Презентация к уроку внеклассного чтения по якутской литературе Семен Капитонов — Амма айылгатын туойар


ЫРЫА КУТТААХ ПОЭТ - СЕМЕН КАПИТОНОВКыттааччы: Данилов Андрей, 11 кылаас үөрэнээччитэ Салайааччы: Ноговицына Анна Семеновна,нуучча тылын уонна литературатын учуутала Амма кэрэ айылҕатын, Сырдык таптал ыраас кыымын,Ырыаҕа-хоһооҥҥо хоһуйан,Тыыннаахтыы арыйан көрдөрбүт,“Кэрэ Амма дуо?” дэтэн,Аар-саарга аатырдыбытЫрыа куттаах поэппыт – Семен Спиридонович Капитонов! Аҕата Капитонов Спиридон Спиридонович, ийэтэ Евдокия Алексеевна оҕолорунаан Раисалыын, Сэмэнниин Семен Капитонов 1951 сыл бэс ыйын 8 кунугэр Амма улууһун Сулҕаччы нэьилиэгэр төрөөбутэ. Аҕата, Капитонов Спиридон Спиридонович, сааьын тухары колхозка, совхозка советскай- партийнай салайар улэгэ улэлээбитэ. Ийэтэ, Васильева Евдокия Алексеевна, Сулгаччыга медпуҥҥа сэбиэдиссэйинэн улэлээбитэ. Капитоновтар дьиэ кэргэн Онтон аҕатын Соморсуҥҥа биригэдьииринэн анааннар, онно көспуттэрэ. Онон кыракый Сеня уол Соморсунна “нулевой» кылааска үөрэнэ киирбитэ уонна 1968 сыллаахха Соморсун 8-с кылаастаах оскуолатын үөрэнэн бүтэрбитэ. Соморсун орто оскуолата. Кини суруйааччы буоларыгар саха тылын, литературатын учуутала, суруйааччы Василий Федотович Гольдеров өҥөтө улахан. Кэлин Семен Капитонов саныыра:«Василий Федотович суруйааччы буолар дьоҕурбун сайыннарбыт эбит. Ис айылгыбын уһугуннарбыт. Кинилэр мин дьоммун кытта дьукаах олорбуттара. Онно Василий Федотович кинигэтэ элбэгин сөхпүтүм. Дьэ мин ол кинигэлэри аах да аах. Сэттис кылааьы бутэрэрбэр саха литературатын бастыҥ айымньыларын барытын аахпытым. Суруйааччыларга ытыктабылым, саха уус-уран тылыгар умсугуйуум итинтэн саҕаламмыт буолуон сөп», диэн бэлиэтиир. Семен Капитонов учуутала уонна поэзияҕа уһуйааччыта “Соморсун оскуолатыгар үөрэнэр сылларбар суруйааччылар Василий Егорович Васильевы-Харысхалы, Дмитрий Федосеевич Наумовы кытта үөрэммитим. Кинилэр миигиттэн үрдүкү кылааска үөрэммиттэрэ. Онон Соморсун оскуолатыттан 3 суруйааччы үүнэн тахсыбыта». Суруйаачы, драматург Василий Егорович Васильев – Харысхал Биир дойдулааҕа суруйаачы, политик Дмитрий Наумов Семен Капитонов Хо-Ши-Мин аатынан Иркутскайдааҕы омук тылларын уэрэгин бутэрэн француз, немец тылларын баьылаан учуутал идэтин ылбыта. Төһө даҕаны төрөөбут дойдутуттан тэйэн сырыттар кини поэзиятын сүрүн тематынан ытыктыыр, сүгүрүйэр Амма эбэтигэр ахтылҕана буолар. Хо Ши Мин Хо Ши Мин аатын сугэр омук тылларын үөрэтэр Иркутскайдааҕы институт 1990 сыллаахха “Аналым – Кыыс Амма” бастакы хоьооннорун хомуурунньуга бэчээттэнэн тахсыбыта. 1992 сыллаахха “Хатыҥнар сайыны түһүүллэр”, онтон 1997 сыллаахха «Үҥкуулуур үрүҥ түүн» хомуурунньуктар субуруччу бэчээттэнэн тахсыбыттара. Кини поэзията хас да түһүмэххэ арахсар, ол курдук ийэ дойдуга бэриниилээх буолуу, айылга кэрэтин туойуу, таптал лириката. Библиотекаҕа баар Семен Капитонов хомуурунньуктара Аммага анаммыт бэрт үгүс хоьооннору айбыта: “Аммага тапталым”, “Сайынны киэһэ”, “Сардаана”, “Аммам хатын чараҥнара” уонна да атыттар. Бу хоһооннорго кини кыыс Амма кэрэ айылҕатын, ыраас дьэҥкир уутун, хатыҥнардаах чараҥнарын туойбута. Кырдьык даҕаны “амма - мин дьылҕам, мин тапталым” диирэ сэптээх. Биирдэ Уйбаан Корякин-Бөтүүнүскэй кинини «саха Есенина» диэн этэн турардаах. Поэт суруйбут хоһоонноро үгүстэрэ ырыа буолан ылланар аналлаахтар, ол кини поэзиятын сүрүн уратыта буолар. Кини лирическай уонна патриотическай жанрдарга олоҕуран, төрөөбут дойдуга, айылҕаҕа, таптал темаларыгар сүрэҕин аһан, дууһатын анаан ырыанньык-поэт аатын ылар. Ып-ыраас ырыаны, Сып-сырдык санааны, Нап-нарын тапталы,Санатагын, сардаана. Сардаана, сардаана,Аммам кунду чэмуугэ,Сардаана, сардаана,Самаан сайын сурэгэ. Сардаана – кыһыл кинигэҕэ киирбит кэрэ сибэкки. Сардаана уобараһа Сэмэн Капитонов элбэх хоьоонноругар баар. Сардаана сибэкки сырдык санаа, ыраас таптал туоһута, кэрэһитэ буолар. Семен Капитонов маннык диэн суруйан турардаах: “Сайын аайы сардаана сибэкки бирахсан тырымныы тыллыбытын аан бастаан көрдөхпунэ, мин мэлдьи өйдүү түһэбин оҕо сааһым саамай дьоллоох, долгутуулаах күннэрин”. Онтон “Эн үүнүүй, сардаана, үйэ –саас” диэн хоһоонугар тоҕус мелодист ырыа суруйбута, бу ырыата Российскай телевидение 1 каналыгар иһиллибитэ. Амма хатын чараннарын, сайынны нурал киэьэтин элбэх хоьоонноругар кэрэхсии туойар. Поэт Семен Капитонов хоһоонноро ааҕыллара чэпчэкитинэн, ааҕааччыга тиийимтиэтинэн, киһин нарын поэзия абылаҥар киллэримтиэтинэн уратылаахтар. Соморсуҥҥа айар куттаах поэты чиэстээһин. Сулҕаччыга литературнай биэчэр 2015c. Семен Капитонов Россия суруйааччыларын союһун чилиэнэ, Саха Республикатын культуруратын туйгуна, Амма улууһун, Соморсун нэьилиэгин бочуоттаах гражданина. Билигин Семен Капитонов 100 ырыа буолбут хоһоонноох республика үрдүнэн биллэр ырыанньык-поэт буолар. Кини хоьоонноругар суруллубут ырыалары Саха Сирэ бары кэриэтэ ыллыыр. Тумуккэ, тус бэйэм санаабын эттэххэ, Семен Капитонов тылларыгар суруллубут хит ырыалар киниэннэрэ буоларыттан олус астынным уонна киэн тутта санаатым! Туһаныллыбыт литература:1. Капитонов С.С. Аналым – кыыс Амма. Дьокуускай: Саха республикатын национальнай кинигэ издательствота, 1990с. 2. Капитонов С.С. Хатыҥнар сайыны түһүүллэр. Дьокуускай: Саха республикатын национальнай кинигэ издательствота, 1992с. 3. Капитонов С.С. Үҥкүүлүүр үрүҥ түүн. Дьокуускай: Бичик, 1997с.4. Слепцов С. Кини таптала, дьоло – кыыс Амма//Амма олоҕо. № 64-65, 2011с.5. Стручкова В.И. Аммаҕа тапталам. Саҥарар кинигэ. Амматааҕы киин библиотека. 2013с.6. Захарова М.Н. Сценарийдар. Хаартыскалар.