Сценарий новогоднего представления Зимняя фантазия на якутском языке


Оскуола саҥа дьылын сценарийа
«Кыһыҥҥы дьурусхал»
Оруолларга:
Автор – Макаров Сергей, Черноградская Надя.
Хоту уола – Соловьев Герасим
Тугут – Васильева Сайаана
Аптаах кыыс – Соловьева Карина
Саһыл – Избекова Лера
Мэкчиргэ – Спиридонов Максим
Сарыада – Трофимова Сардаана
Бөрө – Трофимов Алик
Бөрөлөр – үҥкүү ансаамбыла
Табалар – үҥкүү ансаамбыла
1 көстүү
Сыанаҕа Көскөй киирэн эргийэр, күүһүн-уөҕун көрдөрөр.
Автор: Олорбута эбитэ үһү хоту уолчаан Көскөй. Көскөй аҕатыгар кыра эрдэҕиттэн ойууртан улардаан, тыаттан тайахтаан, ууттан балыктаан, хотонноругар куурусса ииттэн аһаан-сиэн буоруо тараа таһааран олорбуттара.
Көскөй: Ийэ сир хаары таҥынна,
Тоҥнулар күөллэр, өрүстэр.
Сайаҕас чэбдик салгыннаах
Кыһыҥҥы күннэр үүннүлэр.
Биһиэхэ анаан хаар түһэр,
Биһиэхэ кыһын салаллар!
Хаар үҥкүүтэ.
Көскөй аҕата: - Көскөөй! Кууруссаларгын аһат.
Көскөй уол кууруссаларын аһата сырыттаҕына олбуор кэннинэн бөрө үөмэн кэлэр уонна бөтүүгү уорар. Көскөй кууруссаларыгар аралдьыйан көрбөт. Бөтүүгү тутан ылар уонна толкуйдуур.
Бөрө: - Ааам, ааам!
Аччыктаатаҕым баҕас тугун сүрэй?
Иҥиир тараһам
иһим түгэҕэр сыһыннаҕа үһү.
Тугу эмэни,
Тумустааҕы дуу,
Чоҥкулааҕы дуу,
Инчэҕэй эттээх эрэ буоллун,
Тутан ылан, үссэммит киһи ньии!
Аны Сарыада Хотунум бөтүүгү аҕалаар диэбитэ... Абаккаам, туохха наадыйдаҕай??? Аны сиэн кэбистэхпинэ бэйэбин сиир.
Куотан барда
Көскөй бөрө бөтүүгү уоран куотан эрэрин дьэ көрөр уонна эккирэтэр.Эккирэтэн иһэн хаһыытыыр:
Көскөй: - Саҥа дьыл бөтүүгүн аҕал!
Көскөй ытыыр. Аптаах музыка тыаһыыр, аптаах эргийэ-эргийэ тырымнаан киирэр.
Аптаах кыыс:
Куба маҥан, кырса маҥан хаар
Көтө-дайа сыыйыллар.
Туундара киэҥ киэлитэ
Хаар үҥкүүтүнэн сырдыыллар!
Аптаах кыыс: - Көскөөй, эн ытаама, бөтүүкчээҥҥин булуоҕун. Тыйыс тымныы дууһалаах, тоҥ сүрэхтээх, кыһын сарыабыната Сарыада Хотун уордарбыта, кыһыны бүтэримээри!
Көскөй: - Сарыада ханна олорорун мин билбэппин ээ...
Аптаах кыыс: - Хомойума, мин эйиэхэ туундара оҕотун тугуппун бэлэхтиэм. Кини эйиэхэ суолгун-иискин ыйан-кэрдэн биэриэҕэ.
Көскөй уонна тугут үҥкүүтэ.
Көскөй уонна тугут айаҥҥа туруналлар.
Автор: - Бааллырар долгуннаах,
Хотугу муораттан
Буурҕалаах туундарам
Силбэһэр тардыылаах.
Туундара кэнниттэн
баараҕай көстүүлээх
Баайынан иитинэр
күөх тайҕа кэлиэхтээх.
Суһумнуу бу турар
Дьүкээбил дойдута,
Сир баайын мунньаллар
Дьиктилээх очуостар.
Сыана икки өттүттэн утарыта Көскөйдөөх мэкчиргэни көрсөллөр.
Мэкчиргэ: - Оҕолор, ханна уонна туохха бачча тымныыга баран иһэҕит?
Көскөй: - Мин туундара уола Көскөй буолабын, бөтүүкпүн Сарыада саарыстыбатыттан босхолуу баран иһэбин.
Мэкчиргэ: - Сөп, сөп. Уулаах балык быстыбат, дьонноох киһи тутайбат, ойуурдаах куобах охтубат, таабырыннарбын таайдаххына, көмөлөһүөм. Мин таабырыннарым мээнэ таабырын буолбатахтар, эйиэхэ сыалгын ситиһэргэр көмө буолуохтара.
1 таабырын, болҕойон иһит:
Арай албын кыыл
Айанныыра да албын:
Суолун үүттээн үктэнэн
Аргыый аҕай сыбдыйар
Арай булчуттар эндэппэттэр,
Арай дьэ кинилэр билэллэр
Көскөй: - Албын саһыл.
Мэкчиргэ: - Сөп эппиэт.
Иккиһин:
Кини оройо күҥҥэ чугас
Силиһэ дьоҥҥо чугас?
Көскөй: - Улахан тиит мас.
Мэкчиргэ: - Өссө үчүгэйдик толкуйдаа.
Көскөй: - Ммм, ааа, таас хайа дуо?
Мэкчиргэ: - Саамай сөп. Бутэһик таабырыным эппиэтэ Сарыада саарыстыбатын суулларарга көмөлөһүө.
Болҕойон иһит:
Уҥа хаҥас эргийэҕин,
нөҥүө барыта төттөрү
Тугуй бу?
Көскөй: - Билэбин!
Көскөй эппиэти этэн истэҕинэ эмискэччи саһыл сыыллан кэлэн Мэкчиргэни уонна тугуту куттаан үргүтэн кэбиһэр.Иккиэн куоталлар.
Саһыл: - Дорообо Көскөй, эн тоҕо ити түөһэйбит мэкчиргэни истэҕин. Кини биллэр албынчык.
Көскөй: - Мэкчиргэ бөтүүкпүн Сарыада саарыстыбатыттан босхолуурбар көмөлөһүөх буолбута.
Саһыл: - Мин эйиэхэ көмөлөһүөм. Тугу билиэххин баҕараҕын?
Көскөй: - Сирдьит тугутум куотан хаалла, ханна барарбын билиэхпин баҕарабын.
Саһыл: - Көрөҕүн дуо ол диэки көнөтүк бара тураҕын (сыыһа суолу ыйар, туруору хайаҕа ыытар).
Көскөй мунан эрэйи көрөр. Бутэһигэр туруору хайаҕа тиийэн кэлэр.
Автор: Суорба таас хайалар
Суодаһан тураллар...
Сууллубат албан аат
Сураҕын курдуктар.
Былыргы боотур дьон
Кириэппэс курдуктар,
Кыраман ол космос
Илдьитин курдуктар!
Ол өркөн чыпчаалы
Көрөбүн ханыылыы....
Тугут аймахтарын кытта үнкүүтэ
Үҥкүү бүттэ.
Автор: Уолчааммыт ону кытта
Улааттар улаатан
Күүһүрдэр күүһүрэн
Күүс-уох ылынан
Хайаны өрө дабайда.

Хайа чыпчаалыгар тахсан Сарыада саарыстыбатын көрдөөн булар.
Бу кэмҥэ Сарыада аптаах сиэркилэтигэр барытын көрө олорор, Көскөйү көрөн кыыһырар.
Сарсыада: Мин күүспэр тэҥнээх бу дойдуга туох да суох, мин былааспын былдьыыр кыахтаах ким да суох! Көскөй бөтүүгүн босхолуо суохтаах! Бэриниилээх бөрөлөрүм барыҥ, тохтонун Көскөйү!
Бөрөлөрө сүүрэн тахсаллар, Сарыада эмиэ сыанаттан тахсар.
Бөрө үҥкүүтэ
Сарыада саарыстыбатын сиригэр сылдьаллар. Көскөй табалары кытта киирэн кэлэр.
Бөрөлөр уонна табалар күөн көрсүһүүлэрэ
Табалар кыайаллар. Көскөй Сарыада муус сиэркилэтин тоҕо түһэрэр.
Сарыада бөрөлөрүн кытта куотар.
Көскөй өрөгөй ырыата
Торжественнай чаас, бөтүүк сылын көрсө
Ыытааччылар: Макаров Сергей, Черноградская Надя
Эҕэрдэ нүөмэр, ырыа квартет
Ы1: Кэлэн иһэр саҥа дьылынан саҥа дьолунан!
Чэбдик салгыннаах
Саҥа сыл салаллан,
Сэмээр, сэһэргии
Оргууйдук кэллэҕэ.
Эһээ дьыл оҕонньор
Үрүҥ түү бытыгар
Сиэн кыыһын кытары
Бөтүүкчээн оҕотун
Олордон киирдэҕэ.
Ы2: -Оҕолор Эһээ Дьылы ыҥырыаххайыҥ эрэ.
Эһээ Дьылы бары ыҥыраллар.
3 эппиттэрин кэннэ Эһээ дьыл, хаарчаана, бөтүүкчээн киирэн кэлэллэр.
Музыка саҥа дьыллааҕы
Эһээ Дьыл: - Ороссолуода үрдүнэн сатыылаан,
Салаллан иһэр Саҥа Дьылбытын көрсө,
Үөрүүнү үксэтээри,
аарыма харыйа дьэргэлгэн уотун уматаары,
бөтүүкчээн дьылыгар өрөгөйү үрдэтээри,
Сахабыт кэскилин уруйдуу тураары,
Мин эһиэхэ тиийэн кэллим, оҕолоор!

Мин сиэним Хаарчаана кыыс эҕэрдэ кэһиилээх кэллэ , истин-сэргээн.
Хаарчаана эҕэрдэ нүөмэрэ
Эһээ Дьыл: - Саҥа дьылбыт бэлиэтэтин күөх харыйаны дьэрэкээн уоттарынан уматыаххайын эрэ. Биир, икки, ус, күөх харыйа умай!
Күөх харыйа умайар, оҕолор бары үөрэллэр
Үҥкүү ансаамбыла “Снег, снежок”
Ы1: Кэрэчээн харыйа налыччы киэргэммит
Араас да уотунан күлүмнүү умайбыт
Ол тула мустубуттар:
Куобахтар, эһэлэр, харыйалар, оонньуурдар.
Табалар, пингвиннэр, муустаах байҕалтан кэлбиттэр.
Хаар дойдутун олохтоохторо:
Хаар кыырпахтара, Хаарчааналар, тыйыс тыаллар,
Хаар дьоннор уонна хаар дойдутун хаһаайката Сарыада Хотун
Кэлбиттэр.
Ы2: Саҥа дьыллааҕы дьоро киэһэбит долгутуулаах чааһыгар, маскарад көрүүтүгэр киирэбит.
Ы1: - Бастакы нүөмэринэн көрсүн саҥа дьыллааҕы харыйа оонньуурдарын
1 кылаастар киирэллэр.
Ы2: - Эһиги иннигитигэр муустаах байҕал тойотторо – уруҥ эһэлэр.
2 кылаастар киирэллэр.
Ы1: - Саҥа дьыллааҕы киэргэлбит күөх харыйачааннар.
3 кылаастар киирэллэр.
Ы2: - Ойон-тэбэн, үөрэн-көтөн куобахчааннар кэллилэр.
4 кылаастар киирэллэр.
Ы1: - Тап-тап табыйан табачааннар киирдилэр.
5 кылаастар киирэллэр.
Ы2: - Хаар нарын үнкүүтэ, эһиги иннигитигэр.
6 кылаастар киирэллэр.
Ы1: - Сэрэнэн-сэрэнэн үктэнэн хаарчааналар киирдилэр.
7 кылаастар киирэллэр.
Ы2: - Сиилииэ тыал тустэ, сири-уоту уһугуннарда.
8 кылаастар киирэллэр.
Ы1: - Төкүнүһэн-бөкүнүһэн хаар дьоннор киирдилэр.
9 кылаастар киирэллэр.
Ы2: - Хоту муустаах муораттан пингвиннэр ыалдьыттыы кэллилэр.
10 кылаастар киирэллэр.
Ы1: - Сыанаҕа көрсүөҕүҥ муустаах байҕал хотунун Сарыаданы.
11 кылаастар киирэллэр.
Ы2: - Манан маскарад көрүүтэ тумуктэнэр, бары кылаас үөрэнээччилэрин, учууталлары, ыалдьыттар Эһээ Дьылы кытта уопсай хаартыскаҕа түһүүгэ ыҥырабыт.
Ы1: - Наҕараада буолуор диэри аттракционнарга кафеларга ыҥырабыт. Манан үөрүүлээх чааспыт түмүктэнэр.
Буттэ.