Рабочая программа по якутской литературе 5-11 классы
Саха литературатыгар 3 сүһүөххэ үлэлиир программа.
Үлэлиир программа “Норуот айымньыта уонна литература», 5-11 кылаас ,Дьокуускай,1996с. Саха республикатын Үөрэҕин министерствота бигэргэппит программатыгар олоҕуран оҥоһулунна.
Төрөөбүт литератураны орто оскуолаҕа үөрэтии билиҥҥи кэмҥэ маннык сыалы-соругу туруорар:
сахалыы литератураны сэргээн,кэрэхсээн,сатаан,өйдөөн ааҕарга үөрэтии;аахпыты бэйэ сайдыытыгар туһанарга туһулааһын;
ийэ тыл уус-уран күүһүн,кэрэтин,тыл илбиһин,хомуһунун оҕоҕо кыра сааһыттан иҥэрии;
Уус-уран айымньыны,араас геройдарын туһанан төрөөбүт норуот олоҕун,историятын,култууратын,үгэстэрин,сиэрин-майгытын арыйыы;киһи аналын,олоҕу дириҥник,таба өйдүүргэ үөрэтии;
төрөөбүт тылынан уус-уран айымньы айыллар үгэһин,кистэдлэҥин,араас ньыматын билиһиннэрии;
үөрэнээччи айымньылаахтык толкуйдуур уонна айар дьоҕура тобулларыгар суол аһыы;
уус-уран айымньыны уран тыллаах,ураты дьоҕурдаах,талааннаах дьон айарын өйдөтүү.
Саха литературатын оскуолаҕа үөрэтии программатын сүрүн туһаайыылара:
Норуот тылынан уус-уран айымньыта сахалыы уус-уран литература силиһэ,төрдө буоларын аахсан,уус-уран литератураны фольклору кытта ситимнээн үөрэтии.
Айымньыны идейнэй тосхолунан эрэ буолбакка,уус-уран ситиһиитин,үөрэнээччигэ сайдыыны,литературнай үөрэҕириини төһө биэрэр кыахтааҕын сыаналаан талыы уонна таҥыы.
Уус-уран айымньыны айар арааһын,литература теориятын өйдөбүллэрин түмэн,бөлөхтөөн биэрии.Ону үөрэнээччи болҕойоро,бэйэтэ туттарга эрчиллэрэ.
Талан үөрэтии уонна талан ааҕыы хайысхатын тутуһуу.Оҕону баҕаран туран үөрэнэргэ,бэйэни бэйэ санаатын, сатабылын,дьоҕурун сыаналыырга уһуйуу.
Үөрэнээччигэ айарга үөрэнэр, холонор кыаҕы биэрии,тэрийии.сөптөөх үөрүйэҕи, сатабылы иҥэрии, дьоҕура сайдарыгар ирдэбили туруоруу.
3-c сүһүөххэ үөрэтии ис хоһооно.
Уус- уран айымньыны ааҕарын таһынан,саха литературата үөскээбит уонна сайдан кэлбит суолун билиһиннэрэр соругу туруорабыт.Ол иһин уус-уран айымньы историзм принцибин тутуһан,литература сайдыытын (литературнай процесс) сүрүн түһүмэхтэринэн сааһыланна.Суруйааччы олоҕу көрүүтэ ,философията,эстетикэтэ,айар маастарыстыбата,ураты стилэ анаан-минээн үөрэтиллэр.
Ханнык баҕарар киһи үрдүк уус-уран таһымнаах айымньыны ааҕыыттан дуоһуйар,туох эмэ санааҕа тиийэр.Оттон үөрэнээччисыыйа сайдан иһэр оҕотук өйүгэр-санаатыгар,иэйиитигэр уус-уран айымньыттан сөптөөх хоруйу булан,дьону-сэргэни,олоҕу сылыктыы,быһаара,сыаналыы үөрэнэр.
10-11 кылааска саха литературатын үөрэтии түмүк ситиһиитэ.
1.Үөрэнээччи билиитэ уонна сатабыла.
айымньыны билэр,өйдүүр туһугар кудуччу, сүүрдэн,сыныйан,талан ааҕар;
Булгуччу ааҕан билиэхтээх:
Сахалыы суруллубут аан маҥнайгы айымньыны;
Маҥнайгы суруйааччылар А.Е.Кулаковскай, А.И.Софронов, В.В.Никифоров, Н.Д.Неустроев биирдии бөдөҥ айымньыларын А.Е.Кулаковскай, А.И.Софронов олохторун кэпсээнин кытта дьүөрэлээн философскай хоһоонноруттан;
П.А.Ойуунускай олоҕун кэпсээнин кытта дьүөрэлээн хоһоонноруттан уонна” Кыһыл Ойууну”;Эллэй,Күннүк Уурастыырап хоһоонноруттан; Күндэ биир кэпсээнин, Эрилик Эристиин, Амма Аччыгыйа биирдии сэһэнин, Суорун Омоллоон “ Күкүр Уус “ драматын;
Ааттара тиллибит поэттар,суруйааччылар И.Арбита,.Алтан Сарын айымньыларыттан;
Сэрии кэминээҕи литератураттан 3-4 автор 2-3-түү айымньытын;
Билиҥҥи суруйааччылар Николай Якутскай Төлкө романын,Семен Данилов.Баал Хабырыыс, Иван Гоголев,Петр Тобуруокап,Сергей Васильев хоһоонноруттан уонна биирдии бөдөҥ айымньыны;
Софрон Данилов, Далан, Николай Лугинов айымньыларыттын биирдии романы эбэтэр сэһэни;
3-4 эдэр автор 1-2-лии айымньытын.
10-ча хоһоону уонна2-3 кэпсээнинэн айымньыттан быһа тардыыны өйтөн ааҕар;
классик суруйааччылар А.Е.Кулаковскай,А.И.Софронов,Н.Д.Неустроев.П.А.Ойуунускай олохторун,айар үлэлэрин толору,атын 3-4 суруйааччы олоҕун сүрүн түгэннэрин эбэтэр сорох айымньытын айыллыбыт историятын билэр;
үөрэппит айымньытын туһунан сүрүн эбэтэр утарыта сыанабылы билсиһэр,айымньыны өйдүүргэ ,ырытарга туһанар;
саха уус-уран литературата сайдыбыт сүрүн түһүмэхтэрин билэр;түһүмэх сүрүн уратытын,бэлиэ айымньыларын,олох хаамыытын,уларыйыытын кытта ситимнээн өйдүүр;
суруйааччы сатабылын,айар стилэ, тыла-өһө туох уратылааҕын болҕойор,өйдүүр;
литература үөрэҕин сүрүн өйдөбүллэрин,терминнэрин билэр,уус-уран айымньыны өйдүүргэ ырытарга туһанар;
автор олоҕу анааран көрөр өйө-санаата айымньытыгар көстөрүн,ол арыллар сүрүн ньыматын өйдүүр;
литература үөрэҕэр уонна критикатыгар тахсар үлэ сүрүн көрүҥүн (монография,ыстатыйа,.анаарыы(обзор),сыанабыл,реферат уо,д,а),уратытын арааран билэр.айымньыны сыныйан билэр,өйдүүргэ туттар,туһанар.
2.Үөрэнээччи тылын сайдыыта:
сахалыы ыраастык,ылбаҕайдык,санаатын сааһылаан саҥарар;
уус-уран айымньы көрүҥүн,стилин тутуһан хоһоонноохтук,уус-ураннык ааҕар,кэпсиир (сиьилии,талан,кылгатан, айан);
бүтүн айымньыны эбэтэр быһа тардыыны литература теориятын өйдөбүллэрин туһанан ырытар,сыаналыыр;
проблемнай тиэмэҕэ биир эбэтэр хас да айымньыга олоҕуран толкуйдаан,.тойонноон өйтөн суруйар;
аахпыт айымньыга.көрбүт киинэҕэ,спектакльга,.видио,телевизор киинэтигэр,ойуулуур-дьүһүннүүр искусство айымньытыгар о.д.а. бэйэтин санаатын,сыанабылын этэр,суруйар;
литература,публицистика тиэмэтигэр ыстатыйа ,очерк, репортаж,реферат суруйар,иһитиннэрии,дакылаат оҥорор;
литература,публицистика айымньытыгар аннотация оҥорор,литературнай-критическэй үлэни конспектыыр;
бэйэ суруйар үлэтигэр былаан,тезис,конспект оҥорор;эпиграбы,цитатаны сатаан туһанар;
литература олох уус-уран кэрэһитэ,туоһута буоларын учуоттаан,литература матырыйаалыфнан араас дьүүллэһиигэ,диспукка,конференцияҕа кыттар,бэйэ санаатын олохтоохтук дакаастаан этэргэ эрчиллэр;
норуот тылынан айымньытын стилинэн остуоруйаны,чабырҕаҕы,ырыаны,тойугу,оһуокайы айарга,толорорго холонор;
уус-уран литератупа стилин тутуһан араас көрүҥҥэ,жанрга айан холонор,суруйар;
литература тиэмэтигэр радионан,телевизорынан биэрии,биэчэр сценарийын суруйар.
Ытык өйдөбүллэри үөрэнээччигэ иҥэрии түмүгэ.
киһи сайдыылаах уонна ситиһиилээх буоларыгар төрөөбүт тылынан ааҕыы суолтатын өйдүүр;
уус-уран литератураны тылынан искусство ураты көрүҥүн быһыытынан сыаналыыр;
тулалыыр эйгэ туһунан билии-көрүүааҕыы көмөтүнэн кэҥиирин-дириҥиирин өйдүүр;
норуот айымньыта уонна уус-уран литературата саха төрүт олоҕун-дьаһаҕын,историятын.тылын-өһүн.култууратын көстүүтэ буоларын өйдүүр,сыаналыыр;
Саха сирин,Россия уонна аан дойду норуоттарын чулуу айымньыларын ааҕан,атын норуот култууратын,литературатын ытыктыыр;
үтүөнү-мөкүнү,сырдыгы-хараҥаны арааран,сиэри тутуһуу,амарах,аһыныгас,дьоҥҥо кыһамньылаах майгы үчүгэйгэ тиэрдэрин өйдүүр.
Кылаастарынан,тиэмэнэн үөрэтэр чааһы наардааһын.
Кылааһа Тиэмэтэ Чааһа
10 Саха литературата суол төрдүгэр. 15 чаас
Уус-уран литература олох тосту уларыйар күөнүгэр. 20 чаас
Саха литературатын уустара. 20 чаас
Саха суруйааччыларын олоҕо суох буруйдааһын. 10 чаас
Хатылааһын. 2 чаас
Олохтоох автор айымньытын үөрэтии 2 чаас
Саҥа бэчээттэммит кинигэлэри билиһиннэрии. 1 чаас
11 Саха литературата Аҕа дойду сэриитин кэмигэр. 14 чаас
Уустук кэм литературата. 16 чаас
Саха билиҥҥи литературата. 20 чаас
Саха литературата саҥа кэм кирбиитигэр 1986-1990сс. 9 чаас
Хатылааһын. 2 чаас
Олохтоох автор айымньытын үөрэтии 2 чаас
Үөрэтэр кылааһым ураты өрүтэ.
11 кылааска 21оҕо үөрэнэр. Тистяхов Саргылан академическай ааҕыыга сөбүлээн дьарыктаммыта. Лена Винокурова, Вика Халыева улуустааҕы саха тылын,литературатын олимпиадатыгар 9 кылаастан куруук бириистээх миэстэни ылаллар, хас да төгүл республикатааҕы супер-финал кыттыылаахтара. Бу кылаас бырайыактыыр уруоктары ордук сөбүлүүллэр, диспукка санааларын аһаҕастык этэргэ холоноллор.
Кылаастарынан оҕолор үлэлэрин тэрийии араастара.
11 кылаас
Бөлөҕүнэн,пааранан, тус туһаайыылаах дьарык.
Бэйэ соҕотоҕун эбэтэр коллективы кытта сэргэ үлэлээһинин тэрийии
Бэриллибит схеманан айымньыны ырытыы,инсценировка,бырайыактааһын
Экскурсиялар ,өйгө үөрэтии,өйтөн суруйуулар,рефераттар
Тургутуктар.
Үөрэнээччи билиитин бэрэбиэркэлиир,хонтуруоллуур үлэлэр көрүҥнэрэ.
Күннээҕи хатылыыр сорудахтар, тиэмэни түмүктүүр семинар уруоктар, анал тиэмэҕэ диспуттар.
Чиэппэрдээҕи хатылыыр үлэлэр,тургутуктар,литературнай диктаннар.
Бырайыактыыр улэлэр,сыл аҥарынан ,сыл түмүгүнэн хонтуруоллуур үлэлэр,тургутуктар
10-11 кылаастары саха литературатыгар үөрэтиигэ туттуллар литература
Учебниктар:
Саха литературата,10 кылаас,Е.М.Поликарпова,В.С.Яковлев-Далан,”Бичик”,2009с.
Саха литературата,10 кылаас,П.В.Максимова,Н.Н.Тобуруокап,Н.И.Филиппова “Бичик” 2006с.
Саха литературата,11 кылаас,Н.И.Филиппова,М.М.Попова,”Бичик» 2000с,
Саха литературата,11 кылаас,Н.И.Филиппова,П.ВМаксимова ,Н.Н.Тобуруокап,»Бичик»,2006с,
Литература кэрэһиттэрэ,10-11 кылаастар,У.М.Флегонтова,”Бичик”,2006с.
Методическай литературалар ,эбии туһаныллар матырыйааллар:
Писатели земли олонхо, Д.В.Кириллин, В.Н.Павлова, С.Д.Шевков,Бичик, 2000с.
Саха литературатын 9 кылааска үөрэтии, И.Н.Рожин, Я, 1985с.
Аман өс, Н.И.Филиппова, М.Т.Гоголева, Бичик,1994с.
Саха тылыгар уонно литературатыгар тирэх бэлиэлэри туһаныы, В.В.Скрябин Я,1993с..
Хоһоонноохтук ааҕыы, Е.М.Поликарпова, Я, 1992с..
Саха оскуолатыгар уус-уран литератураны үөрэтии туһунан санаалар, Н.И.Бугаев, Бичик, 1998с.
Саха литературата үйэлэр кирбиилэригэр, В.Б.Окорокова, Бичик, 2000с.
Литература теорията, В.Б.Окорокова, Бичик, 2000.
Саха литературатын уонна культуратын билиэн-көрүөн баҕалаахтарга, Дь.2000с.
Саха литературатыгар тургутуктар В.Б.Окорокова, С.Г.Олесова, Дь.2010с.
Хаһыаттар. Сурунааллар:
Саха сирэ. 1. Чолбон
Кэскил. 2. Күрүлгэн.
Кыым. 3. Хатан.