Методическая разработка урока по якутской литературе Иван Гоголев
Учуутал: Ябловская Кристина Петровна Дүпсүн орто уопсай үөрэхтээһин оскуолата
Уруок тосхоло:-Айыы киһитэ .аһыныгас, күн киһитэ көмүскэс
-Үтүөҥ үтүөнэн эргиллиэ.
Уруок тиэмэтэ: «Иэйэхсит А
Уруок сыала: Иван Гоголев “ Иэйиэхсити кэлэтии” үһүйээн (роман түмүк тыла) ис хоһоонун ырытыы. Иэйиэхсит өйдөбүлүн, уобараһын тустаах олохпутугар туһаайаан, анааран көрүү. Үөрэнээччи киһи быһыытынан майгытын- сигилитин салайынар кыахтаах буоларыгар олук уурарга холонуу.
Соруктар:
Үһүйээн ис номоҕун ырытыы, ис хоһоонун тула кэпсэтиһии.
Иэйиэхсит өйдөбүлүн кытта билсиһии.
Киһи майгытын- сигилитин көннөрүнэригэр, салайынарыгар үөрэтэргэ холонуу.
Айар үлэҕэ холонуу
Уруокка туттуллар матырыйааллар: слайда, проектор, компьютер, оҕо үлэлииригэр аналлаах лиистэр.
Уруок хаамыыта:
1. Киириитэ. Билсиһии
2.Үһүйээни кэпсээһин.(Слайда көстөр.)
3. Кэпсэтиһии.
4. Иван Гоголев туһунан билиһиннэрии
5.Ситуацияларынан үлэ
6.Үһүйээн ис хоһоонунан уруһуй. Уруһуйу кэпсээһин.
7. Түмүк
Үтүө сарсыарданан күндү оҕолор!! Мин эһиэхэ кэпсээн кэһиилээх кэллим.
(Слайда көстүүтэ)
...
Былыр уоллаах кыыс оҕолоох ыал курдук ыаллар бур-бур буруо таһаарынан олорбуттара үһү.Уол оҕолоро оҕо курдук оҕо.Кыыс оҕолоро хантан хааннааҕа ,кимтэн кимнээҕэ биллибэт.Оҕонньордоох эмээхсин биир сарсыарда уһуктубуттара,таһырдьа оҕо ытыыр!Балаҕаннарын аанын сигэтээт,быган көрөллөр.Тэлгэлэһэлэрин ортолоругар харалаах аас тэллэххэ кыыс оҕо,тэбиэлэнэ-тэбиэлэнэ,эһиллэхтэнэ сытар!..Эмээхсин сүүрэн тиийэн кыһыл оҕону харбаан ылаат,көтөхпүт,түөһүгэр ыга кууспут.”Ийэбин дьэ буллум!” – диэбиттии оҕо эрэйдээх ытыырын уураппыт,эмиий көрдөөн айаҕын оппоҥнообут.Оҕонньор бургунаһын муоһун төбөтүн эрбээн ылан эмэкэ оҥорбут.Эмээхсин бургунаһын ыы охсон оҕотун эмтэрэ охсубут.
Дьэ итинник кинилэр соһуччу кыыс оҕоломмуттар.Кыыстарын “Таҥара бэлэҕэ” диэн ааттаабыттар.
Уол оҕолоро оҥоҕоһунан оонньуур,кыыс оҕолоро кыптыый тутар кэмэ кэлбит.Убаайдаах балыс эйэлэрэ сүрдээх эбит.Кыыс оҕолоро майгылаах бастыҥа буолуох чинчилээҕэ.Амараҕа диэн, аламаҕайа диэн, аһыныгаһа диэн...Күлэн-оонньоон чаҕааран төрөппүттэрин дууһаларын манньытара,санааларын сырдатара.Ыалдьыт киирдэ даҕаны кыыччаан чаанньыгын үрдүгэр түһэрэ.
Сут дьыл буолбут.Оҕонньордоох эмээхсин бургунастарын адьырҕа кыыл тардыбыт.Оҕонньор үрэххэ илимниирэ үһү.Илимигэр күн аайы биирдии эмис чыыр тутар буолбут.Ол балыгы син сиэн хоргуйан өлбөтөхтөр.Хоргуйан,сутаан эрэр ыаллара ыксаан аһыныгас кыыс оҕолоох ыалларыгар үнүөхтээн кэлээхтииллэрэ.Кыыс оҕо биир чыыр балыгы буһара охсоро,аан бастаан ыалдьыттарын күндүлүүрэ.Онон элбэх аайы киһитин үрүҥ тыынын өрөһүйбүт.Оҕонньор эмээхсинигэр сибис гыммыт. ”Ити кыыспыт наһаа дэлгэмэ бэрт...Чыырбытын бэйэбит эрэ сиэх этибит...”Ыкса күһүн эбит.Оҕонньор биир сарсыарда кыысчаанын батыһыннаран хара тыаҕа отоннуу тахсыбыт.Хойуу отонноох сири буланнар туос ыаҕыйаларыгар отон хомуйан барбыттар.Отоннообута буолаат,оҕонньор арбаһаҕын чөҥөчөххө иилэ бырахпыт,уонна сэмээр сыалбас гынан хаалбыт.Кыыччаан өтөр-өтөр төбөтүн өгдөтөн олоотуура.Аҕата отоннуу олорорун көрөөт, мичийэн ылаахтыыра. Туос ыаҕаһын толороот,аҕатыгар сүүрэн тиийбит.”Аҕаа,дьиэбитигэр барыах,ийэбит күүппүтэ буолуо...” Аҕам диэбитэ...чөҥөчөх эбит!..Чөҥөчөх төрдүгэр олорон ытымньыйбыт уонна балаҕанын диэки мээнэ бараахтаабыт.Мунан хаалбыт.
Оҕонньордоох эмээхсин ытаһа түһэн баран уоскуйбуттар.Эмис чыырдарын буһарынан үһүөн тото-хона сиэбиттэр.Абыраммыттар.Хомуйуох иһин,ол күнтэн ыла илимнэригэр туох да туппат буолбут.Бэс сутукатынан өл хабынан суккуруур тыыннарын уһатан олорбуттар.Эмээхсин сарсыардаттан оҕонньорун кэнийэр идэлэммит.Тулуйа сатаан оҕонньор эмээхсинин үөт тирэҕинэн кулуура.Уоллара иккиэннэрин үүрэн кэбиспит.Эмээхсиннээх оҕонньор ыалы кэрийэ барбыттар.
Биирдэ оҕонньор умналаан баран ыалтан холдьоҕуллубут. Ытыы-ытыы тоҥхооройдоон иһэн суолга эмээхсинин көрсө түспүт. Маннык кэбилэммиттэригэр бэйэ бэйэлэрин буруйдаһан харахха хаахтаспыттар, сирэйгэ силлэспиттэр. Эмискэ үрдүк халлаан оройуттан уордаах саҥа дуораһыйан иһиллибит: «Хоҥ мэйиилэр! Эһиги хаһан эрэ Иэйэхсити кыйдаабыккыт. Иэйэхсиккит иккиһин эргиллиэр диэри элбэх эрэйи көрүөххүт. Бэйэҕит буруйдааххыт. Кэмсиниҥ! Кэп туонуҥ!»
Ырытыһыы. Бу айымньы туох ис хоһоонноох эбитий?
Иэйиэхсит диэн ким эбитий?
Оҕонньордоох эмээхсин тоҕо кыыһы бэйэлэриттэн тэйитэн, тыаҕа илдьэн хааллардылар?
Кинилэри хайдах дьоннор диэххэ сөбүй?
Ымсыы, кэччэгэй, хара санаалаах, куһаҕан санаалаах, аһыныгаһа суох, хабыр, түктэри майгылаах
Иэйэхсит ыыппыт кыыһа хайдах майгылаах эбитий?
Үтүө санаалаах, аһыныгас, амарах, ыалдьытымсах, аламаҕай
Бу кыыһы Иэйиэхсит ыыппыт диэн. Иэйэхсиппит бэйэтэ хайдах буолуой?
Иван Гоголев туһунан номох
Былыр былыргыттан биһиги, сахалар, Үрдүк Айыыларга сүгүрүйэбит. Олортон биирдэстэрэ Иэйэхсит буолар. Ол эрээри олоххо баар, буолар түбэлтэлэри көрдөххө, Иэйэхсит киһиэхэ куруук көмөлөһөр күүс буолуон сеп эбит дии саныыбын.
Холобур, биир маннык түгэни кэпсиибин. Биир элбэх оҕолоох ыал олорбут.Оҕолор бары улаатан дьиэлэриттэн үөрэнэ-үлэлии барбыттар. Аҕалара ханна эрэ барбытыгар,ийэлэрэ биир түүн дьиэтигэр соҕотох хонор буолбут....
Онон Иэйэхсит диэн киһини харыстыыр, араҥаччылыыр күүс буолар.Маннык күүс төһө да биллибэтэр киһиэхэ барытыгар баар буолуо дии саныыбын. Онон төһөнөн биһиги үтүө санаалаахпыт да соччонон биһиги Иэйэхсиппит күүһүрэн иһэр.
Киһи барыта төгүрүччү үчүгэй буолбатах, киһи барыта сыыһыан алҕаһыан сеп.Ону көннөрөргө дьулуһуохтаах. Онно мин эһиэхэ олох араас түгэннэрин суруллубут кумааҕыларын түҥэтиэм, ону ааҕан баран, итинник түгэҥҥэ эһиги хайдах буоларгытын толкуйдаан, баһаалыста, иккилии буолан дуоскаҕа тахсан.эппиэттииргитигэр көрдөһөбүн.
1.Арай суолга баран иһэн эһиги суолгутугар толору харчылаах кошелегу булан ыллыгыт... эһиги тугу гынаҕыт?
2. Арай оскуолаттан кэлэн иһэн көрбүккүт, биир кыра кыыс ытыы олорор.. эһиги тугу гынаҕыт?
3. Автобус күүтэ турдаххытына, билбэт киһигит эмиэ автобуһу күүтэ туран эмискэ охтон түһэр... эн тугу гынаҕын?
4.Эдьиийиҥ төрөөбүт күнэ. Ол эрээри эдьиийиҥ үөрбэт- көппөт, санаарҕаабыт курдук.... эһиги тугу гынаҕыт?
5. Эн ыарахан сыаналаах айфон булан ылбыккын, ону хайыыгын?
6.Эн баран иһэҕин уонна биир киһи улахан уонна ыарахан баҕайы суумканы кыайбакка сордоно турар эбит, эн соҕотоххун уонна тугу гынаҕын?
7.Биир киһи кыыһыра-кыыһыра стадион хомуйа сылдьар, эһиги көмөлөһүҥ диир онуоха эһиги туох диэн эппиэттиигит?
8.Эн сүрэҕэлдьээн дьиэҕэ үлэҕин оҥорботоххун, учууталын ону ыйыттаҕына, ону билинэҕин дуу, албынныыгын дуу?
9. Эн бииргэ үөрэнэр уолуҥ кистэлэҥин алҕаска билбиккин, ону кэпсээтэххинэ бары олус күлүөхтэрэ дии саныыгын, бу түгэҥҥэ эн хайдах гынаҕын?
10. Биир уол атын оҕолору кырбыыр, эрэйдиир идэлээх эбит, ол быыһыгар, ону эн хайдах гынаҕын?
Үһүйээн ис хоһоонунан уруһуйдатыы.
Уруһуйдарын кэпсэтии
Эһиги бары олус эйэҕэс, амарах, үтүө сүрэхтээх эбиккит. Онон Иэйэхсит үөрэҕин баһылыыр кыахтаах эбиккит.
Иэйэхсит үөрэҕэ
Амарах
Ыалдьытымсах Эйэҕэс
Майгы
Аһыныгас Харыстыыр
Көмүскэс
Ыалдьытымсах диэн хайдах киһини этэллэр.
Амарах-аһыныгас, үтүө санаалаах, аһыныгас сүрэхтээх.Амарах санаа, амарах сыһыан, амарах сүрэх.
.
Иэйэхсит үөрэҕэ олох баарын тухары, үксүн биллибэтинэн бара турар. Киһилии киһи буолар кыах киһиэхэ барытыгар баар. Киһи ис эйгэтин атын ким да уларытар кыаҕа суох, киһи бэйэтэ эрэ баҕа санаатынан салайтаран олоруохтаах. Оҕолор, арай эһиги бэйэҕит баҕа санааҕытын суруйан биэрин эрэ, бу мин эһиэхэ анаан Иэйиэхсит бэлиэтин бэлэмнээн аҕаллым. Бу Иэйэхсит анал бэлиэтин кырыйан аҕаллым.
4.Түмүк. Киһи Иэйэхсит үөрэҕинэн салайтаран олорор буоллаҕына эрэ, майгыта сигилитэ тупсар. Оччоҕо бука бары олохпут тупсуо, киэркэйиэ этэ.
Мин уруокпуттан тугу биллигит? Тугу өйдөөн хааллыгыт? Эһиги оҥорбут үтүөҕүт бэйэҕитигэр син биир эргиллэн кэлэр.
1.Арай суолга баран иһэн эһиги суолгутугар толору харчылаах кошелегу булан ыллыгыт... эһиги тугу гынаҕыт?
2. Арай оскуолаттан кэлэн иһэн көрбүккүт, биир кыра кыыс ытыы олорор.. эһиги тугу гынаҕыт?
3. Автобус күүтэ турдаххытына, билбэт киһигит эмиэ автобуһу күүтэ туран эмискэ охтон түһэр... эн тугу гынаҕын?
4.Эдьиийиҥ төрөөбүт күнэ. Ол эрээри эдьиийиҥ үөрбэт- көппөт, санаарҕаабыт курдук.... эһиги тугу гынаҕыт?
5. Эн, арай, ыарахан сыаналаах айфон булан ылбыккын, ону хайыыгын?
6.Эн баран иһэҕин уонна биир киһи улахан уонна ыарахан баҕайы суумканы кыайбакка сордоно турар эбит, эн соҕотоххун уонна тугу гынаҕын?
7.Биир киһи кыыһыра-кыыһыра стадион хомуйа сылдьар, эһиги көмөлөһүҥ диир онуоха эһиги туох диэн эппиэттиигит?
8.Эн сүрэҕэлдьээн дьиэҕэ үлэҕин оҥорботоххун, учууталын ону ыйыттаҕына, ону билинэҕин дуу, албынныыгын дуу?
9. Эн бииргэ үөрэнэр уолуҥ кистэлэҥин алҕаска билбиккин, ону кэпсээтэххинэ бары олус күлүөхтэрэ дии саныыгын, бу түгэҥҥэ эн хайдах гынаҕын?
10. Биир уол атын оҕолору кырбыыр, эрэйдиир идэлээх эбит, ол быыһыгар, ону эн хайдах гынаҕын?