Презентация по родному литературе на тему Буойун суруйааччылар
Cүгүрүүбүт уонна ытыктабылбыт бэлиэтэ(Буойун суруйааччылар)П.И.Яковлев аатынан Амма-Наахара орто оскуолата6 кылаас о5олоро
Cүгүрүүбүт уонна ытыктабылбыт бэлиэтэСаха литературатын сайдыытын биир күүрээннээх сүһүөх кэмэ – 1941-1945 сс. Ађа дойду Улуу сэриитин сыллара. Ађа дойду Улуу сэриитигэр 20 суруйааччы саа саадах тутан төрөөбүт дойдутун көмүскээбитэ. Кыргыһыы толоонугар Н.К.Седалищев – Дьүөгэ Ааныстыырап охтубута, атыттар бары тыыннаах төннүбүттэрэ. Кыргыс хонуутугар өлүү-тиллии суостаах күннэрин этинэн – хаанынан билбит дьон норуот өйүттэн – сүрэђиттэн сүппэт айымньыларын айбыттара.
16 сааһыттан 23 сааһыгар диэри Сэбиэскэй аармыйа кэккэтигэр сылдьыбыта. Забайкальскай фронт стрелковоай дивизиялырыттан биирдэстэригэр снайпер быһыытынан Япония империалистарын утары сэриигэ Хайлар куораты штурмалааһыңңа, Улахан Хинган хайатын сэриилэһэ-сэриилэһэ сатыы туорааһыңңа кыттыбыта. Поэт Ађа дойду Улуу сэриитин II степэннээх уордьанынан, уонтан тахса мэтээлинэн нађараадаламмыта.Иннокентий Иванович Артомонов(1928 - 2006)
Алексей Спиридонович Бродников(1917 - 1998) 1942 сыллаахха Чурапчытаа5ы педагогическай училищаны бүтэрээт, сэриигэ ыңырыллыбыта. Урааллаађы байыаннай уокурукка 20-с хайыһар биригээдэтигэр снайперынан сылдьыбыта. Ильмен күөл таһыгар кырыктаах кыргыһыыга атађар ыараханнык бааһырбыта. Госпитальга эмтэнэн тахсаат, Смоленскай аннынаађы кыргыһыыга кыттыбыта. Төрөөбүт дойдутугар 1946 сыллаахха төннүбүтэ. Албан аат, Ађа дойду Улуу сэриитин 1 степэннээх уордьаннарынан уонна мэтээллэринэн нађараадаламмыта.
Архип Георгиевич Кудрин – Абађыыныскай(1907 - 1960)Ађа дойду Улуу сэриитигэр Советскай Союз илиңңи кыраныыссатыгар Японияны утары сэриилэспитэ.
Софрон Петрович Данилов(1922 - 1993)1941 сыллаахха от ыйыгар Кыһыл Аармыйа кэккэтигэр ыңырыллар. Новосибирскай куоракка тиийэн байыаннай собуот тутуутугар үлэлиир. Омскай куоракка пехотнай училищеђа үөрэнэр. 1942 сыллаахха доруобуйатын туругунан байыаннай сулууспаттан тохтуур. 1943 сыллаахха иккистээн ыңырыллан баран, эмиэ доруобуйатынан сыыйыллар.
Макар Иванович Кузьмин-Макар Хара(1915-1981)1941 сыллаахха атырдьах ыйыгар Кыһыл Аармыйађа ыңырыллан сэриигэ аттаммыта. Ленинградтаађы, 1 Белорусскай, 1 Прибалтийскай фроннарга модун санаатын булгуруппакка сэриилэспитэ. Лейтенант званиялаах 1945 сыллаахха дойдутугар эргиллэн кэлбитэ.
Серафим Романович Кулачиков – Эллэй(1904 - 1976)Эллэй Ађа дойду Улуу сэриитин кытаанах сылларыгар инники кирбиигэ минометчигынан сылдьыбыта. Сэрииттэн 1944 сыллаахха кэлбитэ. “Күн сирин көмүскэлигэр” диэн 1943 сыллаахха тахсыбыт хоһоонорун кинигэтэ уус – уран таһымынан, этэр санаата күүстээђинэн поэт биир бастың кинигэтэ буолар.
Исай Прокопьевич Никифоров(1915 - 1976) Советскай Аармыйађа 1943 сыллаахха ыңырыллыбыта. Ађа дойду Улуу сэриитигэр командование бойобуойСорудахтарын туйгуннук толорбутун иһин Кыһыл Сулус уордьанынан, бойобуой мэтээллэринэн нађараадаламмыта.
Гавриил Иванович Макаров – Дьуон Дьаңылы(1914 - 1956)1943 сыллаахха күһүнүгэр Дьуон Дьаңылы хас да саха буолан, 300 тэн тахса сылгыны Иркутскайга тиэрдэр сорудађы ылан, айаңңа турбуттара. Сылтан ордук кэмңэ ыңыырга олорон фронт үлэтигэр туһаныллыахтаах сылгылары Залари диэн тимир суол станциятыгар тиэрдибиттэрэ. Гавриил Иванович Мальта станцияттан илиңңи кыраныыссађа турар байаннай чаас 94-с дивизия 152-с стрелковай пуолкатын 8-с ротатыгар сулууспалаабыта. Японияны утары сэрии 1945 сыллаахха балађан ыйыгар сађаламмыта. Кини бастакы нүөмэрдээх пулеметчик этэ. Биир кимэн киириигэ иккитэ бааһыран, өр кэмңэ госпитальга эмтэнэн, дойдутугар 1946 сыллаахха эргиллибитэ.
Семен Осипович Никифоров(1923 - 1980) 1943 сыллаахха Кыһыл Аармыйа кэккэтигэр ыңырыллыбыта. Семен Никифоров, гвардия старшай сержана, Улуу Кыайыыны Берлиңңэ көрсүбүтэ. Төрөөбүт – үөскээбит Сахатын сиригэр 1947 сыллаахха эргиллибитэ. Албан аат 3 степеннээх уордьанынан, хас да бойобуой мэтээлинэн нађараадаламмыта.
Петр Николаевич Тобуруокап(1917 - 2001)Петр Николаевич 1942 сыллаахха бэс ыйын 22 күнүгэр Кыһыл Аармыйађа ыңырыллыбыт. Пулеметнай батальоңңа анаммыт. Сталинграды босхолооһуңңа сылдьыбыт.
Василий Сергеевич Соловьев-Болот Боотур(1915 - 1993)Ађа дойду Улуу сэриитигэр ыңырыллан, Калининградскай, ленинградскай уобаластары, Литваны, Белоруссияны, Польшаны өстөөхтөн босхолооһунңа, Германияђа тиийэ хорсуннук сэриилэспитэ. Ыараханнык бааһыран, госпитальга эмтэнэн баран, 1945 сыл бүтүүтүгэр дойдутугар эргиллибитэ.Болот Боотур Албан аат, Ађа дойду Улуу сэриитин 1 степеннээх уордьаннарынан уонна мэтээллэринэн нађараадаламмыта.
Тимофей Егорович Сметанин(1919 - 1947)1942 сыллаахха Ађа дойду Улуу сэриитигэр ыңырыллан барбыта. 284-с минометнай пуолкађа сулууспалаабыта.Улахан киирсиилэргэ сылдьан, “Хорсуннун иһин”, “Бойобуой үтүөлэрин иһин” мэтээллэринэн нађараадаламмыта. 1943 сыллаахха сэрииттэн бааһыран төннүбүтэ.
Степан Афанасьевич Саввин – Күн Дьирибинэ(1903 – 1970)Күн Дьирибинэ Ађа дойдуну көмүскүүр Улуу сэриигэ1942 сыллаахха ыңырыллыбыта. Онно танковой-десантнай рота хорсун автоматчигынан 56№-дээх танковай биригээдэ састаабыгар сылдьан, үс сыл устата саа – саадах тутан сэриилэспитэ. 1942 сыллаахха сэтинньи 21 күнүгэр Сталинград иһин кыргыһыыга атађар улаханнык бааһыран, байыаннай госпитальга киирбитэ. Үтүөрэн тахсаат, бойобуой суолун танковай биригээдэтин кытта кыайыыга тиийэ сађалаабыта.Күн Дьирибинэ Ленин, Албан аат 3 степэннээх, “Бочуот знага” уордьаннарынан уонна мэтээллэринэн нађараадаламмыта.
Никифор Кирикович Седалищев – Дьүөгэ Ааныстыырап(1913 - 1944)1941 сыллаахха аармыйађа ыңырыллан тиийээт, Калинин уонна Ленинград куорат туһаайыыларынан кырыктаах кыргыһыыларга киирбитэ. 1944 сылтан дьоно киниттэн сурук туппат буолтара, онтон ыла сурађа суох сүппүттэр ахсааннарыгар киирбитэ.
Степан Иванович Тимофеев(1921 - 2012)1940 сыллаахха Ленинград куоракка театральнай институтка үөрэнэ сылдьан, аармыйађа ыңырыллыбыта. Сэрии сађаланыађыттан Карелия таһынан өстөөхтүүн сэриилэспитэ. Ленинград куораты көмүскэспит саха буойуннарыттан биирдэстэрэ. 1946 сыллаахха дойдутугар төннүбүтэ.Степан Тимофеев Ађа дойду Улуу сэрииттэн уордьанынан, “Ленинграды обороналааһын иһин” мэтээлинэн нађараадаламмыта.
Иннокентий Илларионович Эртюков(1916 - 1991) 1942 сыллаахха уоттаах сэриигэ ыңырыллан баран, 2-с, 3-с, 4-с Украинскай, Со5уруулуу-Арђааңңы, Воронежскай уонна карельскай фроннарга сэриилэспитэ. 216-с гвардейскай пуолка састаабыгар киирэн, ыстаарсай радист-телеграфист быһыытынан, Украинаны, Карелияны, Румынияны, Болгарияны, Венгрияны уонна Австрияны босхолооһуңңа сэриилэспитэ. Кыһыл Сулус уордьанынан, бойобуой мэтээлинэн нађараадаламмыта.