүүтэ Музыка Хомус тыаһа, тойук Д.К. Сивцев – Суорун Омоллоон “Аанчык” (режиссер Н. Аржаков, 2006 с., ГНК “Сахафильм”) Никита Аржаков “Аанчыга” айымньыны толору экранизация бары ирдэбиллэригэр эппиэттиир “идеальнай” киинэ буолбут. Аанчык “саҥа тыллан эрэр ньургуһун быһа тардыллыбытын курдук кэхтибитин”, кэлин оҕолонобун диэн өлүүтүн – барыта баттыгастаах олох хараҥа дьайыытын быһыытынан Никита Аржаков итэҕэтиилээхтик көрдөрбүтэ. Аанчык – саха дьахтарын бары кэрэтин, истиҥин түмпүт образ. Киинэ айымньытын курдук толору арыллыбыт диэн сыаналыыбыт. Бу режиссер оруолларыгар барсар дьону таларыттан, ол артыыстар оруолларын төһө арыйалларыттан саҕалаан үлэтэ табыллыбыт. Артыыстар оонньуулларынан, саҥаларынан-иҥэлэринэн, тутталларынан-хапталларынан, көрдөрөр иэйиилэринэн көрөөччүнү тута сүүйүөхтээхтэр. Оччоҕо эрэ режиссер үлэтэ үрдүктүк сыаналанар, биһирэнэр. КЭПСЭЭН Автор Д.К. Сивцев – Суорун Омоллоон Хас сыллаахха суруллубута 1927 Сүрүн геройдар Мыычаар, Аанчык Ойоҕос персонажтар Дьаллай, Куома КИИНЭ Туруорааччы режиссер Никита Аржаков Хас сыллаахха уһуллубута, ГНК “Сахафильм”, 2006 Сценарист Никита Аржаков Оператор-постановщик Юрий Березкин Художник, декоратор Ирина Ноговицына, Валентин Данилов Звукорежиссер Павел Павлов Оператор ассистена Роман Слепцов Монтаж Юрий Березкин, Ольга Габышева Администратор Сардаана Слепцова Компьютернай графика Анджелика, Николай Ефремовтар Директор С.Н. Сивцев - Доллу Сүрүн оруоллар Аанчык – Мария Азарова, Мыычаар – Егор Ощепков, Мычаар ийэтэ – Татьяна Мыреева, Кырдьаҕас Мыычаар – Василий Огонеров Киинэ уһуна 45 мүнүүтэ Музыка Клавдия уонна Герман Хатылаевтар музыкалара туттулуннулар. Н.Е. Мординов – Амма Аччыгыйа “Мотуо” (режиссер В.Н. Семенов, 2003 с., ГНК “Сахафильм”) Вячеслав Семенов “Мотуота” таптал туһунан киинэ буолар. Кэпсээҥҥэ уонна киинэҕэ Сэбиэскэй былаас өҥөтүнэн үөрэхтэнэн, сайдан эрэр ыччат дьон истиҥ сыһыаннара, өй-санаа өттүнэн тобуллан, сытыырхайан эрэр саха кыыһын быстах дьылҕата көстөр. Киинэ режиссера Амма Аччыгыйын айымньытын идеятын итэҕэтиилээхтик уонна күүстээхтик тиэрдибит. Ол курдук киинэ автора музыка тыаһа, айылҕаны ойуулааһын курдук араас ньымалары туттан, кэрэхсэбиллээх киинэни устубут. Сүрүн герой кэмсиниитин, кыыһы аһыйыытын көрдөрөр, соҕотох тиит курдук символ уобараһы бэйэтиттэн эбэн киллэрэр. Геройдарын табыгастаахтык талбытын бэлиэтиибит. Холобур, Мотуо кыыс Амма Аччыгыйын айымньытыгар дьоһуннаах, сытыы тыллаах-өстөөх кыыс буоллаҕына, В.Семенов киинэтигэр наһаа нарын, сэмэй, элбэх саҥата суох кэрэ кыыс быһыытынан көстөр. КЭПСЭЭН Автор Н.Е. Мординов – Амма Аччыгыйа Хас сыллаахха суруллубута 1944 Сүрүн геройдар Мотуо, Ньукуус Ойоҕос персонажтар Эбэлэрэ, оскуола оҕолоро, Саня, Мария уо.д.а. КИИНЭ Туруорааччы режиссер, сценарист, оператор - постановщик Вячеслав Семенов Хас сыллаахха уһулбуттара, к/с “Сындыыс уот” video студио, 2004с. Иккис режиссер Наталья Габышева Оператордар Семен Андреев, Роман Слепцов, Андрей Сивцев Звукорежиссер Евгений Коченков Авторскай тиэкиһи суруйда Иннокентий Дмитриев Авторскай тиэкиһи аахта Анатолий Николаев Музыка Кырыымпаҕа оонньоото – Дина Семенова, Г. Гендель – Адажио, И. Брамс – Симфония №1, Г.Григорян – тойук, Ф. Корнилов – Туллук, Vanessa Mac – Warm Air Сүрүн оруолларга Мотуо – Елизавета Лазарева, Айыына Слепцова, Виталик Олесов, Ньукуус – Сергей Егоров, Юра Гоголев, Айсен Карпов. Михаил Гоголев Киинэҕэ уһулуннулар Мотуо эбээтэ – Анна Кузьмина, Мотуо ийэтэ – Домна Уйгурова, Мотуо аҕата – Василий Апросимов, Ньукуус эбээтэ – Татьяна Мыреева, Дьүлэй Байбал – Ефим Степанов Мотуо эдьиийэ – Прасковья Адамова, Повар – Наталья Степанова, Кучер – Василий Дьяконов Киинэ уһуна 48:14 мүнүүтэ Н. Габышев “Плисада”(режиссер Э. Новиков, 2005 с., ГНК “Сахафильм”). Өскөтүн Н.Габышев Плисадата - сэбиэскэй олох омсолоох геройа, үлэнэн дьоллонор советскай олох идеологиятыгар сөп түбэспэт мещанныы өйү-санааны тутуһар дьахтар эбит буоллаҕына, Э.Новиков киинэтигэр сүрүн героиня – баай-талым олохтоох, карьератын оҥостубут, ол эрээри тапталга, эр киһи истиҥ сыһыаныгар тардыһар соҕотохсуйбут дьахтар. Кэпсээн событиелара киинэҕэ биһиги бүгүҥҥү олохпут чахчыларын көрдөрөллөр. Аҥардас Плисадабыт тас дьүһүнэ, таҥаһа-саба, тыла-өһө, массыыната, дьиэтэ-уота бүрүчүөскэтигэр тиийэ аныгыылыы буолбут. Чугас дьонун тапталыгар угуттанар, дьиэ кэргэн, оҕо-уруу диэн дьолу билэр туохха да тэҥнэспэт. Ол эрэн, киинэҕэ атын өйдөөх-санаалаах, толкуйдуур толкуйдаах, олоҕу атыннык көрөр дьахтар уобараһа арыллар. Кини үйэтин тухары үлэ үөһүгэр сылдьар, бэйэтин көрүнэр, “карьера” диэн баран сылдьар. Дьахтар сиргэ кэлэр анала тапталлаах ийэ, кэргэн буолуу буолар. Ону биһиги Плисадабыт өйдүүр. Ол эрэн, киниэхэ онто суох... Бу кини саамай хараастар санаата, куруук толкуйдуур толкуйа. Дьылҕа хаан диэн хас биирдии киһиэхэ баар. Ол аата маннык дьылҕа киниэнэ буоллаҕа. КЭПСЭЭН Автор Н.А. Габышев Хас сыллаахха суруллубута 1963 Сүрүн геройдар Миша уонна Плисада Ойоҕос персонажтар - КИИНЭ Туруорааччы режиссер Эдуард Новиков Хас сыллаахха уһулбуттара, к/с 2005 с., ГНК “Сахафильм” Режиссер ассистена Александр Лукин Оператор - постановщик Юрий Березкин Оператор ассистена Иннокентий Аммосов Художник - постановщик Петр Бояркин Звукорежиссер Ольга Габышева Звукооператор Петр Павлов Монтаж Иннокентий Аммосов Администратордар Зинаида Борисова, Александра Федорова, Сардаана Слепцова Компьютернай графика Анджелика, Николай Ефремовтар Оруолларга Плисада – Маргарита Борисова, Миша – Иван Попов, официантка – Ульяна Япина Эпизодтарга Николай Березкин, Владимир Горохов, Петр Копырин, Александр Алексеев, Василий Бочкарев Киинэ уһуна 48 мүнүүтэ Түмүк. - уус-уран айымньыны экранизациялааһын киинэ искусствота салгыы сайдыытыгар көмөлөһөр тосхоллоох. - киинэни айыыга араас историческай эпохалар, ураты стиллэр, олоҕу көрүүлэр алтыһаллар. - уус-уран айымньы сүнньүнэн уһуллар киинэлэр олус элбэхтэр уонна литература саамай бөдөҥ, суолталаах айымныларыгар уһулаллар уонна экранизация түмүгэр ураты айымньы, саҥа эстетическэй феномен буолан тахсаллар- литературнай айымньы киинэ буолан, үгүс дьоҥҥо тиийэр кыаҕа үрдүүр.