Презентация по родной литературе на тему Писатели -фронтовики(7 класс)


Аҕа дойду Улуу сэриитигэр кыттыбыт саха суруйааччылара А5а дойду Улуу сэриитигэр саха суруйааччыларыттан25 киһи саа-саадах тутан Ийэ дойдуларын көмүскээбиттэрэ Иннокентий АртамоновМин мантан сэриигэ барбытымМин мантан сэриигэ барбытымКыракый балаҕан дьиэбиттэнЫраахха диэритин кэтэһэн Турбута кырдьаҕас мин аҕамМин мантан сэриигэ барбытымОскуола чуораанын хаалларан,Саас буолан чыычаахтаах чараҥымСимэммит хатыҥын аттынан Поэт, тылбаасчыт Иннокентий Иванович Артамонов 1928 сыллаахха сэтинньи 11 күнүгэр Уус Алдан улууһугар төрөөбүтэ. Бэрт эдэр сааһыгар 17-лээҕэр 1944 с. Советскай Армия кэккэтигэр ыҥырыллан, Аҕа дойду Улуу сэриитигэр японскай милитаристары урусхалласпыта. 94-с стрелковай дивизия 64-с полкатыгар сулууспалаабыт. Кини полката бөҕөргөтүүлээх Хайлар куораты ылыыга уонна Улахан Хинганы туорааһыҥҥа кыттыбыта.Сэриигэ бараары туран суруйбут суругуттан: Мин билигин бу бараары турабын, дойдубун көмүскүү, Гитлер сэриититтэн. Мин саллаат синиэлин кэтиэм, биир дьиппиэн санааҕа киириэм. Оттон алҕас манна төннөр буоллахпына, син биир оннук санаалаах олоруом.Мин хоргус буолбатахпын, мин дьиҥнээх эр сүрэхтээхпин, кытаанах биир санаалаахпынАрмия ыар усулуобуйатын эдэр санныбынан сүгүөм уонна тулуйуом. Оҕо суруйааччыта, прозаик, драматург Тимофей Егорович Сметанин1919 с. Кэбээйи улууһугар Тыайа нэһилиэгэр төрөөбүтэ. Армияҕа 1942 с. ыҥырыллан 284 минометнай полкаҕа сулууспалаабыта, связиһинэн сылдьыбыта. Хабыр охсуһууларга киирсибитэ.Бойобуой сорудахтары толорууга «Хорсунун иһин» уонна «Бойобуой үтүөлэрин иһин» мэтээллэринэн наҕараадаламмыта.Кэлэн баран Дьокуускайдааҕы пединститукка үөрэммитэ. Хаҥалас улууһугар Покровскайга улуус хаһыатын редакциятыгар үлэлээбитэ.Фроҥҥа сылдьан сэрии толоонугар суруйбут хоһооннорун суругунан ыытара. Кини саха снайперын туһунан «Егор Чээрин» диэн сэһэни суруйбута, киэҥ ааҕааччы биһирэбилин ылбыта.Баара-суоҕа 28 сааһыгар сэриигэ ылбыт бааһа аһыллан, эдэр сааһгар олохтон туораабыта. СР народнай поэта, тылбаасчыт, публицист Серафим Романович Кулачиков-Эллэй1904 с. Таатта улууһугар Чычымах нэһилиэгэр төрөөбүтэ. 1942 с. Кыһыл Армия кэккэтигэр ыҥырыллыбыта. Старшай сержан званиялаах 22-с Армия састаабыгар киирэр, туспа минометнай полк минометнай отделениятын наводчигынан Калининскай фроҥҥа сэриилэспитэ. 1944 с. ыарахан бааһырыыны ылан дойдутугар төннүбүтэ.БырастыылаьыыЫтаама, мин хотун доҕорум,Оҕолорум барахсаттар ытаһымаҥ:Миигин сөрөөбөтө модун холорук,Суолбун бүөлээбэтэ күдэн туман.Мин бардым: бухатыыр эһэлэримБылыргы аартыктарын арыйан,Күн дьонун дьоллоох көҥүллэринХараҥа күүстэртэн харыһыйа. СР народнай поэта Петр Николаевич Тобуруокап 1917 с. Үөһээ Бүлүүгэ Ороһу нэһилиэгэр төрөөбүтэ.Кыһыл Армия кэккэтигэр 1942 с. ыҥырыллыбыта. Сталинград фронугар 298-с дивизия стрелковай полкатыгар пулеметчигынан сылдьан өстөөхтүүн сэриилэспитэ. Хабыр хапсыһыылартан биирдэстэригэр ыарахан бааһырыыны ылбыта. Доруобуйатын туругунан 1943 с. дойдутугар төннүбүтэ.Народнай поэт Бүлүүтээҕи Н.Г. Чернышевскай аат. педагогическай училищены, М. Горькай аатынан Литературнай институту үөрэнэн бүтэрбитэ. Оскуолаҕа учууталынан, дириэктэринэн үлэлээбитэ.Кини Аҕа дойду Улуу сэриитин уордьанынан, «Бочуот знага» уордьанынан, мэтээллэринэн наҕараадаламмыта. Поэт, прозаик, литературнай критик, публицист, тылбаасчыт, драматург, Саха народнай суруйааччыта Софрон Петрович Данилов 1922 с. Горнай улууьун Мытаах нэьилиэгэр тереебутэ.1941 с. От ыйыгар Кыьыл Армия кэккэтигэр ынырыллар. Бийск куоракка войсковой оскуола курсана буолар. Онтон Новосибирскай куоракка баар строительнай батальон састаабыгар киирэн, байыаннай собуот тутуутугар улэлиир. Салгыы Омскай к. иккис пехотнай училище5э уерэнэр. Доруобуйатын туруга мелтеен, 1942 с. байыаннай сулууспаттан тохтуур. Дойдутугар кэлээт, Токо оскуолатыгар учууталлыы барар.Кини сахалартан бастакы Советскай Союз Геройа Федор Кузьмич Попов туьунан уус-уран уочарканы поэт Леонид Поповтуун кыттыьан суруйбуттара. Поэт, тылбаасчыт, сатирик, үгэһит, гражданскай уонна Аҕа дойду Улуу сэриитин кыттыылааҕа Степан Афанасьевич Саввин-Күн Дьирибинэ Чурапчы улууһун Болтоҥотугар төрөөбүтэ.1942 с. Кыһыл Армия кэккэтигэр ыҥырыллар. Сталинградскай фроҥҥа тиийэн, үтүө баҕатынан танковай-десатнай ротаҕа автоматчигынан ылалларыгар тылламмыт. Кини ол сэриигэ бааһырыыны ылбыт, эмтэнэн баран, Сталинграды босхолоспут, Украина сиринэн Донбасска диэри сэриилэспит, 1210 хонук устата уот холорук ортотугар сылдьан орпут, Манштейн танковай корпуһун кытары күөн керсүбүт саха дьонуттан биирдэстэрэ.Кини Ленин, “Бочуот Знага”, Албан Аат уордьаннарынан, мэтээллэринэн наҕараадаламмыт. Поэт, тылбаасчыт Архип Георгиевич Кудрин-Абаҕыыныскай Өлүөхүмэ улууһугар Абаҕа нэһилиэгэр 1907 с. төрөөбүтэ.Тыа сирин оскуолаларыгар учууталлыыра. Кини милитаристскай Японияны утары сэриигэ кыттыыны ылбыта.Ийэ дойду иһин- Одун дьүүлү быһаарсыыга!- Охсуһууга кытаатыӊ!-Дойду, норуот ыӊырыытаДолгуттаҕын саллааты.Кыргыс толоонугар сирдиирКыайыы кыһыл былааҕа,Кимиӊ, Ийэ дойду иһин,Кимиӊ, Албан буойуттар!Туолла бүгүн күүппүт чааспыт, иэстэбил,Хинган арҕаһыгар саспыт Киӊ-хааӊ өстөөх эстиэхтин! Саха сириттэн фроҥҥа тиийбит суруйааччыларД.К. Сивцев-Суорун Омоллоон, С.С. Васильев-Бороҕоонускай фронтовиктары Исай Никифоровы уонна Илья Попову кытта бииргэ түспүт хаартыскалара. 1944 сыл, фронт кирбиитэ. 1941-1945 сс.Ким да умнуллубат, туох да умнуллубат «Буойун-суруйааччылар» викторинаСаха суруйааччыларыттан барыта хас суруйааччы Ийэ дойдуларын көмүскүү барбыттарый?Мин мантан сэриигэ барбытым хоһоон ааптара кимий?Ханнык буойун суруйааччы сэриигэ связиһинэн сылдьыбытай?Уруокка үөрэппит суруйааччылартан кимнээх Илиҥҥи фроҥҥа(дьоппуон милитаристарын кытта сэриигэ) сылдьыбытый?Икки улахан сэрии кыттыылааҕа кимий?“Егор Чээрин ” сэһэн ааптара кимий? Буойун суруйааччыларыттан саамай эдэр сааһыгар сэриигэ барбыт суруйааччы аата.“Бырастыылаһыы” хоһоон ааптара.Өлүөхүмэ Абаҕытыттан төрүттээх суруйааччы.«Хорсунун иһин» уонна «Бойобуой үтүөлэрин иһин» диэн мэдээллэр ханнык суруйааччыга баалларый?Сталинград фронугар пулеметчигынан сылдьан сэриилэспит суруйааччыСоветскай Союз Геройа Федор Кузьмич Попов туһунан уус-уран уочарканы суруйбут суруйааччы.Саха сириттэн фроҥҥа тиийбит суруйааччылар кимнээҕий?Сэрииттэн кэлэн баран Хаҥаласка олорбут суруйааччы кимий?