Рабочая программа по учебным предметам Родной язык и литература в 3 классе


УТВЕРЖДАЮ
Директор:
____________________
/
СОГЛАСОВАНО
на заседании научно-методического совета
Протокол №___
от « __»______2015г.
Зам. директора __________________
РАССМОТРЕНА
на заседании методического объединения
Протокол №__
от «__»____2015г.
Заместитель директора по УВР: _____________
/

РАБОЧАЯ ПРОГРАММА
по учебным предметам «Родной язык и литература»
в 3 классе
на 2015-2016 учебный год
Составила: Трофимова А.А.,
учитель начальных классов
ТӨРӨӨБҮТ ТЫЛ
Саха тылын 3 кылааска (1-4) үөрэтии бырагараамата.
Быһаарыы сурук
Бырагараама Саха Республикатын Төрүт омуктарын оскуолаларын чинчийэр институтун иһинэн оҥоһуллубут программаҕа тирэҕирдэ. Ааптардара: Л.В.Захарова, салайааччы, С.Е.Потапова, В.А.Тимофеева, С.А.Баснаева, Н.С.Олесова. 2004 сыллаах үөрэхтээһин государственнай стандартыгар эппиэттиир.
Саха Республикатын (2005с. оҥоһуллубут, 2011 с. уларытыылар киллэриллибит) базиснай үөрэҕин былааныгар, 2 №дээх оскуола 2012-13 сыллаах үөрэҕин былааннарыгар сөп түбэһэр.
Төрөөбүт тылы үөрэтии саха тылын кытта бодоруһуу уруоктара дьүөрэлэһэр , ааҕыы уруоктара кылаас таһынан ааҕыыны кытта тиэмэлэринэн аттарылынна. Оскуола политехническай хайысхатын олоххо киллэриинэн сибээстээн ааҕыы уруоктарыгар чиэппэр аайы 1-дии чаас интегрированнай уруоктар (ааҕыы+технология/уруһуй+өбүгэ үгэһэ) киирдилэр, 1 чаас сылы түмүктүүр уруок (сылга барыта 5 чаас).
Үөрэх предметин өйдөбүлэ
Оскуолаҕа төрөөбүт тыл предметэ баһылыыр суолталаах. Төрөөбүт тылы үөрэтии олох саҥа ирдэбилигэр эппиэттиир, билиҥҥи оҕо сайдыытын хааччыйар соруктаах. Кыра кылаас оҕото өйдөөн, сөп тэтимнээхтик таба ааҕара, суруйара, онтун ырытара, дьиҥ чахчыны кытта тэҥнээн көрөрө, санаатын сааһылаан этэрэ, кэпсиирэ, кэпсэтэрэ, түмүктүүрэ бэйэтин төрөөбүт тылын билэриттэн тутулуктаах.
Программа сүрүн сыала-соруга – тылынан уонна суругунан саҥаны сайыннарыы, ортоку сүһүөх оскуолаҕа саха тылын уонна литература курсун үөрэтиигэ бэлэмнээһин.Манна биллэрэр, сайыннарар, иитэр сорук тэҥҥэ дьүөрэлэһэр.
Программа үгэс буолбут үөрэхтээһин тупсарыллыбыт систематыгар олоҕурар. Билии, сатабыл уонна үөрүйэх кээмэйэ үөрэх стандартын ирдэбилигэр сөп түбэһэр.
Төрөөбүт тылы үөрэтии түөрт сүрүн салаалаах:
- грамотаҕа үөрэтии;
- ааҕыыга үөрэтии;
- фонетика, грамматика, таба суруйуу;
- тылы сайыннарыы.
Хас биирдии салаа тылы туттуу түөрт көрүҥүн (истии, саҥарыы, ааҕыы, суруйуу үөрүйэхтэрин) дэгиттэр сайыннарар соруктаах.
Үөрэх былааныгар миэстэтэ
Үөрэх базиснай былааныгар олоҕуран төрөөбүт тылы үөрэтиигэ 3 кылааска барыта холбоон нэдиэлэҕэ 5 чаас бэриллэр. Бу чаастартан саха тылын үөрэтиигэ 3 чаас, ааҕыыга – 2 чаас бэриллэр.
Төрөөбүт тыл предметигэр үөрэтиллэр матырыйаал маннык аттарылынна:
нэдиэлэ чааһын ахсаана – 5 чаас;
сылга барыта – 170 чаас:
саха тыла(85 чаас) + бодоруһуу(17 чаас) = 102 чаас;
ааҕыы уруога (59ч)+ кылааһы таһынан ааҕыы (9ч) =68 чаас
Үөрэх предметин үөрэтии түмүктэрэ
Саха тыла
3 кылаас үөрэнээччитигэр сыл бүтүүтэ ирдэбиллэр:
тылы састаабынан ырытар (олоҕо+сыһыарыылара);
тыл саҥа чаастарын, сүрүн бэлиэлэрин быһаарар (аат тыл, даҕааһын аат, солбуйар аат, туохтуур);
этии тутаах уонна ойоҕос чилиэннэрин булар, дакаастыыр, бэлиэтиир;
этииттэн тыллар ситимнэрин оҥорор, наадалаах тыл ситимнэрин булар;
судургу этиини чилиэннэринэн ырытар;
этии араастарын булар, быһаарар буолуохтаах.
Бодоруһуу
3 кылаас үөрэнээччитигэр сыл бүтүүтэ ирдэбиллэр:
билэр дьонун кытта араас миэстэҕэ, араас түгэҥҥэ кэпсэтиини сатаан саҕалыыр, түмүктүүр;
үөрбүтүн, хомойбутун, тугу сөбүлүүрүн, сирэрин сиэрдээхтик биллэрэр;
тылдьыты туһанары сатыыр;
сурук судургу көрүҥүн (эҕэрдэ, сурукка харда) суруйар буолуохтаах.
Ааҕыы, интонацияны тутуһуу
3 кылаас үөрэнээччитигэр сыл бүтүүтэ ирдэбиллэр:
тиэкиһи сөпкө, өйдөөн сатаан тыынан, тылын чуолкай этэн түргэнник ааҕар;
биир уустаах чилиэннээх этиигэ субуруччу ааҕыы, туһулуу интонациятын тутуһар;
искэ(бастакы ааҕыы) ааҕан баран ыйытыыга эппиэттиир эбэтэр кэпсиир;
былааны тутуһан ааҕар, кэпсиир.
Кылааһы таһынан ааҕыы
3 кылаас үөрэнээччитигэр сыл бүтүүтэ ирдэбиллэр:
сөбүлүүр тиэмэтигэр суруллубут кинигэни талан ааҕар;
таптыыр суруйааччым диэн өйдөбүл үөскүүр;
кинигэни ааҕыы культуратын тутуһар (ааҕар миэстэни, бэрээдэги тутуһар, кинигэни харыстыыр, абырахтыыр…).
Предмети үөрэтии сүрүн ис хоһооно
Саха тыла (85ч)
3 кылааска үөрэтиллэр матырыйаал темаларынан наарданыыта:
Аһаҕас дорҕоон (1ч.). Дифтонг (1ч). Бүтэй дорҕоон (1ч)
Хоһуласпыт бүтэй дорҕоон (1ч). Сэргэстэспит бүтэй дорҕоон (1ч). Маарыннаһар бүтэй дорҕоон (1ч).
Араастык этиллэр тыллар (1ч)
Киирии аһаҕас дорҕооннор (1ч). Киирии бүтэй дорҕооннор(1ч). Паараласпыт бүтэй дорҕооннор (1ч).
Тыл састааба (3ч)
Саҥа чааһа (2ч). Аат тыл (8ч). Даҕааһын аат (10ч). Солбуйар аат (8ч). Туохтуур (8ч)
Этии (1ч). Этии араастара (2ч). Этии тутах чилиэннэрэ (13ч). Этии ойоҕос чилиэннэрэ (7ч).
Хатылааһын, корреция, айар уруок, хонтуруолунай үлэ (13ч)
3 кылааска суругунан үлэ кээмэйэ: аахпыттан суруйуу – 80-100 тыл; айан суруйуу – 1-1,5 сирэй.
Диктант тиэкиһин кээмэйэ: үөрэтэр – 50-60 тыл; бэрэбиэркэлиир – 50-55 тыл.
Бодоруһуу (17ч)
3 кылааска үөрэтиллэр матырыйаал темаларынан наарданыыта:
а) истэр уонна тыынар органнар үлэлэрин тупсарар, саҥарар органнар былчыҥнарын сайыннарар, куоласинньэтэ-соното, улаатыннара-куччата үөрэтэр эрчиллиилэр. Тылы, этиини, хоһоонунан тиэкиһи чуолкайдык саҥарыы. Ыксаабакка, тыны сөпкө ылан, иһиллэр гына, улаханнык саҥарарга үөрэнии.
б) бодоруһуу өйдөбүлэ, араастара. Араас ситуациялары кэпсэтиһии, ырытан быһаарыы. Тыл культуратын билсиһии.
в) Саҥа икки арааһа: тылынан саҥа уонна суругунан саҥа. Сурук, эҕэрдэ арааһа.
д) Тиэкиһинэн үлэ.
Бодоруһуу салата – практическай. Араас сыаллаах-соруктаах задачалар, риторическай ситуациялар, оонньуулар.
Ааҕыы (59ч)
3 кылааска ааҕыы уруога тематическай принципкэ олоҕурар. Лексическэй тема ахсын үөрэнэээччи онно сыһыаннаах норуот айымньытын, араас суруйааччы кэпсээнин, хоһоонун, тылбаас айымньыны ааҕар. Онон суруйааччыны кытта билсии салгыы кэҥиир, биир тиэмэлээх тус-туспа айымньыны тэҥнээн көрөр кыах баар буолар. Тиэмэ араас өттүттэн арыллан, оҕо билиитэ-көрүүтэ сааһыланарыгар туһалыыр.
Iтиэмэ. Көмүс күһүн күллэ-үөрдэ
Алтан чуораан тыаһынан (7ч)
II тиэмэ. Алтынньы барахсан айхаллан,
Аҕаллыҥ ахтыбыт кыһыммын (8ч)
III тиэмэ. Сахам сирэ киэҥ кыраай,
Сонун, сонун көстүүлээх (6ч)
IVтиэмэ. Үлэлиир үчүгэй,
Үөрүүтэ дэлэгэй (7ч)
V тиэмэ. Үчүгэйтэн үөрэбит,
Куһаҕантан хомойобут (8ч)
VI тиэмэ. Былыргыны былыт саппат,
Уруккуну уу суурайбат (8ч)
VII тиэмэ. Күндэл сааспыт эргиллэн,
Күммүт күлүм уоттанна (8ч)
VIII тиэмэ. Саргылаах ырыанан
Сайыны уруйдааҥ (7ч)
Кылааһы таһынан ааҕыы (9ч)
Сыллааҕыны түмүктүүр матырыйаал. Эбии ааҕарга айымньылар:
Былатыан Ойуунускай. Тураах тууһута.
Габышев Н.А. Бүөккэ киһиргэс дуо?
Күннүк Уурастыырап. Күһүн уонна кыһын.
Николай Якутскай. Дьукаахтыылар (остуоруйа).
Данилов Сем.П. Тымныы.
Болот Боотур. Таабырыннар.
Данилов Г. Ким киэргэттэ?
Мигалкин И.В. Куоска уонна кутуйах (остуоруйа)
Федоров В. Муоһааһын.
Лугинов Н.А. Алдьархай («Оҕонньор мичээрэ» сэһэнтэн быһа тардыы)
Николай Якутскай. Кыһын ытыыр – чооруос үөрэр.
Пестряков Н. Кыталык уйата.
Федосеев И.Е. Летчик буолуом.
Сметанин Т.Е. Куоскалар уонна саһыл.
Левин И.Н. Чэй суута.
Далан. Кыракый хорсун кыыс Ньырбачаан туһунан кэпсээн.
Суорун Омоллоон. Тымныы муоһа.
Тарабукин В.А. Айылҕа барахсан.
Былатыан Ойуунускай. Саас.
Тролуков М. Чыычааҕым.
Соловьёв В. Тустуук туһунан (чабырҕах).
Саҥа тахсар айымньылартан эбии киирэр.
Предмети үөрэтиигэ материальнай-техническэй хааччыллыы
Бибилитиэкэ пуондата.
Саха тыла: 1-4 кылаас: саха оскуолатын программата. Программаны оҥордулар: Л.В.Захарова, салайааччы, С.Е.Потапова, В.А.Тимофеева, С.А.Баснаева, Н.С.Олесова. – Дьокуускай: Бичик, 2006. – 24 с.
Саха тыла: Үһүс кылааска үөрэнэр кинигэ: (1-4)/[матырыйаалы хомуйан оҥордулар: Захарова Л.В. уо.д.а.; худож. И.С.Филиппова] – Дьокуускай: Офсет, 2009 – 204с., ил.
Кустук: Үһүс кылааска ааҕар кинигэ: (1-4) / Л.В.Захарова, Л.К.Избекова. – 3-с тахсыыта. – Дьокуускай: Бичик, 2006. – 288 с.
Үѳрэх цифровой ресурсалара.
Сахалыы аудиокинигэ. Оҕолорго сахалыы остуоруйалар.2007с
Саһыл уонна бѳрѳ дьукаахтыылар уо. д.а.
Сахалыы аудиокинигэ. Оҕолорго сахалыы остуоруйалар.2007с
Биэс ынахтаах Бэйбэрикээн эмээхсин уо. д.а.
Аудиокинигэ. Арай биирдэ… 2007с.
Үс үтүѳ алгыс уо.д.а.
Бэчээтинэй босуобуйалар.
Кѳрдѳрѳр-иһитиннэрэр босуобуйалар.
Оонньуулар уонна оонньуурдар.
Начаалынай кылаастар кабинеттарын тэриллэрэ.
Халандаарынан тематическай былаан
Саха тыла, бодоруһуу. 3 кылаас(1-4).
Нэдиэлэҕэ 3 чаас, сылга 102 чаас.
Үөрэнэр кинигэ (учебник): Саха тыла.Үһүс кылааска үөрэнэр кинигэ: (1-4)/[матырыйаалы хомуйан оҥордулар: Захарова Л.В. уо.д.а.; худож. И.С.Филиппова] – Дьокуускай: Офсет, 2009 – 204с., ил.
уруок №-рэ
Уруок тиэмэтэ Былааннаммыт күнэ Чахчы буолбут күнэ Бэлиэтээһиннэр
I чиэппэр (25ч)
1. Бодоруһуу. Билии күнэ. 2. Хатылааһын. Алфавит. Тыл. Этии. Текст. 3. Хатылааһын. Тыл састааба. Саҥа чаастара. 4. Аһаҕас дорҕоон 5. Дифтонг 6. Бүтэй дорҕоон 7. Бодоруһуу. 2 кылааска үөрэтиллибити хатылааһын 8. Хоһуласпыт бүтэй дорҕооннор 9. Сэргэстэспит бүтэй дорҕоон 10. Маарыннаһар бүтэй дорҕоон 11. Араастык этиллэр тыллар. Суругунан үлэ. 12. Киирии аһаҕас дорҕооннор 13. Бодоруһуу. Тоҕо биһиги саҥарабытый? 14. Киирии бүтэй дорҕооннор 15. Паараласпыт бүтэй дорҕооннор 16. Түмүктүүр уруок. Дорҕоон 17. Сыыһаны көннөрүү, хатылааһын. 18. Сурук үлэтэ (истэн суруйуу) 19. Бодоруһуу. Саҥара үөрэнэбит 20. Тыл састааба. Үөскэтэр сыһыарыы 21. Тыл састааба. Ситимниир сыһыарыы 22. Тыл састааба. Чиҥэтии 23. Түмүктүүр уруок. Тыл састааба 24. Адм. хонтуруолунай үлэтэ 25. Сыыһаны көннөрүү, хатылааһын. II чиэппэр (23ч)
26. Бодоруһуу. Саҥара үөрэнэбит 27. Саҥа чааһа. Аат, бэлиэ, хайааһын 28. Саҥа чааһа. Маарыннаһар, утарыта суолталаах тыллар 29. Айар уруок 30. Аат тыл 31. Аат тыл. Чопчу предметтэр 32. Бодоруһуу. Саҥара үөрэнэбит 33. Аат тыл. Идэни, хайааһыны, туругу көрдөрөр ааттар 34. Аат тыл. Паараласпыт аат тыллар 35. Аат тыл. Аат тыл уларыйыыта 36. Аат тыл.Түмүктүүр уруок 37. Аат тыл. Сыыһаны көннөрүү. Хатылааһын 38. Аат тыл. Суругунан үлэ 39. Бодоруһуу. Истэргэ, ааҕарга, суруйарга үөрэнэбит 40. Даҕааһын аат 41. Даҕааһын аат арааһа 42. Даҕааһын аат. Күүһүрдэр эбиискэлэр 43. Нууччалыыттан киирбит даҕааһын аат 44. Даҕааһын аат. Хатылааһын 45. Даҕааһын аат. Түмүктүүр уруок 46. Даҕааһын аат. Адм. хонт. үлэ 47. Даҕааһын аат. Сыыһаны көннөрүү уонна хатылааһын 48. Бодоруһуу.Үтүө майгыҥ – көтөр кынатыҥ III чиэппэр
49. Даҕааһын аат. Суругунан үлэ 50. Даҕааһын аат. Хатылааһын 51. Сирэй солбуйар аат 52. Ыйар солбуйар аат 53 Ыйытар солбуйар аат 54 Солбуйар аат туохтууру кытта ситимэ 55 Солбуйар аат. Хатылааһын. Бодоруһуу. Хайҕал да араастаах 56 Солбуйар аат. Түмүктүүр уруок 57 Солбуйар аат. Сыыһаны көннөрүү уонна хатылааһын 58 Солбуйар аат. Суругунан үлэ 59 Туохтуур. Ахсааҥҥа, бириэмэҕэ уларыйыыта 60 Туохтуур сирэйинэн уларыйыыта 61 Буолар, буолбат хайааһын 62 Араас суолталаах туохтуурдар. Сомоҕо тыллар 63 Көмө туохтуур 64 Бодоруһуу. Тылдьыт – эн көмөлөһөөччүҥ 65 Туохтуур. Түмүктүүр уруок 66 Туохтуур. Сыыһаны көннөрүү уонна хатылааһын 67 Туохтуур. Суругунан үлэ 68 Этии. 69 Этии араастара 70 Этии араастара 71 Бодоруһуу. Ойуулааһыны уонна цитатаны туттуу 72 Этии тутаах чилиэннэрэ 73 Кэпсиирэ хас да тылынан бэриллиитэ 74 Кэпсиирэ аат тылынан бэриллиитэ 75 Кэпсиирэ даҕааһын аатынан бэриллиитэ 76 Этии тутах чилиэннэрэ. Хонтуруолунай үлэ 77 Этии тутаах чилиэннэрэ. Айар үлэ 78 Бодоруһуу. Аннотация 79 Кэпсиирэ солбуйар аатынан бэриллиитэ 80 Биир уустаах кэпсиирэлэр 81 Туһаан аат тылынан бэриллиитэ IV чиэппэр
82 Биир уустаах туһааннар 83 Солбуйар аат туһаан буолуута 84 Этиини чилиэннэринэн ырытыы 85 Этии тутаах чилиэннэрэ. Суругунан үлэ 86 Бодоруһуу. Диалог уонна монолог 87 Этии ойоҕос чилиэннэрэ 88 Этии ойоҕос чилиэннэрэ. Быһаарыы 89 Этии ойоҕос чилиэннэрэ. Толоруу 90 Биир уустаах ойоҕос чилиэннэр 91 Этии ойоҕос чилиэннэрэ. Түмүктүүр уруок 92 Сыыһаны көннөрүү уонна хатылааһын 93 Этии ойоҕос чилиэннэрэ. Бодоруһуу. Эҕэрдэлээһин 94 Сыллааҕы түмүктүүр уруоктар. Тыл, этии, текст 95 Саҥа чаастара 96 Көҥүл диктант 97 Адм. хонтуруолунай үлэтэ 98 Сыллааҕы түмүктүүр үлэ 99 Сыыһаны көннөрүү уонна хатылааһын 100 Хатылааһын 101 Хатылааһын 102 Хатылааһын Ааҕыы.3 кылаас(1-4).
Нэдиэлэҕэ 2 чаас, сылга 68 чаас.
Үөрэнэр кинигэ (учебник): Кустук: Үһүс кылааска ааҕар кинигэ: (1-4) / Л.В.Захарова, Л.К.Избекова. – 3-с тахсыыта. – Дьокуускай: Бичик, 2006. – 288 с.
уруок №-рэ
Уруок тиэмэтэ Былааннаммыт күнэ Чахчы буолбут күнэ Бэлиэтээһиннэр
I чиэппэр (16ч)
Iтиэмэ. Көмүс күһүн күллэ-үөрдэ
Алтан чуораан тыаһынан (7ч)
Кылааһы таһынан ааҕыы (1)
1. Руфов С.Т. Дорообо, оскуолабыт!
Ефимов М.Д. Биһиги кэһиибит. 2. Кылааһы таһынан ааҕыы. Сайын тугу аахтыбыт? 3. Руфов С.Т. Күһүҥҥү тыал кэпсээнэ.
Суорун Омоллоон. Көмүс күһүн барахсан.
Ефимов М.Д. Күһүн кутаата 4. Федоров В. Ыра санаа 5. Сметанин Т.Е. Көрүдьүөс күн 6. Суорун Омоллоон. Бирээнньик буолаҕа хайдах үүммүтэ. 7. Интегрированнай уруок.
Пищевая пром-ть. Оҕуруот аһа.
Федоров А. Оҕуруот үлэһитэ. II тиэмэ. Алтынньы барахсан айхаллан,
Аҕаллыҥ ахтыбыт кыһыммын (7ч)
Кылааһы таһынан ааҕыы (1)
8. Тобуруокап П.Н. Тула өттүм тула хаар.
Сэмэн Тумат. Хаар барахсан. 9. Николай Якутскай. Кыраһа
Данилов Софр. П. Быыстапкаҕа. 10. Фёдоров В. Саарбахха. Алыҥах собото 11. Былатыан Ойуунускай. Бултаах сир 12. Данилов Сем. П. Кыһын. Кыраһа суруга 13. Игнатьев Н. Куобаҕы бастакы көрүүм 14. Ефимов М.Д. Силлиэ уонна булчут уол.
Теманы хатылааһын 15. Кылааһы таһынан ааҕыы. Поэзияҕа кыһыны хоһуйуу
Күннүк Уурастыырап. Күһүн уонна кыһын III тиэмэ. Сахам сирэ киэҥ кыраай,
Сонун, сонун көстүүлээх (5ч)
Кылааһы таһынан ааҕыы (1)
16. Тимофеев М.Е. Ийэ дойду хантан саҕаланар?
Черёмкин Т. Төрөөбүт буор таптала II чиэппэр (15ч)
17. Интегрированнай уруок. Добывающая пром-ть.
Көмүс оҥоһуктар.
Суорун Омоллоон. Биһиги дьиктибит
Николай Якутскай. Алмаас куората 18. Данилов И.К. Уйгу-быйаҥ суола.
Чаҕылҕан. Дьокуускай үрдүнэн 19. Апросимов Н. Өйүмү.
Курилов Н.Н. Им-балай хараҥа.
Сэмэн Тумат. Туундара оһоҕо 20. Попов Л.А. Кыталыктар кырдаллара.
Гоголев И.М. Лена. Лена очуостара 21. Кылааһы таһынан ааҕыы
Данилов С. Тымныы.
Болот Боотур. Таабырыннар
Данилов Г. Ким киэргэттэ? IVтиэмэ. Үлэлиир үчүгэй,
Үөрүүтэ дэлэгэй (7ч)
Кылааһы таһынан ааҕыы (1)
22. Тобуруокап П.Н. Ким ханна үлэлиирий?
Данилов И. Нууралдьын Куо уонна Бүгүрү Куо (остуоруйа) 23. Федоров В. Кыһалҕа бухатыыр 24. Крылов И.А. Аһыҥалаах кымырдаҕас.
Данилов И. Соборукаан балыксыт 25. Тобуруокап П.Н. Ким ханна үлэлиирий? 26. Протодьяконов В. Сылгыһыт.
Күннүк Уурастыырап. Долгунча 27. Винокуров Н. Упкаал бостуук.
Тимофеев С.И. Үлэ барыта үчүгэй 28. Деревообрабатывающая пром-ть Мас уустара.
Миронов В.П. Үлэ үтүө кээмэйэ
Софронов А. Саҥа дьыл 29. Теманы хатылааһын
Кылааһы таһынан ааҕыы
Мигалкин И. Куоска уонна кутуйах (остуоруйа) V тиэмэ. Үчүгэйтэн үөрэбит,
Куһаҕантан хомойобут (9ч)
Кылааһы таһынан ааҕыы (1)
30. Матахова М. Өбүгэ саҕаттан
Носов Н. Сыырга 31. Алексеев И. Түүл
Амма Аччыгыйа. Хабырыыс тоҕо куотта? III чиэппэр (22ч)
32. Постников Ф. Дьулус тугу сыыста? 33. Слепцова А. Сүрэҕэ суох туһунан 34. Амма Аччыгыйа. Коля тоҕо барда? Медпуҥҥа 35. Винокуров С. Сэмэ.
Федоров А. Тайах мас 36. Крылов И. Тураах икки саһыл икки 37. Винокуров С. Күөскүн эрдэ өрүнүмэ 38. Чуковскай К. Суундьукку 39. Кылааһы таһынан ааҕыы
Габышев Н. Бүөккэ киһиргэс дуо?
Үчүгэй-куһаҕан туһунан хаһыат, сурунаал тиэкистэрэ VI тиэмэ. Былыргыны былыт саппат,
Уруккуну уу суурайбат (8ч)
Кылааһы таһынан ааҕыы (2)
40. Неустроев Н.Д. Омоҕой икки ллэй икки. 41. Пестряков Н. Бэрт Хара өрүһү туоруур 42. Эллэй. Ол түүн.
Былатыан Ойуунускай. Оҕо куйуурдуу турара 43. Данилов Софр. П. Торбостор.
Сметанин Т.Е. Манчаары 44. Кылааһы таһынан ааҕыы
Былыргы сэһэннэр, номохтор, үһүйээннэр.
Далан. Кыракый хорсун кыыс Ньырбачаан туһунан кэпсээн 45. Эллэй. Саһыл сыһыы. 46. Данилов Софр.П. Советскай Союз Геройа Федор Попов.
Куличкина М. Герой Попов Туһунан ырыа. 47. Федосеев И.Е. Кэриэстэбил.
Одорусов П.П. Тыыннаахтар умнубат сыллара. 48. Тимофеев С.И. Эйэ, дьол иһин
Теманы хатылааһын 49. Кылааһы таһынан ааҕыы.
Сэһэргэһэргэ үөрэн.
Николай Якутскай .Туйгун ытааччы VII тиэмэ. Күндэл сааспыт эргиллэн,
Күммүт күлүм уоттанна (9ч)
Кылааһы таһынан ааҕыы (1)
50. Дедюкин В. Таммахтар.
Захаров Ф. Саас 51. Эллэй. Саас. 52. Федоров В. Көмүөл 53 Никифоров И. Өрүс эстэригэр.
Кулаковскай А. Үрэх эстиитэ IV чиэппэр (15ч)
54 Суорун Омоллоон Хатыҥ.
Тобуруокап. П. Маҥан мастар 55 Сыромятников В. Үлэһит.
Эллэй. Күөрэгэй 56 Далан. Сааскы сахсаан 57 Эрилик Эристиин. Бээрийэ үрэххэ 58 Тимофеев М. Бу – саас тыаһа, бу – Маай тыаһа.
Теманы хаьылааһын 59 Кылааһы таһынан ааҕыы
Тарабукин В. Айылҕа барахсан.
Ойуунускай П. Саас VIII тиэмэ. Саргылаах ырыанан
Сайыны уруйдааҥ (7ч)
Кылааһы таһынан ааҕыы (1)
60 Күннүк Уурастыырап. Таптыыбын сайыны.
Амма Аччыгыйа. Сайын Аммаҕа.
Данилов Сем.П. Ардах 61 Рафаэль Баҕатаайыскай. Сайын 62 Архип Абаҕыыныскай. Күөх.
Попов М. Бар дьоҥҥо
Туйаарыскай К. Күөх тыаны көмүскээҥ 63 Захаров Ф. Сайылыкка.
Федоров В. Ийэ сүрэҕэ.
Уйбаан Ороһуунускай. Ийэ сүрэҕэ 64 Макаров Е. Кыра ыанньыксыт
Софронов Ф.С. Оччугуй отчут 65 Легкая пром-ть. Саха таҥаһаОдорусов П.П. Бүгүн – оҕо ыһыаҕа.
Дмитриев П. Түһүлгэ таабырыннара 66 Кылааһы таһынан ааҕыы
Сайыҥҥы айылҕа, үлэ-хамнас, сынньалаҥ туһунан сэһэргэһии
Тролуков М. Чыычааҕым 67 Түмүктүүр интегрированнай уруок 68 Сылы түмүктүүр уруок. Сайыҥҥы сорудахтар