Презентация на тему: Козаны Хотугу усулуобуйага иитии
Толордо: Лебедева Куннэй.Оленегорскай уопсай орто уорэхтээhин оскуолатын VI кылаас уорэнээччитэСалайааччы: Шабданова С.С. – биология учуутала .Козаны хотугу усулуобуйага иитии VI региональнай эдэр чинчийээччилэр научнай –практическай конференциялара . Актуальнаhа:Коза иитиитинэн дьарыктанар барыыстаах, киһи доруобуйатыгар туһалаах, табыгастаах салаа буолар. Чинчийэр объегым: Зоя,Аленушка уонна Моттос диэн ааттаах козаларым.Сыала: Коза уутэ киhи доруобуйатыгар туһатын сырдатыы. Үлэм соруктара:Коза туһунан саңаны, элбэ5и билии.Козаны көрүү-харайыы ньыматын сырдатыы.Коза үүтэ киһи доруобуйатыгар туһатын кэпсээһин. Козаны иитии Биһиги дьиэ кэргэн иккис сылбытын коза иитиитинэн дьарыктанабыт. Маңнай биьиэхэ Оленегорскайга 1 саастаах икки козаны а5албыттара . Козаларбытын Момка уонна Зоя диэн ааттаабыппыт. Кинилэргэ анаан хотон, мэччийэллэригэр сетканан күрүө туппуппут. Коза олус ыраас сүөһү, сиргэ түспүт, тэпсиллибит оту сиэбэт, иһит сууйбут ууну испэт. Хотон температурата кыһын биир дэхси 6-10 кыраадыс сылаас ирдэнэр. Козабытыгар кыһын – оту, уотурбаны, сүбүөкүлэ, хаппыыста, хортуоска, моркуоп хахтарын, талах маhы биэрэбит. Сайыңңы кэмңэ сүмэһиннээх аһылыгынан күөх от буолар. 1 коза 10-ча улахан бугул отунан уонна хатарыллыбыт талах мастарынан кыстыыр. Коза уутэ элбиирин туhугар биhиги маннык аhылыктары тутуннубут (биhиги олорор сирбитигэр соп тубэhиннэрэн) (1 коза куннээги аhылыга) От Талахмас Уотурба Ас тобого 2 кг 2 талах мас 1 кг 1 кг Бу маннык аьынан аьатыахпытыттан ыла козабыт уутэ биллэ элбээтэ. Биир куннэ 1,5(л) ууту ыыбыт Мин олорор сирбэр Оленегорскайга ынах-суеьу диэн суох онон козаны иитэр ордук туьалаах диэн саныыбын. Кини уутэ, тириитэ, туутэ уонна этэ барыта туьага тахсар. Онноогор саагынан балбаах онорон тонорон, кыьынын хотону отторго оттук буолар. Коза биир сааһын туолла5ына о5оломмутунан барар. Биһиги Зоябыт куьун алтынньы ый 13 кунугэр икки о5ону тороппутэ. Учугэй торуо5у ылар туhугар коза буос кэмигэр олус кыhаллан учугэйдик аhатыллар оччо5о торуо5э улаатар учугэй буолар. Коза төрөөбүтэ 1,5 – 2 чаас буолбутун кэннэ о5олорун уоһа5ынан аһаталлар. Биир ыйдарын туолуохтарыгар диэри 4-5 чаас буола-буола, түөртэ суосканан аһатыллар. Онтон сыыйа оту сиэтэ үөрэтиллэр. Коза күңңэ ортотунан 1 – 1,5литрэ үүтү биэрэр. Коза үүтүн сыата киһи организмыгар дөбөңнүк буһар буолан, диетическэй үүтүнэн аа5ыллар. Уутэ ынах уутунээ5эр калорийа быдан угус, сыалаах,белоктаах. Ортотунан коза уутэ 4,49 % белоктаах, 4,37% сыалаах. Кальций, фосфор, кобальт, В1,В2,С курдук унуо5у кытаатыннарар битэмиининэн баай. Оттон ынах уутэ -3,30% белоктаах, 3,9% сыалаах буолар. Коза үүтэ киһи доруобуйатыгар туһата. Пульманолог врачтар этэллэринэн коза үүтэ өссө бронхиттаах, бронхиальнай астмалаах о5о5о олус туһалаах эбит. Маны таhынан коза уутэ ийэ уутугэр бэйэтин састаабынан олус чугас. Биhиги дьиэ кэргэммит коза уутун собулээн иhэбит. Сайыңңы кэмңэ козаларбыт үүттэрэ дэлэйдэ5инэ биһиги улахан о5олор эмиэ иhиэхпит. Бу үүт чахчы да эмтээ5ин ааһан, киһиэхэ ордук иңэмтиэлээ5инэн, күүһү-уо5у биэрэринэн сыаналанар. Ордук үүтү тута ыаммытын кэннэ иһэр туһалаах. Түмүк: Козаны харайыы кыра түбүгү эрэйэр эбит;Коза сыл аайы 2-3 –түү о5олонор буолан «түргэнник ситэр» салаа эбит;Коза үүтэ доруобуйа5а туһатын биллим. Ордук маннык ыарыыларга туһалаах эбит: бронхит, астма, аллергия, диатез,Коза үүтүн иһэр кыра о5олор мээнэ тумуулаабаттар, ыалдьыбаттар.Биһиги усулуобуйабытыгар коза ииттэн эмтээх үүтүнэн төһө ба5арар хааччыныахпытын сөп дии санаа5а кэллим.