Почему нужно есть много овощей и фруктов? урок по окружающему миру для 1 класса
П.И.Яковлев аатынан Амма-Наахара орто оскуолатаАмма улууhа
1 кылааска тулалыыр эйгэ уруога.
Темата: «То5о элбэх о5уруот аһын
уонна фруктаны сиэхтээхпитий?»
(«Школа России» УМК, Плешаков А.А. учебнига)
Алын сүһүөх кылааһын учуутала Никифорова Надежда Андреевна
Өнньүөс, 2015.
Уруок картата.
Уруок хаамыытаБириэмэтэҮлэ репродуктивнайформалараҮлэ продуктивнайформалара1. Тэрээһин чааһа.
1 мүн Бол5омто 2.Оонньуу «Сыыhыма уонна өйдөө»
2мүн О5о бэйэтэ толкуйдааһына,
Өйгө тутуу Көхтөөхтүк кыттыы,
3. Уруок темата. Ыйытыы туруоруу. 1 мүн Бол5омто Системность,
4.Саңа матырыйаалы үөрэтии. Ситуацияны быhаарыы3 мүн Сөпкө саңарыы
Өйгө тутуу
Бол5омто
Толкуйдааһын Ырытыы
Көхтөөхтүк кыттыы
Баарга оло5уруу
Физминутка1 мүн Бол5омто 5.Кинигэнэн үлэ. Таабырыннары таайыы. 5 мүн Бол5омто
Толкуй Баарга оло5уруу
Билэ-көрө сатааһын
6. Соруда5ы толоруу. 2 мүн Бол5омто Көхтөөхтүк кыттыыБаарга оло5уруу
Сатабылын туһаныы
7. Эппиэттэри ырытыы3 мүн Өйгө тутуу,
Бол5омто
Билэ-көрө сатааһын
Сөпкө са5арыы
Ырытыы
8.О5олор эппиэттэрин ырытыы, сааhылааhын. 2 мүн О5о бэйэтэ толкуйдааһына, Көхтөөхтүк кыттыыСөпкө саңарыы
Бэйэ санаатын этии
9.Информация биэрии. 7 мүн Тэрээһиннээх буолуу Бол5омто
Билэ-көрө сатааһын
Көхтөөхтүк кыттыыОонньуу «Сɵпке тал» 10. Түмүктүүр проблемнай ыйытыы.
3 мүн Бол5омто
Билэ-көрө сатааһын
Бэйэ санаатын этии
Көхтөөхтүк кыттыы11. Рефлексия. Уруок түмүгэ.
3 мүн Бэйэ санаатын этии Баарга оло5уруу Сөпкө, толкуйдаан саңарыы
Көхтөөхтүк кыттыыКультуралаах буолуу
Сыала: о5уруот аһын уонна фрукта туһунан билиилэрин кэңэтии уонна оло5урдуу
Соруктара: 1. А, В, С битэмииннэр тустарынан өйдөбүллэрин кэңэтии, киһи доруобуйатыгар туһалаахтарын өйдөтүү; 2. Өйгө тутар дьо5урдарын, толкуйдарын, саңаларын сайыннарыы; 3. Бэйэ доруобуйатыгар харыстабыллаахтык сыһыаннаһыыны иитии;
Уруок тиибэ : саңаны үөрэтии.
Дидактическай ньымалара уонна формалара: быһаарар-көрдөрөр, оонньуу, бэсиэдэ, иһитиннэриини истии, хатылааһын.
Уруок хаамыыта.
I.Тэрээһин чааһа.-Υѳhэ тыынабыт, салгыны айахпытынан аргыый таhаарабыт.
- Чуораан тыаhаатаТулалыыр эйгэ уруога саҕаланна.
1-2 тыаhа суох олоробут,
3-4 сиспитин кѳннѳрѳбүт,
5-6 илиибитин паартаҕа уурабыт.
Сыал туруорунуу:
- Бүгүн уруокка хайдах үлэлиэхтээхпитий?
1.Учуутал саҥатын бол5ойон истэбит.
2.Ыйытыыга толору эппиэти биэрэргэ кыhаллабыт.
3. Бэйэбитигэр туох эрэ саңаны арыйыахтаахпыт.
-О5олоор, эһиги элбэхтик тыа5а сылдьааччыгыт дуо? Билигин тыанан, хонуунан күүлэйдии сылдьар курдук сананабыт. Онно хайдах сылдьыахтаахпыт туһунан оонньуу оонньуохпут.
II. Оонньуу «Сыыһыма уонна өйдөө».
- Мин этиилэри аа5ыа5ым, өскөтүн мин эппиппэр сөбүлэһэр буоллаххытына, от күө5э төгүрүгү, оттон сөбүлэспэт буоллаххытына, кыһыл төгүрүгү уунан көрдөрүөхтээххит(фишкалар). Бол5ойон истиң.
1. Мас лабаатын тоһутумаң, солуута суох сибэккини, сэбирдэ5и турута тыытымаң.
2. Тыа5а төһө ба5арар хаһыытыахха, айдаарыахха сөп. Онно дьоннор суохтар, кимиэхэ да мэһэйдээбэккин.
3. Тыа5а мээнэ айдаарымаң, тыа олохтоохторо куттаныахтара, саһыахтара, оччо5уна туох да интэриэһинэйи көрүөххүт суо5а.
4. Ба5алар, хомурдуостар, түүлээх үөннэр, кумаардар суохтара буоллар үчүгэй буолуо этэ.
5. Кыыллары харыстааң, кинилэр айыл5а5а туһалаахтар, көмөлөөхтөр.
6. Үрүмэччилэри мээнэ тутумаң, кинилэр сибэккилэргэ туһалаахтар.
III. Саңа тема.
1.- Маладьыастар. Бары көнөтүк олордубут, бол5ойон истэбит. Бары аахтыбыт эрэ: «То5о элбэх о5уруот аһын уонна фруктаны сиэхтээхпитий?»
Арай биирдэ хаһаайка
Ырыынактан кэлбитэ,
Ырыынактан хаһаайка
Дьиэтигэр а5албыта:
Хортуоппуйу, хаппыыстаны,
Моркуобу, горо5у,
Петрушканы, сүбүөкүлэни…
- Ким өйдөөн хаалла, хаһаайка тугу а5албытый?(05олор эппиэт биэрдэхтэрин аайы ойууну кɵрдɵрɵн иhэбин).
- Кинилэри барытын биир тылынан туох диибитий? (О5уруот астара)
Билигигн таабырын таайыахпыт.
2.Таабырыны таайың, (таайыылара слайда5а кɵстɵр)
Кинилэр төгүрүктэр
Сайын күөхтэр,
Күhүн кыhыллар. (Помидор.)
2. Теплица5а үүнэллэр
Күөхтэр, уhуттар. (О5урсу.)
3. Кими да мөхпөт,
Кими да таhыйбат Киниттэн бары ытыыллар. (Луук.)
4. Кыра, аhыы,
Луук быраатабын диир. (Чеснок.)
5. Батта5ым үөһэ
Бэйэм сир анныгар сытар,
Кыһыл кырасаабыссабын. ( моркуоп)
- Бу барыта тугуй? (О5уруот астара)
3.Бол5ойон истэбит.
1.Миигин о5олор уонна эбисийээнэлэрОлус таптыыллар.(Банан.)
2.Төгүрүкпүн, күңңэ маарынныыбын,
Сылаас дойдуттан кэлбитим.
Сиэххин ба5ардаххына
Кыра өлүүскэлэргэ араартаа. (Апельсин.)3
3. Апельсин быраата буолабын,
Хайа таайдың дуо миигин?(Мандарин.)
-Бу астары барыларын хайдах ааттыыбытый? ( Фрукталар.)
- Маладьыастар.
-Онтон о5уруот астара ханна үүнэллэрий? (о5олор эппиэттэрэ)
-Ийэлэргит, эбээлэргит олордоллор дуо? (о5олор эппиэттэрэ)
- Онно эһиги көмөлөһөөччүгүт дуо? (о5олор эппиэттэрэ)
Слайд
Оттон фрукталар туохха үүнэллэрий? Көрүөххэ эрэ.
- Яблоко, Виноград, банан, лимон, апельсин, мандарин, ананас.
Арбуз, дыня.бааһына5а сиргэ үүнэллэр.
- Фрукталары о5уруот астарыттан хайдах араарабыт? (Фрукталар маска, талахха үүнэллэр, кинилэр лимонтан уратылара минньигэстэр, о5уруот астара о5уруокка үүнэллэр, кинилэр минньигэhэ суохтар, арбуз, моркуоп, дыня атын амтаннаахтар.)
3. Кинигэнэн үлэ. С.54-55.
Кинигэни астыбыт. Манна эhигини о5уруот астара уонна фрукталар күүтэллэр.
- Өссө ойууга ханнык о5уруот астара баалларый? (Свёкла, моркуоп, дыня, редис)
- Туох ойуута суо5уй? (хаппыыста, горох, укроп, тыква, салат, арбуз).
- Ким тугу сөбүлүүрүй?
- Кинигэ ойуутугар өссө ханнык фрукталар баалларый? (о5олор эппиэттэрэ)
IV. Физкультминутка.
- О5олоор, кыратык сынньаныахха. Ол кэнниттэн дьэ, сорудахтары толоруохпут.
Атахпытынан топ-топ,
Ытыспытынан хлоп-хлоп,
Харахпытынан кылап-кылап,
Санныбытынан чик-чик.
Бэйэбит тула эргийэбит.
1- хаңас диэки, 2 – уңа диэки,
1- хаңас диэки, 2 – уңа диэки.
1 – чохчойдубут, 2 – турдубут.
Илиибитин үѳhээ
Бары тэңңэ ууннубут.
- Маладьыастар. Билигин соруда5ы толоруохпут. (интер.дуоска).
4.- О5уруот аhыттан араас аhылыгы астыахха сөп. Эһиги ийэлэргит тугу астааччыларый?
Оттон Муударай Черепаха борщ буhарыан ба5арбыт. Киниэхэ көмөлөһүххэйиң. (о5олор дуоска5а үлэлииллэр).
- Фрукталарынан эмиэ араас минньигэс аhы буhараллар. Холобур хомпуот буһарыахха сөп, хомпуот буhарарыгар көмөлөһүөхэйиң эрэ.
О5олор сиэхпит иннинэ о5уруот астарын уонна фрукталары хайыахтаахпытый?
- (Кинилэри сиэхпит иннинэ хайаан да сууйуохтаахпыт уонна илиибитин суунуохтаахпыт. Сууйбакка сиэтэхпитинэ, туһалыырын оннугар куһа5аны оңоруон сөп. Туох куһа5аны? (о5олор эппиэттэрэ)
- О5олоор, о5уруот астарын уонна фрукталары то5о элбэхтик сиэхтээхпитий?(О5олор хоруйдара.)
V. Теманы салгыы барыы. Битэмиииннэр.
1 - Туох туһалаахтарый? Битэмииннээхтэр.
2. «Битэмиин» диэн тылы уруут-урут аан бастаан америка ученайа толкуйдаабыт эбит. Кини «амин» диэн киhи доруобуйатыгар олус наадалаах веществону айбыт. «vita» (олох) диэн тылы кытта «амин» диэн тылы холбоон «витамин» диэн тылы таhаарбыт. Битэмииннэр о5уруот аhыгар уонна фрукталарга олус элбэхтэр, битэмиинэ суох киhи ыалдьыан сөп.
3. Өскөтүн эhиги улаатыаххытын, сытыы харахтаах, бө5ө тиистээх буолуоххутун ба5арар буоллаххытына А битэмиин наада. Кини үүккэ, сымыыт уоhа5ар, быарга, балыкка элбэх уонна ханнык о5уруот аhыгар баар эбитий? Ону көрүң слайд(Хаппыыста, моркуоп, помидор).
- Өскөтүн эhиги күүстээх, аппетиттаах буолуоххутун ба5арар уонна кыраттан да хомойо, ытыы сылдьыаххытын ба5арбат буоллаххытына В битэмиин наада. Кини үүккэ, туорахтаах астарга(рис, гречка, эриэхэлэр, кукуруза), редискэ5э, салат сэбирдэ5эр элбэх уонна туохха баар эбитий? (Свекла5а, яблоко5а.)
- А5ыйахтык ыалдьыаххытын, ыарыйдаххытына түргэнник үтүөрүөххүтүн ба5арар буоллаххытына С битэмиин наада. Кини хапта5аска, моонньо5оңңо элбэх. Уонна туохха элбэх эбитий?( лимоңңа, луукка, перецкэ)
4.- О5олоор, Ыйытык Кымырда5аспыт моркуоп илдьэ баран иhэр. Кини наар моркуобу эрэ сиэтэ5инэ доруобуйатыгар туhалаабат эбит. То5о? (Син биир ыалдьыан сөп, то5о диэтэххэ В,С битэмииннэри эмиэ сиэххэ наада.)
- Оччо5уна туох түмүккэ кэлэбитий, тугу өйдүөхпүтүн наада эбитий?( Араас о5уруот аhын уонна фрукталары сиэххэ наада, кинилэргэ араас битэмииннэр бааллар.)
5 - Билигин биһиги оонньуохпут. Оонньуубут аата «Сөпкө тал»- о5уруот астарын уонна фрукталары наардаан ууруу.
- Маладьыастар.
- Уруокпут сүрүн ыйытыытыгар өссө биирдэ эппиэттиэххэ: «То5о элбэх о5уруот аһын уонна фруктаны сиэхтээхпитий?»
VI. Рефлексия. - Бүгүңңү уруоктан тугу биллигит?
-Тугу гыммыккытын ордук сөбүлээтигит?
-Туохха ыарыр5аттыгыт? Т
- Тугу эбии гыммыккыт буоллар үчүгэй буолуо этэй?
- О5олоор, уруок са5аланыыта туруорбут сыалбытын хайдах толордубутуй?
VII. Түмүк.
- Билигиин саас киһиэхэ элбэх битэмиин наада, ол битэмииннэр фрукталарга элбэх диэтибит. Билигин мин эһиэхэ фрукталары сиэтиэм.
- Элбэхтик о5уруот аһын уонна фрукталары сиэң, мээнэ ыалдьымаң.
Манан уруокпут бүтэр, бииргэ үлэлээбиккитигэр махтанабын.