Якутская литуратура 1 класс


Ытык өйдөбүллэр ыытыллыбыта былаанынан Тиэмэлэринэн былааннааһын Үөрэнээччи үлэтэ
Айымньы түһүлгэтигэр айан (1 чаас)
Төрөөбүт ийэ дойдум (3 чаас)
Ийэ дойдуга бэриниилээх буолуу.
Аҕа дойду.
Кинигэ-билии төрдө.
Ийэ тылынан айыллыбыт литература-барҕа баай. 13.01
18.01
20.01
25.01
27.01
1.02
3.02
8.02
10.02

Киирии уруок. Тиэмэ сүрүн өйдөбүллэрэ: хоһоон, сэһэргэһии, тылынан кэпсээһин.
Ааптардар үөрэнээччигэ суруктара.
М. Тимофеев. Ийэ дойду хантан саҕаланар? Пантелеймон Тулааһынап. Кымыс ырыата. Улуро Адо. Туундарам буобура уорҕатынан.
2. Пантелеймон Тулааһынап. Кымыс ырыата. Улуро Адо. Туундарам буобура уорҕатынан.
Кинигэ-мин доҕорум (5 чаас)
Киирии уруок. Тиэмэ сүрүн өйдөбүллэрэ: кинигэ, айымньы, суруйааччы-ааптар, ааҕааччы, бибилэтиэкэ.
Бүөтүр Тобуруокап. Кинигэ. Суорун Омоллоон. Кинигэ.
Кинигэ туһунан таабырыннар.
Суорун Омоллоон. Бөрө куйуурдаабыта.
Биһиги театрбыт. Самуил Маршак. Үүтээн. (5 хартыыналаах остуоруйа-пьесаттан маҥнайгы хартыыната. К. Туйаарыскай тылбааһа).
Пьесаны Кылаас иннигэр оонньоон көрүү.
Бэйэ ааҕыыта. Баал Хабырыыс. Тоҕо?
Айымньы дойдутун кистэлэҥнэрэ.
Ситиһиини сыаналааһын, билиини бэрэбиэркэлээһин.
Тиэмэ аатыгар олоҕуран, туох туһунан айымньылар киирбиттэрин сэрэйэр, сабаҕалыыр.
Төрөөбүт дойдутун, дьиэ кэргэнин туһунан, төрөөбүт уонна улааппыт дойдутугар иэйиитин, төрөппүттэригэр, бииргэ төрөөбүттэригэр тапталын кэпсиир. Хоһоону ааҕар сорукка сөп түбэһиннэрэн, үөрүүнү, хомолтону тириэрдэр, бэйэ сыһыанын көрдөрөн ааҕар. Аахпыт айымньылар ис номохторун быһаарар.
Олорор дойдутун уонна куоратын аатын билэр. Киин куорат туһунан хоһооннору ааҕар.
Ыалга, чугас дьоҥҥо кыһамньы, кинигэлэргэ болҕомто уонна таптал диэн тугун туһунан ырытар.
Үөрэх кинигэтигэр баар хонтуруоллуур үлэҕэ олоҕуран, ситиһиилэрин сыаналанар уонна бэрэбиэркэлэнэр.
Кинигэ, айымньы, суруйааччы-ааптар, ааҕааччы, бибилэтиэкэ диэн салаа сүрүн өйдөбүллэрин чопчу өйдүүр. Кинигэни, үөрэх кинигэтин харыстыыр, киһи олоҕор кинигэ суолтатын өйдүүр. Кинигэ таһа, ойуута, худуоһунньук, айымньы аата диэн араарар. Кинигэ ойууларын ырытар. «кинигэтэ суох хайдаъ олоруохпут этэй?» диэн саҥа тула кэпсэтиигэ кыттар.
Таска биирдии тылынан ааҕыыттан сыыйа искэ ааҕыыга көһөр. Айымньыны хайдах интонациялаахтык ааҕары быһаарар. Оруолунан ааҕар.
Ыйытыы көмөтүнэн бэйэтэ тиэкис ис хоһоонун кэпсиир. Остуоруйаны тылынан ойуулаан кэпсиир. Сөбүлүүр кинигэтин туһунан (ааптарын, аатын, туох туһунан кэпсэнэрин, сүрүн тһгэннэрин) сэһэргиир.
Айымньы дьоруойдарын оннугар бэйэтин оҥорон көрө-көрө кэпсиир. Айымньыга сиэр-майгы өрүттэрин быһаарар. Атын киһи этэрин өйдөөн истэр, паараҕа үлэлиир. Уруһуй көмөтүнэн дьоҕус кэпсээни толкуйдуур.
Бибилэтиэкэҕэ кинигэни сатаан таларга үөрэнэр. Салааҕа баар хонтуруоллуур үлэҕэ олоҕуран, ситиһиилэрин сыаналанар уонна бэрэбиэркэлэнэр.
Күнэ Норуот тылынан уус-уран айымньыта (5 чаас)
Норуот өркөн өйө, ытык тыла-тылынан уус-уран айымньы. 15.02
17.02
22.02
24.02
29.02

1. Киирии уруок. Тиэмэ сөрөн өйдөбүллэрэ: чабырҕах, таабырын, өс хоһооно.
Константин Туйаарыскай. Таабырынна таайын
2. Бүөтүр Тобуруокап. Чабырҕах азбука.
3. Биһиги театрбыт. Куоска, бөтүүк уоона саһыл. Бэйэ ааҕыыта. Бүөтүр Тобуруокап. Чабырҕах азбука (салгыыта).
4. бэйэ аа5ыыта
5.Айымньы дойдутун кистэлэҥнэрэ.
Ситиһиини сыаналааһын, билиини бэрэбиэркэлээһин.
Тиэмэ аатыгар олоҕуран, туох айымньылар киирбиттэрин сабаҕалыырга холонор. Норуот тылынан уус-уран айымньытын көрүҥнэрин ааттыыр, өйдөөбөтүн ыйытар. Өс хоһоонугар сиэр-майгы туһунан этиллиини (норуот муударай этиитин) быһаарар. Интонацияны тутуһан доргуччу ааҕар. Сөбүлээбит өс хоһооннорун өйтөн этэр, ис хоһооннорун ырытар, быһаарар, туттуллуон сөптөөх түгэнин өйүттэн толкуйдуур. Таабырыны уонна таайыытын тэҥниир. Таабырыны, өс хоһоону тиэмэнэн бөлөхтүүр. Биридимиэккэ бэриллибит быһаарыыга олоҕуран таабырын толкуйдуур. Чабырҕах ааҕыллар уратытын өйдүүр, сатаан ааҕарга үөрэнэр. Ааҕыы кэмигэр тэтими (түргэнник эбэтэр бытааннык) уларытар.
Оскуола бибилэтиэкэтигэр кинигэни аатынан таларга үөрэнэр. Үөрэх кинигэтигэр баар хонтуруоллуур үлэҕэ олоҕуран, ситиһиилэрин сыанланар уонна бэрэбиэркэлэнэр.
Норуот тылынан айымньытын кыра көрүҥнэрин таска ааҕар. Айымньыны инсценировкалыыр.
Күнэ Остуоруйалаһыаҕын эрэ (5 чаас)
Уран тыл умсугутар, хомоҕой тыл холбуур.
Сахабыт сирэ-араас омук 2.03

7.03
9.03

14.03
16.03

остуоруйа, остуоруйа дьоруойа, тиэмэтэ, араас норуот остуоруйата.
Бүөтүр Тобуруокап. Буукубалар мунньахтара.
Куоҕас суор икки. Чыычаах уонна күтэр. Нуучча остуоруйата. Куттал хараҕа улахан
Лев Толстой. Саһыл уонна балыксыт. Остуоруйаны инсценировкалааһын.
Бэйэ ааҕыыта. Платон Ойуунускай. Саһыл уонна балыксыт. Суорун Омоллоон. Чычып-чаап.
Айымньы дойдутун кистэлэҥнэрэ.
Ситиһиини сыаналааһын, билиини бэрэбиэркэлээһин.
Тиэмэ аатыгар олоҕуран, туох айымньылар киирбиттэрин сабаҕалыыр.
Остуоруйаны таска ааҕар. Остуоруйаҕа кэпсэтиини оруолунан ааҕар. Стуоруйа арааһа, тыынар-тыыннаах туһунан остуоруйа, остуоруйа дьоруойа, остуоруйа дьоруойа, остуоруйа тиэмэтэ, саха уонна араас норуот остуоруйата диэн өйдүүр. Аахпыт остуоруйатын туһунан бэйэ санаатын этэр. Остуоруйа дьоруойдарын тэҥниир. Айымньы дьоруойун, майгытын быһаарар, ол хаачыстыбаларын ааттыыр.
Уруһуйдарынан көрөн остуоруйаны кэпсиир. «Бу дьоруойдар оннуларыгар эн тугу гыныан этэй» диэн түгэни ырытар.уруһуйунан уонна аатынан остуоруйаны талар. Саха уонна атын омук остуоруйатын ааттыыр. Кинигэттэн наадыйар остуоруйатын булар. Остуоруйа тугунан бүтүөҕүн айар.
Оруолларынан наардыыр. Айымньыны инсценировкалыыр.
Үөрэх кинигэтигэр баар хонтуруоллуур үлэҕэ олоҕуран, ситиһиилэрин сыаналанар уонна бэрэбиэркэлэнэр.
Үөрэх кинигэтигэр баар хонтуруоллуур үлэҕэ олоҕуран, ситиһиилэрин сыаналанар уонна бэрэбиэркэлэнэр.
Күнэ Мин дойдум-олоҥхо дойдута (4 чаас)
Уус-уран тыл. Айылҕа. Мал-сал. 21.03
23.03
28.03
30.03
олоҥхо, олоҥхоһут, Екатерина Чехордуна. Бухатыыр ата. Василий Каратаев. Модун эр Соҕотох (киириитэ).
Бибилэтиэкэҕэ дьарык. «Чуораанчык» сурунаал тахсыылара.
Бэйэ ааҕыыта. П.Е. Решетников-Коьоно-Буотур. Күөнэ-көҕөччөр аттаах күүстээх-уохтаах Күн Күндүлү бухатыыр (киириитэ).
Олоҥхо дойдутун кистэлэҥнэрэ.
Ситиһиини сыаналааһын, билиини бэрэбиэркэлээһин. Олоҥхо ааҕыллар уратытын өйдөөн истэр. Олоҥхо дойдутун туһунан билсэр. Олоҥхоһут диэн ким ааттарын өйдүүр. Олоҥхо дьоруойдар саҥалара уратылааҕын билэр, үтүктэн ааҕарга холонор. Аахпыт кэрчик ис хоһоонун өйдүүр. Олоҥхоттон айыы киһитин сиэрин-майгытын иҥэринэр, атын дьону кытта алтыһыытыгар туһанар. Үөрэх кинигэтигэр баар хонтуруоллуур үлэҕэ олоҕуран, ситиһиилэрин сыаналанар уонна бэйэтин бэрэбиэркэлэнэр.
Истибит уонна аахпыт кэрчиктэргэ сөп түбэһэр иллюстрацияны булар. Быһа тардыыны тылынан ойуулуур. Худуоһунньук үлэтин билсиһэр. Тиэмэ сүрүн өйдөбүллэрин өйдүүр.
Ийэ айылҕа
Айылҕаҕа харыстабыл.
Айылҕаҕа сүгүрүйүү. 4.04
6.04
11.04
13.04
18.04
Айылҕа – барыбыт дьиэбит (5 чаас)
Константин Туйаарыскай. Сааскы санаалар. Александр Николаев. Чыычаах. Сергей Васильев. Тииҥ.
Өксөкүлээх Өлөксөй. Куоска. Егор Макаров. Ийэ биэ. Валентина Осеева. Ким
ытай? Платон Ламутский. Мунрукан.
Бэйэ ааҕыыта. Егор Макаров. Тураах. Николай Заболоцкай. Мохсоҕол. Аким Кондратьев. Буруйдаммыт. Туоһахта.
Ойуулуур-дьүһүннүүр эйгэҕэ. Аахпыт айымньынан бэйэ уруһуйа.
Айымньы дойдутун кистэлэҥнэрэ.
Ситиһиини сыаналааһын, билиини бэрэбиэркэлээһин. Тиэмэ аатыгар олоҕуран, туох туһунан айымньылар киирбиттэрин сабаҕалыыр.
Тыынар тыыннаах саҥатын уратытын биэрэн, бэйэ сыһыанын тириэрдэн, хоһоону дорҕоонноохтук ааҕар. Поэттар айылҕа тыаһын-ууһун тириэрдэр тылларын булар. Айымньы дьоруойдарын уонна кинилэр майгыларын быһаарар.
«Таптыыбын бары тыынар тыыннааҕы» диэн тиэмэ ис номоҕун быһаарар. Айылҕа бэйэ сыһыанын кэпсиир. Сэһэргэр киһиэхэ болҕомто ууран, бэйэтин санаатын этэр, аахпыт айымньы туһунан ыйытыы биэрэр, паараҕа үлэлиир. Улахан дьону, доҕору кытары кэпсэтии быраабылатын тутуһар. Тыынар тыыннаахха бэйэ сыһыанын көрдөрөр: таптыыр ытын (куоскатын) туһунан кэпсээн оҥорор. Кэпсэтиигэ кыттар, доҕорун истэр, кинилиин сүбэлэһэр. Үчүгэй, куһаҕан быһыы диэн өйдөбүллэри тэҥниир, кинилэр ис номохторун быһаарар.
Тиэмэтигэр сөптөөх былакааты, хаһыаты оҥорууга матырыйаалы талар. Ойууларынан айымньыны танар.
Бэйэ айымньытын көрдөрөн кэпсиир. Быыстапкаҕа анаан кинигэлэри тиэмэлэринэн наардыыр. Кинигэ быыстапкатын быһаарар, наадалаах кинигэни булар.
Сиэрдээх быһыы, доҕордоһуу, хардарыта көмөлөһүү, амарах майгы, кыраҕа, кыаммакка кыһамньы. 20.04
25.04
27.04
2.05
4.05
11.05
16.05
18.05
Үчүгэй майгын-көтөр кынатын (5 чаас)
Амма Аччыгыйа. Бастакы тоҕо?
Николай Якутскай. Аҕа уонна ийэ. Лев Толстой.
Барыларыттан ордук.
2.Иван Горнай. Мэник оҕо.
Петр Одорусов. Эбээ.
3.Биһиги театрбыт. Егор Васильев. Булугас өйдөөх.
Петр Григорьев. Маҥнайгы кинигэ.
4.Бибилэтиэкэҕэ дьарык. «Уус-уран айымньыга эн саастыылааҕын» быыстапка.
5.Бэйэ ааҕыыта. Архыып Абаҕыыныскай. Ийэ барахсан. Георгий Данилов. Тостубут хахыйах.
Ыалынан истии, ааҕыы. Мария Охлопкова, Мария Обутова-Эверстова. Маннык сөп дуо? Варвара Слепцова. Доҕордуулар.
Айымньы дойдутун кистэлэҥнэрэ.

Сыллааҕы хатылааһын- 1 чаас. Тиэмэ аатыгар олоҕуран, туох туһунан айымньылар киирбиттэрин сабаҕалыыр.
Айымньыны дорҕоонноохтук оруолларынан ааҕар. Салаа сүрүн өйдөбүллэрин чопчу өйдүүр.
Айымньы уопсай тиэмэтин, дьоруойдарын быһаарар. Айымньы дьоруойун санатынан уонна быһыытынан сыаналыыр.
Айымньы сүрүн санаатын булан этэр, ис номоҕун арыйар өс хоһоонун булар.
Доҕор диэн ким буоларын дьүүллэһэр, дьиҥнээх доҕордоһуу диэни быһаарар. Үчүгэйи уонна куһаҕаны араарар. Бэйэ уонна атын киһи быһыытын сыаналыыр. Үлэһит-сүрэҕэ суох, чиэһинэй-сымыйаччы, аламаҕай-киҥнээх диэн утары суолталаах тыллары тэҥниир, кинилэр суолталарын быһаарар. Доҕордоһуу, кыһамньы, хардарыта көмөлөһүү, амарах быһыы диэн өйдөбүллэр суолталарын ырытыһар, аахпыт кэпсээннэртэн холобурдуур.
Кэпсэтэр киһини хомоппокко эрэ алтыһар. Бэйэ бэйэни өйүүр, бэйэ-бэйэҕэ көмөлөһөр.
Айымньылары тиэмэтинэн, ис хоһоонунан уонна сүрүн санаатынан тэҥниир.
Бибилэтиэкэҕэ кинигэни бэриллибит сорудаҕынан булар, тиэмэлэринэн көрөн наардыыр.