Презентация по обычаям обрядам на тему иччилэр (4 класс)


Иччилэр иччилэр Дьуьуннэрэ: Иччилэр уксун киьи дьуьуннээх буолаллар.Соро5ор кыыл, котор,уунээйи энин буолуохтарын соп.Суолталара: Иччи ханнык эмэ эйгэ хаьаайына буолар, олЭйгэлэрин харыстыыр аналлаахтар. Иччилэр бары истэр дьо5урдаахтар. Ол иьин кинилэргэУтуону санааьыны биллэрии – алгыс- оноьуллар. Иччилэр, уот нонуо санардахха, ордук истэллэр дииллэр. Иччи уоруон соп эбэтэр оьургэниэн соп. Иччи уордэ5инэ, биэрэр кууьэ улаатар. Оттон оьургэннэ5инэ, тиэрэ хайыьар,биэрэр кууьун аччатар эбэтэр суох онорор. иччи – тордо Урун Айыы тойон иччилэри айбыт. Урун Айыы тойон о5олоро иччи болан Орто дойдуга туьэллэр. Ампаар иччитэАартык иччитэБылыт иччитэДойду иччитэАан дойду иччитэДалай иччитэДор5оон иччитэДьиэ иччитэМас иччитэОт мас иччитэСир иччитэСуол иччитэТаас иччитэТыа ичиитэХотон иччитэУот иччитэУу иччитэСэргэ иччитэ 5. Уот иччитэ. Корунэ. Айыы уорэ5э этэринэнУот элбэх коруннээх.Айыы уота –диэн баар. Бу уот-Кун уота. Айыы уотун этин туспут маьын чыыппаанын уматан ылаллар.Абааьы уота диэн итиини биэрбэт, тымныы уот.Улуу Суорун уота- оьох уота. Айыы уотун биир корунэ. Аата: Уот иччитин аата элбэх. Суруннээн, Аан Уххан диэн кинини ааттыыллар.Дьуьунэ: уот иччитэ, уксун, о5онньор буолан костор. Уокка алгыс этэн, киьи бэйэтин сурун киллэрэр. Ону уот Айыл5а5а тар5атар, Айыыларга тиэрдэр. Ол иьин киьи иччилэри, Айыылары кытта уот нонуо кэпсэтэр буолбут. Айыы уота киьиэхэ киирдэ5инэ киьи олус аьа5ас буолар, сурэ кууьурэр.Айыы уота – киьи дьиэтин –уотун киинэ. Уот Айыы киьитин араначчылыыр. Аал уоту ал5ааьын.Умайа турар уокка кыра мас кытыйаттан эбэтэр тэриэлкэттэнЫлан арыылаах алаадьыны, сыалаах эти, сиэли ус оттугэр уура-уураАлгысчыт этэр:Аал уоппут иччитэ.Алаьа дьиэбит араначчыта-Алтан сарын.бырдьа бытык, хаалык тобо-Хатан Тэмиэрийэ о5онньор эьэбит!Сиэн –аьаан сирдьигинэт,Сирилий-бурулуй!( Арыылаах алаадьыны ас кээьэр!)Аьаа-сиэ. Асхарый!Уор-кот, кулумнээ!( сыалаах эти ас кээьэр)Корбутун ко5улээ,Кохпутун ко5улээ-Кул-сал, куугунээ,Куодьуй,Кууьур!(сылгы сиэлин ас кээьэр). Айыы уота киьиэхэ киирдэ5инэ киьи олус аьа5ас буолар, сурэ кууьурэр.Айыы уота – киьи дьиэтин –уотун киинэ. Уот Айыы киьитин араначчылыыр.Ол иьин ал5аабыттар:Аал уоккун отун,Алаьа дьиэ5ин тэрин. Дом! 1. Дойду иччитэ. Аан Алахчын –сир иччитэ.Сир иччитэ элбэх ааттаах:-Аан Дархан Хотун-Аан Аалай Хотун-Аан Алахчын Хотун-Айыы Ньэлбэрдээн.Сир иччитин биьиги уксун Аан Алахчын диибит. Кини Аар хатынна олорор. Кини баарын бэлиэтээн,итинник маска салама ыйыыллар.Аан Алахчын дьуьунэ.Дьахтар дьуьуннээх, батта5ын ыспыт, бэргэьэлээх,соно нэлэккэй уна илиитигэр кылгас салама тутуурдаах, ханас илиитигэр чыычаах уйатын туппут. Айыл5а харыьаАйыл5а кэрэ костуулэрин кэрэхсээ.Оту-маьы алдьатыма.Чыычаах уйатын, о5отун тыытыма. Кинилэри харыстаа.Хонууга. Тыа5а бо5у-сыыьы ыьыма.Айыл5а5а сылдьан айдаарыма.Аарыма маска тохтоон тугу эмэ бэрсэн аас. 4. От-мас иччилэрэ Аан Алахчын о5олордоох. Олор Эрэкэ-Дьэрэкэ буолаллар.Эрэкэ-Дьэрэкэ – Аан Аалай о5олоро.. Кинилэр дьэргэлгэн курдук от-мас быыьынан сылдьаллар.Арыт кып –кыра о5о буолан костоллор. Кинилэр тыыннарынан от-мас ко5рор эбит.Олортон биьиги ордук тар5аммыт Ойуу-бичик эбэтэр Эрэкэ-Дьэрэкэ о5олор диэн ааты туьанабыт.От- мас иччитэ о5олор тустарынан айыл5а уьуктуутун са5ана саныыр. Ордук оттуур сирдэригэр бол5омто уураллар. Ол туьугар ходуьа5а дэлбиргэ анньаллар уонна алгыс этэллэр.От- мас иччилэрэ оту маьы ко5ордоллор. Дьуьуннэрэ: кинилэр от атахтаах, от илиилээх, улахан истээх, от-мас танастаах о5олор. Уна илиилэригэр сибэкки, ханас илиилэригэр лабаа тутуурдаахтар. 3. Байанай Байанай- тыа иччитэ. Байанай:-илин диэки ойуурга олорор;-тонус курдук. Ко5оччор эбэтэр кугас бытыктаах;-туулээ5инэн олус баай.Ойууру уонна кыыллары харыстыыр. Булчуттарга комолоьор.Коруннэрэ:-Байанайдар олус элбэхтэр:-ойуур булуннарын байанайдара;-кыыл, котор байанайа;-бултуур тэрил байанайа;-булду а5алар байанай.Дьуьунэ:Байанай уксун булчут о5онньор буолан костор.Кини олус омуннаах,уорунньэн, оьургэс. Уна илиитигэр ох тутуурдаах,ханас илиитигэр тогурук мутук тутуурдаах (байанай эмэгэтэ)Туома:Байанай туома бултуу барыах иннинэ оноьуллар. Байанай кулугэр алгыс оноьуллар.Байанай ыйа – сэтинньи.Бэлиэтэ: Оно5ос. Байанайга аныгы алгысБаай хара тыаДаллаах,Кэриэн хара тыаТиэргэннээхБарыылаах Баай Байанай,Айхал!«Эьээ»диэтэхпинэ,«Эьээ» диир боларын,«Ьук» диэтэхпинэ,«Ьук» диир боларын,Кой соголооннор ыалдьыттат,Хааннаах соголооннор олорт,Санныбар суктэр,Оттукпэр ииллэр.Ой буурунан маанылаа,Улар которунэн кундулээЬук! 2. уу иччитэ Уукун- уу иччитэ, Уу Чонкуруун уола.Куох Боллох Тойон –уу иччитэ.Уу иччитин туьата:-Балыксыттарга туьалаах.-орус арыллаатын кытта кытылга икки тоьо5ону анньаллар.Ол иккиАрдыгар ситии тардаллар. Онноох танастарынан киэргэтэллэр, сиэл Ыйыыллар.Ууга арыы, алаадьы быра5аллар.Уу иччитэ баар сиригэр уу тыыннаах буолар. Ону таьынан уу иччитэ уу харамайдарын корор, онно уу котордоро кытта киирэллэр.Куойа-манкы тутуурдаах,Куйуур-тьымтай сугэьэрдээх,Куох ньамах бытыктаах,Курун хара дьуьуннээх,Онор-ускэм бэйэлээх,Одугэт Боотур о5онньор.Уу иччитигэр алгыс ыам ыйыгар оноьуллар. Алгыс этэллэр,аьаталлар. Ол кэннэ уу таьыгар олорон аьыыллар. Уу иччитигэр аныгы алгыс.Бырыы тэллэхтээх,коппох сыттыктаах,Долгун суор5аннаахУу иччитэУуккунАйхал!Мэндэлэс уолгунанХара5ы уордэн,Кундэлэс кыыскынанКуну туьэрэн,Хайыылааххынан ханаан,Сургуохтээххинэн байан,Урун комусСууруктэнэн,Кыьыл комус хал5аьалананДьолло-соргутаТосхойо тур,Дом! Иччи олоххо-дьаьахха ордук чугас курдук уонна ханнык эрэ дьо5уру ыларга кууьу тумэр суолталаах.Иччи киирбит киьитэ- этитиилээх киьи. Дьиэ5э сорудах Иччилэр тустарынан аах суолталарын ойдуу сатаа. 2. Аал уокка алгыьы уорэт, толорорго кыьалын