Статья Роль педдинастий в воспитании подрастающего поколения
Саха Республикатын «Горнай улууһа» муниципальнай оройуон«С.Г.Ковров аатынан Күөрэлээх орто уопсай үөрэхтээһин оскуолата»
муниципальнай бюджетнэй уопсай үөрэхтээһин тэрилтэтэ
Дакылаат
Педагогическай династиялар ыччаты иитиигэ уопуттарыттан
Толордулар:
Николаева Нюргуяна Анатольевна,
нуучча тылын уонна литературатын учуутала,
Алексеева Альберта Анатольевна,
алын кылаас учуутала
Эдэртэн - эйэтин, кырдьаҕастан – сүбэтин
Киһи орто дойдуга олох олороору, оҕо-уруу төрөтөөрү кэлэр. «Оҕо төрөппүтүгэр махтала – кини бэйэтин оҕотугар сыһыаныгар көстөр» дииллэрин истибиттээҕим. Аҕа ууһа тэнийэр, кини олоҕо–оҕолоругар, сиэннэригэр, хос сиэннэригэр салҕанар.
Педагогическэй династия диэн С.И.Ожегов толкуобай тылдьытыгар «биир аймахыы төрдүлээх үлэһит дьон бэйэлэрин маастарыстыбаларын, традицияларын көлүөнэттэн көлүөнэҕэ биэриилэрэ» диэн суруллар. Манна олоҕуран бүгүҥҥү күҥҥэ икки өттүттэн биһиги аймах (Ковровтар уонна Яковлевтар) 3 келуенэтэ педагогическай династия буоларбытын толору билинэр кэммит кэлбит эбит.
Мин олус уйадыйан, киэн тезистэнэн туран биһигини олох суолугар уктэнэрбитигэр, идэбитин таларбытыгар олук уурбут аҕабыт аҕата, биһиги эһээбит–Павел Сидорович Яковлев туһунан билиһиннэриэхпин баҕардым.
Эһээм Дьаархан улууһун Дьаархан нэһилиэгэр төрөөбүтэ. 7 кылааһы бүтэрэн баран Бүлүүгэ учуутал идэтигэр үөрэммитэ. Ити идэтинэн 8 сыл улэлээбитэ. Олус ирдэбиллээх, билиигэ–көрүүгэ киэнин туһунан уэрэппит оҕолоро (эһээ–эбээ) буолбут дьон кэпсииллэрин истэрбит. 1949 сылтан Маар– Күөллээҕи сельскэй библиотекаҕа сэбиэдиссээйдээбитэ. 1963 сыллаахха культурнай–сырдатар училищены кэтэхтэн үөрэнэн бүтэрэн баран 1976 сыллаахха диэри үтүө суобастаахтык үлэлээбитин «Саха АССР үтүөлээх үлэһитэ» диэн бочуоттаах аат иҥэриллибитэ кэрэһэлиир.
Эһээм олоххо дьулуура, киэн тардыһыыта биһигини элбэххэ үөрэттэ. Кини көрдөөх кэпсээннэрин, үһүйээннэрин истэ улааппыппыт. Кырдьыксыт, бэйэ санаатын этэргэ, үлэһит, интернациональнай санаалаахбуоларга, айылҕаны, тыынар–тыыннааҕы таптыырга үөрэппитэ, биллибэтинэн бэйэтин холобурунан ииппитэ. «Учуутал диэн сибэтиэй киһи» буолар диирэ. Оскуола олоҕун чугастык ылынара.
Эһээбит 12 сиэннээҕиттэн 6-та педагог идэлээхтэр:
Егоров В.А.–М.В.Ломоносов аатынан Москубатааҕы государственнай университет механико–математическай факультеты бүтэрбитэ, физико–математическай наука кандидата, доцент, Малая академия науки «Ленский край» ректорынан үлэлиир;
Егорова А.А.–Обнинскайдааҕы атомнай энергетика институтун бутэрбитэ, физико–математическай наука кандидата, доцент, ХИФУ Мииринэйдээҕи политехническэй институтун директэри иитэр уонна үөрэх-методическэй чааһыгар солбуйааччыта;
Николаева Н.А.–М.К.Аммосов аатынан СГУ филологическэй факультетын бутэрэн, Күөрэлээх орто оскуолатыгар нуучча тылын уонна литературатын учуутала;
Васильева М.А.-М.К.Аммосов аатынан СГУ филологическэй факультетын бутэрбит, Атамай орто оскуолатыгар саха тылын уонна литературатын учуутала;
Алексеева А.А.–СПУ-1 бутэрэн ХИФУ пединститутугар кэтэхтэн үөрэнэр, Күөрэлээхорто оскуолатыгар алын кылаас учуутала;
Севостьянова М.А.-М.К.Аммосов аатынан СГУ филологическэй факультетын бутэрбит, куорат 35 нүөмэрдээх орто оскуолатыгар нуучча тылын уонна литературатын учуутала;
Хос сиэнэ Егорова Д.А. – математика уонна информатика учууталын идэтигэр ХИФУ ИМИ студентката.
Аны ийэбитинэн эбээбит Елена Григорьевна Оленова (Коврова) Күөрэлээх олохтооҕо, этэҥҥэ олордоҕуна 2017с. 90 сааһын бэлиэтиэ. Сэрии кыттыылааҕа Ковров С.П. ыал буолан 8оҕо күн күбэй ийэтэ, 25 сиэн, 35 хос сиэн, 1 хос-хос сиэн эйэҕэс эбээтэ.
Эбээбит 1951сылтан кулууп иһинэн сельскэй библиотека арыллыбытыгар бастакы сэбиэдиссэйинэн улэлээбитэ. 1961 сылтан Күөрэлээхтээҕи дьааһыла-саадка 1988 сылга биэнсийэгэ тахсыар диэри үтүө суобастаахтык үлэлээбитэ. Кини мындыр,тобуллаҕас өйдөөх–санаалаах. Араас үһүйээннэри, дьон–сэргэ төрдүн–ууһун олус бэркэ билиннээҥҥэ диэри билэр. Кини ахтыылара «Ойуун ууһа», «Ини–бии Кобуруоптар», «Снайпер С.Г.Ковров», «Олоҥхо–ытык эйгэтэ», «Горнай улууһун сирдэрин ааттара», «Сайдар үүнэр биһикпит– биһи кэрэ эйгэбит» кинигэлэргэ киирбиттэрэ. Араас сиртэн тердулэрин-уустарын билээри кэлэн ыйыталлар, сүбэлэтэллэр. Бэйэтэ «сир туннугэ» буолан олорор.
Оҕолоруттан 5 киьи уонна 4 сиэннэрэ педагогическэй улэнэн оҕону иитиигэ улэлии сылдьаллар:
Ковров Г.С.–СГУ геолого–разведочнай факультеты бутэрбит, экономическэй наука кандидата, Хоту регионнааҕы экономикатын Научнай–чинчийэр институт недропользование инновационнай экономикатын сүрүннүүр научнай сотруднига уонна сэбиэдиссэйэ;
Потапова Р.С.–Бүлүүтээҕи педучилищены, СГУ пединститутун бүтэрбит, Күөрэлээх орто оскуолатыгар алын кылаас учуутала;
Архипова А.С.-Бүлүүтээгипедучилищены, СГУ филологическэй факультетын бутэрбит, куорат 31 нүөмэрдээх орто оскуолатыгар саха тылын уонна литературатын учуутала;
Коврова Е.С.-ДьПУ-1 бутэрэн Күөрэлээхтээги «Айылгы» оҕо–саадын иитээччитэ;
Потапов И.И.-Сахалиннааҕыгосударственнай университет физкультурнай факультетын бутэрбит, Корсаков куорат ДЮСШ тренер-педагог;
Биһиги ийэбит Яковлева С.С.-СПУ-1 кэтэхтэн бүтэрэн 25 сыл устата Маар–Күөллээҕи, Күөрэлээхтээҕи «Айылгы» оҕо–саадын иитээччитинэн үтүө суобастаахтык үлэлээн билигин пенсияҕа олорор, үлэ ветерана, 5 оҕолоох, 14 сиэннээх, үтүө–сымнаҕас майгылаах, художественнай самодеятельность активнай кыттыылааҕа, хоһоон суруйарга холонор, улуустааҕы «Сыккыс» литературнай түмсүү чилиэнэ. Кини хоһоонноро «Күрүлгэн», «Үйэ» сурунаалга, «Сунтаар уоттара» хаһыакка бэчээттэнэллэр;
Биһиги, кыргыттар, дьоммут иитиилэринэн уонна эһээбит Яковлев П.С., ийэбит Яковлева С.С. тус холобурдарыгар улаатан учуутал идэтин талбыппыт. Ийэбит иитээччи буолан тэрилтэтигэр күнү быһа сылдьара, ол иһин кыра эрдэхпититтэн үксүн норуот педагогикатынан (дьиэ-кэргэн, эһээ, эбээ педагогиката) иитиллибит эбиппит. Бу педагогикабыт көлүөнэттэн көлүөнэҕэ эргийэн кэлэр, бэриллэн иьэр эбит.
К.С.Чиряев «Ийэлээх аҕа–бастыҥ педагогтар» диэн программатыгар «Оҕону иитии, оскуола быдан иннинэ, оҕо дьиэҕэ сылдьар эрдэҕинэ саҕаланар, майгы–сигили төрүтэ ити кэмҥэ олохсуйар» диэн бэлиэтээбитэ, оттон Г.Н.Волков «норуот педагогигатын уратыта–улахан киһи оҕону кытта элбэхтик алтыһар буолара» диэн этэр.
Ол курдук, эьээ, эбээ педагогиката маннык сыаннастарга иитэр эбит:
Айылгаҕа сыһыан. 1 көлүөнэҕэ эһээбит уол сиэннэрин туу, илим утэргэ, кустуурга, куобахтыырга, көтөрдөр-кыыллар суолларын эндэппэккэ араарга үөрэппит. Тулаайах турааҕы, кулунчугу, туртаһы иитэн көрбүппут. Бу ньымалар айылҕаҕа харыстабыллаах сыһыаны үөскэтэллэр. 2 көлүөнэҕэ эбээбит айылҕа уһуктуута саас дьиэ таһыгар хатыҥҥа алгыстаах салама ууруута, сири-уоту аһатыы, отоннуу, тэллэйдии, эмтээх оту хомуйууга тэннэ илдьэ сылдьар. «Айылҕаны таптыыр киьи-төрөөбүт дойдутун таптыыр» (М.М.Пришвин).
Оҕону эт-хаан өттүнэн иитиигэ болҕомто ууруллубут эбит: боксага эрчийии, сүүрүү, хайыһардааьын, өбүгэлэр оонньуулара (кылыы, куобах, ыстаҥа, үрдүгү ойуу), остуол оонньуулара (тырыыҥка, хабылык, хаамыска, дуобат, саахымат). Бу көрүҥнэр өйү-санааны, логиканы, күүһү, сымсаны, тулууру сайыннараллар.
Билиҥҥи рынок уйэтигэр Оҕону кыра эрдэҕиттэн улэнэн иитии, улэҕэ буһарыы-хатарыы куннээҕи олох ирдэбилэ буолла. Оҕо эрдэхпититтэн саха угэһинэн от улэтин, ынах ыыры билэбит, огуруот аһын арааһын олордууну, көрүүнү-харайыыны, хомуйууну сатыыбыт. Уолаттарга аҕабыт суоппар буолан кыраларыттан массыына, матасыыкыл өрөмүөннэтэрэ, көрдөрөре, быһаарар этэ, ол иһин билигин бэйэлэрэ дьоҥҥо сүбэ-ама биэрэллэр.
Төрөөбүт тылга болҕомто уураллара. Олох кыра эрдэхтэн былыргы үһүйээннэри, кэпсээннэри, номохтору истэммит ессе элбэги билээри аагарбыт. Эһээбититтэн хаалбыт саха уонна нуучча классиктарын айымньылардаах баай библиотекалаах, «Ньургун Боотур» олоҥхо пластинкалардаах этибит. Урут да билигин да эһээбит уонна аҕабыт элбэх хаһыат, сурунаал суруйтараллар (эьээбит хаһыс да сылын нэьилиэк иһигэр «Лучший подписчик» номинация хаһаайына. Сканворд, кроссворд таайыыларын тэрийэр. Эбээбит сиэннэригэр хоһоон, кылгас кэпсээннэри айарга, сочинениялары суруйарга эрчийэр, үөрэтэр («Полярная звезда», «Инникигэ хардыы» НПК-га, Бутун Россиятаагы «Память» диэн ааттаах кинигэ III туомугар кыттыы).
Аймахтаһыы педагогиката кыра сааһыттан оҕоҕо «аймах» диэн өйдөбүл бөҕөргүүрүн, аймахха убаастабылы, харыстабылы иитэр.Өбүгэлэрбитин уйэтитэн, кинилэр ааттарыгар сүгүрүйэн, оскуолабыт аатын сугэр хорсун снайпер С.Г.Ковров бирииһигэр традиционнай спортивнай кросс, улус таһымыгар сылын аайы ыытыллар биатлон аймаҕынан тэрийэн көхтөөхтук ыытабыт. Кинини кэриэстээн аймаҕынан мемориальнай доска оҥотторбуппут. Эбээбит улэлээбит дьааһыла-саадыгар сыл түмүгүнэн «Сыл бастыҥ оҕото» номинация туттарабыт.
Киһиэхэ өс хоһооно этэринэн «киһилии сыһыаннаьыы», кырдьаҕастарга ытыктабыллаах, сүгүрүйүүлээх сыһыан. Кинилэр, ол иьигэр эдьиий-убаай этиилэрин-сүбэлэрин мөккүөрэ суох ылыныы, кинилэринэн киэн туттуу. Аймах тэнийэн, уруургаһыы сүппэтин диэн Ковровтар ыһыахтар тэрийбиппит.
Оҕо сынньалан кэмигэр эбээбит уонна эһээбит тэрээһиннэринэн араас куоталаһыылары, спортивнай олимпиада тэрийэн анал ааттардаах жетон оҥорон туттараллар уонна үөрэххэ туттуллар бэлэхтэри биэрэрэллэр, сыл түмүгүнэн туйгун, учугэй үөрэхтээх сиэннэригэр харчынан бириэмийэ эмиэ туттараллар. Ону таһынан Ыһыах, күүтүүлээх Саҥа Дьыл, төрөөбүт күннэри киэргэтиилээх, уруһуй, ырыа, хоһоон куонкурустаах ыыталлара умнуллубаттыы өйдөрүгэр хаалаллар.
Ити курдук, эбээ, эһээ диэн ийэ-аҕа кэннэ оҕоҕо саамай үтүө, күндү, чугас киһи эбит. Кинилэр сиэннэр махталларын ылыахтарын ылаллар. Тэҥнээн көрүү түмүгэр, эбээлэрбит, эһээлэрбит иитэр ньымалара элбэх тэҥ өрүттэрдээх эбит: сүбэлээн, тыл күүһүнэн уоннак өрдөрөн, тэҥҥэ сылдьан, үтүө майгыларын холобурунан сиэннэрин ииппиттэр, улаатыннарбыттар. Мантан көстөрүнэн, кырдьагас киһи оҕоҕо дьайыыта букатын ураты буоларэбит. Ол онтон да буолуо, эбээҕэ, эһээҕэ иитиллибит оҕо майгыта-сигилитэ, дьоҥҥосыһыана, тыла-өһө уратыта бэлиэтэнэр. Оҕо улахан дьону убаастыыр, айылҕаны таптыыр, үлэһит, сиэрдээх-майгылаах, санаатын толору этинэр, киэҥ көҕүстээх киһи буолар.
Онон, түмүктээн эттэххэ, эбээ-эһээ педагогиката педагогическэй династия сайдарыгар, тэнийэн салгана турарыгар саамай улахан оруолу ылар төһүү күүс буолар.