Олимпиадный материал по якутскому языку


Саха тылыгар олимпиада
3 кылаас

Текси аах уонна иккис сорудаҕы оҥор. Арҕааттан хара былыт халыйан таҕыста. Сытыы тыал быһыта биэрдэ. Күндээркэй күммүт көстө сүттэ. Омуннаах чаҕылҕан оонньоото. Ньиргиэрдээх этиҥ күүскэ сатараата. Дохсун самыыр курулаччы түстэ.
Текстэн даҕааһын ааттары булан уһул.
Тыллар утарыта суолталарын бул
Бөҕө - ..., тоҥ - ..., ыраастаа - ..., түргэн - ..., хара - ..., чугаһаа - ..., кыра - ..., боп - ..., хорсун - ..., көнө - ...
Ыһыллыбыт тыллары миэстэлэрин булларан этиилэри оҥор.
а) Уһуктубут, сыһыыттан, биэс салаалаах, түөрэн ылбыт, бэрдьигэс от, хоонньугар.
б) Аҕалан, дьиэтигэр, сыттыгар, суорҕаныгар, суулаабыт, ууран кэбиспит.
5. Нууччалыы суруллар олохтоох тыллар сыһыарыыларын суруй: техническ..., медицинск..., студенческ..., легков...
6. Этииттэн сыыһаны булан көннөр.
Нуолур соко мутуча
Тусан-ситэн догуйда,
Кэрии куолас чоруйда.
Ку-куук! Ку-куук!
7. Анаграмманы таһаар.
СЫЛГА-....., СҮГЭ-....., РИПЭЭПЭ-......., ЭЛИТҔЭ-......
Хас биирдии сөптөөх эппиэккэ 1 баал бэриллэр.