Рабочая программа по якутской литературе


«Согласовано»
Руководитель МО
_______ Егорова Л.П.
«__» сентября 2015 г. «Согласовано»
Заместитель директора школы по УМР
______Данилова М.И.
«__» сентября 2015 г. «Утверждаю»
Директор МБОУ
«АМ Саха-Бельгийская гимназия»
_________ Петрова М.В..
«__» сентября 2015 г.
Муниципальное бюджетное общеобразовательное учреждение
«Ассоциированная многопрофильная Саха-Бельгийская гимназия»
муниципального района «Усть-Алданский улус (район)»
РАБОЧАЯ ПРОГРАММА
УЧЕБНОЙ ДИСЦИПЛИНЫ
«РОДНАЯ ЛИТЕРАТУРА»
Составитель: Петухова В.С, учитель родного языка и литературы
2015-2016 учебный год
БЫЬААРЫЫ СУРУК
Тереебут литература улэлиир бырагырааммата Филиппова Н.И, Шишигина В.Р, Максимова М.Е «Норуот айымньыта уонна литература» 5-11 кылаас, 1996с; Поликарпова Е.М, Флегонтова У.М, Захарова Л.В «Норуот тылынан айымньыта уонна уус-уран литература» 1-9 кылаастарга программа, 2007 оло5уран оцоьулунна.
Уус-уран литература –киьи умсул5аннаах ис туругун, уйул5атын тойуга, ырыата, сэьэнэ, ейун-сурэ5ин меккуенэ, ыарыыта. Литератураны уерэтии, бастатан туран, ити умсул5аны, ей-сурэх меккуерун ырытан ылыныыга, дириц ула5алаах толкуйу арыйыыга туьуланыахтаах. Ол эрэ кэнниттэн ей-сурэх аьыллан, санаа сааьыланан, уерэнээччи ис киэлитэ сырдаан, суруйааччы хара5ынан оло5у керуу салаллан барда5ына эрэ, уус-уран айымньы айыллыбыт ньымаларын, автор айар маастарыстыбатын, айымньы саха литературатыгар ылар миэстэтин эридьиэстэьии быьыытынан ыытыллара олохтоох. Бугун уус-уран литература уерэтэр, иитэр, сайыннарар суолтата ураты бол5омто5о ылылынна.
Уус-уран литература уерэх предметин быьыытынан сурун сыала-о5ону сырдыкка, ырааска, кэскиллээххэ, уйэлээххэ киллэрии. Ол инниттэн о5о5о бэрт кыратыттан уус-уран литератураны тус бэйэтигэр суолталаахтык ылынар кыа5ын оло5урдар ньымаларынан уерэтии эрэйиллэр, сыыйа кылаастан кылааска, суьуехтэн суьуеххэ тахсан истэ5ин аайы айымньыны ылынар дьо5ура дирицээн, эстетическэй таьымца тиийэн, урдук култууралаах аа5ааччы, айааччы буолан тахсар кэриццэ тиийэригэр тускуланыахтаахпыт.
Литератураны орто оскуола5а уерэтии билицци кэмцэ маннык сыалы-соругу туруорар:
-сахалыы литератураны сэргээн, кэрэхсээн, сатаан ейдеен аа5арга уерэтии; аахпыты бэйэ сайдыытыгар туьанарга туьулааьын;
-ийэ тыл уус-уран кууьун, кэрэтин, тыл илбиьин, хомуьунун о5о кыра сааьыттан ицэрии;
-уус-уран айымньыны, араас геройдарын туьанан тереебут норуот оло5ун, историятын, культуратын, угэстэрин, сиэрин майгытын арыйыы; киьи аналын, оло5у дирицник таба ейдуургэ уерэтии;
-тереебут тылынан уус-уран айымньы айыллар угэьин, кистэлэцин, араас ньыматын билиьиннэрии;
-уерэнээччи айымньылаахтык толкуйдуур уонна айар дьо5ура тобулларыгар суол аьыы;
-уус-уран айымньыны уран тыллаах, ураты дьо5урдаах, талааннаах дьон айарын ейдетуу.
Бырагыраамма5а саха литературатын 5-11 кылааска уерэтии ус суьуеххэ арахсар: 1 суьуех-5-7 кылаас; 2 суьуех-8-9 кылаас; 3 суьуех 10-11 кылаас.
1 суьуеххэ саха литературатын уруогар уус-уран айымньыны аа5ыы таьынан, айымньы айыллар кистэлэцин билиьиннэрэр сорук турар. Ол иьин айымньы уус-уран керуцунэн наарданна. Литература теориятын сурун ейдебуллэрэ бу суьуеххэ киэцник киирдэ.
2 суьуех уус-уран айымньыны аа5ары тэцэ, литература киьи оло5ун уустаан-ураннаан хоьуйар искусство ураты керуцэ, уустук эйгэтэ буоларын билиьиннэрэр соруктаах. Ол иьин бу суьуеххэ айымньы оло5у арыйан кердерер проблематынан наарданна. Бу суьуеххэ суруйааччы оло5о айымньытын кытта ситимнээн уерэтиллэр.
3 суьуех уус-уран айымньыны аа5ары таьынан, саха литературата уескээбит уонна сайдан кэлбит суолун билиьиннэрэр соругу толорор. Суруйааччы оло5у керуутэ, философията, эстетиката, айар маастарыстыбата, ураты стилэ анаан-минээн уерэтиллэр.
5 кылаас
5 кылаас о5о аа5ар дьо5ура, уус-уран ылынар, оло5у анаарар кыа5а сайдарыгар ураты суолталаах кэм. Бу кэмцэ о5о литература5а, уус-уран тылынан айар дьарыкка ордук аьа5ас, ылынымтыа буолара биллэр. Онон бу кылааска уерэнээччини сайыннарыы, иитии сурун тускулларынан манныктары бэлиэтиир олохтоох:
-хоьоонноохтук, айымньылаахтык аа5ыыны баьылыыр кыахха киириэхтээх;
-кыра кэрицнээх айымньыны ейтен, хоьоонноохтук аа5ыы ньымаларын баьылыыр, аа5арын себулуур;
-уус-уран айымньыны аа5ыыга тардыстар, дуоьуйууну ылар кэрицнэрин ицэрии ситиьиллиэхтээх;
-о5о тылынан ситимнээх сацатын сайыннарыы. Айымньы ис хоьоонун кылгатан, талан кэпсиир дьо5уру баьылыыр, ыйытыыларга, сэьэргэьиигэ бэйэтин санаатын этэ уерэнэр;
-ейге оцорон керер кыа5а аьыллар, айан кэпсээьин терутун уурар;
-кыра кэрицнээх айар уонна ейтен суруйар дьо5урга сыьыарыы;
-герой, персонаж туьунан бастакы ейдебулу ицэрии;
-автор суруйааччы туьунан ейдебулу биэрии;
-норуот тылынан уус-уран уус-уран айымньытын, керуцнэрин туьунан ейдебулу дирицэтии.
6 кылаас
Уерэнээччи 5 кылааска ылбыт уеруйэхтэрин салгыы сайыннарыы ситиьиллэр. 6 кылаас о5отун улэтин керуцэ:
-айымньылаах аа5ыы ньымаларын баьылыыр, ейтен хоьоонноохтук аа5ыынан дьарыктанар;
-уус-уран айымньыны аа5ыынан умсугуйар, аа5ыыга тардыстар, уус-уран айымньыны ырытыыга, кэпсэтиигэ ба5атыйан кыттар;
-саба быра5ан туох, хайдах буолбутун кэпсээьининэн муцурдаммакка, герой майгытын, иэйиилэрин, дьайыыларын теруеттэрин быьааран, ырытан кэпсиир;
-кыра кэрицнээх айар уонна ейтен суруйар дьо5ура салгыы сайыннарар;
-литература теориятыттан ылбыт билиитигэр тирэ5ирэн, биирдиилээн о5о айымньы сюжетын, геройдарын ырытар, чинчийэр кыахха тиийэр;
-айымньыга ойуулуур-дьуьуннуур уус-уран ньыма арааьа хайдах туттулларын бол5ойор, кэтээн керер, бэйэтэ эрчиллэригэр, айан холоноругар туьанар;
-талбыт тематыгар араас айар улэни оцорор, айан холонор.
7 кылаас
7 кылааска о5о:
-уус-уран айымньыны аа5ыыга олохтоохтук умсугуйар, аа5ыыга тардыстар, уус-уран айымньыны ырытыыттан олох уустук кестуулэрин быьаара уерэнэр;
-о5о кэпсээьин бары керуцун барытын ырытан, бэйэтин санаатын сыьыаран, быьааран кэпсиир дьо5уру баьылыыр;
-айан кэпсээьин ньымаларын таба туьанар, сэьэргэьиигэ бэйэтин санаатын толору этэр;
-мэтириэти, герой характеристикатын, уус-уран ньымалары быьаарыы, бэйэ улэтигэр туьаныы, литературнай диктант, аахпыттан суруйуу, айар уонна ейтен суруйар дьо5урга сыьыарыы;
-фольклоргай айымньы уус-уран ньымаларын билиьиннэриини дирицэтии;
-автор-уобарас-аа5ааччы ситиминэн уус-уран айымньы сюжетын, сюжет олуктарын, айымньы композициятын ырытыы.
8 кылаас
8 кылааска о5о:
-уус-уран айымньыны аа5ыы бары керуцун муцутуурдук баьылыыр, аа5ыыны оло5ун тутаах ирдэбилин курдук ылынар, уус-уран айымньынан дьон сыьыанын, олох уустук кестуулэрин ейдуур, ырытар таьымца тахсар;
-о5о кэпсээьин бары керуцун барытын ырытан, бэйэтин санаатын сыьыаран, быьааран кэпсиир дьо5уру баьылыыр;
-мэтириэти, герой характеристикатын, уус-уран ньымалары быьаарыы, бэйэ улэтигэр туьаныы;
-айымьыны уус-ураннык (сиьилии, кылгатан, талан) кэпсиир;
-аахпыт текскэ судургу эбэтэр уустук былааны оцорор;
-уус-уран айымньыга эбэтэр бэйэ билбитигэр оло5уран ейтен суруйар;
-кыра кээмэйдээх кэпсээни, хоьоону айарга холонор.
9 кылаас
9 кылааска уерэнээччи алын кылаастарга ылыммыт уеруйэхтэрин салгыы сайыннарыы ситиьиллэр.
9 кылааска о5о:
-урдук таьымнаах аа5ааччы быьыытынан сайдар;
-уус-уран ойуулуур-дьуьуннуур ньымалары улэ5э таба туьанар;
-проблемнай уонна тойоннооьун кэрицнээх ейтен суруйуулары, уобарастар тиьиктэрин ырытыыны, айымньылары тэцнии тутан ырытар суоллары баьылыыр;
-литература историятын, хаамыытын туьунан уопсай ейдебулу ылар;
-эпическэй айымньы сюжета олох ханнык чахчытыгар оло5уран суруллубутун быьаарар; айымньы ис номо5ун кэм-кэрдии ситимин, хоьуйар кэм бэлиэтин кытта ситимнээн ейдуур;
-айымньыны уус-ураннык кэпсиир;
-ейтен суруйуу араас ньыматыгар эрчиллэр;
-бэйэ санаатын тылынан уонна суругунан этэргэ былаан оцорор.
- бырайыактааьын ньыматын туьанан барбыт туьумэххэ бырайыак кемускуур.
10 -11 кылаас
-уерэппит айымньытын туьунан сурун эбэтэр утарыта сыанаблы билсиьэр, айымньыны ейдуургэ, ырытарга туьанар;
-саха уус-уран литературата сайдыбыт сурун туьумэхтэрин билэр; туьумэх сурун уратытын, бэлиэ айымньыларын, олох хаамыытын кытта ситимин ейдуур;
-литература уерэ5ин сурун ейдебуллэрин, терминнэрин билэр, уус-уран айымньыны ейдуургэ, ырытарга туьанар;
-сахалыы ыраастык, санаатын сатаан сааьылаан сацарар;
-хоьоонноохтук, уус-ураннык аа5ар, кэпсиир;
-проблемнай тема5а биир эбэтэр хас да айымньыга оло5уран толкуйдаан, тойонноон ейтен суруйар;
-литература тематыгар реферат суруйар, иьитиннэрии оцорор;
-бэйэ суруйар улэтигэр былаан, тезис, конспект оцорор;
-уус-уран литература стилин тутуьан араас керуццэ, жанрга айан холонор, суруйар.
-бырайыактааьын ньыматын туьанан туьумэххэ бырайыак кемускуур.
Уерэх былааныгар саха литературатын биридимиэтин миэстэтэ
Уерэх бэдэрээссийэлии терут (базиснай) былаанын былааныгар саха оскуолатын иккис суьуе5эр (5-9 кыл) тереебут тылы уонна ситимнээх сацаны уерэтиигэ барыта холбоон нэдиэлэ5э 11 чаас бэриллэр: 5 кылааска – 2 чаас, 6 кылааска – 2 чаас, 7 кылааска – 2 чаас, 8 кылааска – 2 чаас, 9 кылааска – 2 чаас. Уьус суьуеххэ (10-11 кыл) нэдиэлэ5э холбоон 4 чаас бэриллэр: 10 кылааска-2 чаас, 11 кылааска-2 чаас.
5-11 кылааска саха литературатын уерэтии кээмэйэ
Кылааьа 5 к 6 к 7 к 8 к 9 к 10к 11к
Уопсай чааьа 68 68 68 68 68 68 68
Киирии тиэмэ 1 1 1 1 1 1 1
Ааспыты хатылааьын 2 2 2 2 2 2 2
Норуот тылынан уус-уран айымньыта 15 15 11 8 10 - -
Уус-уран литература 47 47 51 54 52 62 62
Сыл тумугунэн хатылааьын 3 3 3 3 3 3 3
«Саха литературата» биридимиэт ис тутула. Тиэмэнэн былаан.
6 кылаас (68 чаас)
Киирии тиэмэ (1 чаас)
Хатылааьын. 5 кылааска барбыты хатылааьын. (2 чаас)
Норуот тылынан уус-уран айымньыта (15 чаас)
Олоцхо (2 чаас) Олоцхо ейдебулэ. Олоцхо5о сырдык-хараца курсуутэ. Киьи модун санаатын, кууьун-уо5ун, кыа5ын, урдук аналын хоьуйуу.
Ойуулуур дьуьуннуур ньыма арааьа.
Олоцхоьут. Олоцхоьут суруйааччылар.
Сергей Васильев-Борогонскай «Эрчимэн Бэргэн» олоцхото (6 чаас)
Норуот сэьэнэ. Норуот сэьэнин ейдебулэ. Сэьэн, номох, уьуйээн. (2чаас)
Майа5атта Бэрт Хара (3 чаас)
КТА. «Наара суох туьунан сэьэннэр» (1 чаас)
Хатыааьын. Тумуктуур улэ. (1 чаас)
Уус-уран литература (47 чаас)
Хоьоон (8 чаас)
Хоьоон. Сахалыы хоьоон. Хоьооццо этиини оцоруу ньымата: инверсия, перифраз, хатылааьын. Хоьоон ойуулуур -дьуьуннуур ньымата. (1чаас)
Эллэй «Таптыа5ыц ийэни» (1 чаас)
Кундэ «Кии сыта», «Тереебут дойду» (1 чаас)
Семн Данилов «Саха сацата» (1 чаас)
Куннук Уурастыырап «Олох» (1 чаас)
А.Аба5ыыныскай «Куех» (1 чаас)
КТА. (1 чаас)
Хатылааьын. Тумуктуур улэ. (1 чаас)
Кэпсээн (14 чаас)
Кэпсээн сюжета, тутула. Литературнай герой мэтириэтэ. Айыл5аны ойуулааьын. Спха кэпсээнигэр киьи майгыта-сигилитэ. (1 чаас)
А.И.Софронов-Алампа «Дьуьун кубулуйумтуо» (2 чаас)
П.А.Ойуунускай «О5о куйуурдуу турара» (2 чаас)
Эрилик Эристиин «Хачыгыр» (3 чаас)
Софрон Данилов «Манчаары Баьылай» (2 чаас)
КТА. Кундэ «Марба» (2 чаас)
Хатылааьын Тумуктуур улэ (2 чаас)
Угэ (3 чаас)
Угэ ейдебулэ, уратыта. Угэ5э ханалытан этии (аллегория туттуллуута). Киьи куьа5ан кэмэлдьитин, сиргэ баппат майгыны-сигилини сытыытык элэктээн хоьуйуу.
Кун Дьирибинэ «Тураахтаах Куудээх»
КТА. Кун Дьирибинэ «Кебуехтуурун аанньа куех киьиргэс».
Сэьэн (13 чаас)
Сэьэн ейдебулэ, жанр уратыта, сюжета, тутула. Уус-уран уобарас ейдебулэ.( 1чаас)
Т.Е.Сметанин «Егор Чээрин» ( 3 чаас)
Н.А.Лугинов «Нуоралдьыма чарацар» (3 чаас)
П.Н.Тобуруокап «Текелук уонна Тэкэлик» (3 чаас)
КТА. (2 чаас)
Хатылааьын. Тумуктуур улэ. (1 чаас)
Драма (6 чаас)
Драма ейдебулэ, сюжета, тутула. Драма керуцэ. Персонаж сацата, тыла-еье. Автор тыла (ремарка, реплика). Сурун уонна ойо5ос герой. (1 чаас)
Н.Д.Неустроев «Тиэтэйбит» комедия (3 чаас)
КТА, Суорун Омоллоон «Куцул» драматтан быьа тардыы.(2 чаас)
Сыллаа5ы хатылааьын (3 чаас)
8кылаас (68 чаас)
Киирии тиэмэ (1 чаас)
Хатылааьын. 6-7 кылааска барбыты хатылааьын. (2 чаас)
Норуот тылынан уус-уран айымньыта (8 чаас)
Мифология (3 чаас)
Миф-норуот буттуун ейе айбыт философията. Мифологическай уобарастар. Сир-халлаан, сир-дойду, киьи-суеьу хайдах уескээбитин туьунан мифтэр. (1 чаас)
«Дьыл о5уьа» (1 чаас)
«Сир ийэ айыллыбыт ырыата» (1 чаас)
Тойук (5 чаас)
Тойук ейдебулэ, уус-уран уратыта. Тойук арааьа, сюжета, уус-уран тутула, сурун уобарастар. (1 чаас)
Сергей Зверев «Суоьалдьыйа Толбонноох» (3 чаас)
Айар улэ (1 чаас)
Саха уус-уран литературата (54 чаас)
Норуот тылынан уус-уран айымньытын угэстэрэ, матыыптара уус-уран литература5а (10 чаас)
Норуот тылынан уус-уран айымньыта-саха уус-уран литературатын уескээбит терде. (1 чаас)
Ексекулээх Елексей –саха бастакы ырыаьыта-хоьоонньута, айар тыл а5ата. (1 чаас)
«Байанай алгыьа». Баай Байанай уобараьа. Булчут уобараьа. (1 чаас)
И.М.Гоголев-Кындыл «Хара кыталык» романа. Ромацца хара кыталык туьунан норуот номо5о. (5 чаас)
КТА. В.Н.Гаврильева «Болугур Айыыта» (2 чаас)
Тереебут дойду туьунан (13 чаас)
Алампа «Тереебут дойду» хоьооно (2 чаас)
Софрон Данилов «Кии сыта» кэпсээнэ (2 чаас)
Эллэй «Тереебут дойдубар» хоьооно (1 чаас)
Л.А.Попов «Саныыбын тереебут алааспын», «Хоптолор» хоьоонноро (1 чаас)
Николай Габышев «Ийэ буор» кэпсээнэ (2 чаас)
Николай Лугинов «Айгылла» кэпсээнэ (2 чаас)
Хатылааьын (1 чаас)
Тумуктуур улэ. Ейтен суруйуу (1 чаас)
Сэрии уонна эйэ туьунан (11 чаас)
Сэрии алдьархайа, сэрии героиката. Саха норуота тыылга оло5о. (1 чаас)
Амма Аччыгыйа «Аймал5ан» («Сааскы кэм» романтан быьа тардыы) (3 чаас)
Эллэй «Бырастыылаьыы» хоьооно (1 чаас)
Аба5ыыныскай «Кыайыы анда5ара» хоьооно (1 чаас)
Макар Хара «Кыталык», «Саллаат суруктара» (2 чаас)
Ча5ыл5ан поэзията «Саха буойуцца», «Герой туьунан ырыа», «Мин улууьум киьитэ» ( 1чаас)
КТА. (1 чаас)
Тумуктуур улэ. Ейтен суруйуу. (1 чаас)
Айыл5а абылаца (10 чаас)
Тереебут айыл5аны хоьуйуу уратыта. Айыл5а уонна киьи. Пейзаж ейдебулэ. Айыл5аны хоьуйар ньымалар.(1 чаас)
Куннук Уурастыырап «Со5отох хахыйах», «Тукулутта эбэбин», «Атыыр уерэ берелер» хоьоонноро. (1 чаас)
С.Васильев-Борогонскай «Аар байах тиитим», «Бырастыылаьыы».( 1 чаас)
Иван Доосо «Сардаана», «Отуу уота», «Кубалар» хоьоонноро. (1 чаас)
Г.С.Угаров-Угаалаах «Долбор сулуьа» сэьэнэ.(3 чаас)
Н.А.Лугинов «Суор» (2 чаас)
КТА. (1 чаас)
О5олор уонна а5алар (10 чаас)
Амма Аччыгыйа «Ийэ» хоьооно.(1 чаас)
Эллэй «Таптыа5ыц ийэни» хоьооно. (1 чаас)
С.П.Ефремов «Куорат кыыьа» драма. (3 чаас)
КТА. Суорун Омоллоон «Чуечээски» кэпсээнэ.(3 чаас)
Хатылааьын. Тумуктуур улэ. Ейтен суруйуу.(2 чаас)
Сыллаа5ы хатылааьын (3 чаас)
кылаас (68 чаас)
Киирии тиэмэ (1 чаас)
Хатылааьын. 7-8 кылааска барбыты хатылааьын. (2 чаас)
Норуот тылынан уус-уран айымньыта (10 чаас)
Олоцхо. Олоцхо темата, сюжета, сурун геройдара. Айыы бухатыыра-киьи бастыц идеала. Олоцхо поэтиката. Олоцхо фантастиката. Саха олоцхотун уескээбит терде.
«Дьулуруйар Ньургун Боотур» олоцхо.
Тумуктуур улэ. Бырайыактааьын.
Саха уус-уран литературата (52 чаас)
Норуот уонна история (10 чаас)
В.С.Яковлев –Далан –саха народнай суруйааччыта. «Тулаайах о5о» романтан быьа тардыы (5 чаас)
Айымньыга Саха сирин норуоттарын туц былыргыта, кыргыс уйэтинээ5и олох-дьаьах.
А5а ууьунан атааннаьыы, меккуер сурун теруетэ.
Сурун геройдар быьыылара-майгылара.
Айымньы тылын-еьун уратыта.
С.Р.Кулачиков-Эллэй «Буур5а буулдьа дьылыгар» поэмата. Поэма гражданскай героиката (2 чаас)
М.Д.Ефимов хоьоонноругар норуот былыргы историята (2 чаас)
Тумуктуур улэ (1 чаас)
Киьи уонна кини уйул5ата (10 чаас)
Н.Д.Неустроев «Балыксыт» кэпсээнэ. Айыл5а уонна киьи. Елуу уонна олох. Былатыан дьыл5ата (2 чаас)
Н.Заболоцкай-Чысхаан «Мааппа» кэпсээнэ. Мааппа- хара санаа, ицсэ-обот, баай сиэртибэтэ. Олоххо. Дьолго тардыьыы кууьэ (3 чаас)
Софрон Данилов «От урэххэ» кэпсээнэ. Сэрии уонна киьи, тыйыс уонна хоргус майгы. Олох тыцааьыннаах тугэнигэр киьи дууьатын ис дьицэ арыллыыта.(3 чаас)
В.Н.Потапова поэзията. Киьи ис туруга, дириц иэйиитэ-поэт хоьоонноругар. (1 чаас)
Тумуктуур улэ (1 чаас)
Киьи дьыл5ата уонна норуот кэскилэ (12 чаас)
Ексекулээх Елексей –саха уус-уран литературатын теруттээччи. «Ортоку олох аргыьа», «Ерус бэлэхтэрэ» айымньылара. «Ерус бэлэхтэрэ» поэма5а символ уобарастар (2 чаас)
Алампа-саха талааннаах суруйааччыта. Поэт, прозаик, драматург. Оло5ун уонна айар улэтин суола. Поэт хоьоонноругар киьи телкетун, оцоьуутун туьунан санаа ситимэ.(2 чаас)
П.А.Ойуунускай –саха советскай литературатын теруттээччи. Норуот чулуу уола, кэрэ киьитэ. «Улуу Кудацса» сэьэнэ. Улуу киьи уобараьа. Былаас-куус, утуе-меку охсуьуута. «Улуу Кудацса» театр сценатыгар (3 чаас)
П.А.Ойуунускай «Иирбит Ньукуус» кэпсээнэ (2 чаас)
Семен Данилов «Саатал», «Кэс тыл», «Саха тыла», «Ебугэ еье» хоьоонноро. Хоьоонноругар ийэ дойдуга, тереебут норуокка куустээх таптал этиллиитэ (1 чаас)
О.Н.Корякина-Умсуура «Саха кыыьын дьыл5ата», «А5а келуенэ5э», «Тереебут тыл» хоьоонноро. Умсуура поэзиятыгар норуот, тыл билицци туругун, кэскилин, инникитин туьунан санаа этиллиитэ (1 чаас)
И.С.Зверев –ураты суоллаах-иистээх поэт (1 чаас)
Таптал- киьи истиц иэйиитэ (12 чаас)
Ексекулээх Елексей «Кыраьыабай кыыс». Саха кыыьын идеала (2чаас)
Алампа таптала. «Уруц туллук эрэ мелбестуур», «Уулларбыт хор5олдьун курдук», «Миигин то5о ыллаппаккын», «Ньургуьуннаа5ар ньуолдьа5ай ньуурдаах» хоьоонноро. Алампа поэзиятыгар лирическэй герой уратыта (2 чаас)
Алампа –талааннаах драматург. «Таптал» драма. Тапталга, дьолго тардыьыы кууьэ. Былыргы олоххо дьахтар дьыл5ата (3 чаас)
Д.К.Сивцев-Суорун Омоллоон «Аанчык» кэпсээнэ (2 чаас)
П.Н.Тобуруокап хоьоонноругар дьиц олохтон ылыллыбыт уобарастар (1 чаас)
И.М.Гоголев «Хап-харанан кер эрэ», «Тапталла5ым хара5а», «Мин эйигин таптыыбын», «Сэрэйбэккин да5аны» хоьоонноро. Таптал романтиката (1 чаас)
Тумуктуур улэ (1 чаас)
Поэт, суруйааччы олоххо анала (8 чаас)
Алампа мунчаарыылаах лириката (1 чаас)
П.А.Ойуунускай «Ийэм Дьэбдьэкиэй уцуо5ар», «Туруц, туруц, туойуц!» (1 чаас)
С.П.Данилов хоьоонноругар поэт киьи урдук канала. «Миэхэ айбыт айыл5ам», «Ырыа туьунан», «Ойуунускайдыын кэпсэтии» (1 чаас)
Р.А.Кулаковскай «А5ам оло5о» сэьэниттэн быьа тардыы. Норуокка анаммыт олох (3 чаас).
С.Т.Руфов «Киьи дууьатын кердееммун», «Оьо5ум оттуллан тоьуйаар», «Хоьоон диэн..», «Поэт дьиэтэ» хоьоонноро. Лирическэй герой-сэмэй майгылаах улэьит киьи. ( 1 чаас)
КТА. В.С.Яковлев «Ырыаьыт туьунан номох» (1 чаас)
5. Хатылааьын (3 чаас)
кылаас (68 чаас)
Киирии тиэмэ (1 чаас)
Хатылааьын. 9-10 кылааска барбыты хатылааьын. (2 чаас)
Саха литературата А5а дойду сэриитин кэмигэр ( 12 чаас)
Саха литературата а5а дойду сэриитин кэмигэр сайдыыта. ( 1 чаас)
С.Васильев-Борогонскай оло5о, айар улэтэ. А5а дойду сэриитин кэмигэр утуетэ. «Кылбацнаа эрэ, кылыьым!» , «Кылбаьыйар кыраан уута» айымньылара (3 чаас)
Т.Е.Сметанин «Кырльык иьин кыргыс», «Бырастыылаьыы», «Хааннаах хара баттах», «Саллаат сурэ5э», «саллаат ахтыл5ана», «Босхоломмут дэриэбинэ», «Саллаат», «Учугэйин даа тыыннаах буолар» хоьоонноругар сэрии тыына, тыйыс кырдьыга. Кыайыыга эрэл. Саха саллаатын уобараьа. (2 чаас)
Г.И.Макаров-Дьуон Дьацылы «Лена тигинии устар», «Хаьан сэрии буттэ5инэ», «Лена5а», «Ар5аа, ар5аа, тус ар5аа», «Бырастыы», «Елееру сытан» хоьоонноро. Дьуон Дьацылы фроннаа5ы поэзиятын уратыта, тыла-еье. (2 чаас)
Д.С.Федоров –Дмитрий Таас «Кыьыл кемус хоруоп» сэьэнэ. Кириьээн муччургэннээх сырыылара. Ньыыкан о5онньор дьыл5ата. (3 чаас)
Хатылааьын. Тумуктуур улэ (1 чаас)
Уустук кэм литературата -1946-1960сс ( 15 чаас)
С.П.Данилов –олох кестуулэрин бэйэтин нецуе аьарбыт лирик поэт. «Эдьиийдэриэм. Кэрэ кыыс», «До5оруом, дабай куех сыырдаргын», «Уунуу» колхоз кыыьабын», «Ыллаа-ыллаа, до5оччугуом», «Алааска мин ыаллыы колхозпар», «Чачаани», «Саха уцкуутэ». Поэт философскай лириката. (2 чаас)
А.И.Федоров «Студент кэпсээнэ». Ийэ тапталын се5уруйбэт кууьэ. Тулаайах о5о дьыл5ата. (2 чаас)
Л.А.Попов лириката. Ырыа буолбут хоьооннор. «Илиибэр эн илииц баар курдук», «Сурук», «Студент до5орбор», «Кыталыктар кырдаллара», «Эйэ ырыата», «Хоту уескээбит буоламмын». (2 чаас)
Н.Г.Золотарев-Николай Якутскай « Телке» эпопея-романа. Роман суруллубут историята. Сурун геройдар дьыл5алара. Ромацца уьуйээн сабыдыала. Дьыл5а, телке, кецул алтыьыыта (6 чаас)
Г.Г.Вешников –Баал Хабырыыс –талааннаах лирик. «Ньургуьуннар», «Кун бытархайа», «Чуумпуну иьиллии», «Баара5ай тиит». (2 чаас)
Тумуктуур улэ (1 чаас)
Саха билицци литературата (1960-1985сс) (21 чаас)
Софрон Данилов «Сурэх тэбэрин тухары» романыттан быьа тардыы. Ромаццв билицци дьон улэтин-хамнаьын, сиэрин-майгытын, ейун-санаатын биир оскуола оло5унан кердеруу. Сурун герой уобараьа. Ромацца билицци уонна ааспыт кэм алтыьыыта. Софрон Данилов -ис монолог маастара.(6 чаас)
П.Н.Тобуруокап –ырыанньык поэт. «Эн миигин ахтарыц буолаарай», «Тула еттум тула хаар», «Кетен тахсыц, кыталыктар», «Эмискэ хаастарын турдэстэн», «Маама кыыьа» (2 чаас)
Н.А.Габышев -саха биллиилээх кэпсээнньитэ. «Анфиса», «Мичээр» кэпсээннэрэ. (3 чаас)
Д.П.Дыдаев хоьоонноругар тереебут дойдуга таптал. «Ер сыллаах ахтыл5аным», «А5ам чохорооно», «Ырыаьыкка», «Хара быраат хара убайыгар суруйбут суруга», «До5отторбор уелээннээхтэрбэр». (1 чаас)
В.С.Яковлев-Далан «Дьикти саас» сэьэнэ. Дьикти саастаахтар уонна а5а келуенэ. Сэьэццэ билицци уонна ааспыт кэм алтыьыыта. Кеша Попов олох, таптал туьунан ейдебулэ. (6 чаас)
В.Н.Потапова –саха талааннаах поэтессата. «Учугэйиэн бу сиргэ», «Буруйдаабаппын кими да», «Улуу буолбатах эбиппин», «Хахыйах ырыата», «Курус санаа генийэ», «Туул». Ере кете5уллуу уонна санаа туьуутун матыыптара. (2 чаас)
Тумуктуур улэ. (1 чаас)
6. Саха литературата саца кэм кирбиитигэр -1986-1999сс (14 чаас)
Н.А.Лугинов «Алампа, Алампа…» драматыттан быьа тардыы. Поэт уустук оло5о, дьыл5ата. Алампа таптала, трагедята. Ытык киьи уобараьа. (5 чаас)
И.М.Гоголев-Кындыл «Санньыар санаам сэргэтэ». Кэпсээццэ сиэр-майгы, айыл5а айгырааьына. (2 чаас)
О.Н.Корякина-Умсуура поэзията. «Кэп туонуу», «Санаа хаайыыта», «Муцатыйыы». Умсуура поэзиятыгар норуот дьыл5ата. (2 чаас)
Н.В.Михалева-Сайа поэзията. Тапталга, дьолго талаьыы кууьэ, олох умсул5ана. (2 чаас)
КТА. Дьахтар поэтессалар. (1 чаас)
КТА .(1 чаас)
Тумуктуур улэ. (1 чаас)
7.Хатылааьын. Тумуктуур улэ (3 чаас)