Сценарий открытого урока якутского языка в 6 классе М.Ю. Лермонтов хоьоонноругар да5ааьын ааты хатылааьын
Кылаас: 6
Учуутал: Шелковникова Аграфена Николаевна
Күнэ-дьыла:
Темата: М. Ю. Лермонтов хоһоонноругар даҕааьын ааты хатылааьын
Сыала:
1. Даҕааһын аат өйдөбүлүн, хайдах үөскүүрүн туһунан үөрэнээччилэр билиилэрин хатылааһын.
Соруга:
Тус санааны, сыһыаны сайыннарар үөрүйэх:
Сахалыы кэпсэтии сиэрин иҥэрии;
Төрөөбүт тыл сүөгэйин – сүмэтин арааран өйдүүргэ үөрэтии, тапталы иңэрии.
Бэйэни салайынар-дьаһанар үөрүйэх:
Алҕаһа суох саҥарарга, санаатын ыпсаран, хомоҕойдук этэргэ кыһанар;
Үөрэнээччилэри кытта бииргэ үлэлиири былаанныыр, бииргэ тапсан үлэлиир;
Билэр-көрөр үөрүйэх:
Үлэ сыалын-соругун таба туруорар;
Санаатын сааһылаан саҥарар уонна суруйар.
М.Ю. Лермонтов айымньыларын грамматиканы кытта сибээстээһин.
Уруок тиибэ: хатылааһын уруок
Методтар: хоhоонноохтук ааҕыы, бэйэттэн айар үлэ.
Туттар тэрил: Презентация, ноутбук, проектор, көмө матырыйаал, оҕолор уруһуйдара, кинигэ уйаҕас дууһаны уйгуурдан,
Уруок былаана:
Тэрээһин чаас. (30с)
Орфоэпическэй минутка (30 с)
Даҕааһын ааты хатылааһын (6м)Темаҕа киирии: «М. Ю. Лермонтов хоһоонноругар даҕааһын ааты хатылааһын”
Сыал туруорунуу. (1м)
Кэпсиир, ааҕар дьоҕуру сайыннарыы. М. Ю. Лермонтов. (7 м)
Дьиэҕэ үлэни бэрэбиэркэ. (6м)
Хартыынанан үлэ. Чиҥэтии. (7 м)
Таайбараҥ (7 м)
Бэйэни сыаналаныы. (5м)
Түмүк. Рефлекция. (3м)
Дьиэҕэ үлэ (1м)
Киирии
Учуутал Үөрэнээччи
Үтүө күнүнэн, күндү оҕолор,манна мустубут ыалдьыттар!
Билигин биьиэхэ төрөөбүт тылбыт уруога буолуоҕа. Бугүҥҥү уруокка биһиги үлэлиирбитин көрдөрүөхпүт, барбыты хатылыахпыт, туох эрэ саҥаны билиэхпит. Онон оҕолор көхтөөхтүк, ыалдьыттарбыт бары истэллэрин курдук улаханнык саҥаран, эйэлээхтик үлэлээн көрдөрүөххүт диэн эрэнэбин. Дорооболоһоллор, олороллор.
Орфоэпическай минутка (слайд 2) Аат тылы ат гынан
Ахсаан аат аргыстанан
Туохтуурдары туруулаhан
Сыhыаттарга сыhыарылланСолбуhар ааттыын солбуhанСитим тылтан силбэhэнДаҕааhынтан даҕаhанЭлбэххэ үөрэниэхпит,
Үгүһү ситиһиэхпит.
Сорук туруорунуу Эһиги саха тылыгар Морфология диэн салааны үөрэтэн кэллигит. Морфология тугу үөрэтэр науканый? Ханнык саҥа чаастарын үөрэтэрий? (слайд3) Саҥа чаастарын, кини үөскүүр ньымаларын үөрэтэр.
Быйыл алтыс кылааска Морфология саҥа чаастарыттан ханныктары үөрэттигит? Аат тыл, даҕааһын
Даҕааһын аакка тохтоон ылар буоллахха Даҕааһын ааты хатылыаххайыҥ эрэ?
БОППУРУОСТАР:
•Даҕааһын аат суолтата?
•Даҕааһын аат арааһа? (слайд 4) Оҕолор эппиэттииллэр
Бэриллибит тиэкискэ көтүтүллүбүт даҕааһын ааты булан туруоруҥ. Саха тыла наһаа-_____, _____, били этэргэ дылы _________тыл. М. Ю. Лермонтов – нуучча норуотун____ поэта, нуучча _____ тылын ____маастара (баай, күүстээх, имэҥнээх-илбистээх, улуу, бастыҥ) (слайд 6)
О5олор кытталлар
Ол эбэтэр биһиги бүгүҥҥү уруокпут темата туох диэн эбитий? (слайд 7)
Бүгүҥҥү уруокка тугу билэн барыахтаахпытый? М. Ю. Лермонтов хоһооннорунан даҕааһын аакка хатылааһын диэн уроук тематын этэллэр
Оҕолор сыал туруоруналлар.
Өйдөбүлү чопчулааһын.
-Биһиги бары билэрбит курдук бу нэдиэлэ М. Ю. Лермонтовка ананар. Тоҕо? (оҕолор эппиэттэрэ).
Кини кимий Марианна Румянцева билиһиннэриэҕэ. (8,9 слайд)
Билигин күндү ыалдьыттарбытыгар Лермонтов хоһоонноруттан ааҕан иһитиннэриэххэйиҥ эрэ Марианна М. Ю. Лермонтов туһунан кэпсиир
Оҕолор тахсан Лермонтов хоһоонноруттан быстах доргуччу нууччалыы ааҕаллар.
Дьиэҕэ үлэни бэрэбиэркэ. Айа үлэ.
Манан биһиги хоһооммут ааҕыыта бүппэт. Ол курдук дьиэҕэ үлэҕэ эһиги Лермонтов хоһоонноруттан тылбаастаан аҕалбыт буолуохтааххыт. Тылбаастаабыт хоһоонноргутуттан даҕааһын ааты булаҕыт уонна араастарын этэҕит.(10-14 слайд) Тылбаас хоһооннорун доргуччу ааҕаллар.
Даҕааһын ааты булаллар. Араастарын этэллэр.
Өйдөбүлү чиҥэтии
Суруйааччылар Лермонтов хоһооннорун хайдах тылбаастаабыттарын истиэххэйиҥ эрэ.(15 слайд) Люция, Лена ааҕаллар.
Мантан даҕааһын ааттары булуу
Предмет бэлиэтэ кээмэйин өттүнэн араас буолуон сөп: күүстээх, орто, мөлтөх эҥин. Оннук бэлиэ күүстээҕин, толорутун-ситэритин эбэтэр мөлтөҕүн, ситэтэ суоҕун бэлиэтииргэ саха тылыгар араас ньымалар бааллар. Ону хатылыаххайыҥ эрэ Лермонтовка анаммыт нэдиэлэҕэ Лермонтов хоһоонноругар уруһуй күрэҕэ ыытыллыбыта.Манна элбэх оҕо Лермонтов хоһооннорунан уруһуй күрэҕэ кытынна. Кыайыылаах уруһуйдары көүөххэйиҥ.
(16 слайд). Маны туһанан эһиги даҕааһын аат үөскүүр ньымаларыгар даҕааһын ааттары үөскэтэн тыл ситимин оҥороҕут. (18 слайд)
Уруһуйунан даҕааһын аат үөскүүр ньымаларыгар даҕааһын ааттары үөскэтэн тыл ситимэ оҥоруу.
Бэйэни сыаналаныы. Бэйэни сыаналанар лиис түҥэтии Оҕолор бэйэлэрин сыаналаналлар.
Түмүк Даҕааһын ааты биһиги күннээҕи олохпутугар туһанар эбиппит дуо? Даҕааһын аата суох сатаан саҥарар, кэпсиир буолабыт дуо? Даҕааһын аата суох саха тыла хайдах буолуо этэй? Бүгүҥҥү уруокка тугу ситистигит? (Санааларын этии, рефлекция)
Түмүккэ, бэйэ-бэйэбитигэр даҕааһын ааты туттан, баҕа санааны этиэҕин. Учуутал тыла: О5олоор, улахан, бөдөҥ дьон буола улаатыҥ. Токур иккини хаһан да ылымаҥ. Куруук кытарар биэс сыананы ылыҥ.
Оҕолор санааларын этэллэр
Түмүккэ даҕааһын ааты туттан бэйэ-бэйэлэригэр баҕа санааларын этэллэр.
Дьиэҕэ үлэ
Даҕааһын ааты барбыт темаҕа хатылаан кэлии.
В.Ф. Афанасьев-Алданскай аатынан Чэриктэй орто оскуолата
6 кылааска аһаҕас уруок былаана:
«М. Ю. Лермонтов хоһоонноругар даҕааһын ааты хатылааһын”
Толордо: Шелковникова А.Н.,
саха тылын учуутала
2014 с