Программа элективного курса Якутские национальные игры для учащихся 5-7 классов


МБОУ «Чакырская средняя общеобразовательная школа имени
С.С.Яковлева – Эрилик Эристина»
Программа элективного курса
«Якутские национальные игры»
Составитель: Николаева А.К. учитель физической культуры
2014-2015 уч.г.
Пояснительная записка
Данный курс предназначен для учащихся 5-7 классов.
Курс рассчитан на год. Занятия проводятся по 1 ч. в неделю. Рассчитан на 34 часов. Данный курс по выбору и содержанием сможет привлечь внимание учащихся, которым интересны национальные и настольные игры предков.
Цель:
Развитие двигательных качеств и моторики через якутские национальные игры
Задачи:
- познакомить детей с якутскими национальными играми;
- развивать интерес к культуре народов Саха;
- воспитание уважения к традициям якутского народа;
- знание и умение национальных игр;
- развитие двигательных качеств и мелкой моторики;
- укрепление здоровья, закаливание организма, содействие правильному физическому
развитию.
Ожидаемый результат:
В результате регулярного посещения занятий учащиеся должны повысить уровень своей физической подготовленности, приобрести навыки и умения по национальным играм, уметь технически правильно осуществлять двигательные действия, использовать их в организации собственного досуга, уметь проводить самостоятельные занятия по развитию основных физических способностей. Должен сформироваться интерес к национальным играм и дальнейшему самосовершенствованию.
Планирование курса
№ Тематика Количество часов По плану Фактически Примечание
1. Ознакомление с правилами национальных и настольных игр.
Разучивание подвижной игры: «Волк и жеребята» - (Боро уонна кулуннар) 1 04.09 2. Обучение и совершенствование настольной игре «Хабылык»
Разучивание одиночным играм:
«Прыжок через соломинку» - (хорон оту урдунэн ыстаныы), «Подъем тощей коровы» -(котох ына5ы туруоруу), «Водопой с проруби» - (Ойбонтон уулааьын), «Кириэс тэбии», «Кырынаастааьын» 4 11.09
18.09
25.09
02.10 3. Состязание по настольному игру «Хабылык» и личное первенство по одиночным играм 2 09.10
16.10 4. Обучение и совершенствование настольной игре «Хаамыска»
Разучивание парным играм:
«Кулуустэьии», «Тобук тардыьыыта», «О5ус харсыьыыта», «Кулун куллустуур», «Муьэ былдьаьыы», «Кэтэх тардыhыы», «Таба о5устарыма» 6 23.10
30.10
13.11
20.11
27.11
04.12 5. Состязание по настольному игру «Хаамыска» 1 11.12 6. Обучение и совершенствование настольной игре «Тырыынка»
Разучивание подвижным играм:
«Не попади в прорубь»-(Сылаас сымала5а уктэннэрии), «Невод» - (Мунха), «Сокол и утки» - (Кыыртаах кус) 3 18.12
25.12
15.01 7. Обучение и совершенствование настольной игре «Тыксаан»
Разучивание подвижным играм:
«Хайах хостоьуу», «Анньа уонна Берде» 3 22.01
29.01
05.02 8. Обучение и совершенствование настольной игре «Баайа»
Разучивание подвижным играм:
«Гонка с платком»-(Былаатынан таьыйсыы), «Абааhы оро5унан айаннааhын» 3 12.02
19.02
26.02 9. Обучение и совершенствование настольной игре «Куерчэх ытыйыы»
3 05.03
12.03
19.03 10. Закрепление пройденных игр. Выборочные настольные и подвижные игры
Разучивание подвижным играм:
«Игра в мяч» -(Мээчик оонньооьун), «Лапта» 8 02.04
09.04
16.04
23.04
30.04
07.05
14.05
21.05 Содержание курса
Программа содержит особенности проведения занятий и состязаний по видам, их подробные правила, наглядную демонстрацию для некоторых игр.
1. Ознакомление с правилами национальных и настольных игр. Разучивание подвижной игры: «Волк и жеребята» - (Боро уонна кулуннар)
«Берелеех кулун» — оонньуур сиргэ миэлинэн кулуннар сылдьар, аhыыр хонуулара оноhуллар. Кинилэри кeмускуур а5ыйах сылгы баар буолар. Бeрe хонууга киирбэт. Кулуннар хонууттан хонууга кургуeмнук кehe сылдьаллар. Ол кэмнэ бeрe харабыл сылгыга таарыттарбакка эрэ кулуну бултаhар. Бeрeну элбэтэн, сылгыны а5ыйатан биэрдэххэ, оонньуу тургэтиир.
2. Обучение и совершенствование настольной игре «Хабылык». Разучивание одиночным играм: «Прыжок через соломинку» - (хорон оту урдунэн ыстаныы), «Подъем тощей коровы» -(котох ына5ы туруоруу), «Водопой с проруби» - (Ойбонтон уулааьын), «Кириэс тэбии», «Кырынаастааьын»
«Хабылык» - 15—20 устуука 17 см уhуннаах хабылык мастара оноhуллаллар. Кинилэртэн сорохторо иккилииттэн сэттэ5э диэри кэрдиистэрдээхтэр. Оонньооччулар остуолу тула олорон, уочарат быhыытынан хабылык хабаллар. 'Бастакы о5о хабылык мастарын ытыhыгар ууран туран, ере быра5ан, илиитин кехсугэр туhэрэр, онтон уеhэ быра5ан ытыhынан хабан ылар. Хас да маhы хапта5ына, иккилии пааранан уурар. Ордубут со5отох маhы бэйэтигэр ылар. Кэрдиистээх хабылыгы хапта5ына, кэрдииhин ахсаанынан боростуой хабылыгы бэйэтигэр уурунар. Тэн ахсааннаах маhы эбэтэр биир да хабылыгы хаппата5ына, оонньууну иккис о5о са5алыыр. Олох сыыспатах тубэлтэтигэр хабылык маhа бутуер диэри оонньуон сеп. Оччо5уна кини кыайыылаа5ынан тахсар. Оонньуу хабылык маhа бутуер диэри оонньонор. Бутэhигэр ким теhе хабылыгы хаппытын аа5аллар. Элбэх маhы ылбыт о5о кыайар.
Суолтата: Бу оонньуу имигэстик хамсанарга, тарбах былчыннарын сайыннарарга, ахсаан аа5а уерэнэргэ кемелеhер.
«Хорон оту урдунэн ыстаныы» — атах тумсун тарба5ынан тутан баран, такым урдугэр олорон, илиини араарбакка от умнаhын урдунэн кетуу. Оту таарыйбыт, илиитин араарбыт кыайтарар. Хаc да оту субуруччу ыстанар гына уусутугурдан эмиэ оноhуллар. Манна бары былчыны тэннэ сатаан салайар наада.
«Кетех ына5ы туруоруу» — оонньооччу муоста5а олорон анар ата5ын уллуна5ын икки илиитинэн ытарчалыы тутар, ата5ын чиккэччи со5ус тэбэр уонна илиитин ыhыктыбакка эрэ, иккис ата5ынан тирэнэн ойон турар.
«Ойбонтон уулааhын» - маннайгы кeрунэ — ата5ы киэнник уктээн туран, илиини сиc тутта сылдьан, тeнкeйeн сиртэн тугу эмэ ытыран ылыы; иккиhэ — уна илиинэн ханас кулгаа5ы тута сылдьан, ханас илиинэн уна атах тумсун тутан баран, анар атахха туран илиини араарбакка эрэ тeнкeйeн, кытыйаттан уулаан ылыы.
«Кириэс тэбии» - Икки тэбис - тэн 3 см кэтиттээх, 70 см уhуннаах, 0,5 см халыннаах маhы ылан кeнe сиргэ кириэстии уураллар. Оонньооччу киhи сиc туттан кириэстии ууруллубут маc таhыгар кэлэр. Кини бу кириэс урдунэн атахтарын кириэстии тэбэн, маhы таарыйбакка, ункуулээн бэдьэйиэхтээх. Ункуулуур кэмигэр ханнык ба5арар ырыаны дор5оонноохтук ыллыахтаах. Ескетун, маhы таарыйан кэбистэ5инэ, хотторбутунан аа5ыллар. Кини биир мунуутэ тохтобула суох кириэhи таарыйбакка ункуулээтэ5инэ кыайыылаа5ынан тахсар.
«Кырынаастааhын» — икки илиинэн тайанан, атах тебeтунэн тирэнэн, умса сытан араастаан ыстаналааhын. Биир сиргэ туран эрэ уустук хамсаныы оноhуллар: eрe анньынан баран ытыс таhыныы, eттук охсунуу, туеhу, кулгаа5ы таарыйыы. Инники диэки ыстаналаан ыраа5ы барыахха эмиэ сeп. Кууhу-уо5у сайыннарар, сымса, тулуурдаах буоларга, тургэнник туттарга уерэтэр.
3. Состязание по настольному игру «Хабылык» и личное первенство по одиночным играм
4. Обучение и совершенствование настольной игре «Хаамыска». Разучивание парным играм: «Кулуустэьии», «Тобук тардыьыыта», «О5ус харсыьыыта», «Кулун куллустуур», «Муьэ былдьаьыы», «Кэтэх тардыhыы», «Таба о5устарыма»
«Хаамыска» - бу оонньуу сир-сир аайы араас быраабылалаах. Онтон киэнник тар5аммыта маннык. Кытаанах мастан 1,5—2 см еруттээх 5—7 кубик оноhуллар. Оонньооччулар сэрэбиэйдээн уочараттарын быhаараллар.
Маннайгы партия: оонньооччу хаамысканы оргууй а5ай тар5ата быра5ар. Биири талан ылан ере быра5ар уонна онто туhуен иннинэ атыттары биир-биир хомуйан ылар. Сана оонньооччу хабан ылбыт хаамыскатын атын ытыhыгар хомуйара кенуллэнэр; сатыыр оонньооччу быра5ар-хабар илиитигэр хомуйар; учугэй оонньооччу хаамысканы ере быра5ан баран, туерт хаaмысканы утуу-субуу тонсуйан биирдэ хомуйан ылар.
Иккис партия: хаамысканы ере быра5аат, атыттары иккилиинэн хомуйан ылаллар.
Уhус партия: 4 хаалбыт хаамыскаттан уhун биирдэ, биирин туспа харбаан эбэтэр тонсуйан ылыллар. Маннай биирин, онтон уhун охсон ылыахха эмиэ син.
Тердус партия: биири ере быра5аат, атыттарын биирдэ харбаан ылыллар.
Бэhис партия: биэс хаамысканы ере быра5ан баран, илии кехсугэр туhэрэн ылыллар, иккиhин быра5аат барыларын ытыска туhэриллэр.
Сыыстын да, уочараттаах киhи маннайгыттан са5алаан оонньуур. Хаc биирдии партия5а биир харах аа5ыллар. Кэпсэтии быhыытынан, урут 50 хара5ы аахсыбыт кыайар. Урдук кылаастаах оонньооччулар 7 хаамысканан киирсиэхтэрин сеп, ол аата биирдэ ере быра5аат алта хаамысканы тонсуйан ылаллар. Хаамыскаhыт тарба5а имигэhин, хапса5айын таhынан тургэнник хамсанар, сытыы-сымса буолуохтаах.
«Кулуустэhии» — утарылаhар дьон ойо5осторунан тураллар, анар атахтарын хатыйа туттан тирэнсэн баран, орто тарбахтарынан ыга ылсан тардыhаллар. Миэстэтиттэн xамсаабыт, тарба5ын теле ыыппыт эбэтэр сулбу тардыллыбыт киhи хотторор. Атын илиинэн тардыhыахха эмиэ сеп. Бу сунньунэн кууhу быhаарсар киирсии буолар.
«Тобук тардыhыыта» - икки олоппоhу утары туруораллар. Икки курэхтэhэр киhи уун-утары олорон, тобуктарын ыга кыпчыйсыахтаахар. Иккиэн илиилэрин кэннигэр туттуохтаахтар. Иккис киhи туох баар кууhунэн тобуктарын икки анны араара сатыахтаах. Ескетун кини утарылаhааччытын тобуктарын икки ардынан киhи сутуруга батар буолла5ына, кин кыайыылаа5ынан тахсар. Аны тобуктарын уларыта тутан курэхтэhэллэр. Ол аата иккис кыпчыйыахтаах, бастакы киhи кыайда5ына, хайалара бииринэн ордук кыайыар диэри салгыы курэхтэhэллэр.
«О5ус харсыhыыта» - кыттааччылар тобуктаан баран, илиилэригэр тайанан туран санныларынан эбэтэр тебелерунэн анньыhаллар. Бэлиэ таhыгар анньыллан тахсыбыт оонньооччу хотторор, харсыhыыга уксун уолаттар киирсэллэр.
«Кулун куллустуур» — икки киhи утарыта туран, тарбахтарынан тутуhа сылдьан илиилэрин иhинэн кэдэйэн эргийэн тахсаллар. Харыттан, оккумалтан тутуhан хамсаныыны уустугурдуохха сеп.
«Муhэ былдьаhыы» - 50 см уhун, 5 см суон маhы теле тардыы. Ким хантан тутарын сэрэбиэй быhаарар. Судьуйа хамаанда биэриэр диэри "муhэ" сир эбэтэр муоста ньуурун кытта биир хайысхалаахтык тутуллар, Былдьаhыыга охсуу, тэбии, тебенен туhуу кенуллэммэт, онтон ураты араас мускуйууну барытын туттуохха сеп. Манных киирсии кууhу, ордук илии былчынын сайыннарар.
«Кэтэх тардыhыы» — 3 м кэринэ урун, кэтит, бе5е быанан эргимтэ оиороллор уонна туран эрэ быаны кэтэххэ иилэн баран, кэннинэн чугуруйан утарылаhааччыны соhоллор. Тобуктаан эбэтэр илиигэ тайанан туран кэтэх тардыhыахтарын эмиэ сеп.
«Таба о5устарыма» — икки оонньооччу утарыта тураллар, биирэ икки ытыhын уеhээ хайыhыннаран тутар, иккис киhи онно илиитин саба уурар. Маннайгы киhи хайа ба5арар илиитин сулбу тардан ылан, ытыhыгар ууруллубут илиини уеhээ еттуттэн таба охсуохтаах. Ону иккиhэ аhаран биэриэхтээх. Итини солбуhа сылдьан оонньонор. и рhhh
5. Состязание по настольному игру «Хаамыска»
6. Обучение и совершенствование настольной игре «Тырыынка». Разучивание подвижным играм: «Не попади в прорубь»-(Сылаас сымала5а уктэннэрии), «Невод» - (Мунха), «Сокол и утки» - (Кыыртаах кус)
«Тырыынка» - Тырыынка тутум уhуннаах, испиискэ маhыгар маарынныыр синньигэс буолар. Анар илиигэ сепке бобо тутуллар ахсааннаах. Биир тырыынка тебетун токурутан, ньуоска гыналлар. Оонньооччу тырыынканы анар ытыhынан остуол урдугэр туруору тутан баран, эмискэ ыhыктар. Тырыынка остуолга ыhылла туhэр. Туспа сытар тырыынканы са5алааччы бэйэтэ хомуйан ылар. Баттаhа туспут тырыынканы ньуосканан ейеен-убаан соhон ылар. Атын маhы хамсатта да, бу киhи тохтуур, уочараттаах киhи оонньуур. Тырыынка бутуер диэри оонньуу сал5анан бара турар. Элбэ5и ылбыт оонньооччу бастыыр. Манна мээнэ долгуйан сал5алаабат, чуолкай туттуулаах, кыра5ы харахтаах, сэрэхтээх, тулуурдаах киhи кыайар.
«Сылаас сымал5а уктэннэрии» — тeгурук ойбон уруhуйдууллар, оонньооччулар илии-илииттэн тутуhан ойбону тегуруччу тураллар, бэйэ-бэйэлэрин тардыалаhан, ойбонно уктэтэ сатыыллар. Уктэммит о5о туораан иhэр. Саамай куустээх, сымса буолан ордон хаалбыт о5олор кыайаллар.
«Мунха» — оонньуур сир барыта куел буолар. Икки тебетугэр миэлинэн тегурутэн кэнэли онороллор. Балык онно куотан киирэр, ол эрээри 3—5 секуундэттэн ордук тохтообот. 3—4 киhи илиилэриттэн тутуhан мунха буолаллар, илиилэрин араарбакка сыддьан, атыттары куeйэ сатыыллар. Тутуллубут балык мунхаhыт буолар. Онон мунха улам-улам улаатан иhэр. Саамай бутэhик хаалбыт балык хай5анар, биhирэнэр.
«Кыыртаах кус» — оонньуур сири ус гына араараллар. Икки етте куел, ортото тыытыкы хонуута. 05олор белеххе хайдан икки куeлунэн тар5аналлар. Сытыы-сымса о5о тыытыкы буолар. Тэрийээччи этиитинэн кустар куeлтэн куeлгэ кeтeллeр, ону тыытыкы тутуохтаах. Салгыы оонньуурга тутуллубут кус тыытыкы буолуон сеп.
7. Обучение и совершенствование настольной игре «Тыксаан». Разучивание подвижным играм: «Хайах хостоьуу», «Анньа уонна Берде»
«Тыксаан» - 1 см кэринэ суон тала5ы 1,5—2 см уhун гына кэрчиктээн баран ортотунан хайыталлар. Маннык 50-60 тыксаан оноhуллар. Хаc да киhи остуол тула олорон оонньуур. Тыксааны биир ытыска мунньан баран остуол урдугэр ыhаллар, онуоха маc умса-тиэрэ, урут-урдугэр туhэр. Куппут киhи бастаан икки баттаhа туспуту ылар, умса сытар тыксааны умса сытарынан, тиэрэ сытары — тиэрэнэн "ытыалыыр". Тапта5ына уонна атыны хамсаппата5ына, таппыт тыксаанын ылар, салгыы оонньуур. Сыыста эбэтэр атын тыксааны хамсатта да тохтуур, уочараттаах киhи эмиэ саналыы кутан, оонньоон барар. Тыксаан бутуер диэри итинник оонньонор. Бутэhигэр оонньооччулар ылбыт мастарын иккилиинэн остуолга быра5ан иhэллэр, ордон хаалбыт тыксааннаах киhи кыайар. Оонньуу кыра5ы, бэргэн буоларга, тарбах кууhун сатаан туттарга уерэтэр.
«Хайах хостоhуу» - eбугэлэрбит таптаан оонньуур оонньуулара этэ. Бу оонньууну теhе барарар киhи оонньуон сеп. Оонньуу ыытааччы остуолбаны кууста5ына ыhыктыбат кыахтаах киhини остуолбаны куустаран олордор. Кини кэнниттэн субуруhа бары бэйэ-бэйэлэрин хоннохторун анныларыттан ыгыта куустуhан олоруохтаахтар. Оонньуу ыытааччы, барыларын олордон баран, биир бe5e-та5а киhиэхэ соруйар: «Кыhынны хаhааскын хостоо эрэ, нохоо! Хайдах этигиний?». Онуоха бe5e-та5а кeруннээх киhи, ба5ананы кууhан олорор дьонно тиийэн, бутэhик киhини хонно5ун анныттан ылан, кэннин диэки чинэрийэ-чинэрийэ соhуохтаах. Ба5ананы кууhан олорор дьон, ыгыта тутуhан, ыытыспакка олоруохтаахтар. Ким эрэ, илиитэ сылайан, ыhыктан кэбистэ5инэ, бe5e-та5а киhи, ньылбы соhон ылан, оонньуур миэстэлэриттэн тэйиччи таhаарыахтаах. Ол курдук, бутэhик ба5ананы кууhан олорор киhини эмиэ ньылбы соhуохтаах. Eскeтун кыайан дьонун ба5анаттан араарбата5ына, ол ба5ананы кууhан туран, ыстараап толоруохтаах. Оттон дьонун барытын хос-тоото5уна, киниэхэ бары сугуруйэн туран устэ бокулуон биэрэллэр: «Махтал буоллун эйиэхэ, хайахпытын хостообуккар! Уруй-туску!» — диэн теттеру бэйэлэрэ ыстараап толоруохтаахтар. Бe5e-та5а киhи «хайах хостууругар» дьонун кычыгылатыа, кымыстыа суохтаах. Eскетун кычыгылатан, кымыстаан дьонуттан араарда5ына, оонньуу тохтотуллар уонна «хостооччу» бэйэтэ ыстарааптанар. Хайах хостуур киhини бары солбуйса сылдьан оонньуохтаахтар.
«Анньа уонна Берде» - Элбэх о5о оонньуур. Биир о5о Берде, иккис — Анньа, атыттар Анньа о5олоро буолаллар. Анньа угус о5олоох ийэ, Берде Анньа о5олорун сиэри бултаhар, купа5ан кутур. Анньа о5олоро ийэлэриттэн уонна бэйэ-бэйэлэриттэн тутуhан, ийэлэрин кэннигэр субуруhа сылдьaллар. Тутуспуттарын араарыа суохтаахтар. Анньа о5олорун Бердe5е сиэппэт, араначчылыыр, табылынна5ына, Бердену елерер меккуердээх. Ол иhин Анньа о5олоруттан арахсыбат. Кини, быыс булан, Бердену таарыйда5ына, Берде елер. Оччо5о атын о5о Берде буолар. Анньалаах Берде утарыта тураллар. Берде теттеру-таары хаамыталыыр, со5отох буолан хамнанара-имнэнэрэ сымса, «Анньа!» Анньа! — диэмэхтиир. Киниэхэ хоруйдаан, Анньа: «Берде! Берде!» — диэмэхтиир. Киниэхэ хоруйдаан, Анньа: «Берде! Берде!» дии-дии, илиитин быластыы тутан, хааччахтаhар. Итинник ынырса сылдьан, Берде, суордуу хаhыытаабытынан о5ону таарыйыахтаах. Таарыллыбыт о5о елбутунэн аа5ыллар, оонньууттан туоруур. Берде о5олору барытын тутта5ына, атын киhи Анньа буолар. Оттон Берде о5олору кыайан туппакка аккаастанна5ына, атын о5ону. Берде онoстоллор, эбэтэр сана Анньаны, Бердену буланнар, оонньууну иккистээн хатылыыллар.
8. Обучение и совершенствование настольной игре «Баайа». Разучивание подвижным играм: «Гонка с платком»-(Былаатынан таьыйсыы), «Абааhы оро5унан айаннааhын»
«Баайа» - бу хаc да киhи оонньуур олус интэриэhинэй, ханнык ба5арар киhи ылларан туран оонньуур оонньуута. Баайаны онoрорго куб маhы ортотунан ууттээн баран, харандаас суонун са5а уhуктаах, кубтан сантиметр са5а чорбойон быга сылдьар гына маc кыhаллар уонна, туллан туспэтин диэн, силиминэн силимнээн кэбиhэллэр. Баайаны куeрчэх курдук эргитэ5ин уонна остуолга ыhыктан кэбиhэ5ин. Оччо5о балайда эргийэн баран, биир ойо5оhунан иттэнэ туhэр. Баайа туерт еттугэр араас бэлиэлэр бааллар: кириэс, 3 кэрдиис, 5 кэрдиис, ойбон. Кинилэр бары тус-туспа суолталаахтар. Оонньооччулар бары уон биирдии испиискэ маhыттан эрэ уhун суон маhы уллэстэллэр. Ол аата «баайдара-уптэрэ» дэнэр. Баайаны эргитэр бастакы киhи кытыйа иhигэр «баайыттан-убуттэн» биир эбэтэр хаc да маhы ууруохтаах. Оччо5о атын оонньооччулар эмиэ, хаc маc ууруллубутуттан кeрен, соччо «баайы-убу» ол кытыйа5а угаллар. Бастакы оонньооччу баайаны икки ытыhыгар кыбытан эргитэн-эргитэн баран остуолга ыhыктан кэбиhэр. Баайа остуолга эргийэ турда5ына, атын оонньооччулар ытыстарынан остуолу охсо-охсо:
«Ойбонно тус! Ойбонно тус!» — диэн кыhыталлар. Баайа эргийбэхтээт иттэнэ туhэр. Онно туспут ойо5оhугар ус кэрдиис баар буолла5ына, оонньооччу кытыйа иhиттэн 3 маhы («баайы-убу») ылар. Оттон кириэс туспут буоллары5ына, 3 маhы ол кытыйа5а бэйэтиттэн уурар. Ойбон еттунэн туспут буолла5ына, 7 маhы эмиэ бэйэтиттэн кытыйа5а уурар. Биэс кэрдиистээх еттунэн тустэ5инэ, кытыйа5а баар маhы барытын ылыахтаах. Баайаны куну утары эргитиллиэхтээх. Оонньооччу баайаны биирдэ эргитиэхтээх уонна, сууйдун да сууйбэтин, атын оонньооччуга биэрэн иhиэхтээх, eскетун, биир эмэ оонньооччу табыллан, кытыйа иhигэр баар маhы барытын ылла5ына, сана оонньуу са5аланар, эмиэ бары ол кытыйа5a –«баайдарыттан-уптэриттэн» угуохтаахтар. Ким, элбэ5и сууйтэрбит атын киhиттэн «баай-уп» иэс ылыан сеп.
«Былаатынан таhыйсыы» — оонньооччулар илиилэрин сиc туттан баран эргимтэ ис еттун диэки хайыhан тураллар. Са5алааччы эргимтэ таhынан хааман иhэн былааты кимиэхэ эмэ туттаран кэбиhэр, эргимтэни тула чаhы стрелкатын хоту суурэр. Оттон былааты туппут оонньооччу уна еттугэр турар о5ону эмискэ былаатынан таhыйар, оччо5о иккиэн били са5алааччыны эккирэтэллэр. Ус киhиттэн. икки урут кэлбит эргимтэ5э баар икки иллэн миэстэни ылар. Миэстэтэ суох хаалбыт о5о эмиэ са5алааччы буолар.
«Абааhы оро5унан айаннааhын» - дьиэ иhигэр 8—10 метр усталаах кене сурааhыны муоста5а кемерунэн тардаллар. Сурааhын биир уhугар муостаттан 1 м 20 см урдуктээх сиргэ 1 см диаметрдаах тегурук бэлиэни oнороллор. Сурааhын атын уhугар 1 см халыннаах, 10 см усталаах, 7 см туоралаах, ортотунан 0,5 см диаметрдаах ууттээх хаптаhыны хамсаабат гына кыра тоhо5онон муоста5а хам саайан кэбиhэллэр. Оонньооччу киhи уна илиитигэр уhуктаах маhы ылар, ханас илиитинэн уна кулгаа5ын тутар. Уонна бекчейен туран, уна илиитинэн туппут маhын (уhуна биир тутум буолар) уhуктаах еттунэн хаптаhын хайа5аhыгар угар уонна маhын тула, ханас ата5ын кэнниттэн уна ата5ын тилэх ууран, то5ус тегул эргийиэхтээх, эргийэр кэмигэр хара5ын быhа симиэ, илиилэрин араарыа суохтаах. Эргийэн бутээт, ханас илиитин кулгаа5ыттан араарбакка эрэ, уна илиитинэн уhуктаах маhын туппутунан, утары уунан, суруллубут кене сурааhынтан туораабакка уеhэ оноhуллубут тегурук бэлиэни маhынан таба тириэхтээх. eскетун тэмтээкэйдээн, сурааhынтан туораан та5ыста5ына, кыайтарбытынан аа5ыллар.
9. Обучение и совершенствование настольной игре «Куерчэх ытыйыы». Разучивание подвижным играм: «Игра в мяч» -(Мээчик оонньооьун), «Лапта»
«Куерчэх ытыйыы» - Халын тымтыгы тегуруччу кыhаллар. Ортотунан курдаттыы ууттууллэр. Ууккэ ытыйарга (эргитэргэ) септеех тутаах угаллар. Тутаах аллараа еттун чочулаан кыhаллар. Оонньооччулар куерчэхтэрин угун икки ытыстарын тилэ5эр кыбытан баран, бары ытыйаллар уонна остуол урдугэр тэннэ ыhыктан кэбиhэллэр. Куерчэх ата5ар тура туhээт, эргийбитинэн барар. Охтубакка уhуннук эргийбит куерчэхтээх кыайар.
«Мээчик оонньооhун» — о5олор икки тэн хамаанда5а арахсан баран, куускэ бырахпакка эрэ тиэрдэр курдук ыраах тураллар. Бастакы киhи мээчиги утары турааччыга быра5ар, кини хабан ылан баран, иккис утары турааччыга быра5ар. Ити курдук хардарыта бырахсаллар, ким кыайан хаппатах эбэтэр куhа5аннык бырахпыт туораан иhэр. Элбэх киhилээх хаалбыт хамаанда кыайар.
«Лапта» — нууччаттан киирбит эрээри Саха сиригэр ердее5утэн тэнийбит оонньуу. Оонньууга кыра мээчик (улахан теннис киэнэ) уонна 60 см уЬун, тутар сирэ 3 см, охсор етте 6—8 см суон маc наада. Киэн ыраас хонууга куорат диэн сурааhын онороллор, оттон 10—12 м ыраах сиргэ ортоку сурааhыны тардаллар. 25—30 м сиргэ бутэhик сурааhын бэлиэтэнэр. Сэрэбиэй кэнниттэн биир хамаанда охсор сиргэ хаалар, атына хонууга хаалар. Хонууга баар оонньооччулартан биир киhилэрэ мээчиги ере быра5ан о5устарааччы буолар. Мээчиги охсубут киhи бутэhик сурааhынна суурэр. Кыаллыбата5ына ортоку сурааhынна хаалыан сеп, тугэн булан бутэhик сурааhынна тиийэн баран, теттеру эргиллэн кэлэ сатыыр. Хонуу оонньооччулара суурэн иhэр киhини таба быра5а сатыыллар. Охсор хамаанда дьоно бары кыайан теннубэккэ, бутэhик сурааhынна туран хааллахтарына, бутэhик охсооччу ус тегул холонон керер бырааптаах. Охсооччу хамаанда куотан иhэр киhитэ таптарда5ына эбэтэр куерэтэн охсуллубут мээчиги биир эмэ хонуу оонньооччута хабан ылла5ына, хамаандалар миэстэлэрин атастаhаллар. Мээчик охсор сиргэ уhуннук турбут хамаанда кыайар. Ону, холобур, биир чаас устата оонньуурга секундомерынан аа5ан быhаарыахха сеп.
10. Закрепление пройденных игр. Выборочные настольные и подвижные игры
Использованная литература:
«Сахалыы оонньуулар» /П.К. Васильев, М.К. Охлопков/ Якутск; 1992
Якутские национальные виды спорта, игры, упражнения и развлечения /Н.К. Шамаев, А.А. Сергин/ Якутск; 1999
«Ебугэлэрбит оонньуулара» /А.С. Федоров/Якутск;1992
Шамаев Н.К. «Эдэр ыччаты эт-хаан сайдыытыгар сахалыы ньымаларынан иитии». Якутск; 1994
«Сахалыы остуол оонньуулара» Чурапча; 1999
Региональная комплексная программа физического воспитания учащихся I-XI классов общеобразовательной школы /С.И. Захаров, М.И. Варламов, Н.Е. Максимова, Е. Алаас, Г.А. Кузьменко/ М-во образования РС (Я), 2000